Ырай дойдута
Остуол хотойорунан хас да тэриэккэҕэ тобус-толору салаат, грильга, сүөгэйгэ буспут эт, балык сэттэ арааһын, фрукта эгэлгэтин, пахлава, локум ылан баран бөтүөхпүтүгэр диэри ыга симинэрбит.
Сочига оччолорго остолобуойга тугу сакаастаабыккынан миин, торуой, хомпуот уонна икки быһыы килиэп аҕалан биэрэллэрэ. Турцияҕа «ол инклюзив» отельга уонча-сүүрбэччэ тэриэккэҕэ ас ыллаххына, эйигин ким да тохтоппот, кырыы хараҕынан көрбөт.
Ырай дойдута манна баар эбит диэн ол кэмтэн ыла Турция араас эрэгийиэннэригэр, куораттарыгар сырыттым. Тула өттүттэн түөрт муоралаах дойдуга Средиземнай уонна Эгейскай муора силбэһэр сирэ баар, ону «икки муора сыллаһар миэстэтэ» дииллэр. Омук сиригэр тахса сылдьыбыт түөрт пааспарым тухары турецкай бэчээт тобус-толору.
Аэропуорка пааспары бэрэбиэркэлиир уолаттар сыл аайы кэлэрбин көрөн билэллэрэ. Арай биирдэ Кытайга, Вьетнамҥа бара сылдьыбытым даҕаны астарын сөбүлээбэтэҕим, биэрэһэ-тумата, амтаны тупсаран ону-маны эбэллэрэ элбэҕэ бэрт. Кинилэр астарын биирдэ-иккитэ амсайыахха сөп, оттон күн аайы сииргэ саха киһитин куртаҕар сөбө суох.
Омос көрдөххө, кытайдары кытта тас көрүҥмүт, чуолаан кыараҕас харахтаахпыт, хаптаҕай муннулаахпыт майгыннаһар эрээри, тылларын киһи олох кыайан өйдөөбөт. Хахааран саҥалара эчи улахана, элбэҕэ, кафеҕа кинилэр тастарыгар олорон сатаан кэпсэппэккин, истэ сатаан баран төбөҥ ыалдьар.
Түүр аймахтарбыт
Оттон Турцияҕа Арассыыйаны барытын уҥуордаан, кый ыраах көтөбүт эрээри, киһи сөҕүөх, тылбыт-өспүт, ахсааммыт наһаа майгыннаһар. Бытааннык саҥардахтарына, тугу этэллэрин өйдүүгүн, кафеҕа “эт-балык” диэн суруктаахтар. Экскурсияҕа гид билиэт ылаары “35 киһи кэллэ” диэн уу сахалыы саҥарар.
Туроктар даҕаны биһигини бэйэлэрин дьоннорун курдук чугастык ылыналлар. Москубаттан сөмөлүөт үксүн түүн көтөн, сарсыарда эрдэ тиийэр, оттон аан дойдутааҕы быраабыла быһыытынан, отельга 14 ч. киллэрэллэр. Сөмөлүөккэ бииргэ айаннаабыт дьоммутун: «Чымадааҥҥытын ууран баран таһырдьа тахсан сылдьа түһүҥ», — диэтилэр.
Оттон биһигини дьыбааҥҥа олорон күүтэ түһэрбитигэр эттилэр. Кинилэр тахсан барааттарын кытта администратор уол ыҥыран ылан, хоспут күлүүһүн туттарда: «Эһиэхэ үчүгэй хоһу биэрэбин, муора көстөн турар», — диэн мичээрдээтэ. Онно өйдөөбүппүт түүр хааннаах омуктарга ураты сылаас сыһыан баарын.
Сарсыныгар бассейн аттынааҕы баарга мороженай, араас коктейль ылаары уочараттаан турабыт. Иннибитигэр төһө даҕаны элбэх киһи баарын иһин, бармен ала-чуо биһиэхэ кэлэн тугу ылыахпытын баҕарарбытын ыйыталаһан, муустаах утах биэрдэ. Уопсайынан, ханна баҕарар биһигини көрдөхтөрүнэ наһаа үөрэллэр, мичээрдииллэр, кэпсэтэллэр. Онон Турцияҕа аймахтаргар сылдьар курдук сананаҕын, атын сиргэ бардахха, ким даҕаны итинник эйэргээбэт, үөрэ-көтө көрсүбэт.
Киэһэ эрэстэрээнтэн тэриэлкэҕэ фрукта, кыра минньигэс ас уктан таҕыстыбыт. Атын дьону тоҕо эрэ тохтотон, хоско аһылыгы илдьэ барар бобулларын туһунан эттилэр. Биһиги хаста даҕаны ас ыллыбыт, ол тухары ким даҕаны тохтоппото. Москубаттан кэлбит дьахталлар биһиэхэ күнүүлүөх курдуктара.
Итинник Турцияны муората сылааһын, ырааһын, аралдьыйыыта элбэҕин, аһа дэлэгэйин, дьоно эйэҕэһин, тылбыт майгыннаһарын ис сүрэхпиттэн сөбүлээн, өр сылдьыбатахпына, олус ахтабын, дууһам кытта тардыһар. Сүүрбэччэ сыл тухары бу дойдуга үгүстүк сырыттым эрээри, аан бастаан Стамбулга мунан хаалбыппын хаһан даҕаны умнуом суоҕа.
История уруогар үөрэппит дойдум
Биир сайын бииргэ үлэлиир кыыспын кытта Турцияҕа Аланияҕа бардыбыт. Ол саҕана куйаар ситимин хасыһан аахпаппыт, Дьокуускайга туристическай хампаанньаҕа бастакы түбэһиэх отель булан биэрбиттэрин омук сиригэр сылдьа илик дьон сирбэккэ-талбакка путевкабытын атыыластыбыт. Аан бастаан ыраах айанныыр дьон долгуйуу, испитигэр үөрүү-көтүү, хаһан барар күммүтүн күүтэбит.
Арай тиийбиппит отельбыт хайа үрдүгэр турар, муораҕа сөтүөлээн абыранаары +45С буһарык итиигэ көлөһүн алла-алла күҥҥэ хаста даҕаны төттөрү-таары сүүрэбит. Аспыт, утахпыт барыта үөһэ таҕыстахха баар, эдэр буолан, үрдүк сыыры дабайары улаханнык ыарырҕаппатыбыт. Отельбыт куораттан тэйиччи, чугас эргин туох да суох эрээри, Турция салгына, сылаас муората барыта күндү.
Сарсыардааҥҥы ас кэнниттэн гидпыт кэрэ-бэлиэ сирдэри көрө барыахха сөбүн туһунан кэпсээтэ. Оччолорго дуоллар аҕыйах солкуобай буолан, мин Стамбулга икки күннээх экскурсияны атыыластым. Бииргэ үлэлиир кыыһым Израильга барыан баҕарар эбит, онон сарсыарда 5ч. тураат, иккиэн икки аҥы айаннаатыбыт.
Аланияттан Стамбул ыраах буолан, сөмөлүөтүнэн көтөн тиийдибит. Гидпыт ханна сылдьар бырагыраамабытын кэпсээтэ. Экскурсиябыт быһыытынан, Султан Ахмет, Сулеймание мечетигэр, Айя-София таҥара дьиэтигэр, Ускюдарга, Топкапы — Османскай империя султааннарын дыбарыаһыгар сылдьыахтаахпыт, онтон теплоходунан хатааһылыы, Босфор нөҥүө туоруур муостаны көрө барыахтаахпыт.
Мин оптуобустан тахсаат, история учуобунньугар үөрэппит сирбин илэ харахпынан көрөрбүттэн үөрэн, долгуйан, эргиччи туох баарын бытаардыллыбыт киинэ курдук одуулуу турдум. Сувенир атыылаһаары харчыбын дуоллартан солкуобайга таһаарарбын суоттуохпар диэри арай дьонум куота баран хаалбыттар.
Айя-София — аптаах түгэн
Стамбул курдук 15,5 мөл. нэһилиэнньэлээх улахан куоракка аан бастаан кэлэн баран соҕотоҕун турабын, гидым, дьонум суохтар, ханна барбыттара биллибэт. Ол саҕана суотабай суох этэ. Аны отельбар төннүөхпүн атын куоракка, сөмөлүөт эрэ тиийэр сиригэр баар. Билиэппитин гидпыт илдьэ сылдьар.
Ыксаан төттөрү-таары сүүрэкэлээтим, ааһан иһэр дьонтон: «Руссо-туристо көрбүккүт дуо?», — диэн ыйыталаһабын, аны кыһыйыах иһин биир да киһи аатын билбэппин. Европа омуктара уонна славяннар бары биирдэр, кинилэр быыстарыттан бэйэм дьоммун буларым уустугурда.
Экскурсияҕа киирэр билиэттэрбитин гид оптуобус иһигэр олордохпутуна түҥэппитэ. Онон муммут оҕо курдук ытыы олоруом дуо, төлөммүт экскурсиябын көрөргө сананным. Аны туох ханна баарын хантан билиэхпиний, дьону батыһан сукуҥнаан истим.
Турникекка билиэппин көрдөрөн, Айя-София таҥара дьиэтигэр киирдим. Кирилиэһинэн үөһэ таҕыстым, үөһэ куполга Иисус Христос ийэтин түһэҕэр олороро мозаиканан ойууламмыт. Стамбул урут Константинополь куорат эрдэҕинэ христианнарга саамай улахан Таҥара дьиэтэ манна Айя-София баар этэ кэлин мечеть буолбута. Мин Таҥараттан харахпыттан уу тахсыар диэри көрдөстүм. Экскурсиям кэнниттэн бүгүн ханна хонорбун, тугу аһыырбын билбэппин.
Арай балкуон курдук аһаҕас сиргэ тахсан, үөһэттэн баҕар дьоммун булуом диэн кыҥастаһабын. Саҥа аллараа диэки хайыспытым гидым Айя-София устуоруйатын кэпсээн чоргуйа турар эбит. Мин үөрүүбүттэн балкуонтан ыстана сыстым, син өйбүн булан: «Миигин кэтэһиҥ, ханна да барымаҥ!», — диэн хаһыытаатым. Сүүрэн тиийэн, барыларын кууһуох-сыллыах курдукпун. Мин отучча киһиттэн хаалан хаалбыппын дьон ньамалаһарын быыһыгар ким да өйдөөн көрбөтөх.
Былыргы цивилизация биһигэ
Стамбул курдук аан дойду былыргы цивилизациятын биһигэр мөлүйүөнүнэн турист сылдьар, кинилэр быыстарыттан бэйэм дьоммун түргэнник булбуппар Таҥараҕа махтанным. Айя-София иһигэр Византийскай, Римскай, Османскай империя кэмигэр тыһыынчанан сыллар тухары хас киһи Таҥараҕа үҥпүтэ, көрдөспүтэ-ааттаспыта буолуой? Маннык ураты ытык сиргэ ис сүрэхтэн тахсар көрдөһүүҥ түргэнник туолар эбит. Ол туоһутун Стамбулга сылдьан илэ бэйэбинэн итэҕэйбитим.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0