Алексей Ильич анал байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыт байыастар дьиэ кэргэттэригэр олохтоох дьаһалта хайдах көмөнү оҥорорун туоһуласта, итиэннэ Мордускиннар дьиэ кэргэттэрин аҕа баһылыга Афанасий Николаевичтыын олох-дьаһах, үүт-ас туттарыытын туһунан кэпсэттилэр.
- Көмө оҥоһуллар, туһааннаах төлөбүрдэр тиэрдиллибиттэр, олохтоох дьаһалта быһаарар кэккэ боппуруостара баар. Сулууспалааччылар дьиэ кэргэттэригэр этэҥҥэ кыайыы көтөллөөх эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабын, — диэтэ Алексей Еремеев.
Дьиэ кэргэн улахан уоллара Николай, быйыл балаҕан ыйыгар ыҥырыллыбыта. Ийэтэ Анна Дмитриевна, аҕата Афанасий Николаевич оһоҕунан оттуллар дьиэҕэ бэһиэ буолан олороллор.
Оройуон олохтоохторо уонна олохтоох дьаһалта дьиэ кэргэҥҥэ көмөнү тиэрдэр. Соторутааҕыта волонтердар хаар күрдьэн биэрбиттэр. Өрөспүүбүлүкэттэн көрүллэр биир кэмнээх төлөбүр харчыны ылбыттар.
Ону сэргэ, Николай дьоно күн бүгүҥҥэ диэри 18 төбө сүөһүнү иитэллэр. Ил Түмэн спикерэ быстах байыаннай хомуурга барбыт байыастар дьиэ кэргэттэригэр сөптөөх көмө оҥоһуллуохтааҕын бэлиэтээтэ.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0





















