Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Хайа баҕарар дойду ааттаах-суоллаах аартыктардаах алаастара, олорор түөлбэлэрэ  кэрэкэ историялаах, таһымныыр дьоннордоох, история кистэммит кэрчигин уйан сытар суоллардаах буолар. Биһиги улууспут кыраайы үөрэтэр Сэһэн Ардьакыап аатынан кыраайы үөрэтэр археологическай түмэлэ эмиэ сылтан сыл күн бүгүнүгэр тиийэ ньиргиччи улуус уонна өрөспүүбүлүкэ түмэллэрин кытта тэҥинэн таһаарыылаахтык үлэлиир.

Хайа баҕарар дойду ааттаах-суоллаах аартыктардаах алаастара, олорор түөлбэлэрэ  кэрэкэ историялаах, таһымныыр дьоннордоох, история кистэммит кэрчигин уйан сытар суоллардаах буолар. Биһиги улууспут кыраайы үөрэтэр Сэһэн Ардьакыап аатынан кыраайы үөрэтэр археологическай түмэлэ эмиэ сылтан сыл күн бүгүнүгэр тиийэ ньиргиччи улуус уонна өрөспүүбүлүкэ түмэллэрин кытта тэҥинэн таһаарыылаахтык үлэлиир.

Түмэл салайааччыта Павел Васильевич Пермяков-Тэлэкэ айанньыт, суруналыыс бу түмэли иилээн салайан үлэлэтэр. Ол кэм иһигэр олус дириҥ суолталаах, кылгас кэм иһигэр элбэх тэрээһин, кэпсэтии ыытылынна. Онтон биир улахан суолталаах тэрээһин Улууспутугар кыраайы үөрэтээччилэри түмэр бөлөх тэриллибитэ бу үтүө хайысха.

     Алтынньы ый 16 к улууспут В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” саалатыгар Саха республикатын археологиятын аҕата, Саха музейыгар уһун сылларга дириэктэринэн, сотруднигынан үлэлээбит Иван Дмитриевич Новгородов -биллиилээх археолог, кыраайы үөрэтээччи, этнограф. Саха АССР уонна РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах эспэдииссийэ үлэтин сырдатыы билиһиннэрии күнэ ыытылынна. Бу тэрээһин бастакы түһүмэҕэр сайыҥҥы Тумул-Мүрү эбэ-Кыыс Хаҥа-Тулуна-Түүлээх  улахан кэрэ алаастарынан айаннар туһунан иһитиннэриилэр уонна “Бороҕон”  диэн улууспут түҥ былыргы аатынан сүрэхтэммит кыраайы үөрэтээччилэр холбоһуктарын тэрийии буолла. Кэлбит дьон  болҕомтотун эсэпэдииссийэ булумньуларын уонна Хомустаах  кыраайы үөрэтээччитэ Попов Иннокентий Афанасьевич түүлээх носорог уҥуоҕун кырамталарын булбутун туһунан быыстапка буолла. Бу хайа баҕарар киһини олус кэрэхсэтэр айаннар туһунан түмэл дириэктэрэ П.В.Пермяков-Тэлэкэ уонна түмэл үлэһитэ А.П.Сивцев бу айан хаамыытын, суолтатын туһунан медиа презентациялаах иһитиннэрии оҥордулар.

   Биир улахан уонна быйылгы сайыҥҥы бастакы айан Бэрт Ууһун нэһилиэгэр баар Майаҕатта Бэрт Хара төрөөбүт алааһыгар Кыыс Хаҥаҕа айан буолбута. Бу айаҥҥа Эдэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара, режиссера тэҥҥэ сылдьыбыттара суолтатын үрдэтэр. Бу айан түмүгүнэн Майаҕатта Бэрт Хара туһунан пьеса суруллан, быйыл туруоруллуохтаах.

    Онтон салгыы улууспут кырдьаҕас кыраайы үөрэтээччитэ, 80 сааһын ааспыт Роман Яковлевич Бережнев Түүлээххэ Новгородов олоро сылдьыбыт дьиэтигэр айаны сырдатта. Улахан этнограф 1888 с. төрөөбүт уонна 1972 с.өлбүт. Кини 30-с сылларга библиотекаҕа үлэлээн испит онтон Е.Ярославскай аатынан музейга үлэлээбит. Иван Дмитриевич сүрэҕин улахан баҕатынан, Саха сирин 17 үйэттэн саҕалаан дириҥник үөрэтэрэ. Ол иһин 1933 сыллаахтан  саҕалаан өлүөр диэри Ярославскай музейыгар элбэх үлэни, айаны ыыппыт киһи буолар. Сэрии ыарахан сылларыгар кини Саха сирин биир соҕотох музейын дириэктэринэн ананан, үгүс научнай ыстатыйалары таһааттаран, кыраайы үөрэтии хайысхатын бастакы олуктарын уурбута.

Оччотооҕуга тэриллибит үгүс улахан айаннартан ааттаталаатахха,Тыгын сиэннэрин уҥуоҕун сирин көрдөөһүнэ, онно 15 араас малы булууулара, Хаҥалас, оччотооҕуга Орджоникидзевскай оройуонугар  үгүс элбэх былыргы пааматынньыктарын булуута, оччолорго барыта 9 киһи уҥуоҕун  булбуттара бэлиэтэнэр. 1938 с. Омуоруйа баай уонна кини кыыһын уҥуоҕун булуулара бэйэтэ ураты сэһэннээх. Чурапчы уонна Мэҥэ Хаҥалас оройуоннарынан айаннарга барыта 20 хаһыыны булбуттара суруллар. Инньэ гынан сэрии иннинээҕи сылларга 1938 с. улахан быыстапка туруораннар, Саха Сирин дьоно-сэргэтэ былыргы 17-18 үйэлэр историяларын билсэр кыахтаммыттара. Бу быыстапкаҕа оччотооҕуга турбут экспонаттар үксүлэрэ олус сэдэх буоланнар, дьон-сэргэ былыргы олох кэмин, таҥаһын-сабын, култуураларын чахчы баарын көрбүттэрэ, сөхпүттэрэ.

Ити курдук улахан археолог олорон ааспыт олоҕун сиригэр Түүлээххэ айан туһунан, бу айаны олохтоох кыраайы үөрэтээччи Роман Бережнев сирдээн, Түүлээх сиригэр болгуо тимир уһаарылла сылдьыбыт чахчы баар сирин, научнай археолог Иван Новгородов дьиэтин-уотун көрөн, билсэн кэлбиттэрэ. Бу үтүөкэн айантан булуллан кэлбит былыргы ат миинэр миҥэтэ, от охсор сиэрпэ, алаадьы астыырга туттуллар тимир,  былыргы суот уо.д.а.маллар туһунан бэрт сэргэхтик кэпсээтэ. Салгыы, быйыл сайын суол оҥоруутугар буор таһа сылдьан, түүлээх носорог кырамталарын ойоҕоһун уонна сототун уҥуоҕун булбут суоппар Попов И.А булумньу туһунан кэпсээтэ.  Кини кыраайы үөрэтээччи ис эйгэтинэн бу хайаан да историяҕа туһааннаах буолуо диэн бу хаһыс үйэтээҕи кыыл буолара биллибэт өлүк уҥуоҕун көстүбүтүн барытын куулга хаалаан  ампаарыгар туруорбут уонна олохтоох түмэл үлэһиттэригэр көрдөрбүт. Инньэ гынан салгыы бу булуллубут кыыл уҥуохтара научнай чинчийиигэ атаарыллан билигин үөрэтиллэ сылдьар.

Тэрээһин иккис чааһыгар бастыҥ краевед аат үрүҥ көмүс бэлиэтэ туттарылынна Р.Я.Бережневка уонна И.А.Поповка, үлэлэспит дьоннору чиэстээн уонна “Бороҕоттор” диэн  улуус кыраайы үөрэтээччитэ диэн анал бэлиэни аҕыс киһи тутта.

 Ити курдук бэйэ олорор нэһилиэгин историятыттан   саҕалаан, дойду киэҥ уораҕайын бары улуустарыгар дьикти кэрэ историялаах, олорон ааспыт үтүөкэн дьоннордоох сир баһаам элбэх буоллаҕа. Биллэн турар ол барыта Сахабыт Сирин историятын кэрчик кистэлэҥин тута сыттаҕа. Ону хас биирдии олохтоох оҕотуттан кырдьаҕаһыттан тутулуга суох, бары кыраайы үөрэтэр, билэ сатыыр соруктаах буоллахпыт. Мантан дойдуга таптал, патриотизм биир сүҥкэн силиһэ үөскүүр. Онон, түмүкпэр этиэм этэ сир-дойду историятын билэн-көрөн, үөрэтэр баҕалаах краевед энтузиаст дьоннорбут, маннык бэйэлэрин санааларын эрэ буолбакка, үптэрин, күннэрин аныыр баҕаларын самнарбакка, болҕомтоҕо ылан кинилэри хас биирдиилэрин өйүүр, харыстыыр суолтата улахан. 

 

Бээрийэ кыыһа ХОТОЙУК АЙГЫЫНА, суруналыыс, суруйааччы,

улуустааҕы “Бороҕоттор” краеведтар, историктар сойуустарын чилиэнэ.

Хаартыскалар ааптар тиксэриитинэн

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением