Дьоруойбут бу күннэргэ тыын ыла да түһэр солото суох сылдьар. Аан дойдутааҕы таһымнаах “Хотугу дойду арията” бэстибээл сэтинньи 2 күнүттэн аһыллан, сүрдээх ситиһиилээхтик бара турар. Бэстибээл Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга үрдүкү ускуустуба, муусука биһирээччилэрин болҕомтолорун тардар. Бэстибээли ыҥырыылаах ыалдьыттар киэргэтэллэр, аан дойдуга аатырбыт режиссер Борис Нодельман, ону кытта биллиилээх толорооччулар Дьокуускайга кэлэн, арияны сэҥэрээччилэргэ чахчы кэрэ бырааһынньыгы бэлэхтииллэр. «Князь Игорь», «Севильский цирюльник», «Сильва», «Кармен» курдук үйэлээх улуу айымньылар биһиги тыйаатырбытыгар турдулар. Бэстибээл сэтинньи 12 күнүгэр опера сыанатын чаҕылхай сулустарын гала кэнсиэриэнэн түмүктэниэҕэ. Инньэ гынан, Маргарита Владимировна үлэ үөһүгэр сылдьар кэмэ.
“Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай” уонна оҕо саас
“Мин 4-5 саастаах кыракый кыысчаан ийэлээх аҕабын кытта сиэттиһэн Дьокуускай устун хааман иһэбит. Дьонум ис истэриттэн үөрэн, өрө көтөҕүллэн туран “Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай” диэн ырыаны ыллыы-ыллыы киин куорат устун дьаарбайаллар. Мин ол тапталлаах төрөппүттэрим толорор кэрэ да кэрэ ырыаларыттан, куорат киэҥ-нэлэмэн, сып-сырдык көстүүтүттэн үөрүүнэн туоламмын дьиэрэҥкэйдээн иһэбин. Ол көстүү муҥутуур дьол бэлиэтэ буолан, дууһабар хатанан хаалбыт”, - диир Маргарита Владимировна. Кини дьоллоох оҕо сааһын санаан ис иһиттэн сырдаан кэлэр.
Альберт Бүлүүйүскэй ол ырыата кими долгуппатаҕа баарай? Ис сүрэхтэн төлө көтөн тахсыбыт тыллар киһи эрэ дууһатын кылын таарыйаллар. Арааһа, онно саҕыллыбыт буолуон сөп кыракый кыысчаан кэрэ эйгэтигэр маҥнайгы уһуйуллуута. Тыаттан аан маҥнай куоракка кэлэн баран, өйдөөн хаалбыт түгэнэ олоҕун устата кэрэҕэ, сырдыкка сирдээн иһэр.
Маргарита, ыал улахан кыыһа, аҕатын Захаров Владимир Ильич дойдутугар Ленскэй Орто Наахаратыгар төрөөбүтэ. Ол эрээри, улааппыт сирэ – Уус Алдан. Ийэтин Евдокия Семеновна Алексеева дойдута оҕо сааһын биһигинэн буолбутун ааһан, дьылҕатын анаан көрүһүннэрбит сирэ. Бу олоххо көннөрү туох да буолбат дииллэрин Маргарита олоҕо туоһулуур курдук. Олоҕун аргыһа буолуохтаах уолунаан ыаллыы тэлгэһэҕэ бииргэ оонньоон улааппыттар. Орой мэник оҕо сааска ким тымтыктанан көрбүтэ баарай, Виссарионнаах Рита бэйэ-бэйэлэригэр анаммыттарын. “Мин оҕо сылдьан уолаттары кытта оонньуур этим. Биир сиргэ таба олорбот мэник-тэник буоларым, былааччыйабын элбэхтик хайа тардарым”, - диэн мичээрдиир дьоруойбут. Ол эрээри, улаатар сааһыгар Рита айылҕаҕа сылдьарын ордорор буолбут. “Соҕотоҕун ойуурга баран хаалааччыбын. Сибэккилэри көрөрбүн олус сөбүлүүрүм. Чааһы чааһынан оннук айылҕа кэрэтин одуулуохпун сөбө. Саас тахсар ньургуһуннартан уратыны көрдөөн буларым. Этэргэ дылы, дьикти оҕо этим”, - диэн кэрэтик мичээрдиир. Дьиҥэр, ийэ айылҕата этитэн, кыыс бэйэтэ да билбэтинэн салгын кутун ииттинэр эбит. Ол эмиэ мээнэҕэ буолбат.
Маргариталаах остуоруйаҕа кэпсэнэрин курдук үс аҕас балыстыылар. Манна диэн бэлиэтээн эттэххэ, тапталлаах кэргэнэ аах Виссарионнаах эмиэ үс бииргэ төрөөбүт уолаттар.
Ийэбит - олохпут эргийэр киинэ этэ
Маргарита олоххо бигэ тирэхтээҕэ, күүстээх санаалааҕа ийэтиттэн буолуон сөп. Ийэтэ биэрбит тапталыттан. “Ийэбит сыллаан-кууһан атаахтаппат этэ. Кини биирдэ да олорон турбат үлэһит киһи. Наар тугу эрэ гына сылдьааччы. Оҕо уһуйааныгар үлэлээбитэ. Бэйэтэ олус чэнчис, үлэһит буолан, оҕолор утуйар таҥастарын наар салгылатар, тэбиир, сотору-сотору сууйан, оргутан, куурдан өтүүктээн түбүгүрэр буолара. Биһигини эмиэ олус чэбэрдик тутан улаатыннарбыта. Кыһын тымныыга кэтэр халыҥ утуйар таҥастаах буолааччыбыт, мин оҕо сылдьан хатыҥыр бэйэлээх этим, кыһын тоҥон тахсарбын өйдүүбүн. Ийэм киэһээ атахпын имэрийэн баран ыраас халыҥ наскы кэтэрдэн утутааччы. Кэтэх хаһаайыстыбалаах буолааччыбыт. Ийэбит хаһаайыстыбата улахан буолара, ыанар ынахтара, сибиинньэлэрэ, кууруссалара диэн. Сайынын оҕуруота. Хайдах барытын үмүрү тутан олорбута буолла? Дьоммут арахсыбыттарын кэннэ аҕабыт ыалдьан эрдэ олохтон туораабыта. Онон аҥардас ийэ холугар элбэх түбүк этэ. Мин дьиэ ис үлэтигэр үчүгэй этим, иһит, муоста сууйуута миэнэ. Балтыларым хотоҥҥо үлэлииллэр этэ, борбуйдарын көтөҕөөт, ынаҕы ыаһар буолбуттара”,- диэн оҕо сааһын туһунан кэпсиир Маргарита Владимировна.
Ийэлэрэ кэлин дьолун булан ыал буолбут. Кыргыттар киирии аҕаларын Халдеев Николай Николаевыһы олус ытыктыыллар. “Кини мин кэргэн тахсыбыппар уолланным диэн олус да үөрбүтэ. Күтүөтүн олох уолун курдук тутара, бултка-аска илдьэ сылдьара”, - диир дьоруойум.
Ийэлэрэ Евдокия Семеновна дьону кытта биир тылы була охсор үтүө майгылаах киһи кырдьыар диэри олоххо көҕүн ыһыктыбатах. Ырыа аргыстаах киһи кэлин эбээлэр ансаамбылларыгар ыллаабыт. “Ийэбит эдэр сааһыттан сыанаттан түспэт этэ. Дэриэбинэҕэ биир да кэнсиэр кини кыттыыта суох буолбата. Сыанаҕа кэтэр былааччыйаларын хойукка диэри бэйэтэ тиктэрэ. Биһиги кыра эрдэхпитинэ таҥаспытын эмиэ ийэбит тигэрэ”. Ырыа уйата буолбут иэримэ дьиэҕэ улааппыт кыыс ускуустуба эйгэтигэр киирбитэ буолуохтааҕын курдук. Маргарита Владимировна ийэтин эрэлин түһэн биэрбэтэҕэ биир түгэҥҥэ көстүбүт. “Биһиги ийэбит мээнэ хайҕаабат этэ. Арай, сааһыран баран миэхэ олорон биирдэ эппитэ: “Хайдах маннык кыыһы төрөппүппүнүй”, - диэн. Ити тыллар күн бүгүн миигин сылыталлар, күүспэр күүһү саҕаллар”. Ийэ билиниититтэн ордук дьол оҕоҕо суох буоллаҕа...
“Тыйаатыр – мин иккис дьиэм”
Маргарита ийэтиттэн уһуйуллан буолуо, оскуолаҕа үөрэнэригэр эмиэ сыанаттан түспэт эбит. “Мин ордук кэнсиэртэри тэрийэрбин сөбүлүүрүм. Ол иһин оскуола кэнниттэн Хабаровскайдааҕы култуура институтугар артыыс идэтин буолбакка, “методист-организатор” салаатын талбытым. Үөрэхпин бүтэрэн баран, оччолорго горисполкомҥа култуура управлениетыгар үлэҕэ киирбитим. Онтон биһиги салайааччыбытын Валентин Слепцову 1982 с. саҥа аһыллыбыт музыкальнай тыйаатырга директорынан анаабыттарыгар миигин каадыры кытта үлэ салаатыгар ыҥырбыта. Саҥа үлэбэр юрист идэтин баһылыырым наада диэн, университекка алта сыл кэтэхтэн үөрэммитим. Юрист идэм үлэбэр олус туһалыыр”, - диэн кэпсиир Маргарита Владимировна.
Кини ол ыраах 1982 с. тыйаатыр аанын аһан киирэн баран, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сылдьар. 1994 с. Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар директорынан Гаврил Местниковы анаабыттара. “Биһиги бары ытыктыыр директорбыт ол сыл миигин бэйэтин солбуйааччытынан оҥорбута. Онтон ыла үлэлии сылдьабын”, - диир Маргарита Владимировна сэмэйдик. Оттон биһиги бачча кэм устата аан дойдуга “саха операта дуо?” дэтии, саҥа ааттар күөрэйэн тахсыылара, саха операта уонна балета сири-дойдуну тилэри сылдьан гастроллуура, аатырбыт аан дойду таһымнаах сулустар Саха Сиригэр кэлиилэрэ, саҥаттан саҥа премьералар тураллара – манна барытыгар Маргарита Владимировна айар хамаандатын кытта тус сүҥкэн кылаата баарын таайабыт. Кини тэрийэр дьоҕура, үрдүк култуурата, кими баҕарар тылыгар киллэриитэ – улахан оруоллаах. Биһиги Маргаритабытын солбуйар суох. Ол да иһин, кини солбуллубат салайааччы. Манна өссө айар кэлэктииби салайыы диэн туспа ускуустуба буоларын эбэн этэр тоҕоостоох. Айылҕаттан айдарыылаах улахан талааннаах дьон ытыктабылларын ылыы манан ахан дьыала буолбатаҕын эмиэ өйдүүбүт. Маргарита Владимировна биллэ-көстө, бэйэтигэр болҕомто тарда сатаабакка, үлэлиир хаачыстыбатын бэлиэтиибит. Кини үлэтин тыйаатырбыт сайдыыта кэрэһилиир.
Саха Сирин амбассадора
Маргарита Васильеваны санаатахпына, бу курдук быһаарыы киирэн кэлэр. Була сатаан суруйуу буолбатах. Маргаританы биирдэ көрбүт умнубат. Кини мөссүөнүн киһи көрдөр көрө олоруон курдук ураты кэрэ. Хайҕаллааҕа диэн, Маргарита Владимировна дьоһун сааһыгар да кэлэн туран, кэрэтин ыһыктыбат. Төттөрүтүн, сылтан сыл өссө сириэдийэ тупсан иһэр. Кистэлэҥин туохханый диэтэххэ: “ Киһи тас дьүһүнэ ис туругуттан тутулуктаах. Үүт тураан санаалаах, киэҥ көҕүстээх, тулалыыр эйгэлиин биир тэтимнээх буолуу олоххун сөпкө былаанныыргыттан, эрэсиими тутуһаргыттан тахсар. Мин чөл олоҕу тутуһабын, аспын көрүнэбин. Уонна, биллэн турар, бэйэни таптыахха наада, ол аата туох-ханнык иннинэ бэйэни көрүнүү”, - диир дьоруойум. Маргарита Владимировна сырдык сэбэрэтэ, быһыыта-таһаата тас дуй, оҥоһуу кэрэтэ буолбакка, ис култуура, бары өттүнэн толору буолуу көстүүтэ диэм этэ. Айылҕа анаан чочуйуута. “Кэрэ аҥаар бэйэтин сатаан оҥостунуохтаах. Хайдах тутта-хапта, хаама сылдьаргыттан саҕалаан, бөрөчүөскэҥ, таҥаһыҥ тус бэйэҕэр барсар буолуохтаах. Кими эрэ үтүктэн буолбатах, эн бэйэҥ кэрэҕин арыйыахтааххын. Мин бэйэбин эттэхпинэ, кыра сааспытыттан ийэбит биһигини үчүгэйи араарарга үөрэппит эбит. Кини наһаа үчүгэйдик иистэнэр этэ. Биһигини маанытык таҥыннарара, ону кытта саамай тутааҕа диэн, ыраас-чэбэр буоларга ииппитэ. Онон туох-ханнык иннинэ ийэбэр махтанабын”, - диир Маргарита. Маны сэргэ, олоҕун аргыһын истиҥ таптала, сөбүлүүр үлэтин эйгэтэ – Маргарита кэрэтин ситэрэллэр.
Мин дьолум – дьиэ кэргэним
Маргарита устудьуоннуу сылдьан, бииргэ оонньоон улааппыт уолун Виссарион Васильевы каникулугар дойдутугар бараары сылдьан, өрүс пордугар көрсүбүт. “Виссарион “Строгановкаҕа” үөрэнэ сылдьара. Иккиэн анараа биэрэккэ тиийэн бараммыт, аара суолга диэри массыынаҕа да олорсон, сатыылаан да дьиэбитигэр тиийбиппит. Иккиэн эдэрбит, онно, арааһа, таптал кыыма тыллыбыта. Онтон ылата доҕордоспуппут. Мин үөрэнэ сырыттахпына дьахтар күнүгэр сөмөлүөтүнэн тюльпан сибэккини ыытааччы. Наар суруйсар этибит. Онтон ыал буолбуппут, кыыспыт төрөөбүтэ. Мин дьолум таптыыр уонна таптатар кэргэммэр, оҕобор, сиэннэрбэр. Мин дьонум миигин өрүү өйдүүллэр, өйөбүл, эркин буолаллар”, - диэн салгыы кэпсиир Маргарита Владимировна.
Мин дьоруойум толору дьоллоохпун диир. “Киһи дьоллоноругар кыра да наада. Чугас дьонуҥ этэҥҥэ буолуулара – дьол. Биир идэлээхтэрим мичээр бэлэхтээн аастахтарына – дьол. Үлэбэр ситиһии кэлиитэ – дьол. Биһиги дьолу арааран көрөр, бэлиэтиир буоллахпытына дууһалыын сырдыыбыт, сымныыбыт. Онон бары бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, дьолу бэлэхтэһэ сылдьыаҕыҥ”, - диэн кэрэ мичээри бэлэхтиир.
Ол эрээри, биир сүтүк сүрэҕин архах бааһа буолан сылдьар. “Төрөппүттэр оҕолорун сүтэрэллэрэ баар, ыар сүтүк... Улахан кыыспыт эмискэ күн сириттэн күрэнэн сүрэхпин хайыппыта...” – диэн хараҕа күлүгүрэр Маргарита Владимировна. Истэн соһуйдум. Хайдахтаах күүстээх санаалаах киһиний Маргарита Владимировна? Биир интервьютугар: “Мин стреһи уйар хаачыстыбалаахпын”, - диэбитин өйдөөн кэллим. Чараас бэйэлээх, кэрэ киһи хантан маннык күүһү ыларый дии санаабытым онно мин. Оттон билигин, Маргарита олоҕун кэрчиктэрин кытта билсэн бараммын өйдөөтүм. Кини күүһэ – тапталга сөтүөлээн улааппыт оҕо сааһыттан. Ону кытта, өбүгэлэриттэн. Маргарита Владимировна анаан-минээн удьуорун үөрэппит. Хос-хос-хос эһээлэрин, эбээлэрин ааҕа билэр. “Өбүгэлэрбин билэрим, үөрэтэрим миэхэ ураты күүс буолан киирэр”, - диир кини итэҕэтиилээхтик. Маны этэн эрдэхтэрэ, өтөх төҥүргэстээх диэн. Туох да мээнэҕэ буолбатын, олох ситимэ быстыбат эргиирин өссө төгүл көрдөрөр биһиги ытыктыыр киһибит Маргарита Васильева бүтүн олоҕо.
Айталина НИКИФОРОВА.
- 0
- 2
- 0
- 0
- 1
- 1