Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Беларусь өрөспүүбүлүкэтин Минск куоратыгар сэтинньи 25-28 күннэригэр үс төгүллээх олимпийскай чөмпүйүөн Александр Медведь бирииһигэр көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы Гран-При турнира ыытыллыаҕа. Саха Сириттэн 18 тустуук кыттара былааннанар диэн “Саха Сирэ” суруйар.

Бу күннэргэ көҥүл тустууга СӨ сүүмэрдэммит хамаандатын тириэнньэрдэрэ турнирга кыттар хамаанданы билиһиннэрдэ:

57 киилэҕэ: Алексей Копылов;

61 киилэҕэ: Александр Авелов, Виктор Яковлев, Николай Щеглов, Николай Заболоцкай;

65 киилэҕэ: Иван Потапов, Петр Парников;

70 киилэҕэ: Константин Капрынов, Олег Фомин, Албан Аввакумов, Станислав Свинобоев;

79 киилэҕэ: Роман Николаев, Андриан Ленскэй;

92 киилэҕэ: Никита Софронов;

97 киилэҕэ: Ньургун Сергин, Максим Толмачев;

125 киилэҕэ: Никита Хабаров, Эдуард Максимов.

Итиэннэ Беларусь өрөспүүбүлүкэтин аатыттан Саха Сирин легионердара кыттыахтарын сөп диэн этэллэр. Ол эрээри, билиҥҥитэ Арыйаан Тютрин эчэйэн күрэхтэһиини көтүтүөн сөп.

Андрей Сорокин хаартыската, СИА.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21