Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC


Украинаттан 170, Мордовскай АССР-тан 130 дьиэ кэргэни көһөрөн, Саха АССР холкуос­тарыгар эбии олохсутар туһунан былааны, ССРС Норуодунай Хамыһаардарын Сэбиэтэ 1940 сыл от ыйын 10 күнүгэр бигэргэппитэ.

Саха АССР  НХС-тин иһинэн көһөрүү отделын начаалынньыга С.З.Борисов, САССР НХС-тин бэрэссэдээтэлэ В.А. Мура­товка 1940 сылга дойду атын уоба­ластарыттан холкуостаахтары көһө­рүү түмүктэрин туһунан дакылаатын саппыыската.

 

Көһөрүү былаана туолуута

Туһааннаах уобаластартан көһөн кэлиэх­тээх холкуостаахтары сүүмэр­дээһиҥҥэ уонна дөкүмүөннэри оҥорууга, 1940 сыл бэс ыйын 27 чыыһылатыгар САССР НХС бэрэстэбиитэллэрэ хомондьуруопкаламмыттара. Бэрэстэбиитэллэр Протопопов Д.С., Андреев Н.Ф. Украина ССР-га, Барашков Н.Н., Коркин В.И. Мордовскай АССР-га анаммыттара. Үөһээ ааттаммыт өрөспүүбүлүкэлэр кыра сирдээх оройуоннарын холкуостарын ортолоругар үлэни ыытыы түмүгэр, Полтава уобалаһыттан 196, Мордовияттан 72, барыта 268 дьиэ кэргэн (сорох дьиэ кэргэттэргэ суруллан сылдьар сулумах дьоннуун) көһүүгэ суруллубута. Эшелоннар хоҥнуохтаах күннэригэр, араас биричиинэнэн, 33 дьиэ кэргэн аккаастанарын биллэрбитэ.

Барыта 949 киһилээх 235 дьиэ кэргэн кэлбититтэн, үлэлиир дьоҕурдааҕа – 529 киһи. Тыа хаһаайыстыбатыгар дьону көһөрөн аҕалыы былаана 85% туолла. Бэрэстэбиитэллэр Протопопов уонна Андреев бырабыыталыстыба сорудаҕын үчүгэйдик, ону ааһан өссө аһара толортоотулар. Оттон Барашков уонна Коркин бырабыыталыстыба сорудаҕын 48,5% эрэ толордулар. Антах миэстэтигэр үлэни сатаан тэрийбэтилэр уонна ыыппатылар.

Көһөн кэлбит холкуостаахтар састааптара маннык: үлэлиир дьоҕурдаах киһитэ 529, хомунньууһа уонна баартыйаҕа хандьыдаата - 30, хомсомуол чилиэнэ – 61, үрдүк уонна орто үөрэхтээҕэ – 29, кыра үөрэхтээҕэ – 297, үөрэҕэ суоҕа 74 киһи.

Көһөн кэлбит холкуостаахтар 7 оро­йуон 26 холкуостарынан тарҕатылын­нылар. Дьону тарҕатыы бириинсибэ баарты­йалааҕынан, хомсомуоллааҕынан  уонна идэлэринэн көрөн араартааһын кытаанах төрүтүгэр олоҕурда. Полтава уобалаһын Диканскай оройуонуттан холкуостаахтар оннуларыгар сулууспалаахтар кэлбиттэр. Ол түмүгэр, көһөн кэлээччилэр тарҕаммыт холкуостарыттан дьон атын үлэҕэ уччуйуута тахсыан сөп.

 

Көһүүгэ кэлбит холкуостаахтары суолга хааччыйыы

Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар көһөрүү устурууксуйатыгар сөп түбэһиннэрэн, көһөн кэлээччилэри суолга хааччыйыы САССР НХС көһөрүүгэ отделыгар сүктэриллибитэ. Көһөн кэлэн иһэр холкуостаахтары Уркуускайга уонна Заярскайга диэри хааччыйыыны НХС уонна БКП (б) Уобаластааҕы кэмитиэтин боломуочунайа Тихонов Г.Д. кыайа-хото тутта. Суолга хаайтарыы, наадалааҕынан хааччыйыыга быстарыы тахсыбата. Уус-Куукка боломуочунай  Литвинов М. сорудаҕы сүнньүнэн толордо гынан баран, көһөөччүлэр кэлбит күннэригэр дьиэ-уот ситэ бэлэмнэммэтэх буолан, дьон суукка аҥаара аһаҕас халлаан анныгар олорорго күһэллэ сырытта.

Уркуускайтан ыла көһөн кэлээччилэри, үөһээ ааттаммыт боломуочунайдары сэргэ,  бэлитиичэскэй салайааччылар, быраастар уонна мэдиссиинскэй сиэстэрэлэр, барыта 15 киһи арыаллаата.

 1307350706 oleni v armii 2 cr

Оройуоннарга  уонна холкуостарга көһөн кэлээччилэри көрсүү уонна кинилэри олохтооһун

Көһөн кэлээччилэри анаммыт холкуостарыгар толору бэлэмнээх көрүстүлэр. Арай Дьокуускай оройуон «Кыһыл оҕуруоччут» холкуоһа эрэ бэлэмэ суох буолан биэрдэ. Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ салайааччылара үөрүүлээх көрсүһүүнү, култуурунай хааччыйыыны тэрийдилэр. Көһөн кэлбит холкуостаахтар ортолоругар эргиэни тэрийэннэр,  барыларын итии таҥаһынан, хаһаайыстыбаннай иһитинэн-хомуоһунан, ас-үөл бородууктатынан, маҥнайгы кэмҥэ 400 тыһ. солк. суумалаах атыынан хааччыйдылар. Сыһыарыллыбыт хас биирдии холкуостарыгар үөрүүлээх көрсүһүүлэр тэрилиннилэр.

Холкуостар бэйэлэрин иллэҥ дьиэлэрин өрөмүөннээн, малынан-салынан тэрийэн, барыта 207 дьиэни көһөн кэлээччилэргэ туттардылар. Ол түмүгэр 235 дьиэ кэргэн бары олорор дьиэнэн хааччылынна. Олохтоох холкуостаахтар (үс оройуон холкуостарын дааннайдарынан), кэлээччилэргэ бэйэлэрин кэтэх хаһаайыстыбаларыттан 49 ынаҕы, 34 боросуонагы, 59 кууруссаны, о.д.а. дьиэ көтөрүн бэлэх ууннулар. Маны таһынан,  көһөн кэлээччилэр бары оттугунан, тыа хаһаайыстыбатын аһынан-үөлүнэн хааччылыннылар.

Көһөн кэлбит холкуостаахтар оҕолоро бары оскуолаларга  уонна техникумнарга ылылыннылар.  Кэлээччи холкуостаахтар итии көрсүһүүттэн уонна болҕомтоттон улаханнык үөрдүлэр-көттүлэр. Үлэҕэ-хамнаска сылбырҕатык ылсаннар үлэлээбитинэн бардылар.

Арай «Кыһыл оҕуруоччут» холкуос сөптөөх көрсүһүүнү тэрийбэтэҕин бэлиэтиир наадалаах. Көһөн кэлбит биирдиилээн холкуостаахтар өттүлэриттэн астыммат буолуу баар. Холкуос көһөн кэлээччилэр олоруохтаах дьиэлэрин малларын-салларын толору ситэрэн-хоторон биэрбэтэх. Эмиэ ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын бородуукталарынан кэмигэр кыайан хааччыйбатах, олохтоохтортон бэлэҕи туттарыы кыайан тэриллибэтэх.

Кэлии холкуостаахтар майгы-сигили, бэлитиичэскэй өрө көтөҕүллүүлэрэ сүрдээх күүстээх, ыытыллар дьаһаллар судаарыстыбаннай суолталарын бары үчүгэйдик өйдүүллэр.

Көһөрүү үбүн-харчытын ороскуота ситэ чопчулана  илик эрээри, барыллаан ааҕыынан, биир хаһаайыстыбаны көһөрүүгэ судаарыстыбаннай бюджеттан 3830 солк. эбэтэр биир киһиэхэ 950 солк. ороскуоттаммыт. Маны таһынан, холкуостар дьиэлэрин өрөмүөнүгэр уонна малын-салын оҥорууга 107 солк. бэйэлэрин үптэрин ороскуоттаабыттар. Кэлээччи холкуостаахтар хаһаайыстыбаларын тэринэллэригэр 149950 солк. суумалаах харчы тыа хаһаайыстыбаннай кирэдьиит бэриллибит.

САССР НХС көһөрүүгэ отдела, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы сыалынан салгыы көһөрүүнү тэрийиигэ маннык этиилэрдээх:

1.САССР НХС 1940 сыл муус устар 15 күнүнээҕи уурааҕар олоҕуран, 1941 сылга оройуоннар уонна холкуостар көһөн кэлэр холкуостаахтары толору бэлэмнээх көрсөллөрүн ситиһэр инниттэн, сибилиҥҥиттэн үлэни ыыппытынан барыахха.

2. 1941 сылга Саха сиригэр сайыҥҥы уу суола аһыллыыта, бастакы борохуотунан 915 дьиэ кэргэн холкуостаахтары, кинилэр сайыҥҥы хонуу үлэтигэр кытталларын курдук учуоттаан, көһөрөн аҕалыы былаанын ССРС НХС бигэргэтэрин туруорсарга.

3. Билигин БКП (б) Уо.к. уонна САССР НХС эппиэттээх үлэһиттэрин, көһөн кэлэр холкуостаахтар олохсуйуохтаах оройуоннарыгар уонна холкуостарыгар хомондьуруопкалаан, миэстэтигэр тэрээһин-хаһаайыстыбаннай толору бэлэмнээх көрсөллөрүн ситиһэр үлэни тэрийэллэригэр сорудахтыырга.

 

САССР НХС иһинэн көһөрүү отделын начаалынньыга С. Борисов 

СӨ НА 52. Ф. 18.ОП. 178.Д. Л.3 – 6.  Дьиҥнээҕэ.

 

Туох санаа үөскээн кэлэрий?

Баарынан этэбин, сэрии иннинэ Саха сиригэр киин уобаластартан холкуостаахтары көһөрөн аҕалыы туһатын уонна көдьүүһүн туһунан ончу тугу да этэр кыаҕым суох. Оҕо сылдьан, кэлин норуот суруйааччыта буолбут Ньукулай Дьокуускай «Сир» диэн кинигэнэн тахсыбыт сэһэнин аахпыттааҕым. Саха сиригэр көһөн кэлбит холкуостаахтар тустарынан кэпсэнэр этэ. Билигин ол айымньыттан төбөбөр биир да устуруока иҥнэн хаалбатах. Эт мэйиибинэн буолбакка, сүрэхпинэн сэрэйдэхпинэ, оччотооҕу күүстээх идеологиянан  салайтарыллан, кэлтэйдии сырдык кыраасканан айыллыбыт айымньы буоларыгар тоҕо эрэ саарбахтыы барбаппын. Чэ, ол уус-уран айымньы туһа туһунан буоллаҕа.

Бу гынан баран, Ньукулай Дьокуускай кэннэ, көһөн кэлии тиэмэтигэр суруллубут  атын таныктаах суруйуу суох курдук. Маныаха сыыстарыахпын сөп. Бу дакылааттаах саппыысканы аахпыт киһиэхэ булгуччу туох эрэ санаа, толкуй киириэҕэ дии саныыбын. Тус бэйэм Чурапчы алдьархайын туһунан суруйуулары өйдөөн кэлэбин. Киин уобаластар холкуостаахтарын Саха сиригэр көһөрөн аҕалыы уонна Чурапчы холкуостарын хотугу оройуоттарга балыктата  көһөрүү, биирдэ ылан көрдөххө, кыайан тэҥнэниллибэт курдук балаһыанньалаахтар.

Соҕуруу уобаластартан холкуостаахтары аҕалыы 1940 сыллаахха, сэрии иннинэ, эйэлээх кэмҥэ тэриллэр. Айанын суола төһө да ыраах курдугун иһин, бу дьон Уркуускайга диэри тимир суолунан, анал икки эшелоҥҥа тиэллэн, атырдьах ыйын бүтүүтэ, балаҕан ыйын бастакы  күннэригэр айаннаан кэлбиттэр. Салгыы массыына уонна борохуот. Аара суолларыгар ханна да хаайтарбатахтар, тардыллыбатахтар.

Чурапчы холкуостара 1942 сылга хоту көһөрүллэллэр. Балаҕан ыйыгар, ыкса күһүн, Аллараа Бэстээх сыгынньах кытылыгар ый аҥаара кэриҥэ кэмҥэ борохуоту кэтэһэн, хаар кыыдамныыр анысхан тыалыгар кыралыын-улаханныын  курдары үрдэрэн, дьон сыыстаран өлүүтэ-сүтүүтэ Бэстээхтэн саҕаланан барар.

Ынырыктаах сэрии ураты  ыарахан кэмэ. Ханна да тиһэх өлөр тыынынан мөхсүү. Сэриилэһэр боруоҥҥа да, тыылга да дьон өлүүтэ аахсыллыбат кэриэтэ буолбут ураты тыйыс кэмэ. Ол да буоллар…

Курааннаабыт Чурапчы оройуонун 41 холкуоһун холкуостаахтарын  хоту балык­тааһыҥҥа туһанар туһунан быһаарыы, БКП (б) Саха уобаластааҕы кэмитиэтин 1942 сыл атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи бюротун боротокуолуттан көстөр. Сир оҥоһуутун  норуодунай хамыһаара Анашин Н.Г. бэрэссэдээтэллээх дьону көһөрүүнэн дьарыктанар хамыыһыйа тэриллибит. Хамыыһыйа састаабыгар киллэриллибиттэр: Борисов С.З.,НХС бэрэссэдээтэлин солбуйааччы. Николаев С.Г., обкуом тыа хаһаайыстыбатыгар отделын сэбиэдиссэйин солбуйааччы. Захаров А.И., обкуом каадырга отделын сэбиэдиссэйин солбуйааччы. Алексеев С.А., САССР Верховнай Сэбиэтин Бүрүсүүдьүмүн сэкирэтээрэ. Паулин А.В., Сир оҥоһуутун наркоматын сүөһү иитиитигэр управлениетын начаалынньыга. Егоров Е.В., ССРС Саха АССР-га соҕотуопкаҕа наркоматын боломуочунайын солбуйааччы. Келле-Пелле Я.Ю., «Холбос» былаанныыр управлениетын начаалынньыга.

Чурапчы алдьархайын бары билэбит. Көһүүгэ сылдьыбыт, балыкка үлэлээбит дьон, оччотооҕу оҕолор – бүгүҥҥү кырдьаҕастар ахтыылара бэчээккэ суруллубута, кинигэнэн тахсыбыта бэрт элбэх. Туһааннаахтар ахтыыларын ылыммат буолуу, сымыйарҕааһын – аньыыны оҥорбукка тэҥнээх. Ол ахтыылар кэтэхтэригэр туһата суох сиэртибэ буолбут, өлөн да баран бэйэлэрин кырдьыктарын таһаарынар кыахтан маппыт тыһыынчанан ахсааннаах саха дьоно тураллар.

Дөкүмүөннэртэн көстөрүнэн, балыгы бултааһыҥҥа хабыллыбыт дьону ичигэс таҥаһынан хааччыйыы, өссө аһара баран бөһүөлэктэри тутааһын, сир учаастактарын быһа анньан биэрээһин былааннаммыт курдук. Балыгы бултааһын былааныгар сүрүннээн Кэбээйи, Эдьигээн, Булуҥ, Усуйаана оройуоннара киирбиттэр. Маныаха Прибалтика норуоттарыттан, сэбиэскэй финнэртэн турар, «спецпереселенецтэр» дэнэр 7000 «балыксыт» эмиэ бу оройуоннарга сүөкэнэллэр. Биһиэхэ мэлдьи буоларыныы, ыскылааттарга итии таҥас бэрт кэмчи саппааһа баар буолан биэрбит. Оттон ол «балыксыттар бөһүөлэктэрэ», уһаайбалара кумааҕыга «уруһуйдаммыттарынан» хааллахтара дии.

Чурапчылар ахтыыларынан, Кэбээйи уонна Эдьигээн оройуоннарын салалталара элбэх киһилээх көһөөччүлэр кинилэр сирдэригэр кэлэллэрин билбэтэх курдуктар. Оннук буолуон хайдах да сатаммат. Өрөспүүбүлүкэ үрдүкү туһааннаах уорганнарын өттүлэриттэн, бу оройуоннар салалталарыгар көһөн кэлээччилэри ханна олохтуур туһунан кытаанах ыйыы оҥоһуллубатах буолан тахсар. Оннук ис хоһоонноох дөкүмүөн баара, бу архыып үлэһиттэрэ таһаарбыт кинигэлэригэр көстүбэт. Ол аата тугуй? Үөс батааскы биэрбэккэ, дьону үөр сүөһү курдук хомуйан, барыта үчүгэй буоларыгар эрэннэрэн туран, утаарыытын утаарбыттар. Уонна…кэлиҥҥитигэр кыһана барбатах буолан тахсалларыгар тиийэр.

 

Прокопий ИВАНОВ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением