– Табаарыс профессор, почтаттан суруктар, - киһи саҥа хоту төбөтүн өндөттө. Сэкирэтээр суруктары остуол төбөтүгэр ууран баран, хайдах киирбитин курдук тыаһа суох тахсан барда. “Ити хайдах киирбитин истибэккэ хааллым? Номнуо сааһыран эрдэҕим дуу?” - диэн санаа Макар Макаровичка кыл түгэн киирэн ылла. Тоҕо эбитэ буолла, ити санаатыттан үргүлдьү аралдьыйан, үлэлиэх буолбут санаата букатын көтөн хаалла. Аргыый тирии кириэһилэтиттэн туран түннүгүн диэки хаамта. Таһырдьа халлаан сылыйан, саас бастакы илдьиттэрэ, дьиэ сарайын үрдүттэн таммахтар чоккураан иһэннэр, тоҥоннор муус чопчу буолан, кэчигирэһэн тураллар. Оҕо сылдьан интэринээт мас сарайын муннугуттан итинник чопчуну тоһутан ылан саабылалаах оонньууллара хараҕар бу көстөн кэллэ. Оччолорго өссө да гражданскай сэрии романтиката ааһа илик кэмэ этэ. Перемена быыһыгар тахсан, ол кэм геройдарын Буденнайы, Чапаевы үтүктэн тоҥ муус чопчуларын саабыла курдук өрө туппутунан атаакаҕа киирэллэрэ. Ол кэмтэн ыла хас хаар уулунна? Номнуо сэттэ уон биэс саас ааһа оҕуста дуо? Билбэт киһи хайдах да сэттэ уон биэстээх оҕонньор турар диэн толкуйдуо суох этэ. Муҥутаан алта уончалаах диэхтэрин сөп. Билигин да дыргыл көнө уҥуохтаах. Арай кыырыктыйбыт чанчыктара сааһырбытын бэлиэтииргэ дылылар.
Оҕо саас барахсан... Макар Макарович оҕо сааһын санаан үөһээ тыынан ылбытын билиминэ да хаалла. Үс саастааҕар ийэтэ улаханнык ыалдьан суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута. Бадаҕа, сэрии ыар сылларын аас-туор олоҕо, ону тэҥэ сэриигэ барбыт эр дьоннор оннуларыгар күүстээх үлэҕэ сылдьыбыта таайдаҕа. Инньэ гынан бу диэн ийэ истиҥ тапталын улаханнык билбэтэҕэ. Арай таптыыр көрөр сэниэтэ суох харахтарын туох да иһин умнубат. Иккис кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, ийэтэ барахсан чүмэчи курдук уостан, бу сиртэн букатын бараахтаабыта. Аҕатынаан иккиэйэх эрэ хааллбыттара. Эр киһи, төһө да оҕотун таптаабытын иһин, ийэ сылааһын, кини тапталын тугунан да солбуйбат буоллаҕа. Дьиэ ис-тас үлэтэ барыта кыра киһи илиитигэр сүктэриллибитэ. Маны таһынан сайынын холкуос сүөһүтүгэр от оттооһун, улахан дьону кытта тэҥҥэ кэриэтэ хара үлэҕэ сылдьыһыы. Ол тухары Макар хаһан даҕаны сылайдым, быһынным диэн саҥа таһаарыахтааҕар буолуох, көстүүтүгэр да биллэрбэтэ. Баҕар, ол аҕа иитиитин биир суола эбитэ буолуо. Кэлин, улаатан да баран, олоххо буолар араас ыарахан кэмнэригэр ити майгыта элбэхтэ абыраабыта.
Макар Макарович төрөөбүт Бэс Күөлүн сэлиэнньэтигэр үөрэммит оскуолатааҕы кэмнэрин туохтааҕар да күндүтүк ахта саныыр. Ампаардаах сайылыгыттан үөрэнэ баран иһэн, Чапчыҥа сиһин чыпчаалыттан күһүҥҥү тайҕа бүппэт эҥин дьикти кырааската, санаатыгар, халлааны кытта силбэһэр биир кэрэ көстүүтүн астына, сөҕө одуулуура. Билигин, бу оҕонньор сааһыгар үктэнэн туран, аан дойду араас кэрэ сирдэрин төһө эмэ көрөн кэллэр, тоҕо эрэ ол Чапчыҥа сиһин үрдүттэн ордук көстүүнү көрө илик. Бу сайын төрөөбүт дойдутугар турбут иэдээннээх ойуур уота ол кэрэ сирдэри күл-көмөр гыммытыттан, баҕарбытын да үрдүнэн хайыыр да кыаҕа суоҕуттан абата билиҥҥэ дылы кутун-сүрүн үүйэ тутарга дылы. Суох, ити кини тус санаатыгар эрэ тугу да гымматаҕын кэриэтэ. Дьиҥэр, идэтийбит юрист, сокуон үөрэхтээҕэ буоларын быһыытынан ойуур баһаардарын бохсор инниттэн СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар тустаах этиилэри киллэрбиттэрин дьокутааттар толору өйөөбүттэрэ. Дьиҥэр, ол улахан ситиһии буоллаҕа.
Бэйи эрэ, сүрүн санаатыттан аралдьыйан ылла дуу... Оскуолатааҕы кэмнэрин санаан истэ этэ дии. Биирдэ үһүс кылааска үөрэнэ сырыттаҕына учуутала ыҥыран ылан: “Макар, эн ааҕар кинигэҕин нойосуус үөрэтимэ. Сүрүн өйдөбүлүн эрэ билэр гына аах”, - диэн сэмэлэриир кэриэтэ эппитэ. Дьиҥэр, кини нойосуус хаһан да үөрэппэт этэ. Биирдэ аахта даҕаны өйүгэр хатаан кэбиһэрэ. Кэлин ити хаачыстыбата силиэдэбэтэл кыраҕы үлэтигэр элбэхтик көмөлөспүтэ.
Оскуолаҕа үрдүкү кылааска тахсан баран, ханнык эрэ кэмҥэ таайыгар сыстан кадровай булчут идэтигэр уһуйуллуон баҕарталаабыта. Кырдьыга, оннук да буола сыспыта. Хайа оҕо, эр киһи аҥардас бэйэтин өйүгэр, кыаҕар эрэ эрэнэн, тымныыны, куйааһы аахсыбакка, булт абылаҥар ылларыан баҕарбат буолуой? Ол да романтика Макары үүйэ туппута. Хата, таайа үөрэҕэр хайдаҕын ыйыталаһан баран, булчут буолар санаатын тохтотон, үөрэҕин салгыырыгар тылын ылыннарбыта. Булчут буолбута буоллар хайдах дьылҕаланыаҕын билигин Макар Макарович санаатыгар ойуулаан эрэ көрөр. Арҕаа систэр бүппэт хара тыаларын көҥүл хоту кэрийиэ, Баай Хара тыа маанылаах кыылларын өбүгэлэрин курдук сонордоһуо этэ. Уонна кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ бултуур үүтээнигэр тимир оһох умайыктанар тыаһыгар бигэнэн, кыракый түннүк нөҥүө туолбут ыйы кытта бүппэти сэhэргэһиэ эбитэ буолуо. Ол эрэн ити барыта билигин санаатын эрэ оонньуута.
Оскуоланы бүтэрэн баран “үс сыл производствоҕа” диэн оччотооҕу кэм лозунунан холкуоска болуотунньугунан, тырахтарыыһынан үлэлии хаалар. Макар Макарович билигин, бу туран санаатаҕына, эдэр сааһын кэрэ, умнуллубат кэмнэрэ ол эбит. Күүрээннэх үлэ күнүн кэнниттэн бүппэт үрүҥ түүннэрдээх сайыҥҥа волейбол оонньоон, биитэр туох эрэ көрдөөҕү кэпсэтэн өрө күлсэр ылар ыччат саҥата, бастаан уол кыыстыын сэргэстэһэ хаамсар истиҥ, симик бириэмэтэ. Аҕамсыйбыт киһи эдэр сааһын санаан ылбытыгар, иэдэһин аннынан бэрт кылгас түгэҥҥэ мичээр сурааһыннара көстөн ыларга дылы гыннылар.
Макар Макарович остуолугар аргыый чугаһаан салгыы үлэлиир санаалаах кириэһилэтигэр олордо эрээри, тоҕо эрэ эмиэ урукку, номнуо быданнаабыт сыллара өйүттэн-санаатыттан арахпатылар. Туппут уруучукатын төттөрү остуолугар ыһыктан баран, ахтылҕан санааҕа бэринэн, кириэһилэтигэр тиэрэ түһэн, ол санааны сүтэрбэт баҕаттан эбитэ дуу, харахтарын симириктээн ылла. Производство кэнниттэн ыччат дьон үөрэххэ туттарса барбыттара. Кини бастаан утаа юрист идэтин талар, онно туттарсар санаата суох этэ. Баҕар, ол оҕо сылдьан оройуон киинигэр киирэ сылдьан, дэдэҕэр истээх, бардам майгылаах судьуйаны көрбүтүттэн эбитэ дуу. Тоҕо эрэ ол кэнниттэн юридическай идэлээх дьон оннук буолаллар диэн оҕо киһи өйүгэр иҥэн хаалбыт этэ. Ол эрэн дьылҕа бэйэтэ түөрэх быраҕар быһылаах. Бэрт аҕыйах кэмҥэ да буоллар, оройуон суутугар сэкирэтээринэн үлэлээбит кэмнээх. Оччолорго оройуон прокурорунан үлэлии сылдьыбыт Аскольд Кулаковскай, эдэр, эппиэтинэстээх, сытыы киһини бэлиэтии көрөн, “эн хайаан да юрист идэтин баһылаа” диэн били байыаннай лүөччүк буолар баҕалаах киһини санаатын уларыппыта. Оччотооҕу Свердловскай, билиҥҥитэ Екатеринбург куоракка тиийэн, юридическай институкка докумуоннарын туттарбыта. Биир миэстэҕэ 17 киһи куонкурстаһара. Эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттарсан, устудьон буолар дьоллонор. Саха Сириттэн барыта уон биэс буолан бу үөрэххэ киирбиттэрэ.
Устудьуоннуур кэмнэригэр айаатыыр актыбыыс да буолбатар, успуордунан утумнаахтык дьарыктаммыта. Дойдутугар баар кэмигэр дуобакка өрөспүүбүлүкэ чемпиона, чэпчэки атлетикаҕа оройуоҥҥа иннин кимиэхэ да биэрбэтэҕэ. Юридическай үөрэҕин тэҥэ көҥүл тустуунан утумнаахтык дьарыктаммыта. Ити кэмнэргэ саха тустуута сайдар саҕахтарга саҥа арыллан эрэллэрэ. Биир дойдулаахтара саҥаттан саҥа чыпчааллары дабайан, араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ пьедестал үрдүкү үктэлигэр ытталлара. Макар ону тэҥэ эмиэ тустууга, самбоҕа бииртэн биир чыпчааллары дабайан испитэ. Биир оннук улахан ситиһиитинэн самбоҕа ССРС чемпиона буолуута этэ. Оччотооҕу модун Сойуус киэҥ уорҕатын устатын тухары ыытыллар араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ тиһигин быспакка кэриэтэ кыттан, үксүгэр кыайыы кынаттанара. Биир оннук күрэхтэһии кэнниттэн кэлэн үөрэнэ сырыттаҕына, университет ректора Остапенко ыҥыттаран ылбыта. “Тыый, туохха ыҥырылыннаҕым буолла?” – диэн иһигэр долгуйа саныы-саныы ректорга киирбитэ. Оччолорго, билигин даҕаны ректорга устудьуон ыҥырыллыыта тус олоҕор улахан бэлиэ буолар. Кабинекка киирбитигэр ректор: “Устудьуон Яковлев, эһиги ханна үөрэнэҕитий?”, - диэн быһа ыйытар киһи буолан биэрдэ. Ыйытыы судургутуттан эбитэ дуу, кыратык кэтэмэҕэйдии түһэн баран: “Юридическай факультекка, табаарыс ректор”, – диэн чуолкайдык хардарда. “Үөрэххэр көтүтүүң элбэх эбит”, – ректор ыйытара, сэмэлиирэ биллибэттик саҥарбыта. “Күрэхтэһиигэ сылдьыбытым”, – Макар киэн туттуох курдук этиэх буолан истэҕинэ: “Оччотугар физкультурнай институкка көс”, — диэн эмиэ быһаччы этэн баран, ыйытардыы көрөн ылбыта. Онтон “манан кэпсэтии бүттэ” диэбиттии, ректор остуолугар баар докумуоннарга болҕомтотун салгыы уурбута. Макар чочума турбахтыы түһэн баран, ректор хоһуттан тахсан барбыта. Ити кэмтэн ыла устудьуон уол үөрэҕэр болҕомтотун ууран, кыһаллан барбыта. Ол эрэн успуордунан бэйэтин кэмигэр утумнаахтык дьарыктаммытын билигин Макар Макарович билигин да астына ахтар. Сороҕор оннук кэмнэргэ ыскаабыттан “ССРС успуордун маастара” дастабырыанньаны ылан, ол кэмнэрин бииргэ дьарыктаммыт, күрэхтэспит доҕотторун санаан чочума тура түһээччи. Онтон эмиэ сэрэнэн ол кыһыл тастаах дастабырыанньаны төттөрү миэстэтигэр уурар.
Үөрэҕин бүтэрэн баран, Макар Макарович силиэдэбэтэл уустук эрээри, туһугар эмиэ интэриэһинэй идэтигэр үлэтин саҕалыыр. Бу идэҕэ ханна да халбарыйбакка, олоҕун сүүрбэ сылын анаабытын билигин кэлэн сөҕө саныыр. Туох да диэбит иһин уустук идэ. Дьиҥ үлэҕэ бэриниилээх эрэ дьон кини курдук уһуннук тулуйан сылдьыбыттара. Ону да бэрт аҕыйах киһи. Билигин силиэдэбэтэл орто ыстааһа үс сылга тэҥнэстэ. Эдэрдэр тулуйан биир сиргэ үлэлээбэт буоллулар. Ол эрэн ити быһыы кылгас кэмҥэ ини диэн Макар Макарович бэйэтин уоскутунар. Ол уоскутунарын төрүөтэ үөрэтэр устудьуоннара үгүстэрэ үөрэхтэригэр кыһамньылаахтарыттан, эппитинэстээхтэриттэн сиэттэрэн эрэл баарыгар сытар.
Силиэдэбэтэллээбит кэмнэригэр, тоҕо эбитэ буолла, Макар Макаровичка салалтата анаан туран уустук, арыллыбатах дьыалалары көрөрүгэр сорудах биэрэрэ. Сэбиэскэй Сойуус үгүс муннуктарыгар командировкаланан баран үлэлээбитэ. Москваҕа, Арменияҕа, Арҕаа Украинаҕа, Сахалиңңа, Кемеровскай уобаласка, Камчаткаҕа. Ханна-ханна тиийбэтэҕэ эбитэ буолла... Ол былаһын тухары уустук, бастаан утаа көрдөххө, киһи хантан да иилэн ылбат дьыалалара көһүтээччилэр. Кини оннук кэмнэргэ ордук иҥэн, санаатын барытын ууран туран ылсара. Баара-суоҕа 29 сааһыгар Сойуус үрдүнэн айдааны тарпыт алмаас промышленноһыгар уоруу дьыалатын арыйыыта этэ. Эдэр, саҥа уопутуран эрэр киһиэхэ улахан эппиэтинэс сүктэриллибитэ. Дойду бары муннуктарыттан 50-ча ревизоры ыҥыран, ол дьыала арылларын туһугар үлэлэппитэ. Элбэх киһини биир сорукка мунньуу, ырытар боппуруостарын сөпкө аттарыы, бу тэрээһин өттүгэр эмиэ үгүс сыраны, мындыр толкуйу ирдиирэ. Аҥардас бу дьыалаҕа буруйдуур түмүк 200 бэчээтинэй илиистэн турбута. Маны өссө биэс экземплярга таһаарара. Ону кини барытын сөпкө дьаарыстаан, дьаһайан, дьыала суукка баран, уорбаланааччылар буруйдара арыллыбыта, сөптөөх миэрэни ылбыттара.
Өссө биир улахан силиэстийэлээбит холуобунай дьыалата Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн саамай улахан ГУМ маҕаһыын дьыалата этэ. Бу туһунан хаһыакка үгүс ыстатыйалар, кинигэлэр бэчээттэннилэр, документальнай киинэлэр уһуллан таҕыстылар. Силиэстийэ барар кэмигэр кини үлэлиир үс кабинетын түннүктэриттэн Кириэмил модун истиэнэлэрэ көстөллөрө. Бу эмиэ Макар Макаровиһы силиэстийэ кэмигэр дьыала дьиҥнээҕинэн ыытылларын ситиһэригэр төһүү буоларга дылыта. Экэнэмиичэскэй хайысхалаах дьыалалары ыытыы, силиэдэбэтэлтэн элбэх өй үлэтин, сыратын ылара.
Хаһан даҕаны буоларын курдук, киһи, личность утары оҥоһуллар дьайыылар кыраҕытык, буруйдаах киһи хайдах да куотумматын курдук гына дакаастабылынан бигэргэниэхтээхтэр.
Ордук оҕо утары оҥоһуллубут дьайыыларга силиэстийэ түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык ыытыллыахтаах. Новокузнецкай куорат алдьархайын санаан кэллэ... Макар Макарович долгуйан кириэһилэтиттэн турбутун билиминэ да хаалла. Билигин да ол кэмнэри санаатаҕына, кута хамныырга дылы. Ол иһин онтун уоскутаары буолуо, кэбиниэтин иһигэр төттөрү-таары хаамыталаата. Мөлүйүөннээх Новокузнецкай куоракка үс оскуолаҕа киирэ илик саастаах кыргыттар сүппүттэрэ. Оҕолору күүһүлээн, онно сөп буолбакка өлөрөн баран, үрэххэ бырахпыттарын булбуттар этэ. Дьыала сыл курдук кыайан арыллыбакка, силиэстийэ ыһыллар куттала тирээбитигэр, Дьокуускайтан кинини ыҥыртарбыттара. Сүрдээх ыарахан дьыала этэ. Ол да буоллар, алта ый иһигэр дьыаланы арыйан, буруйдааҕы булбута. Буруйдаахха ытыллар бириигэбэр тахсыбыта. Аҥардас ол дьыаланы арыйар кэмигэр ыйааhына 13 киилэ түспүт этэ.
Силиэдэбэтэл, ону ааһан сокуону араҥаччылыыр уорган үлэһиттэрэ хайаан даҕаны чиэһинэй, дьиҥнээҕинэн сылдьар дьоннор буолуохтаахтар. Билигин, бу туран Макар Макарович ааспыт кэмнэрин эргитэ санаатаҕына силиэстийэҕэ үлэлээбит сылларыттан кэмсинэрэ, кэлэйэрэ суох. Барыта сокуон уонна суобас эттитин иһинэн үлэлээн кэллэ. Ити иккиттэн хайата эрэ суох буоллаҕына эмиэ сатаммат. Сокуону уонна суобаһы олоххор тэҥҥэ тутуохтааххын. Устудьуоннарын эмиэ оннукка такайар, үөрэтэр.
Истиэнэҕэ ыйанан турар чаһы тыастаахтык кэми ааҕар. Биитэр Макар Макарович санаатыгар аралдьыйан чуумпурбут түгэнигэр буолан, итинник улаханнык тыаһыыра дуу. Туох да диэбит иһин, былыргылар “киһи олоҕо түннүгүнэн ааһар суор кэриэтэ” диэн этиилэрэ оруннаах эбит. Хаһан эрэ Чапчыҥа сиһин оройуттан көстүбэт ырааҕы, биллибэт инникини толору эрэлинэн көрбүт хара харахтардаах уолчаан бэҕэһээ эрэ одуулуу турбутун курдук...
– Табаарыс генерал, эһиги соруккутунан кэллим! – кэбиниэккэ киирбит байыаннай лүөччүк таҥастаах эдэрчи киһи чиэс биэрдэ. Макар Макарович саҥа хоту аргыый эргиллэн баран, киирбит киһини тургутардыы көрөн ылла. Онтон тута дьиппиэн кѳрүңэ сырдык мичээринэн солбулунна. Ыра санаа хаһан да туолар айылгылаах.
– Киир, тоойуом. Кэпсиэ, хайдах сырыттың? – генерал сиэн быраатыттан дьонун-сэргэтин ыйыта турда.
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0