Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Биллэр учуонай, саҥаны айааччы, уопсастыбанньык Анатолий Чомчоев 2011 сылтан Ивановскайдааҕы судаарыстыбаннай химико-технологическай университет оҥорон таһаарар “өйдөөх” матырыйаалынан тыын суолталаах таҥаһы-сабы, малы-салы Саха Сиригэр тигиини туруорсар.

Биллэр учуонай, саҥаны айааччы, уопсастыбанньык Анатолий Чомчоев 2011 сылтан Ивановскайдааҕы судаарыстыбаннай химико-технологическай университет оҥорон таһаарар “өйдөөх” матырыйаалынан тыын суолталаах таҥаһы-сабы, малы-салы Саха Сиригэр тигиини туруорсар.

Университет айан таһаарбыт матырыйааллара сылааһы тутар, сыты таһаарбат, өҥү уларытар, абырахтанар, байыаннай тиэхиньикэҕэ көстүбэт уонна да атын киһини сөхтөрөр оҥоһуулаахтар. Маны сэргэ, университекка аһаҕас бааһы түргэнник үтүөрдэр үрүҥ көмүстээх маарыланы оҥорон таһаараллар эбит. Ол маарыла оҥоһуллар технологиятын Кытай атыылаһан ылбыт. Оттон биһиги Ивановскайы уҥуордаан ол маарыланы Кытайдартан атыылаһар эбиппит. Киһи сөҕөр да, сонньуйар да түгэнэ буолбат дуо?

Куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, тас дойдулартан араас сааҥсыйалар киирэннэр, анал байыаннай дьайыыларга кыттар дьоммутун хааччыйар кыһалҕа үөскээн, Анатолий Игнатьевич туруорсуута кэмниэ-кэнэҕэс туолуох чинчилэннэ. Ол курдук, ахсынньы 20 күнүгэр учуонай, «Хоту тент» тэрилтэ сүбэһитэ Анатолий Чомчоев Ивановскайдааҕы химико-технологическай университет нанокомпозитнай матырыйаалларын киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрдэ. Кини сүбэтинэн таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар урбаанньыт, “Хоту тент” тэрилтэ салайааччыта Афанасий Махатыров университеты кытта сөбүлэҥ түһэрсибиттэрин уонна бу хайысханы сайыннарыыга туох кыһалҕалар баалларын кэпсээтэ.

Тэрээһини салайан ыыппыт Ил Түмэн Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоохтор боппуоуростарыгар уонна Арктика дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева Анатолий Игнатьевич туруорсуута, бастатан туран, анал байыаннай дьайыыларга сылдьар байыастарбытын тымныыттан, сииктэн-силбиктэн, уоттан харыстыыр, өстөөх өлөрөр сэбиттэн көмүскүүр үрдүк таһымнаах таҥаһынан-сабынан, малынан-салынан уонна, биллэн турар, томороон тымныылаах Сахабыт сирин үлэһит, булчут, отчут дьонун хааччыйар туһугар олоххо киириэхтээҕин быһаарда. Учуонай этиитин “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа Саха сиринээҕи салаатыттан Сергей Сивцев, СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтиттэн Евгений Терентьев кэлэн иһиттилэр.

Манна даҕатан эттэххэ, Елена Христофоровна уонна  Афанасий Спиридонович анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан байыастар кыһалҕаларын быһаччы быһаара сылдьар дьон буолаллар. Ол курдук, норуот дьокутаата ыҥырыыга түбэспит биир дойдулаах байыастарбыт кыһалҕаларын быһаарыыны сүрүннүүр, оттон урбаанньыт байыастарга сылааһы тутар, тепловизорга көстүбэт, онтон да атын харыстыыр аналлаах таҥаһы-сабы тигиинэн дьарыктанар. Ол курдук, “Хоту тент” тэрилтэ байыастарга 2000 утуйар мөһөөччүгү, 2000 балаакканы, 1000 снайпер көстүүмүн тигэн ыыппыт. Бу таҥас “Армия – 2022” быыстапкаҕа РФ Оборонаҕа министиэристибэтин улахан биһирэбилин ылбыт.  

Анатолий Игнатьевич, байыаннай уопуттаах киһи буоларын быһыытынан, бэрт кылгастык Ивановскай нанокомпозитнай матырыйаалларын Саха сиригэр туһаныы туох суолталааҕын быһаарда, ону толорууга биһиги салалтабытыттан туох ирдэнэрин ыйда уонна Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр аһаҕас бааһы түргэнник үтүөрдэр маарыланы ылан туһанарга чопчу этии киллэрдэ:

“Ивановскайдааҕы химико-технологическай университет балысханнык сайынна. Үрдүк таһымнаах каадырынан толору хааччыллыылаах. Билигин бу кыһа оҥорон таһаарар “өйдөөх ” матырыйааллара аан дойдуга аатырыан аатыраллар. Ол курдук, кинилэр айбыт металлизированнай таҥастара  электромагнитнай сардаҥаны тэйитэр кыахтаах. Маны сэргэ, итиини тэйитэр, 97 % умайбат таҥастаахтар. Ону аан дойдуга ким да оҥорбот. Мэдиссиинэҕэ анаан үрүҥ көмүһүнэн бүрүйэн (1 гр үрүҥ көмүһүнэн 1 кв.м. таҥаһы) бааһырбыт киһиэхэ абыраллаах маарыланы оҥороллор. Манныгы Германия эрэ оҥорор, ол гынан баран онтулара биһиэнигэр тиийбэт. Бу маарыла аппробацияны барытын ааспыт, көҥүллээх. Онон, Доруобайа харыстабылын министиэристибэтэ университеты кытта Сөбүлэҥ түһэрсэргэ тиэтэйиэх кэриҥнээх. Сылааһы тутар порфирин диэн матырыйааллаахтар. Мантыларынан аан дойдуга эмиэ инники күөҥҥэ сылдьаллар. Дьиҥэр, кинилэр маны барытын 2007 c. айбыттар.

Биһиги табаһыт балааккатын тигэргэ сөптөөх ураты таҥаһы сакаастаан, «Хоту тент» балааккатын тупсаран биэрэр санаалаахпыт. Онно маннык тэхиньиичэскэй ирдэбили туруорбуппут: бырдаҕы киллэрбэт, салгыннаах, 3 см диэри хайдыыны бэйэтэ самыыр, ыйааһына чэпчэки, ханна турарынан өҥүн уларытар, маҥаҥҥа маҥан, күөххэ күөх буолар, температурнай режимин уларытар эҥин диэн. Ивановскайдар маны барытын сатыыллар. Онон, кинилэр таҥастарынан өрөспүүбүлүкэ хайа баҕарар муннугар тыын суолталаах таҥаһы-сабы, малы-салы тигиини тэрийиэххэ сөп. Онон Саха сирин аҕа баһылыга Ивановскай аҕа баһылыгын кытта Сөбүлэҥ түһэрсэрэ уолдьаста. Биһиги «Хоту тент» тэрилтэ өттүттэн түһэрсибиппит. Билигин "Аармыйа-2023” быыстапкаҕа бэлэмнэнэ сылдьабыт”, - диэн учуонай санаатын түмүктээтэ.

Афанасий Махатыров нанокомпозитнай матырыйааллары туһанан, байыастарга ирдэнэр танаһы-сабы, малы-салы тигиини тэрийэргэ биир сүрүн кыһалҕанан каадыр буолар диэтэ. Кини этэринэн, билигин тугу да сатаабат эбэтэр сүрэҕэ суох киһи эрэ үлэтэ суох сылдьар. Быһата, үлэтэ суохтартан үчүгэй үлэһити булар уустугурбут. Оттон иистэнньэҥҥэ үөрэнэ сылдьар устудьуоннар быраактыкалара олус кылгас. Онон, чопчу бу хайысхаҕа баҕалаахтары үөрэтэн таһаардахха уонна үлэнэн хааччыйдахха эрэ каадырдар баар буолуох кэриҥнээхтэр.

Анатолий Игнатьевич уонна Афанасий Спиридонович этиилэрин болҕойон истибит Сергей Сивцев, уонна Евгений Терентьев туруорсуу олус тоҕоостооҕун уонна кэскиллээҕин, онона уталыппакка быһаарыллыахтааҕын эттилэр. Тэрээһини салайан ыыппыт Елена Голомарева каадыр боппуруоһугар күүскэ үлэлиэхпит  уонна аныгыскы кэпсэтиини ол тула ыытыахпыт диэн эрэннэрдэ. Оттон биһиги тыа сирин олоҕун чэпчэтэр, байыастарбытын харыстыыр “өйдөөх” матырыйаал Сахабыт сиригэр кэлэн туһаҕа тахсарын эрэнэ күүтүөхпүт.

  • 3
  • 0
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31