Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -25 oC

Сылгы иитиитэ – Саха норуотун төрүт баайа-дуола, киэн туттуута. Саха Сиригэр сылгыны иитии саҥалыы тыыннаах, сайдар кэскиллээх диэн биллэр сылгыһыт, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, туйгуна, бэтэрээнэ, Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгин олохтооҕо Серафим Григорьев этэр.

Дойдубар күүлэйдии тахса сылдьан, Серафим Серафимовичтыын биэни ыыр учаастагар көрсөн, тыа хаһаайыстыбатыгар санааларын, сылгы иитиитин, көрсөр кыһалҕаларын тула кэпсэттибит.

Сылгы иитиитэ – Саха норуотун төрүт баайа-дуола, киэн туттуута. Саха Сиригэр сылгыны иитии саҥалыы тыыннаах, сайдар кэскиллээх диэн биллэр сылгыһыт, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, туйгуна, бэтэрээнэ, Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгин олохтооҕо Серафим Григорьев этэр.

Дойдубар күүлэйдии тахса сылдьан, Серафим Серафимовичтыын биэни ыыр учаастагар көрсөн, тыа хаһаайыстыбатыгар санааларын, сылгы иитиитин, көрсөр кыһалҕаларын тула кэпсэттибит.

Эдэр сааһыттан сылгы иитиитигэр

Тыа хаһаайыстыбатыгар кыра эрдэхпиттэн сыстаҕаспын. Аҕам Серафим Данилович Григорьев сэрии кэмнэриттэн саҕалаан,  бу эргин дойдутугар өр кэмҥэ  холкуоска  бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Кинилэр сылгыны эрэ буолбакка, табаны эмиэ хото иитэллэрэ, көрөллөрө.

15

Бэйэм сопхуоска, ол кэм ыччатын сиэринэн, эдэр сааспыттан үлэлээбитим,  ол иһигэр сэттэ сыл сылгыһыттаабытым.

Сэбиэскэй Сойуус эстибитин кэннэ, 80-с сыллартан саҕалаан, кэтэх хаһаайыстыбалар сылгы иитиитинэн дьарыктанар буолбуттара. Мин эмиэ ити кэмҥэ урбаанньыт быһыытынан бэлиэтэммитим, бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, номнуо 31 сыл устата сылгы иитэбин, биэ ыан кымыс оҥоробун.

Сылгыларбын иитэрбэр икки баазалаахпын. Алта көстөөх сиргэ турар Хандааҕа кыһынын кыстыыбын. Манна сылгы иитиитин сэргэ, нэһилиэнньэни мунньан урут муҥхалатар этим. Онтон сайынын икки көстөөх сиргэ сытар Хондураайыга көһөбүн. Онон дьиэбэр тохтообот да кэриэтэбин. Маныаха дьиэ кэргэним күүскэ өйүүрүгэр махталым улахан.

 1213

Биэ кымыһын аан маҥнай Дьокуускайга амсаппытым

Кымыһы көөнньөрөрү 1987 сылтан саҕалаабытым. Ол кэмҥэ бу умнуллан эрэр дьарык этэ. Биир сайын, Дьокуускай куорат бастакы ыһыаҕа ипподромҥа ыытыллар диэн буолла. Онно биэ кымыһын аҕалан амсат, хантан да булумаары гынныбыт диэн мээрийэттэн тахса сылдьыбыттарын аккаастаа­батаҕым. Ол кэмҥэ 37 биэни ыыр этим. Хондураайыттан 6 билээгэҕэ  кымыс көөнньөрөн илдьибитим. Эттэххэ дөбөҥ эрээри, сайылыгым нэһилиэктэн ыраах, икки көстөөх сиргэ турара атахтыыра, айана ыарахан, иһит-хомуос да тиийбэт курдуга. Хата, этэҥҥэ тириэрдибитим.

 1

Оҕону кыратыттан сылгыга чугаһатыахха

Оччотооҕуттан билиҥҥэ диэри оҕолорго биэ ыаһынын, сылгы иитиитин көрдөрө, билиһиннэрэ сатыыбын, интэриэс тардабын. Оҕо кыратыттан көрө-истэ, билэ сылдьар буоллаҕына, улаатан баран сыстаҕас буолар. Баҕар, билигин өйдүөхтэрэ суоҕа эрээри, инникитин кэскиллээх дьыала. Урут миэхэ сылдьыбыт оҕолор билигин бэйэлэрэ хаһаайыстыбалаахтар, эн инньэ диэн этэр, сүбэлиир этиҥ диэн билигин махтаналлар.

Мин эдэр эрдэхпинэ оҕонньоттор кэпсииллэрин, сүбэлииллэрин эмиэ истэрим. Бастаан утаа аахайбатым эрээри, кэлин биригэдьииринэн үлэлиирбэр, сылгы иитиитинэн дьарыгырар буолбуппар туһалаабыта элбэх.

 7

91011

Бырайыак туһунан

Маныаха олус туһалаах «Өбүгэ үгэһин сөргүтэн» бырайыак быйыл иккис төгүлүн ыытылынна.  «Мытаах музей-галереятын» үлэһиттэрэ,  СӨ култууратын туйгуннара, “Горнай улууһун сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын иһин» бэлиэ хаһаайыттара —  дириэктэр Артур Николаевич Егоров, билим үлэһитэ, кэргэним Лидия Семеновна Григорьева уонна мин буолан тэрийэн ыытабыт.

Бырайыак Горнай улууһугар туризм сайдарыгар биир төһүү буолара билиннэ. Быйыл иккис төгүлүн ыыттыбыт. Бастакыбытын 2021 сыллаахха тэрийбиппит. Онно эмиэ үгүс киһи сэҥээриитин ылбыта. Амматтан, Намтан, Хаҥаластан тиийэ кэлэн биэ ыан астынан, үөрэн-көтөн барбыттара. Бу да сырыыбытыгар эмиэ оннук тэрийэн махталы ыллыбыт. Дьон олус сэргиир. Быйыл уопсайа 120 киһи кэлэ сырытта: Сунтаартан, Бүлүүттэн, Хаҥаластан, Дьокуускайтан, Бэрдьигэстээхтэн уонна улууспут атын нэһилиэктэриттэн. Үүт, кымыс истилэр, сылгы, кымыс туһунан лиэксийэни сэҥээрэн иһиттилэр. Аны туран, икки төгүл аахсыйанан нэһилиэкпит ытык саастаах дьонугар биэ үүтүн түҥэттибит.

Дьон интэриэһиргиирэ олус үөрдэр. Былыргыттан саха киһитэ кымыс иһэн, ас быһыытынан аһаан өрүттэн кэлбит норуот буоллахпыт, чэгиэн, чөл сырыттахпыт. Биэ үүтэ, кымыһа олус туһалаах, иммунитеты бөҕөргөтөр. Эмтэммит дьону иһиттэххэ, ыарахан да ыарыылары суох оҥорор. Ол эрэн, рекламата тиийбэт курдук. Мэдиссиинэ үлэһиттэрэ үөрэтэр-чинчийэр үлэ ыытан туһатын дакаастыллара буоллар, отой атын таһымҥа тахсыа этибит.

 3

4

Эһэ элбээн кыһалҕалары үөскэтэр

Сылгы иитиитэ кэпсээтэххэ судургу курдук эрээри, бэйэтэ уратылаах, туспа ыарахаттардаах. Урукку сылларга холоотоххо, нэһилиэкпитигэр сылгы ахсаана элбээтэ. Ол эрэн Горнайга биир улахан кыһалҕабыт – эһэ элбээтэ. Бу билигин күөрэйбит кыһалҕа буолбатах, сүүрбэччэ сыл буолла. Ол инникитин сылгы ахсаанын аччатар кутталлаах. Аҥаардас биһиги нэһилиэкпитигэр арыт сыл үстүү атыыры өлөрөр, бааһырдар.

Эһэлэр элбээн хаһаайыстыбаҕа охсууну таһаараллар. Манна холобурдаан кэпсээтэххэ, Дьааҥы улууһун Боруулаах нэһилиэгиттэн Верхоян диэн атыырдана сылдьыбытым да, сайылыгым таһынан эһэ тардан турар. Үөрэ соҕотохтуу хаалбыта. Дьааҥы улууһун атыырдара олус тулуурдаахтар. Биһиги курдук дулҕа, маар дойдуга саамай сөптөөх. Убаһалара да удьуордаан, айылҕа кыһарҕанын тулуйуомтуо буолаллар. Онон ол атыырбын билиҥҥэ диэри аһыйабын. Хата, кулуннара хаалан ууһун салгыыллар.

Маныаха сылгыһыттарга эһэни бултуурга көҥүл биэрэллэрэ буоллар диэн этиилээхпин. Сылгыны тартаҕына ону барытын хаартыскалаан, ыраах сиртэн нэһилиэккэ киирэн кэпсээн, иһитиннэрэн, сайабылыанньа толорон баран, дьэ, лиссиэнсийэ ылабыт. Онуоха диэри адьырҕабыт суола сойор, ыраатар. Аны сир-дойду умайан барыта куруҥ буолла. Көрдүүргэ күчүмэҕэйдэри үөскэтэр. Хантан булан ылыаҥый? Онон бу боппуруоска туох эмит чэпчэтии наада, көрдүҥ да бултуурга көҥүл бэриллэрэ буоллар.

 8

Сылгы иитиитигэр этиилэрим

Билигин судаарыстыба өттүттэн сылгыны үөрдээн иитиигэ субсидия көрүллэр буолбута олус туһалаах.

Мин урут, Егор Афанасьевич Борисов тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлиир кэмигэр, бырабыыталыстыба мунньаҕар үөр сылгыга төбөтүгэр 7 тыһ. солк. субсидия көрүөххэ диэн этии киллэрбитим. Ол этиим боротокуолга киирбитин билбэппин эрээри, хас да сыл ааспытын кэннэ олоххо киирбитэ олус үчүгэй.

Билигин өссө этиилээхпин. Биэ кымыһынан дьарыгырар хаһаайыстыбаларга түөстэригэр кэтэр бэлиэ, анал сэртипикээт олохтонуон  наада. Куорат ыһыаҕар элбэхтэ биэ кымыһын атыылаабыт киһибин. Манна көрдөхпүнэ, аттыбар ынах үүтүнэн быырпах оҥорон баран, биэ кымыһа диэн атыылааччылар дэлэйэн эрэллэр. Биэни отой да ииппэт дьон оннооҕор оннук гыналлара дьиксиннэрэр. Ол дьону балыйыы. Биэни ыыр хаһаайыстыба, кымыһы көөнньөрөөччү элбэҕэ суох. Кинилэри өйүөххэ наада.

Аны туран, хаачыстыба сэртипикээтин үс, биэс сыл биэни ыырынан дьарыктаммыт хаһаайыстыбаҕа биэрэр наада. Оччотугар бу хаһаайыстыба сэртипикээтин ордук сыаналыа этэ.

Сир оҥоруутун куруук туруорсабын. Ону харчы суох диэн чугаһаппаттар. Холобура, 1980-с сылларга нэһилиэк таһынааҕы сири син оҥорторбутум, билигин ол оннугар төннөн эрэр. Улуустары барытын да ылан көрдөххө, нэһилиэктэр улуус кииннэрин, Дьокуускай куораты аһатан олороллор. Бэрдьигэстээхэ ыытыллар дьаарбаҥкаларга, ыһыахтарга  Мытаах хаһаайыстыбаларыттан толору үтэһэлээх эт, үүт оҥоһуктар турар буолаллар. Ол эрэн, сирбит оҥоһуллубатаҕына, аны аҕыйах сылынан сүтэр кутталлаах.

Сир баар эрэ буоллаҕына, сылгыны дэлэччи иитиэххэ сөп. Үрэх бастара билигин лаҥха буолан, туһата суох тураллар. Олору уутун сүүрдэн, престаан биэрдэххэ, 50-лыы, 100-түү га сир тахсыа этэ. Дьиҥэ, Горнай куораттан да чугас сытарынан, табыгастаах улуус буоллахпыт.

Түмүккэ

Серафим Серафимович кэпсэтиибит түмүгэр ордук чуолаан ыччаты бу салааҕа чугаһатар уолдьаспытын, болҕомто маныаха күүһүрүөхтээҕин этэр. Ыччат, орто саастаах дьон  сылгыга сыстан эрэллэрин өйүөххэ диир. Маныаха  сылгы баазаларыгар  үлэлиир усулуобуйаны саҥалыы тэрийиэххэ наада. Сылгыһыттары сыһыаран, бу идэҕэ ыччат ылсан үлэлэһэригэр кыах бэриллиэ этэ. Биллэн турар, бу барыта биир күннээҕи үлэ буолбатах, сыыйа-баайа киллэрэн, хамсатан,  быһааран истэххэ, этэргэ дылы, аал баһа хамсыаҕа.

Хаартыскалар: ааптар түһэриилэрэ уонна Григорьевтар дьиэ кэргэннэрин архыыбыттан 

  • 4
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением