СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов Софрон Данилов өрөспүүбүлүкэни кытта биир сылга, биир ыйга төрөөбүтүн бэлиэтээн туран, кини 1967 сыллаахха тахсыбыт “Сүрэх тэбэрин тухары” романа билиҥҥэ диэри суолтатын сүтэрбэтин, эдэр ыччат да сөбүлээн ааҕарын эттэ. “Национальнай бибилэтиэкэ бигэргэтэринэн, сылын ахсын романы 5000-тан тахса киһи уларсар эбит”, -- диэбитигэр, ытыс дохсун тыаһа хабылла түстэ.
Ил Дархан Айсен Николаев видеонан эҕэрдэлээтэ. Софрон Даниловы поэт, прозаик, литература кириитигэ, публицист, тылбаасчыт, драматург, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнин быһыытынан билэрин ахтан ааста. Саха норуотун сайдыытыгар, култуурабытын сөргүтүүтүгэ сүҥкэн кылаатын бэлиэтээтэ.
Ил Түмэн дьокутаата Феодосия Габышева үбүлүөйдээх тэрээһин Саха тыйаатырыгар буолбута ураты суолталааҕын эттэ.
--Мин кинини, манна олорооччулар курдук, суруйааччы, кириитик, публицист быһыытынан оскуола эрдэхтэн билэбин. “Сүрэх тэбэрин тухары” айымньытынан нууччалыы өйтөн суруйууну толорон, учуутал идэтигэр туттарсан, бу сырдык идэҕэ уһуйуллан, олохпун үөрэҕирии эйгэтигэр анаатым. Онон Софрон Петрович ити айымньыта миэхэ олус чугас уонна тус олохпор ураты оруоллаах.
Үлэлиирим тухары Софрон Данилов айымньылара үөрэх бырагырааматыгар хото киирэллэригэр туруорсабын. Аныгы көлүөнэ С.П. Данилов литературнай нэһилиэстибэтин үөрэтэн, ырытан, киһи быһыытынан сайдалларыгар, норуоттарыгар туһалаах дьон буолалларыгар, сахалыы хомоҕой тылга уһуйуллалларыгар улахан көмөлөөх буолуо этэ.
Софрон Петрович духуобунай лиидэрбит буолар. Холобур, кини этэн аһарбыта: “Саха дьоно хаһан эмэ аан дойду чулууларын кытта кэккэлэһэ туруохтара”, -- диэн. Туоһу курдук этиэм этэ, Сербияҕа кириллицанан суруйбут улуу суруйааччылар пааматынньыктарын ортолоругар Өксөкүлээх бүүһэ эмиэ баар. Софрон Петрович биир баҕа санаата оннук туолбут курдук.
Бүгүн кини бэлэх кинигэтэ тахсыбытын тутан олус үөрдүм. Маны күн аайы остуолбутугар уура сылдьан көрөргө олус табыгастаах гына оҥорбуккутугар махтанабын.
Софрон Петрович суруйбутун кэргэнэ Мария Егоровна хараҕын харатын курдук харыстаан, сыа-сым курдук кичэллээхтик тутан, 10-ча томнаах сиэрийэ гына хомуйан таһаартарбыта. Ол дьыаланы кыргыттара салгыы сылдьалларыгар махтаныах тустаахпыт.
100 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, өрөспүүбүлүкэбитигэр духуобунас иккис форумун кини аатынан ыытыахха сөп. Бу туһунан бырабыыталыстыбаҕа эппитим, өйүөх буолбуттара.
Саха Сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева:
-- Софрон Петрович Данилов сахатын норуотугар эрэ буолбакка, Арассыыйа бары омуктарыгар, ону ааһан билиҥҥи СНГ дойдуларыгар, тыыннааҕар кыраныысса таһыгар да киэҥник биллибит суруйааччы этэ. Ол биллиитэ, бастатан туран, Софрон Данилов талааныгар олоҕурбута. Иккиһинэн, кини уопсастыбаннай диэйэтэл быһыытынан ытыктабылы ылбыта. Хайа да үрдүк трибунаттан Софрон Петрович кырдьыгы этэрэ, туруорсара, ирдэһэрэ. Оннук хорсун киһи этэ. Үсүһүнэн, сахатын литературатын историятын сөпкө өйдүүрэ. Саха суруйааччыларын көлүөнэлэрин ситимниир туһугар күүскэ үлэлээбитэ. Арассыыйаҕа Саха Сирин суруйааччыларын сойууһун үрдүк аптарытыатын ситэрбитэ, чиҥэппитэ. Ол аптарытыат күн бүгүҥҥэ диэри биһиэхэ, кини кэнниттэн саха литературатыгар үлэлии сылдьар көлүөнэҕэ, күүс-көмө буолар. Арассыыйа эбэ хотун киэҥ киэлэтигэр эрэллээхтик, ситиһиилээхтик сылдьарбытыгар кыах биэрэр.
Софрон Петрович кыыһа, философия наукатын дуоктара, ХИФУ преподавателэ Вера Данилова:
-- Аҕабыт биһигини кытары өрүү өйбүтүгэр-санаабытыгар баар. 1993 сыллаахтан, аҕабыт суох буолбутун кэннэ, ийэбит Мария Егоровна кинигэлэрин уонна олоҕун, айар үлэтин туһунан хомуйан бэчээккэ таһаарбыта. Быйыл ону салҕаан, балтым Любовь Софроновналыын аҕабыт туһунан кинигэни бэлэмнээтибит. Төрөөбүт норуотун туһугар санаабыт санаатын, толкуйун, бэлиэтээһиннэрин, лиэксийэлэрин, итиэннэ түмүк быһыытынан саха норуотун бастакы сийиэһигэр эппит тылыттан киллэрдибит. Эрэдээктэр Н.Е. Винокуров-Урсун кинигэбитин “Норуоппут дьылҕата” диэн ааттыырга сүбэлээбитэ.
Саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов бэйэтин этиитигэр “мин Семен уонна Софрон Петровичка чугас, ылгын уоллара этим” диэн аҕынна.
--Бэйэтин кэмигэр ону өйдөөбөт эбиппин. Баар да баар. Кэнники кэм-кэрдии ааспытын кэнниттэн итинник сыһыан дьиҥ ис хоһооно тахсан кэлэр буолар эбит. Олоххо үксүгэр даҕаны наар оннук, киһи хаһан даҕаны, хайа да өйдөөх киһи, олоҕу кэмигэр таба сыаналаабат. Ол иһин хойутаан хомойор, барыта ааспытын, сүппүтүн, мэлийбитин кэннэ кэмсинэр буолар эбит. Семен Петрович 60 сааһын 1977 сыллаахха туолбута. Мин онно 29-таах эдэр киһи аан бастаан олохпор президиумҥа олорон турабын. Кини баара-суоҕа 60 сааһыгар орто дойдуттан барбыта. Наһаа өрө күүрүүлээх, ыарахан олоҕу олорон ааспыта. Көстөн турары дакаастааһын мөккүөрүгэр. Софрон Петрович 70 сааһын 1993 сыллахха туолан баран, эмиэ олохтон барбыта. Үйэтин ситэри олорбокко. Олоҕо эмиэ барыта утарсыыга бараммыта. Сүрдээх сойуолаһыыны ааспыт киһи буолар. Мин тус бэйэм ону өйдүүбүн. “Коля, кэлээр миэхэ, мин обкомҥа сэриилэһэ бардым”, - диэн эппитэ. Xаас курдук буолан баран кэлбитэ. Бүтүннүү көлөһүн. Таҥаһын устан, уларыттан баран кэпсэппитэ. Оннук алдьархайдык кырдьык туһугар туруулаһара. Ол аанньа буолуо дуо? Киһи ресурсатын сиир утарсыы этэ. Мин ону, биллэн турар , бэйэтин кэмигэр эмиэ ситэ, толору өйдөөбөт этим.
Мин олохпор барыта, бэйэм ситиһиэм да инниттэн, авансанан чыын, соло, дуоһунас биэрэллэр эбит. Билигин санаатахпына. Мин онуоха сөп түбэспэт эрдэхпинэ. “На вырост” диэбиккэ дылы. Софрон Петрович 1989 сыллаахха Суруйааччылар сойуустарын сийиэһигэр бэйэтин оннугар миигин сэкирэтээр оҥорорго көрдөспүтэ. Онно сийиэс дэлэгээттэрэ, кинини наһаа ытыктыыр буолан, тута сөбүлэспиттэрэ. Олох биллибэт эдэр киһини. Кини аатын кэнниттэн сылдьар буолан, ааннар барыта арыллан биэрэллэрэ. Мин аҕыстыы киһини Суруйааччы сойууһугар мэктиэлэтэн ылларар этим. Миигин бэйэбин сөбүлээбэттэрэ, “молодой секретарь” диэн кириитикэлииллэрэ, ол гынан баран, син биир куоластыыллара. Оннук аптарытыаттаах этэ.
Даниловтар төрөппүттэрэ Алдаҥҥа хаста эмэ баран үлэлээн, олорон кэлбиттэрэ. Онон уолаттарга оҕо эрдэхтэриттэн нуучча тыла иккис тыллара буолбут эбит. Кинилэр нууччалыы үчүгэйдик билэр, ааҕар, нуучча поэзиятын өйдүүр дьон этилэр. Софрон Петрович сүрдээх элбэх хоһоону нойосуус ааҕара. Мин ону наһаа сөҕө, махтайа истэрим.
Семен Петрович олоҕун биир улахан ситиһиитэ -- уһулуччу улахан суруйааччылары эккирэтэһэн, Алампаны уонна Өксөкүлээҕи нууччалыы тылбаастаппыта. Солоухин курдук нуучча былиннай тылын баһылаабыт киһиэхэ. Биһиги ааптардарбыт аан дойду чулуу суруйааччыларын кэрэхсэбилин ылбыттара. Күн бүгүнүгэр диэри итиннэ тэҥнээх тылбаас суох. Ону кини бэйэтэ өйдүүрэ, нууччалыы билэрэ бэрт буолан, анаарар буоллаҕа. Олоҥхону тылбаастатаары, саамай чулуу тылбаасчыты, Державины, хас эмэ сыл эккирэтэ сылдьан, киниэхэ дакаастаан ситиспитэ. Ону билигин сорохтор соччото суох тылбаас диэри гыналлар. Нууччалыы соччо билбэт дьон. Мин саныахпар, ити наһаа үчүгэй тылбаас. Ити тылбаас кэнниттэн биһиги отой атын омук буолбуппут.
Софрон Петрович кэнники сылларга бэлиитикэнэн олус күүскэ дьарыктаммыта. Аҥаардас кини 1991 сыллаахха аахпыт дакылаата күн бүгүнүгэр диэри кэрэхсэбиллээх. Улахан суруйааччы норуотун олоҕор эмиэ хайа да өттүттэн сабыдыаллаах буолара наһаа дьикти уонна үчүгэй дии саныыбын.
Горнайдар дьоннорун үрдүк таһымҥа өрө тутан илдьэ сылдьаллар, итиниэхэ инникитин мөлтөөн биэрбэттэригэр баҕарыам этэ. Семен, Софрон Даниловтар курдук уһулуччулаах дьон төрөөн-үөскээн сылдьыбыттарын хаһан даҕаны умнуохпут суоҕа, өрүү өйдүү сылдьыахпыт.
“Чолбон” сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов:
-- Софрон Петрович “Хотугу сулус” эрдэҕинэ отдел сэбиэдиссэйинэн үлэлээн ааспыта. Сурунаал хас биирдии саха ыалыгар тиийэригэр кини айар үлэтэ, дьоҕура улахан суолталаах. Сайыҥҥы быстах кэмнэргэ эрэдээктэр эбээһинэһин толорооччу быһыытынан илии баттаан ааспыта -- эрэдээксийэ киэн туттуута буолар.
Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев:
-- Биһиги бу кэмҥэ ураты сыаллаах-соруктаах үлэлиибит-хамсыыбыт диэтэхпинэ, бука, сыыстарбатым буолуо. Ол сыаллары-соруктары биһиэхэ убайдарбыт хаалларбыттар. Кинилэр үйэлэр кирбиилэригэр төрөөбүт буоланнар, олох араас ыарахан, уустук түгэннэрин илэ харахтарынан көрөн, инчэҕэй эттэринэн билэн аһардыбыттара. Төрөөбүт дойдуларын, саха норуотун туһугар үлэлээн-хамсаан кэлбиттэрин олус истиҥник, киэҥник бүгүн иһиттибит. Софрон Петровиһы тоҥ буорга тобулу киирбит дириҥ силистээх тиит маска холуубун. Оннук курдук кини ханнык даҕаны ыарахантан чаҕыйбакка, бэйэтин санаатын дьоҥҥо-сэргэҕэ сөптөөхтүк тиэрдэр ураты дьоҕурдаах. Вера Софроновна, Любовь Софроновна хомуйбут кинигэлэрин сүрэхтэниитигэр биһиги эмиэ киэн туттар биир дойдулаахпыт, юридическай наука дуоктара, бэрэпиэссэр Макар Яковлев 1986 сыллаахха саха норуотун бүттүүнүн национализмҥа халты хаамтарар балаһыанньа үөскээбитигэр, үрдүкү салалтаны кытта сөптөөх суолу тобулбут Софрон Данилов буоларын олус тоҕоостоохтук бэлиэтээбитэ. Уһун кэмҥэ быраабы араҥаччылыыр уорганнарга үлэлээбит киһи сыанабыла ураты дии саныыбын. Софрон Петрович саха норуотун бастакы кэнгириэһигэр олус дириҥ ис хоһоонноох дакылааты суруйан турар. Саха норуотун инникитин саха дьахтарын кытта ситимнээбит этэ. Манна мустан олорор далбар хотуттарга, кэрэ кыргыттарга туһаайаммын санатыахпын баҕарабын, Софрон Петрович биһиги саха буолан сандаарар, киһи буолан килбэйэр түгэммитигэр, сахалыы саҥарар, үгэстэрбитин тутуһар, сахалыы толкуйдуур буоллахпытына эрэ норуот быһыытынан хаалар кыахтаахпытын элбэхтик этэн турар.
***
Бэртээхэй ахтыы киэһэтэ ааста. Софрон, Семен Даниловтар саха омук туругуруутугар, норуоттар доҕордоһууларыгар киллэрбит сүҥкэн кылааттарын бэлиэтээн кэпсээтилэр. Онуоха маннык үтүө дьону иитэн таһаарбыт төрөппүт ийэлэрин туһунан истиҥник ахтан долгуттулар.
Эстрада тыйаатырын артыыстара “Сүрэх тэбэрин тухары” ромаҥҥа олоҕуран туруорбут мюзиклларыттан оонньоон көрдөрдүлэр.
Горнай улууһун уонна нэһилиэктэрин баһылыктара Софрон, Семен Даниловтар хоһооннорун дорҕоонноохтук аахтылар. Суруйааччылар төрөөбүт дойдуларын, Мытаахтарын, Бор алаастарын, Сиинэ үрэхтэрин хоһуйбуттарын умсугуйа иһиттибит.
Үйэлээх тэрээһин өрө көтөҕүллүү, киэн туттуу, сүгүрүйүү уонна сылаас истиҥ эйгэни түстээтэ. Бу курдук кэрэхсэбиллээх дьоммутун кэриэстиирбитин тухары саха омук самныбат саргылаах, кэлэр кэскиллээх.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0