Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Аҕа дойду сэриитэ түмүктэммитэ 75 сыла туолла. Сыл ахсын сэриигэ кыттыбыт дьон ахсаана аҕыйаан иһэр. Сэрии уонна тыыл бэтэрээннэрэ, олохтон туораан истэхтэрин аайы, ол уоттаах сыллар тустарынан кырдьыгы уонна өйдөбүлү арааһынайдык уларытыы-тэлэритии үксээн иһэр.


Сэрии түмүктэнээтин кэннэ, Гитлеры кыайыыга саамай улахан оруолу оонньообут дойдунан Сэбиэскэй Сойуус буоларын ким да мөккүспэт этэ. Арҕаа дойдулар суруналыыстара, уопсастыбаннас Сталиҥҥа уонна сэбиэскэй норуокка сүгүрүйүүлэрэ улахан этэ. Сэрии бара турар сылларыгар Великобританияҕа, АХШ-ка сонуннарга нууччалар хайдах сэриилэһэ сылдьалларын күн ахсын кэпсииллэрэ. Улахан документальнай киинэлэр тахсаллара. Онтон тымныы сэрии саҕаланаатын кытта балаһыанньа улам уларыйан барбыта.

Саҥа үөскээбит өстөөххө  (Сэбиэскэй Сойууска) сүгүрүйэр табыллыбат диэннэр, арҕаа дойдулар баһылыктара историяны улам-улам уларытан барбыттара. Бу дьыалаҕа саамай улахан ситиһиилээҕинэн АХШ буолбута. Кини бастаан дьоппуоннары кытта сэриилэһиитин уонна союзниктар Нормандия биэрэгэр саллааттарын түһэрбиттэрин Иккис аан дойду сэриитин сүрүн кыргыһыыларын ахсааннарыгар киллэрэр соругу туруо­руммута. Бырабыыталыстыбаҕа улахан көмөнү Голливуд оҥорбута. Кини бастыҥ хаачыстыбалаах киинэлэрэ аан дойдуну биир гына эмирикээннэр сэриини кыайбыттара диэн өйдөбүлү тиэрдэллэрэ.

Англичаннар сэрии саҕала­ныытыгар кинилэр олорор арыыларын үрдүгэр буолбут көтөр ааллар кыргыһыыларын уонна Африка фронугар барбыт кыргыһыылары ордук чорботоллоро. Оттон Лондон өйдөбүлүгэр союзниктар Нормандия кытылыгар үктэниилэриттэн саҕалаан сэриини кыайан киирэн барбыттар. Арден тыатыгар буолбут кыргыһыы (илин фроҥҥа буолбут кыргыһыыларга тэҥнээтэххэ кыра таһымнаах), англичаннар уонна эмирикээннэр билиҥҥи историяларыгар, Германияны кытта сэрии биир сүрүн хапсыһыытын курдук буолан тахсыбыт.

Французтар де Голль Франция колонияларынан сылдьан ньиэмэстэр уонна итальянецтар гарнизоннарын кытта сэриилэспитин чорбото туталлар. Германия Польшаҕа саба түспүтүн кэннэ Франция да, Великобритания да кыраныыссаны туораабатахтарын уонна сэриилэһэ сатаабатахтарын, Бастакы аан дойду сэриитин түмүгүнэн французтар сэрииттэн сылайбыттарынан быһаараллар.

Историяны токурутуу сыыйа-баа­йа барбыта. Сэбиэскэй Сойуус баарын саҕана кини кыаҕын билинэн токурутар үлэлэрин аһаҕастык ыыта сатаабаттар этилэр. 90-с сыллартан дьэ өйдөрүн-санааларын кэҥэтэн, историяны аһаҕастык уларытар буолбуттара. Бу пропагандаҕа оннооҕор бэйэбит дьоммут итэҕэйэ сыспыттара. Устудьуон сылларбыттан биир холобур өйбөр хатанан хаалбыт.

Биһиги, 90-с сыллар оҕолоро, Голливуд киинэлэригэр иитиллибиппит. Арҕаа култуура дьайыытын, этэргэ дылы, “губка” курдук иҥэринэрбит. Оттон бэйэбит судаарыстыбабыт ол саҕана үүнэр көлүөнэ патриотическай иитииллиитигэр кыһаммат этэ. Ити курдук бэйэм кэммэр история факультетыгар туттарсан, үөрэнэ киирбитим. Үһүс дуу, төрдүс дуу кууруска “методология преподавания истории” диэн биридимиэт баар буолбута. Онно саастаах нуучча преподавателэ үөрэппитэ. Биир паараҕа: “Иккис аан дойду сэриитин туһунан оҕолорго хайдах уруок биэриэххит этэй?” диэн сорудах туруорда. Бары дьэ ону-маны бэлэмнээтибит. Биир-биир кэпсээн бардыбыт. Үгүстэр Сталинградтааҕы, Москва аннынааҕы, Курскай Тоҕойдооҕу кыргыһыылар туһунан кэпсээтилэр. Арай биир однокурсникпыт тахсан: “Иккис аан дойду сэриитин биир сүрүн кыргыһыытынан союзниктар Нормандияҕа түһүүлэрэ буолбута”, — диэн баран, ол туһунан кэпсээн барда. Преподавательбыт маны истэн баран оргуйан турда. Бу иннинэ кини кыыһырарын биирдэ да көрбөтөхпүт. “Эһиги историктар эрээригит, оҕолору эмирикээннэр киинэлэринэн үөрэтээри гынаҕыт дуо?” – диэн  буолла. Кэлин бэйэтин олоҕун туһунан кэпсээбитэ. Кини бэйэтэ Москваттан төрүттээх эбит. Сэрии саҕаламмытыгар аҕаларын фроҥҥа ыҥырбыттар, дьиэлэригэр ийэтин уонна эдьиийин эрэ кытта хаалбыттар. Ньиэмэстэр Москваҕа чугаһаабыт кэмнэригэр кини баара-суоҕа алта саастааҕа үһү. 13-тээх эдьиийэ, атын оҕолору кытта кырыыһаҕа тахсан, умайар буомбалар дьиэҕэ түстэхтэринэ олору умулларыынан түүнүн дьарыктаналлар эбит. Ийэлэрэ буоллаҕына, ньиэмэстэр куоракка киирдэхтэринэ, куукунабытыгар хатанан баран гааспытын аһан кэбиһиэхпит диэбит.

1941 сыл сэтинньитигэр Кыһыл болуоссакка буолбут параад алталаах оҕо өйүгэр хатанан хаалбыт. Ол кэмҥэ оруобуна Сибииртэн уонна Уһук Илинтэн сибиэһэй чаастар кэлэн, параадтаан баран, үргүлдьү фроҥҥа аттаммыттар. “Буойуттар кып-кыһыл төгүрүк сирэйдэрин, саҥа таҥастарын-саптарын, сэриилэрин сэбин уонна хайдах курдук дьиэбит аннынан маршировкалаан ааспыттарын көрөн баран, бу сэриини чахчы кыайыахпыт диэн өйдөөбүтүм”, — диэн преподавательбыт кэпсээбитэ.

90-с сылларга күүскэ ыытыллыбыт историяны токурутуу, биһиги бэйэбит историябытын билэрбитигэр уонна ытыктыырбытыгар улахан эмсэҕэлээһини оҥорбута. Ол эрэн, манна арҕаа дойдулар пропагандаларын эрэ буруйдуур сыыһа. Бэйэбит да дьоммут оҥорбут хара дьайдаах дьыалалара эмиэ баар. Баҕар, өссө улахан буолуо. 2000 сылларга тахсыбыт “Штрафбат”, “Сволочи” уо.д.а. киинэлэр содуллара улахан. Бэйэбит аҕаларбыт, эһэлэрбит олохторун биэрэн туран ситиспит Улуу Кыа­йыыларын, сырдык кэриэстэрин умнан туран, кинилэр өйдөбүллэрин тэпсибиппит. Хата, кэнники сылларга маннык киинэлэри, кинигэлэри култуурабыт министиэристибэтэ өйөөбөт буолла. Дьон бэйэтэ да бу пропагандаҕа бэриммэтин көрдөрдө. Былырыын дьон өйөбүлүнэн тахсыбыт “28 панфиловецтар” диэн киинэ онно туоһу буолар.

Кыайыы күнэ биһиги дойдубу­тугар билигин саамай сүрүн быраа­һынньыкпыт. Сэрии туһунан өйдөбүл норуоппутун барытын биир сомоҕо гына түмэр. Араас омукка, итэҕэлгэ арахсыбакка, бары биир дойду оҕолоро буоларбытын бу күҥҥэ өйдүүбүт. Бу өйдөбүлбүтүн төһөнөн өрө тута сылдьабыт да, соччонон биһиги дойдубут күүстээх уонна кырдьыктаах буолуоҕа.

“Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!” — бу харах уулаах тыллар бүгүҥҥү Арассыыйаҕа өрүүтүн ытык уонна кэриэс өйдөбүнньүк тылларынан буола турдуннар. Ыам ыйын 9 күнүгэр эрэ буолбакка,  өссө үйэлэри уҥуордаан туран. Оччоҕуна эрэ өбүгэбит хорсун олоҕун салҕаачыларынан буолуохпут уонна бэйэбит историябытын кимиэхэ да тэбистэриэхпит суоҕа.         

Николай КЫЧКИН

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением