1930 с. Татьяна кыһын Орто Халымаҕа олохтоох Татьяна Васильевна уонна Николай Егорович Колесовтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. 1949 с. орто оскуоланы бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы пединститут иһинэн биир сыллаах бэлэмнэнии кууруһугар үөрэммитэ, салгыы Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэ киирбитэ.
Биэс сыл биллибэккэ ааспыта. 1955 с. агроном дипломнаах эдэркээн Татьяна Колесова Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай силиэксийэлиир ыстаансыйа Покровскай бөһүөлэк таһыгар баар салаатыгар үлэҕэ анаммыта. Оччолорго онно учуонай агрономнар уопсай дьиэҕэ олорон, РСФСР үтүөлээх агронома Александр Корниенко салалтатынан сиртэн ылыллар култууралар (бурдук уонна оҕуруот аһын) Саха Сирин тыйыс усулуобуйатын тулуйар суортарын таһаарарга үлэлииллэрэ. Идэлэригэр бэриниилээх, анал үөрэхтээх эдэр дьон, араас омук бэрэстэбиитэллэрэ олус көхтөөхтөрө, иллэҥ кэмнэригэр олохтоохторго ыстаансыйа үлэтин-хамнаһын сырдаталлара, кэнсиэр көрдөрөллөрө.
– Кылгас уонна кураан сайыннаах хотугу дойдуга сөп түбэһэр бурдук суортарын таһаарыыга улахан болҕомто ууруллара, – диир Татьяна Николаевна. – Мин Клавдия Шерстова салалтатынан бурдук култуураларын силиэксийэтигэр үлэлээбитим. Өр сылларга сыралаһан, 1982 с. эбиэс «Покровскай» диэн суордун таһааран, оройуоннаабыппыт. Ону сопхуостар бэркэ биһирээн, сүөһү аһылыгар анаан маассабайдык ыспыттара.
Ньэчимиэн «Тамми» диэн Финляндияҕа таһаарыллыбыт суорда Саха сиригэр 1963 с. оройуоннаммыта. Ону олохтоох суордунан солбуйар соругу туруорунан, Татьяна Николаевна 1975 с. «Айхал» диэн суорду таһааран судаарыстыбаннай чинчийиигэ туттарбыта. Бу суорт «Таммитааҕар» ситэр болдьоҕо арыый уһун буолан, өрөспүүбүлүкэҕэ оройуоннамматаҕа, ол эрээри Тюмень, Псков уобаластарыгар, Красноярскай кыраайга, Монголияҕа улахан сэҥээриини ылбыта. Ити саха агрономун улахан ситиһиитэ этэ – Саха Сиригэр таһаарыллыбыт суорт Сибииргэ, өссө кыраныысса таһыгар тарҕаныыта бу бастакы уонна хатылана илик холобура буолар.
Силиэксийэ үлэтэ үгүс сыраны-хараны, элбэх сыллаах унньуктаах үлэни эрэйэр. Татьяна Николаевна бэйэтин идэтигэр элбэх агроному, учуонайы үөрэппитэ-такайбыта, бурдук силиэксийэтигэр «Васильева оскуолата» дэнэр кыһаны төрүттээбитэ. Кини киэн туттар үөрэнээччитэ Евдокия Вахромеева эбиэс хас да суордун таһаарбыта. Кэлиҥҥи көлүөнэ үөрэнээччилэриттэн Валентина Иванова уонна Ирина Константинова «Таммины» бары өттүнэн баһыйар «Быйаҥ» диэн суорду таһаарбыттара. Бу курдук холобуру үгүһү аҕалыахха сөп.
Бурдукка саха бастакы селекционера Татьяна Николаевна Васильева өр сыллаах айымньылаах үлэтэ сиэрдээхтик сыаналанан, РСФСР үтүөлээх агронома, Арассыыйа Тыатын хаһаайыстыбатын наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата буолбута. Саха Сиринээҕи Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун Бочуоттаах кинигэтигэр аата киллэриллибитэ.
Билигин Татьяна Николаевна 93 саастаах ытык киһи. Кэргэнин, билигин суох Ефим Николаевич Васильевы, кытары дьоһуннаахай уолаттары төрөтөн-иитэн, олох киэр аартыгар киллэрбиттэрэ. Элбэх сиэннээхтэр.
ТХНЧИ салалтата, үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ улахан агроному, уһуйааччыны салаллан кэлбит сааскы бырааһынньыгынан, Дьахтар күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны баҕарабыт, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ тапталларыгар угуттанан уһуннук олор диэн алгыыбыт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0