«Кустук» уопсастыбаннай-дьүүллэһэр төгүрүк остуол уочараттаах мунньаҕа 88-с төгүлүн ыытыллар. Бу сырыыга экспертэр билиҥҥи үйэҕэ цифровизация сайдыытын туһунан кэпсэттилэр. Маны тэҥэ араас уопсастыбаннай түмсүүлэр бэрэстэбиитэллэрэ уонна устудьуоннар тыл эттилэр.
Арассыыйа юристарын ассоциациятын эрэгийиэннээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Александр Ким-Кимэн көҕүлээһининэн «Кустук» төгүрүк остуол үлэтин 1996 сылтан саҕалаабыта. Бу кэм устата федеральнай таһымнаах бэлиитиктэр, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэллэрэ кыттыылаах элбэх суолталаах мунньахтар ыытыллыбыттара. «Кустук» төгүрүк остуолу төрүттээччи, юридическай наука дуоктара Александр Ким-Кимэн дакылаатчыттар этиилэрин сэргээтэ уонна ыччаты инники арыйыыларга алҕаата. «Бары мустаннар санааларын атастаһаллара биһиэхэ олус тоҕоостоох уонна интэриэһинэй дии саныыбын. “Кустук” тэриллэрин саҕана сорохторгут төрүү да иликтэрэ буолуо. 1996 сыллаахха оннооҕор Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнин быыбарын мунньахха ырыппыппыт. Онно Борис Ельцин, Григорий Явлинскай, Александр Лебедь ыстааптарын бэрэстэбиитэллэрэ тыл эппиттэрэ. Онтон ыла араас тиэмэ ырытыллыбыта. Холобур, Ил Түмэн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сокуону хааччыйыыта, быраабы көмүскээччилэр ол сокуоннары толорууга оруолларын туһунан кэпсэтэ сылдьыбыппыт. Оттон бүгүн «Сыыппара технологията уопсастыбаҕа өҥөтө» диэн олус суолталаах тиэмэлээхпит. Билигин араас бырагыраамалар саҥа кыахтары арыйаллар, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр тахсар социальнай суолталаах бырайыактар баар буолаллар. Үгүс бырайыактар дьон киэҥ араҥатын хабарга талаһаллар. Аны бибилэтиэкэ ситимэ дьону сайыннарар саҥа туһалаах куурустары, ресурсалары арыйара киһини үөрдэр. Сахабыт Сиригэр информационнай технологиялар инники күөҥҥэ сайдалларыгар уонна хас биирдии киһи ону туһанарыгар олус диэн баҕарабын», – диэтэ Александр Ким-Кимэн.
«Биһиги “Кустук” төгүрүк остуолугар кыттарбытынан олус киэн туттабыт», – диэтэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин дириэктэрэ Саргылана Максимова. – «Төгүрүк остуол 88-с төгүлүн ыытыллар, кини маннык уһун үйэлээҕэ олус сөхтөрөр “Кустугу” кытта бииргэ үлэлэспиппит 2 сыл буолла. Бүгүн туруоруллубут тиэмэ суолтата олус улахан. Хас биирдии киһиэхэ төрүөҕүттэн суолталаах. Биһиги олохпут билигин сыыппараны кытары быһаччы сибээстээх буолла. 3 сыллаах пандемия иһигэр бибилэтиэкэбит технология өттүнэн сайынна ахан. Үөйбэтэх-ахтыбатах өттүнэн да диэххэ сөп. Билигин бибилэтиэкэбит үлэһиттэрин 80%-а сыыппара платформатыгар үлэлииллэр. Саамай киэҥ платформабыт – электроннай бибилэтиэкэ буолар. Хас биирдии устудьуон өйдүөхтээх – электроннай бибилэтиэкэбитигэр наадалаах докумуоннары барытын кэриэтэ булуохха сөп – дьиэттэн тахсыбакка сэдэх докумуоннары уонна кинигэлэри кытта үлэлиир кыах баар. Электроннай пуондаҕа баар матырыйаалынан эрэ хааччахтаммаккыт, сервиһи туһанан ханнык баҕарар бэчээттэнэн тахсыбыт таһаарыыны көрүөххүтүн сөп. Бүгүн оскуола оҕолоро уонна устудьуоннар сүрүн, тутаах туһанааччыларбыт буолаллар, кинилэргэ анаан национальнай бибилэтиэкэбитин аныгы, тупсаҕай эрээри, туттарга судургу оҥоро сатыыбыт. Ол курдук, “Госуслуги” порталы кытта биһиги үлэлэһэбит. Бу порталы туһанааччы барыта электроннай ресурсаларбытын туһаныан сөп. Инньэ гынан, бибилэтиэкэбит бүтүннүү электроннай ханыылаах буоларыгар дьулуһабыт. Инникитин бу хайысха метавселеннайга кубулуйуо диэн эрэнэбин».
Сүрүн дакылаатчыттартан биирдэстэрэ Инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияҕа миниистир Анатолий Семенов тыл эттэ. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ интэриниэт тиийэр сирин-уотун кэҥэтэр кыаҕы сиһилии ырытта, VPN-сервистэр кутталларын, ону тэҥэ омук дойду туттуу бырагыраамаларын сотору кэминэн Арассыыйа уонна Саха Сирин бырагыраамаларынан солбуйуу боппуруостарын көтөхтө. «Цифровой этика туһунан өйдөбүл аан дойдуга суоҕун кэриэтэ, биһиги дааннайдарбыт, үксүн, куһаҕан санаалаах дьоҥҥо эбэтэр атын омук хампаанньаларыгар баралларын өйдүөх тустаахпыт. Ону тэҥэ Америка бырагыраамаларын үгүстүк туһанар эбит буоллахпытына, Кытайга уонна атын да дойдуларга бэйэлэрин киэннэригэр көспүттэрэ ыраатта. Арассыыйаҕа IT суверенитет туһунан толкуйдуур кэммит кэллэ», – диэн бэлиэтээтэ Анатолий Аскалонович.
Саха тыла Арассыыйа сүтэн эрэр 136 тылын ахсааныгар киирсэр. Бу кыһалҕаны мунньах сүрүн болҕомтотугар уурдулар. Билиҥҥи сыыппара эйгэтин кэмигэр төрөөбүт тылы харыстыырга туох үлэ бара турарын, туһалаах уонна буортулаах өрүттэрин ырыттылар. Төрүт тылы харыстааһыҥҥа көхтөөх үлэһит Сандаара Кулаковская бэйэтин көрүүлэрин үллэһиннэ. Кини этэринэн, цифровой эйгэ сайдыыта төрөөбүт тылларга үтүөтүк дьайыан сөп. «Хайдах гыннахпытына төрөөбүт тылга цифровой технология үтүө өттүнэн сабыдыаллаах буолуон сөбүй диэммит толкуйдуохтаахпыт, үтүө, туһалаах өттүн эргитэн аҕалан туттуохтаахпыт», – диэн эттэ.
Маны тэҥэ көрсүһүүгэ IT салаатыгар каадырдары бэлэмнээһин, биисинэһи сайыннарыы уонна виртуальнай өҥөлөр тула дьүүллэстилэр. Уопсастыба олоҕор-дьаһаҕар туһуламмыт боппуруостары быһаарар саҥа бырагыраамалар ааптардара кытыннылар, бырайыактарын туһунан сырдаттылар. «Айта» виртуальнай көмөлөһөөччү ааптара Павел Баишев бырагыраама уопсастыбаҕа тугу көмөлөһөрүн, хайдах үлэлиирин кэпсээтэ. «Итини оҥоһуу интеллект диэххэ сөп. Кини гражданнар сайабылыанньаларын көрөн, ааҕан баран судаарыстыбаннай уорганнарга ыытар», – диэн быһаарда Павел Баишев.
Атын дакылаатчыттар эрэгийиэн уонна дойду олоҕор суолталаах тиэмэлэри көтөхтүлэр. Ол курдук, ХИФУ-га IT исписэлиистэри бэлэмнээһин, төрөөбүт тылы сыыппара эйгэтигэр харыстааһын, виртуальнай куйаарга бибилэтиэкэ үлэтин уопутун, судаарыстыбаннай былаас уорганнара уонна уопсастыба бииргэ үлэлэһиилэрин туһунан кэпсэттилэр.
Олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылаан Саха Сиригэр цифровой технология тэтимнээхтик сайдар. Төгүрүк остуол мунньаҕын түмүгүнэн сыыппара үөрэҕириитигэр инникитин өссө даҕаны элбэх туһалаах үлэни ыыталларын былааннаатылар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0