Бэлиэни Георгий Кардашевскай сиэнэ, тутуу эйгэтигэр үлэлиир урбаанньыт Георгий Алексеев оҥордо. Анал бэлиэ аһыллыытыгар Георгий Романович кыыһа Галина Алексеева, уола, кийиитэ, сиэннэрэ, Балаҕаннаах, Ороһу оскуолаларын учууталлара, үөрэнээччилэрэ, төрөөбүт нэһилиэгин олохтоохторо кыттыыны ыллылар.
Филология наукаларын хандьыдаата, фольклорист, тылбаасчыт, литературовед уонна учуобунньуктар ааптардара Георгий Романович Кардашевскай Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгин Балаҕаннаах учаастагар 1916 сыллаахха ыам ыйын 5 күнүгэр төрөөбүтэ.
1940 с. Бүлүү педагогическай училищетын бүтэрэн баран Усуйаана улууһун Хаһааччыйа оскуолатыгар учууталынан, онтон дириэктэринэн үлэлээбитэ.
1942 с. Дьокуускайдааҕы педагогическай институкка үөрэнэ сырыттаҕына хомсомуол обкомун сэкирэтээринэн талбыттара. Ол кэнниттэн кини Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар оройуоннарыгар норуот үөрэҕириитин салаатыгар, СӨ Үөрэҕириитин министиэристибэтигэр үлэлээбитэ.
1959-1971 сылларга Дьокуускай судаарыстыбаннай университетыгар старшай преподавателинэн үлэлээбитэ.
1971 сылтан биэнсийэҕэ тахсыар дылы национальнай оскуолаларга научнай чинчийэр институт Саха сиринээҕи филиалын научнай сотруднигынан үлэлээбитэ.
1975 сыллаахха филология наукаларын хандьыдаатын истиэпэнин ылбыта.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0