Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Ѳрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу күннэргэ филологическай наука дуоктара, биллиилээх дьүкээгир учуонай-лингвист, этнограф, суруйааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл Гаврил Николаевич Курилов – Улуро Адо төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэр ыытыллаллар.

Ѳрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу күннэргэ филологическай наука дуоктара, биллиилээх дьүкээгир учуонай-лингвист, этнограф, суруйааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл Гаврил Николаевич Курилов – Улуро Адо төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэр ыытыллаллар.

Муус устар 25 күнүгэр Саха Сирин төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарын Ассоциациятын тэрийиитинэн СӨ Бырабыыталыстыбатыгар Гаврил Николаевич Курилов үбүлүөйүгэр аналлаах өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын үөрүүлээх мунньаҕа буолла. Мунньаҕы дьүкээгир норуотун ытык кырдьаҕастарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Гуманитарнай чинчийии институтун Аартыканы чинчийиигэ отделын научнай үлэһитэ Вячеслав Шадрин иилээн-саҕалаан ыытта. Кини Аллараа Халыма оройуонун Өлүөрэ туундаратыгар 1938 сыллаахха төрөөбүт Гаврил Курилов бырааттыы Куриловтар айар династияларын биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ буоларын бэлиэтээтэ. Холобур, Семен Курилов дьүкээгир биллиилээх прозаига, «Ханидо уонна Халерха» арамаан ааптара, оттон Николай Курилов дьүкээгир норуотун биллиилээх худуоһунньуга уонна графига.

СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров Гаврил Николаевиһы үбүлүөйдээх күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэ телеграмматын ааҕан иһитиннэрдэ. Гаврил Николаевич төрөөбүт тылын уонна култууратын сүрүн пропагандиһа, бэйэтин норуотун дьиҥнээх патриота буоларын, аан дойдуга бастакынан дьүкээгир омук тыла баарын туһунан кэпсээбитин, төрөөбүт тылынан хоһооннору бэчээттэппитин бэлиэтээтэ. Саха Сирин төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарын Ассоциациятын бэрэсидьиэнэ, СӨ норуодунай суруйааччыта Андрей Кривошапкин хотугу норуоттар литератураларыгар Гаврил Курилов чаҕылхай ыҥырыы-хоһоонунан биллиилээх суруйааччы буолбутун эттэ: «Посмотрите, люди Земли: Юкагиры костер развели... Приходите, братья, к нашему костру! Наших песен вкусить простоту Принесите, подкиньте дровец в наш костер, в наш пожар сердец… Чтоб увидел огромный мир Огонек, что зажег юкагир!»

5926e78d 7c69 4409 82a9 5446138a4a23

Үбүлээри Саха Сирин парламенын аатыттан Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков эҕэрдэлээтэ. Кини этэринэн, өрөспүүбүлүкэ култуурунай олоҕор биир улахан түгэнинэн быйыл Гаврил Николаевич Курилов-Улуро Адо төрөөбүтэ 85 сылын бэлиэтээһин буолар.

– Өлүөрэ туундаратын ытык сирэ биһиэхэ үс бырааттыы Куриловтары – Семену, Гаврилы уонна Николайы бэлэхтээбитэ. Кинилэр биһиги өрөспүүбүлүкэбит уһулуччулаах дьоно буолаллар. Гаврил Николаевич - төрөөбүт тылын уонна култууратын пропагандиһа. Кини дьүкээгир бастакы букубаарын уонна 11 тыһыынча кэриҥэ туундара тылын быһаарар бастакы дьүкээгир-нуучча тылдьытын ааптара. Семен Николаевич – дьүкээгир норуотун худуоһунньуга, суруйааччы, публицист, П.А. Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата. Үһүөн – дьүкээгир омугун аатырдыбыт талааннаах дьон. Гаврил Курилов сүтэн эрэр дьүкээгир тылын уонна култууратын араҥаччылыырга, сайыннарарга туохха да тэҥнэммэт сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ.

Кини айымньыларыгар, Владимир Санги айымньыларыгар курдук, түҥ былыргы дьүкээгир норуотун кыһалҕалара уонна олох туһугар туруулаһыыта ырылыччы көстөр. Бу икки бэйиэт бэл, хоһоонноругар биир тэҥник бэйэлэрин норуоттарын дьылҕатын, инники кэскилин туһугар дьиксиниини дириҥник ойуулууллар, -- диэтэ парламент вице-спикерэ Александр Жирков.

Салгыы Гаврил Николаевич төрөөбүт норуотугар олоҕун анаан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ ыччакка өрүү холобур буола турарыгар баҕа санаатын эттэ. Гаврил Николаевичка Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытын Махтал суругун туттарда. Норуот дьокутаата Елена Голомарева дьүкээгир норуотун национальнай олохтоох салайыныытын, дьүкээгирдэр бастакы сийиэстэрин тэрийиигэ ураты оруоллааҕын эттэ. Ол курдук, кини 1980-с сыллар бүтүүлэриттэн ыла норуотун кыһалҕатын, эрэлин билэр буолан, хотугу норуоттар түөлбэлээн олорор сирдэригэр национальнай олохтоох салайыныы тиһигин тэрийии, норуоту харыстааһын боппуруостарын көдьүүстээхтик уонна биир кэлимник быһаарарга туруорсарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

 – Кини «Чайла» уонна «Тэки Одулок» дьүкээгир общиналарын тэрийиигэ көхтөөх кыттыыны ылбыта. Кини туруорсуутунан, 1992 с. Андрюшкино уонна Нелемнэй бөһүөлэктэрэ национальнай Сэбиэт ыстаатыһын ылбыттара. Сэбиэттэри суох оҥоруу кэнниттэн, Гаврил Николаевич дьүкээгирдээҕи национальнай олохтоох салайыныы уорганын – Суктуулу тэрийэргэ этии киллэрбитэ. Тус бэйэтэ көҕүлээн оҥорторон, «Дьүкээгир норуотун Суктуулун туһунан» өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон олоххо киллэриллэрин ситиспитэ. 2008 сылтан саҕалаан бу салайыныы тиһигинэн Андрюшкино уонна Нелемнэй бөһүөлэктэр үлэлии-хамсыы олороллор. Манна эбэн эттэххэ, бу күннэргэ кини төрөөбүт дойдутугар үбүлүөйдээх тэрээһиннэр ыытыллаллар – ааҕааччылар күрэстэрэ, уруһуй куонкурустара, тургутуктар, флешмобтар уонна кылаас чаастара.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31