Пуорумҥа 2000 тахса киһи кытынна, 17 эрэгийиэнтэн 88 спикер араас тиэмэҕэ иһитиннэрии оҥордо, «В8 акселератор» билиһиннэриитигэр 12 хамаанда күөн көрүстэ. Ону таһынан, Аартыка стартап эспэдииссийэтин барыллаан түмүгүн таһаардылар. 12 дьыалабыай, 4 стратегическай сессия ыытылынна, саҥа технологияны сырдатар араас тэрээһиннэргэ сүүрбэччэ хампаанньа кыттыыны ылла. Саха Сиригэр креативнай экэниэмикэни сайыннарарга 11 сөбүлэһии түһэрилиннэ.
Хаһыат чарааһаата
Спикердэр медиа эйгэтигэр сүрүн тренд сүүрээннэрин дьүүллэстилэр, итиэннэ ааҕааччы болҕомтотун тардар сонуннары социальнай ситимнэринэн тарҕатыы туһунан санааларын атастастылар.
«Российская газета» кэрэспэдьиэннэрин түмэр ситим эрэдээктэрэ Ольга Бухарова сытыы матырыйаал таҕыстаҕына былаас уорганнара тута миэрэ ылалларын, онон олохтоох дьон кыһалҕата түргэнник быһаарыллар кыахтааҕын бэлиэтээтэ. Дагестан кытыы нэһилиэгин оҕолоро үөрэнэ баралларыгар биир уһукка 6 км сатыы хаамалларын суруналыыс хаартыскаҕа, видеоҕа устубут. Ол кэнниттэн оҕолору оскуолаҕа таһар оптуобуһу атыыласпыттар, суолу өрөмүөннээбиттэр. Ити курдук, дойду араас уһугуттан Москубаҕа хаһыат эрэдээксийэтигэр араас кыһалҕалаах дьон көмө көрдөөн эрийэллэрин туһунан кэпсээтэ.
Кини хамсык дьаҥын кэнниттэн хаһыат биллэрдик чарааһаабытын, 24 балаһаттан 12-гэ көспүтүн туһунан эттэ. Кэрэспэдьиэннэр бүгүн буолбут тэрээһин туһунан кылгас сонун оҥорон, киэһэ саайка угаллар. Оттон хаһыакка дьон санаатын кэҥэтэн суруйаллар, ырытыы, анаарыы оҥороллор.
Информационнай саба түһүү
Иван Кутепов, «Рок-медиа» Москубатааҕы коммуникационнай хампаанньа бэрэстэбиитэлэ, социальнай ситимнэргэ сонуннары тарҕатыы суолтатын туһунан билиһиннэрдэ.
ВКонтакте саамай улахан аудитория олорор, онтон Одноклассники, Телеграм эмиэ сайдан иһэр. Аан дойду нэһилиэнньэтин 60% сонуну хараҕынан көрөн ылынар, ол иһин видеоконтены көрөллөр. «Яндекс. Дзен» былаһаакката эмиэ кэҥии турар. Сонун 15 эрэ мүнүүтэ сонун буолар, онтон эргэрэр, хас лиэнтэ аайы хатыланар.
Сонуннартан эрэгийиэн имиджэ эмиэ улахан тутулуктаах. Бу күһүн Саха Сиригэр быыбар иннинэ иккис байыаннай хомуур буолар үһү диэн сураҕы күүскэ тарҕаппыттара эрэгийиэҥҥэ информационнай саба түһүү биир көрүҥэ буолар. Олохтоох былааска нэһилиэнньэ итэҕэлин суох оҥороору итинник дьону долгутар, куттуур сонуннары ыыталлар, — диэтэ Иван Кутепов.
Биир мөлүйүөн ааҕааччыланна
«Сахабэчээт» холдинг генеральнай дириэктэрэ Ньургуйаана Стручкова күн бүгүн хас улуус аайы уопсайа 39 хаһыаты бэчээккэ таһааралларын, 34 сетевой таһаарыыга сонуннары угалларын, ону барытын социальнай ситимнэринэн тарҕаталларын туһунан кэпсээтэ. «Ulus.media» портал өрөспүүбүлүкэ, улуус сонуннарын түмэр, быйыл биир мөлүйүөн ааҕааччыланна. Федеральнай таһымнаах суруналыыстар ону көрөн саамай интэриэһинэйин порталларыгар таһаараллар.
Ньургуйаана Стручкова дьон олохтоох сонуннары, чугас эргин туох буола турарын ордук интэриэһиргиирин туһунан эттэ. Ону таһынан, айылҕа ураты көстүүлэрин, дойду дьоруойдарын, бар дьону долгутар боппуруостары сөбүлээн ааҕалларын бэлиэтээтэ. Маннык уустук кэмҥэ сымыйа сонуннары эмиэ тарҕаталлар, ону чахчыга тирэҕирэн суруйдахха эмиэ сэргииллэрин эттэ.
Онлайн үлэлиибит
Медиа эйгэтигэр анаммыт тэрээһин кэнниттэн «Российская газета» кэрэспэдьиэннэрин түмэр ситим эрэдээктэрин Ольга Бухарованы кытта кэпсэттим.
- Дойду үрдүнэн Калининградтан Сахалиҥҥа тиийэ кэрэспэдьиэннэр 31 пууннарын салайан үлэлэтэбин. Хаһыаппытын Арассыыйа Бырабыыталыстыбата үбүлээн таһаарар, бүддьүөттэн киирэр үбүлээһин таһынан, бэйэбит эмиэ харчы киллэрэбит. Улахан хампаанньалары кытта дуогабардаһан, тематическай сыһыарыылары, саайка анал бырайыактары таһаарабыт.
Биһиги эрэдээксийэҕэ куруук олорбоппут, бэнидиэнньиккэ-оптуорунньукка кэлэн барабыт, атын күннэргэ онлайн үлэлиибит, планеркабытын «Discord»-ка, сүрүн эрэдээктэри кытта сирэй көрсөн олорон ыытабыт. Пандемия кэннэ маннык үлэ ордук көдьүүстээх диэн санааҕа кэллибит, Москуба курдук улахан куоракка бириэмэбитин айаҥҥа бараабаппыт. Сүрүн ирдэбил сибээскэ баар буолуохпутун наада. Суруналыыс үлэтэ хонтуора үлэһитин курдук чааһынан кэмнэммэт, улахан матырыйаалы киэһэ хойукка диэри олорон бэчээттиибит.
Ол эрээри дьуһуурунай биригээдэ эрэдээксийэҕэ куруук баар. Сонуннары бэлэмниир суруналыыстар күннээҕи бэбиэскэни толороллор, хаһыакка ханнык тиэмэни кэҥэтэн суруйуохха сөбүн ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Москубаҕа ыкса түүн Уһук Илин номнуо уһуктан, сонуннары уган, саайт төгүрүк суукка үлэлиир.
Күн аайы мөлүйүөнтэн тахса киһи «Российская газета» саайтын киирэн көрөр, эбии көрүүнү социальнай ситимнэр биэрэллэр. Билигин араас платформаҕа көрдөрөр-иһитиннэрэр кииннэр сүүйүүлээх буолаллар. Аныгы киһи хаартысканы, видеоны көрөрүн сөбүлүүр эрээри, хаһыаттан аккаастанар сыыһа дии саныыбын. Суруллубут үйэ аҥаарын да кэнниттэн хаалар, оттон саайка тахсыбыт сонун аллараа түстэ да сүтэр.
«Российская газета» тахсыбыт сокуоннар олоххо тута киирэллэр, ол иһин саҥа сокуоннар, бэрэсидьиэн этиитин, бэлиитикэ, анал байыаннай дьайыы туһунан элбэх киһи ааҕар. Манна бэрэбиэркэлэммит матырыйаал тахсарын иһин дьон итэҕэйэр.
Байыаннай фотокэрэспэдьиэммит Владимир Аносов Донбааска баҕа өттүнэн хас да ый баран үлэлээбитэ, ол түмүгүнэн оҥорбут үлэтэ мөлүйүөнүнэн дьон көрүүтүн ылбыта.
Элбэх ааҕааччыны хомуйа сатаан сорохтор сымыйа, омун-төлөн аҥаардаах сонуннары тарҕаталлар, биһиги ыксаабакка барытын бэрэбиэркэлээн баран биирдэ таһаарабыт, официальнай хаһыат сирэйин түһэрэр сатаммат», — диэн кини санаатын үллэстэр.
Бот солбуйуо суоҕа
IT-технология сайдан, билигин искусственнай интеллект хайа баҕарар тиэкиһи суруйан биэриэн сөп эрээри, Ольга Бухарова айар үлэһити бот солбуйуо дии санаабат. Дириҥ хорутуулаах ырытыыны киэҥ кругозордаах, олоххо уопуттаах суруналыыс суруйуон сөп диэн санааны тутуһар.
- Биллэн турар, атын саайтартан ылар рерайт сонуннары робот даҕаны оҥоруон сөп, оттон быһылаан буолбут сиригэр тиийэн, ирдэһэн, дьону кытта кэпсэтэн, анааран улахан матырыйаалы, дьону долгутар уочарканы суруналыыс эрэ суруйар. Ааҕааччы киһини толкуйдатар, дириҥ хорутуулаах ыстатыйаҕа наадыйар.
Тиэмэҕэ дириҥник киирбэккэ эрэ сонуну үрдүнэн-аннынан биэрэр копирайтердар, баҕар, ырыынактан барыахтара, — диир университекка бииргэ үөрэммит сэһэргэһээччим.
Айар киһини атаҕа аһатар
- Баар кыһалҕаны дириҥник арыйар, ырытар, эттээх ыстатыйалары киһи ылбычча биир күн иһинэн суруйбат. Сөптөөх хаартысканы да таларгар бириэмэ барар. Мин Хабаровскайга командировкаҕа сылдьыбыт матырыйаалбын биир нэдиэлэ кичэйэн суруйбутум, видеотын таҥмытым, ону олохтоох баһылык социальнай ситимигэр сэргээн, дьон ааҕарыгар ыҥырбыт этэ.
Биһиги киһи болҕомтотун чахчы тардар, хараҕы үөрдэр, сэргэх матырыйаалы оҥорорго дьулуһабыт. Лонгрид сүүһүнэн тыһыынча дьон көрүүтүн биэрбэт эрээри, илиигин ууран оҥордоххуна, үлэ хаачыстыбатын туоһулуур, имиджи бөҕөргөтөр, ону бэлэмнииргэ киһи үгүс сыратын-сылбатын, бириэмэтин барыыр. Онон гонорара эмиэ туһунан тарыыбынан ааҕыллар.
Айар үлэһит биир сиргэ бааллан олордоҕуна, авторскай ураты матырыйааллары кыайан оҥорбот, онон кинини атаҕа аһатар. Уопсастыбаннай резонанс таһаарар суруналыыстар үрдүк хамнастаахтар, ону таһынан, кыбаартал аайы уонна сыллааҕы бириэмийэ төлөнөр. Сарсыарда аайы үлэтин үөрэ-көтө оҥорор суруналыыс идэтин таба тайаммыт диэххэ сөп, — диэн санаатын түмүктүүр Москубаҕа бары эрэгийиэннэри түмэр дойду биир саамай улахан хаһыатыгар үлэлии сылдьар биир идэлээхпит.
Марианна ТЫРТЫКОВА
- 1
- 1
- 0
- 1
- 0
- 0