Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -38 oC

«Алтынньы 30 күнэ – бэлитиичэскэй репрессиялар сиэртибэлэрин кэриэстээhин Күнэ. Чуолаан бу күн биhиги СѲ наукаларын Академиятын Бэрэсидьиэнэ, РФ НА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, биологическай наука дуоктара, профессор Леонид Николаевич Владимировы кытта кѳрсѳн кэпсэттибит», — диэн бэйэтин телеграмм-ханаалыгар биллэр научнай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, социологическай наука дуоктара Ульяна Винокурова иhитиннэрэр.

«Алтынньы 30 күнэ – бэлитиичэскэй репрессиялар сиэртибэлэрин кэриэстээhин Күнэ. Чуолаан бу күн биhиги СѲ наукаларын Академиятын Бэрэсидьиэнэ, РФ НА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, биологическай наука дуоктара, профессор Леонид Николаевич Владимировы кытта кѳрсѳн кэпсэттибит», — диэн бэйэтин телеграмм-ханаалыгар биллэр научнай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, социологическай наука дуоктара Ульяна Винокурова иhитиннэрэр.

Саха учуонайдара бу кѳрсүhүүгэ 1938 сыллаахха «сахалар дьыалаларынан» репрессияламмыт, сахаттан бастакы профессор Георгий Георгиевич Колесов тѳрѳѳбүтэ 130 сылыгар анаммыт ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ тэрээhинин дьүүллэспиттэр.

Георгий Колесов Красноярскай кыраай Иланскай куоратын лааҕырыгар 1943 сыллаахха тохсунньу 21 күнүгэр сырдык тыына быстыбыт. «Холуобунай буруй састааба суоҕунан» 1956 сыл от ыйын 6 күнүнээҕи ССРС Үрдүкү суутун Быhаарыытынан реабилитацияламмыт.

Билигин Георгий Колесов научнай нэhилиэстибэтин сѳргүтэр сорук турар. Кини Саха Сирин экэниэмикэтин научнай-практическай олохтооhунугар үлэлээбитэ. САССР Судаарыстыбаннай хамыыhыйатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон, Владивостоктан Хотугу Муора суолун олохтоспута уонна Уhук Хотуну туруктаах хааччыйааhыны ситиспитэ. Хоту дойду тѳрүт олохтоохторун быыhыыр кѳмѳ кѳрүҥнэрин оҥорбута.

Ону таhынан, холкуостаахтарга үлэ күнүн кѳрүҥүнэн ордук сѳптѳѳх хамнаhы туруорсубута. Сойуус таhымыгар сылгы иитиитин экэниэмикэтин оҥорбута, хойуу үүттээх саха ынаҕын боруодатын иитиини ѳйѳѳбүтэ.

Георгий Георгиевич билиҥҥитинэн К.И. Скрябин аат. ветеринарнай мэдиссиинэ уонна биотехнология Москватааҕы судаарыстыбаннай академиятыгар үлэлээбит. Оттон Леонид Николаевич бу академия научнай оскуолатын ааспыт. Ону тэҥэ кини, Арассыыйа наукаларын академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнин быhыытынан, Хоту дойдуну чинчийээччи, учуонай, Саха Сирин судаарыстыбаннай диэйэтэлэ, ССРС-ка сылгы иитиитин тэрээhинигэр кыттыбыт исписэлиис Георгий Колесов үлэлээбит дойду биир сүрүн научнай киинин кытта ыкса сибээhи тутуhар. Кэмпириэнсийэ иннинэ Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин наукаларын Академията сылгы иитиитигэр Стратегическай сиэссийэни ыытыахтаах.

«Уhулуччу ѳйдѳѳх дьон бириэмэлэрэ кэлбитэ кѳстѳр. Кинилэр санныларыгар биhиги халбаҥнаабакка турабыт уонна олоҕу тутабыт», — диэн тылларынан Ульяна Алексеевна бэйэтин иhитиннэриитин түмүктүүр.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ытык ыал ийэтэ

Татьяна Васильевна Романова 1931 с. күһүн оччолорго Амма оройуонун, билигин Мэҥэ Хаҥалас…
14.12.24 14:29