Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Чурапчы улууһун Мугудай нэһилиэгин Д.Д. Красильников аатынан орто оскуолата төрүттэммитэ 90 сыла бэлиэтэннэ. 

История быыһын сэгэттэххэ...

 

Чурапчы улууһун Мугудай нэһилиэгин Д.Д. Красильников аатынан орто оскуолата төрүттэммитэ 90 сыла бэлиэтэннэ. 

История быыһын сэгэттэххэ...

 

1930 сыллаахха олунньутугар Чурапчы оскуолатын үөрэнээччилэрэ Георгий Прокопьевич Башарин, Анастасия Иннокентьевна Сивцева Мугудай сельсэбиэтигэр нэһилиэккэ оскуола дьиэтин тутуу боппуруоһун туруорбуттар.

Тэрээһиннээх, күргүөмнээх үлэ түмүгэр, 1931 сыл сэтинньи 5 күнүгэр Мугудайга саҥа оскуола аанын тэлэччи аспыт.

 Мантан ыла ыччат үөрэх-сайдыы киэҥ суолугар үктэммит. Оскуола бастакы үөрэнээччилэринэн учуонай Дмитрий Данилович Красильников, баартыйалаах үлэһит, «Калинин» холкуос аатырбыт бэрэссэдээтэлэ, «Бочуот знага» уордьаннаах Иван Ильич Сивцев, Аҕа дойду Улуу сэриитин 3 бойобуой уордьаннаах кыттыылааҕа, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Тимофей Степанович Ноговицын буолбуттар.

1 сайт

1956 сыллаахха оскуола дириэктэринэн үлэлээбит Николай Михайлович Дьяконов туруорсуутунан, саҥа оскуола былаанын оҥорторон, тутуу ыытыллар үбүн булан, балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэтин саҕалаабыттар. Ол мас оскуола 60 сыл тухары Мугудай, Алаҕар, Төлөй, Бахсы нэһилиэгин оҕолорун сырдыкка-билиигэ уһуйбута. Оскуола 75 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтииргэ, оччолорго улууспут аҕа баһылыга Иннокентий Николаевич Аммосов, саҥа таас оскуола наадатын өйдөтөн, сүбэ мунньахтар тэриллэн барбыттара. Ити кэмтэн 6 сыл буолан баран, 2016 сыллаахха саҥа таас оскуола үлэҕэ киирбитэ.

2 вырезать школу сайт

Мугудай оскуолатын сайдыытыгар, матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй базата тупсарыгар, иитии-үөрэтии үлэтэ олохтоохтук тэриллиитигэр үгүс дьон санаатын, билиитин, күүһүн-уоҕун ууран үлэлээбиттэрэ. Биһиги киэн тутта ааттыыбыт дириэктэрдэрбитин: Гаврил Николаевич Сивцевы, Кирилл Кириллович Пермякову, Валентина Григорьевна Макарованы, «Баҕа санаа» оскуолатын тэрийбит Елена Михайловна уонна Владимир Петрович Ивановтары, хайысхалаах үөрэҕи көҕүлээбит Дария Даниловна Пермякованы, тыа сирин оскуолатын сайыннарбыт Анатолий Алексеевич Федоровы уо.д.а.

Оскуола үлэтэ үөрэнээччилэрин ситиһиилэринэн сыаналанар. Мугудай  оскуолатыгар үөрэммит, бу оскуоланы бүтэрбит выпускниктартан дойду сайдыытыгар биллэр-көстөр кылааттарын уурбут дьон, Саха Сирин историятыгар киирэр араас идэлээх бастыҥ үлэһиттэр, култуура, үөрэҕирии, ускуустуба, наука диэйэтэллэрэ, спортсменнар аҕыйаҕа суохтар. Ол курдук, наука 4 дуоктара: Дмитрий Данилович Красильников, Анастасия Петровна Оконешникова, Петр Петрович Пермяков, Михаил Дмитриевич Гуляев, итиэннэ наука хандьыдааттара үөрэнэн тахсыбыттара.

Киэн туттабыт Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Саха АССР үтүөлээх үлэһитэ Михаил Семенович Толстоуховынан, РФ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, 1960 с. РСФСР социалистическай күрэҕин кыайыылааҕа Николай Алексеевич Терютинынан, улууспутун салайбыт икки баһылыкпытынан -- Иннокентий Николаевич Аммосовынан, Андрей Тимофеевич Ноговицынынан, улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Яков Гаврильевич Оконешниковынан.

3 сайт

Борокуруор, СӨ үтүөлээх юриһа Гавриил Федорович Смирников, СӨ Үрдүкү суутун судьуйатынан үлэлээбит Михаил Игнатьевич Коркин, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, албакаат Нина Егоровна Санникова, саха норуодунай артыыһа Дмитрий Егорович Артемьев, СӨ үтүөлээх артыыстара Майя Петровна Слепцова, Владислав Михайлович Попов, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Станислав Филиппович Катаков, поэттар Николай Федорович Смирников-Телейскай, Виктор Иванович Хон-Нохтохон, РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Полина  Егоровна Скрябина, РФ физическэй култуураҕа уонна спорка туйгуна Гаврил Гаврильевич Сивцев, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Николай Николаевич Гуляев уо.д.а. мантан кынат анньынан тахсыбыттара.

4 сайтМугудай оскуолата кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү өрө тутар үгэстэрдээх. «Көлүкэчээн» оҕо норуодунай үҥкүү ансамбыла, «Орленок» байыаннай-патриотическай кулууп оскуолаларын, улуустарын, өрөспүүбүлүкэлэрин, ону ааһан дойдубут аатын киэҥ сирдэргэ ааттатан кэллилэр.

5 сайт

Ленинскэй  бириэмийэ  лауреата, космофизик-учуонай Дмитрий Данилович Красильников аатын сүгэр орто оскуола бүгүҥҥү күҥҥэ олох сайдыытын кытта тэҥҥэ хааман, бириэмэ ирдэбилигэр эппиэттиир иитэр-үөрэтэр соруктары туруоран үлэлиир. Үөрэнээччилэрэ «Инникигэ хардыы» өрөспүүбүлүкэтээҕи, бүтүн Арассыыйатааҕы НПК бастыҥ ааҕааччылара, анал хайысхалаах олимпиадаларга, араас таһымнаах күрэхтэргэ инники күөҥҥэ сылдьыылара, өрөспүүбүлүкэ, бүтүн Арассыыйа күрэхтэһиилэригэр спорт маастардара буола иитиллэн тахсыылара кэлэктиип өр сыллаах таһаарыылаах үлэтин үтүө түмүгүн быһыытынан сыаналанар.

6 сайт

Хас биирдии оскуола нэһилиэккэ сырдыгы, кэскиллээҕи түстүүр. Оскуолабыт дириэктэр Иннокентий Сергеевич Юмшанов салалтатынан улууска биир бастыҥ үлэлээҕинэн биллэр, үөрэнээччилэр ситиһиилээхтик үөрэнэллэр, сайдыы саҥа саҕахтарын саҕаллар.

ДЬОҺУН КИНИГЭ

7 обложка сайт

Мин Мугудай орто оскуолатын 1974 сыллаахха бүтэрбитим. Оҕо сааска оскуола дьиэтигэр тыргыллыбыт ыллык суол, кэлин үлэһит буоллахха кэҥээн, аартыкка кубулуйан, эйигин ыраахтан ыҥыра, угуйа турар. Манна эн бастакы учууталыҥ, дириэктэриҥ, завуһуҥ, араас сүһүөххэ үөрэппит учууталларыҥ, кылааһыҥ оҕолоро, оскуолатааҕы доҕотторуҥ, оччотооҕу алтан чуораан лыҥкыныыра, горн, барабаан тыастара, мэник-тэник оҕо саас ахтылҕана иилии эргийэллэр...

аан дойду та7ымыгар кннэ сайт

Чурапчы улууһун Мугудайыгар 1930 сыллаахха, сурук-бичик дьиэтэ аһыллан, сыыйа оскуола төрүттэнэн, ыччат дьон дириҥ билиилээх учууталлар сыраларынан үрдүк үктэллэргэ дабайан, улуус, өрөспүүбүлүкэ, бүтүн Арассыыйа, аан дойду таһымыгар таҕыстылар.

Оскуолабыт 90 сылыгар анаммыт «Алтан чуораан алгыһынан» кинигэни СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын сис кэмитиэтин ыстаарсай референэ, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Светлана Владимировна Диодорова-Лаврентьева, оскуола мусуойун сэбиэдиссэйэ, эбии үөрэхтээһин педагога, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Чурапчы улууһун норуотун маастара Күннэй Григорьевна Аммосова, социальнай педагог, «Точка роста» цифровой уонна гуманитарнай хайысхалаах медиа-киин салайааччыта, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Елена Михайловна Данилова хомуйан, бэчээккэ бэлэмнээн таһаардылар.

8 сайт

Аныгы олох хаамыытынан оскуола историятыгар аналлаах ютуб ханаалы, QR коду оскуола педагог-организатора, география учуутала Мария Дмитриевна Трофимова оҥордо. Кинигэҕэ нэһилиэккэ кэрдиис кэмнэринэн үөрэхтээһин сайдыытын, кимнээх үлэлээбиттэрин, үөрэммиттэрин сиһилии билсиэххит, страницалары арыйан истэх аайы киһини сөхтөрөллөрө, соһуталлара элбэх. Мин үгүс оскуола үбүлүөйүгэр сырыттым, анаммыт таһаарыылары сэргиибин. Ол эрээри хаһан даҕаны бастакы үөрэнээччи ахтыытын, хаартыскатын, эбиитин видео эҕэрдэтин харахтыы иликпин.

мугудай куар

Биһиги оскуолабыт бастакы үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ Мэҥэ Хаҥалас улууhун Дьабыыл нэhилиэгин Бочуоттаах гражданина, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, хоту кѳhѳрүллүү кыттыылааҕа, 11 оҕо тапталлаах ийэтэ, эбэтэ, хос-хос эбэтэ, «1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иhин» мэтээллээх, Саха Ɵрөспүүбүлүкэтин «Yйэ саас», «Гражданскай килбиэн», «Ийэҕэ үрдүкү махтал» бочуот бэлиэлэрдээх, «Ийэ Албан аата» уордьан кавалера, күн бүгүн 101 сааhын томточчу туолан, Мэҥэ Хаҥалас Нуораҕанатыгар олорор Пермякова Ульяна Егоровна төрөөбүт Мугудайын, үөрэммит оскуолатын, учууталларын, оҕо сааһын доҕотторун ахтыбытын соһуйа, үөрэ, сэргии уонна киэн тутта аахтым, көрдүм.

Ульяна Егоровна төһө да 101 хаарын санныгар ууллардар, алаастарын, учууталларын, бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрин ааттарын толору өйдүүрэ, кэпсиирэ аан дойду да үрдүнэн сэдэх көстүү буолуо. Быйылгы Ийэ сылыгар, үйэттэн ордук олорбут, Дьоруой ийэ алгыһын ылбыт дьоллоох учууталлар, үөрэнээччилэр буоллубут. Ытык киһибитигэр чэгиэн туругу баҕарабыт, махталбытын этэбит.

Ити курдук, кинигэни суруйбут айар бөлөх, ааҕааччы болҕомтотун тардар үгүс матырыйааллары муста. Мугудайдар киэн туттар киһибит, Ленинскэй бириэмийэ лауреата, космофизик-учуонай Дмитрий Данилович Красильников 1984 сыллаахха дойдутун дьонугар туһаайбыт этиитэ саха араадьыйатын көмүс пуондатыгар хараллан сытарын, өссө сиэнэ сценарист Гела Красильникова оҥорбут документальнай киинэтин оскуолабыт ютуб ханаалыгар истэр, көрөр кыахтанныбыт.

Саха АССР үтүөлээх учуутала, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннаах Яков Гаврильевич Павлов 1990 сыллаахха «Восточно-Сибирская кинохроника» устуудьуйа кэлэн, Төлөй олохтоохторун «Какое на дворе тысячелетье?» диэн устубут киинэтигэр хаама-сиимэ, салайа сылдьарын сэргиир, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин электроннай пуондатыгар кини туһунан кинигэлэри, суруйуулары булан ааҕар буоллубут.

Өссө СӨ Национальнай архыыбыгар харалла сытар ааспыт үйэ хаһыаттарын саһарбыт страницаларыгар оскуолабыт үөрэнээччилэрэ бэчээттэммиттэрин ааҕыаххыт. Үбүлүөйүнэн оскуола, нэһилиэк историятын сырдатар анал ютуб ханаал оҥоһулунна. Манна бүгүҥҥү күҥҥэ элбэх видео матырыйаал түмүллэн киирдэ. Ол үлэлэри кинигэ илииһигэр куйаар-коду таҕайан, анал бырагырааманан арыйыаххыт.

Алта түһүмэхтээх, 592 страницалаах, 1500 хаартыскалаах, 90 QR-кодтаах «Алтан чуораан алгыһынан» кинигэбит оскуолаҕа үлэлээбит, үөрэммит үгүс дьону биир ситимниир, оҕо сааска сиэтэн илдьэр. Кинилэргэ хас биирдиилэригэр дьоһун бэлэх буолар.

БЫРАГЫРААМАНЫ БАСТАКЫНАН ТУҺАНАММЫТ

9 сайтБиһиги үөрэммит мас оскуолабыт 1956 сыллаахха тутуллан киирбитэ. 2000 сыллар кэннилэриттэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыа сирдэригэр таас оскуолалар кэмэ суох тутуллан киирэн барбыттара. Ыаллыы нэһилиэктэрбитигэр Төлөйгө, Чыаппараҕа бэртээхэй оскуолалар дьэндэйбиттэрэ. Хас биирдии үөрэнээччи ис санаатыгар, үөрэммит оскуолатыгар көмөлөһөр баҕата дириҥник иҥмитэ чуолкай. 2007 сыллаахха оскуолабыт 75 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх тэрээһинигэр убайбыт Иннокентий Николаевич Аммосов, улууска баһылыктыы олорон, эҕэрдэтигэр саҥа оскуола тутуллар кэмэ кэлбитин, сыбаайытын нэһилиэк бэйэтэ үбүлээн түһэрдэҕинэ, өрөспүүбүлүкэ атын нэһилиэктэрин урутаан оскуолаланыахпытын сөбүн, онно Төлөй холобура баарын тоһоҕолоон эппитэ.

Оскуола бырайыагын оҥорторуу бэйэтэ эмиэ туһунан остуоруйалаах. Оччолорго биһиги биир дойдулаахпыт, Кытаанахтан төрүттээх Иван Степанович Андросов «Якутпроект» генеральнай дириэктэринэн таһаарыылаахтык үлэлии олорор кэмэ этэ. Мугудай баһылыга Кузьма Иннокентьевич Пермяков кинини көрсөн, көрдөһөн, бырайыак үлэтэ саҕаламмыта.

10 сайт

Былааҥҥа ханна да киирбэтэх, үбүлээһинэ бүддьүөккэ көрүллүбэтэх буолан, араас ньыманан, бартерынан кэпсэтэн, сүрүннээн олохтоохтор көмөлөрүнэн, этинэн-аһынан төлөспүтэ. Онтон кластер бырайыагын бэйэбит уолбут Александр Владимирович Коротких дойдутугар патриоттаан, бэрт кылгас кэмҥэ оҥорон биэрбитэ. Ити үлэтэ федеральнай бырагыраамаҕа киирэрбитигэр, саҥа микрооройуон тутуллан, оскуолалыын бырагыраамаҕа ааһарыгар төһүү күүс буолбута.

Миигин 2012 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин ис бэлиитикэтин  департаменын салайааччытынан анаабыттара, онно бэйэни салайыыны департаменын холбоон биэрбиттэрэ. Үлэлии олордохпуна, Кузьма Иннокентьевич киирэн, оскуола бырайыага бүппүтүн, үбүлээһиҥҥэ хайдах киирсиэххэ сөбүн ыйыппыта. Онно Арассыыйа үрдүнэн тыа сирин сайыннарыы бырагыраамата үлэлиирин, бааһынайдарга дьиэ, хотон тутуутугар үп көрүллэрин курдук, эһиилгиттэн аны оскуола тутуутун үбүлээһин бырагыраамаҕа киириэхтээҕин кэпсээбитим. Тыа хаһаайыстыбатын оччотооҕу миниистирэ, билигин норуот дьокутаата Иван Иванович Слепцовка төлөпүөннээн, бэйэм үөрэммит оскуолам бырагыраамаҕа киирэригэр көмө буоларыгар көрдөспүтүм. Кини тута сөбүлэһэн, сүбэлээн биэрбитигэр олус үөрбүтүм. Ити кэмҥэ федеральнай бырагыраамаҕа киирэргэ, бастатан туран, Хабаровскай куоракка экспертиза аастахтарына эрэ докумуоннарын туталлара. Бириэмэбит олох ыгым этэ, инньэ гынан Кузьма Иннокентьевич Хабаровскайга тиийэн, ыйы-ыйдаан эккирэтиһэн, докумуону ситэрэн эрдэҕинэ, бэрээдэк уларыйан, бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр ыытары көҥүллээннэр, төттөрү кэлэн, хата, кэмигэр докумуону туттарбыта.

11 сайт

Өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин хамыыһыйатыгар улуус баһылыга Андрей Тимофеевич Ноговицын, нэһилиэк баһылыга Кузьма Иннокентьевич Пермяков бырайыагы көмүскээннэр, дьыала олоххо толору киирбитэ. Салгыы Москубаҕа, биир дойдулаахпыт, бастакы Ил Дархан Егор Афанасьевич Борисов миниистир Иван Иванович Слепцовтуун, оччотооҕу Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Николай Васильевич Федоровы кытта кэпсэтэннэр, Саха Сиригэр Арассыыйаттан бастакынан тыа хаһаайыстыбатын бырагырааматынан үбүлэммит бэртээхэй дизайннаах, аныгылыы тутуулаах оскуола үбэ көрүллэн, тутуута ситэн 2016 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. 

12 сайт

Аныгы тэтимнээх олоххо бары өттүнэн эппиэттиир, ыччаты сырдыкка-кэрэҕэ ыҥырар, сайдыы суолугар сирдиир, киэн туттар киһибит Дмитрий Данилович Красильников аатын чиэстээхтик сүгэр оскуолабыт төрүттэммитэ 90 сылын кэккэ ситиһиилэрдээх көрсүбүтүттэн үөрэбин, астынабын, киэн туттабын.

Михаил Гуляев, норуот дьокутаата, РФ, СӨ физкультураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, «Норуоттар доҕордоһуулара» уордьан кавалера, педагогическай наука дуоктара.

ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТТЭН АҔА СААСТААХ ҮӨРЭНЭЭЧЧИ

Оскуола бастакы үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ -- үлэ, тыыл бэтэрээнэ, 101 саастаах Ульяна Егоровна Пермякова билигин Мэҥэ Хаҥалас улууhун Дьабыылыгар олорор, нэһилиэк Бочуоттаах гражданина.

мугудай бабушка

Кини хоту кѳhѳрүллүү кыттыылааҕа, 11 оҕо тапталлаах ийэтэ, эбэтэ, хос-хос эбэтэ. «1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иhин» мэтээллээх, «Yйэ саас», «Гражданскай килбиэн», «Ийэҕэ үрдүкү махтал» бочуот бэлиэлэрдээх, «Ийэ Албан аата» уордьан кавалера.

Ульяна Егоровна 1920 сыллаахха Чурапчы оройуонун II Мэлдьэхси нэhилиэгин Ньарып Чаайы алааhыгар Егор Павлович уонна Александра Ивановна Сокольниковтар дьиэ кэргэннэригэр тѳрѳѳбүтэ. Кини -- Мугудай оскуолатын бастакы үѳрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ. Үѳрэммит кэмин маннык ахтар:

«1931 сыллаахха Мугудайга бастакы оскуола аhыллыбыта. Аан бастаан миигин оскуолаҕа эhэм Байбал илдьибитэ. Арааhа, атырдьах ыйын 31 күнүгэр тиийдэхпит буолуо, оскуолаҕа дириэктэр собус-соҕотоҕун баара. “Сарсын аҕалаар”, -- диэн эппитэ. Онон сарсыҥҥы күнүгэр үѳрэнэр оҕолору кытта оскуолаҕа барсыбытым. Күн аайы Ньарып Чаайы алааспытыттан элбэх оҕо буолан оскуолабытыгар сатыы сылдьарбыт. Сарсыарда халлаан сырдыыта оскуолаҕа кэлбиппит. Уруокка хойутаабат этибит. 5-6 уруокка үѳрэнэн баран, тѳттѳрү алааспытыгар барарбыт. Мугудайтан, арааhа 5-6 биэрэстэ баара буолуо. Кыhынын куобах истээх сон, бэргэhэ, куобах үтүлүк, халыҥ куобаҕынан кулукулаах этэрбэс таҥастаах буолан тоҥмокко-хаппакка сылдьарбыт. Дьиэбититтэн ѳйүѳлэнэрбит. Оскуолаттан тахсаат, Лыбынтах, Кыыл Уулаабыт, Чолбон алаастарынан Ньарып Чаайыбытыгар тиийэбит. Учууталларбыт Макарова Наталья Михайловна (нуучча тыла), Дьячковская Варвара Николаевна, Макаров Егор, Местников Семен Сильвестрович. Латыынныы алпаабытынан ааҕарга-суруйарга үѳрэммиппит. Бииргэ үѳрэммит оҕолорбутуттан Красильников Куола, Сивцева Дааса мугудайдар этэ. Пермяков Данил диэн биhиги анныбытынааҕы кылааска үѳрэммитэ. Корякин Дайылалаах кыргыттара, Романов Сэмэн үѳрэммиттэрэ. Саамай ѳйдѳѳн хаалбыт түгэним: «Таҥараҕа алаадьы сиэтигит дуо?» - диэн учууталбыт ыйытар. Оччолорго таҥара, абааhы суох диэн идеология этэ. Ол иһин дьоммут таҥараҕа алаадьы оҥорбуттарын мээнэ куттанан саҥарбат этибит. Мин дьонум православнай итэҕэллээхтэрэ, таҥара дьиэтигэр бэргэhэлэммитэтилэр. Эhэм кыра мас таҥара мэтириэттээҕэ, ол таҥаратыгар күн аайы үҥэн кириэстэнэр этэ. Ороhуоспаҕа күѳх оту киллэрэн тэлгииллэрэ. Мугудай оскуолатыгар 6 сыл үѳрэнэн, ааҕар-суруйар буолан, хаhыаты, кинигэни ааҕарбын сѳбүлүүр этим. Латыынныы ааҕабын, суруйабын.

Yѳрэммит оскуолам 90 сыллаах үбүлүѳйүнэн оскуола кэлэктиибин, үѳрэнээччилэрин эҕэрдэлиибин. Оскуолам үүнэ-сайда турдун, элбэх ыччаты олох аартыгар атаардын!  

после гуляева сайт

Ахтыыны кыыhа Матрена Владимировна Попова суруйда, Мэҥэ Хаҥалас улууhун Дьабыыл нэһилиэгин  Н.В. Петров аатынан оскуолатын педагог-бибилэтиэкэрэ, РФ үѳрэҕириигэ-иитиигэ Бочуоттаах үлэhитэ, СӨ үѳрэҕин туйгуна.

АЛААСТАН – КУЙААР КИЭҤ ДУОЛУГАР

Оскуола 1998 сылтан наукаҕа уонн тиэхиньикэҕэ  Ленинскэй бириэмийэ лауреата, космофизик учуонай, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус наукаларын академиятын  үтүөлээх бэтэрээнэ Дмитрий Данилович Красильников аатын чиэстээхтик сүгэр.

мугудай дядя

Саха чаҕылхай уола Дмитрий Данилович Красильников холобур буолар олоҕу  олорон ааспыта. Чурапчы улууһун Мугудай нэһилиэгэр  бэрт кыра бүччүм Чараҥ Көлүйэ  диэн алааска күн сирин көрбүтэ. Оччотооҕу кыһарҕаннаах кэмҥэ чугас дьонун эрдэ сүтэрэн, оҕо сааһыгар олох ыарахаттарын барытын этинэн-хаанынан  билэн улааппыта. 9 сааһыгар оскуолаҕа  киириэҕиттэн билиигэ-көрүүгэ тардыһыыта, айылҕаттан бэриллибит толкуйдуур, ырытар дьоҕура салгыы сайдыыга угуйбута.

Саха кыракый алааһыттан куйаар киэҥ дуолун, сардаҥалаах ардаҕын үөрэтэр-чинчийэр сырдык ыраҕа тиэрдибитэ. Аан дойду ааттаахтарын, бэрт дойду мэйиилээхтэрин кытта тэҥҥэ эрийсэр, биир үктэлгэ турар дьоһун киһи буолбута. Ол курдук Японияҕа, Венгрияҕа, Австралияҕа, АХШ, ФРГ, Болгария, Индия, Польша, Франция, Англия, Италия курдук дойдуларга космос сардаҥаларын  чинчийэр үлэтинэн кэмпириэнсийэлэргэ, симпозиумнарга кыттыбыта.

мугудай 3

Бу сыллар  усталарыгар Д.Д. Красильников аатын үчүгэйинэн эрэ ааттатарга оскуола кэлэктиибэ, үөрэнээччилэр кыһаллан кэллибит. Сылын аайы үөрэх-иитии таһымын үрдэтэргэ  сыал-сорук туруорар.

ҮТҮӨЛЭЭХ ПИЭРМЭРДЭННИБИТ

Быйыл Саха Сирин үс  фермерскэй хаһаайыстыбатын салайааччылара «Арассыыйа үтүөлээх пиэрмэрэ» буоллулар.

Кинилэр ортолоругар биһиги улууспутуттан Мугудай нэһилиэгин бааһынай  хаһаайыстыбатын салайааччыта, оскуола выпускнига Илья Ильич Дьячковскай бочуоттаах наҕарааданы тутта.

Кини 2006 сылтан бааһынай хаһаайыстыбаны тэринэн  үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэҕэ  биир бастыҥ көрдөрүүлээх, үрдүк ситиһиилээх хаһаайыстыбалар кэккэлэригэр сылдьар. Дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыы гранын икки төгүллээх кыайыылааҕа.

13 сайт

Муус устар 12 күнүгэр Саха сирин бааһынайдарын уонна  пиэрмэрдэрин ассоциациятын 30 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх форумҥа мэтээллэри Судаарыстыбаннай Дума аграрнай боппуруостарга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Владимир Плотников үөрүүлээх түгэҥҥэ туттарбыта.  Биир  дойдулаахпытын дьоһун наҕараадатынан эҕэрдэлиибит!

Бу курдук өндөл мэҥэ халлаан кистэлэҥнэрин, айылҕа көстүүлэрин чинчийэргэ тиийэ кынаттаабыт үөрэнээччилэрдээх Мугудай оскуолата өссө да саҥа саҕахтары арыйа,  үрдүккэ көтүтэ туруо!

бутэьик сайт

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31