Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -6 oC

Улуу Кыайыы 70 сылыгар Дьокуускайга «Туймаада саллаата» диэн мемориальнай комплекс тутуллан, киин куораттааҕы холбоһуктаах байаҥкамааттан Аҕа дойдуларын көмүскүү барбыт 20 600 буойун аата үйэтитиллибитэ. Бачча элбэх дьон испииһэгин ирдэһэн, көрдөөн, архыыпка хасыһан буларга улахан хамаанда үлэлээбитэ. Кинилэртэн биирдэстэрэ Дмитрий Апросимов мемориал хайдах оҥоһуллубутун туһунан кэпсээтэ.  

Улуу Кыайыы 70 сылыгар Дьокуускайга «Туймаада саллаата» диэн мемориальнай комплекс тутуллан, киин куораттааҕы холбоһуктаах байаҥкамааттан Аҕа дойдуларын көмүскүү барбыт 20 600 буойун аата үйэтитиллибитэ. Бачча элбэх дьон испииһэгин ирдэһэн, көрдөөн, архыыпка хасыһан буларга улахан хамаанда үлэлээбитэ. Кинилэртэн биирдэстэрэ Дмитрий Апросимов мемориал хайдах оҥоһуллубутун туһунан кэпсээтэ.  

Кини билигин «Билии» Арассыыйатааҕы уопсастыба Саха Сиринээҕи салаатын дириэктэрэ, 2015-2019 сс. «Саллааттар ааттарын төнүннэрэргэ» диэн көрдүүр-ирдэһэр бөлөҕү салайан үлэлэппитэ.

Дмитрий оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн научнай үлэнэн сөбүлээн дьарыктанар, кыраайы үөрэтиигэ, устуоруйаҕа, обществознаниеҕа олимпиадаларга сөбүлээн кыттара. Устудьуоннуур сылларыгар үөрэҕин быыһыгар «Аҕа дойду» гражданскай-патриотическай кулуупка үлэлэһэн, кэлин бэйэтэ онно салайааччы буолбута.

Албан ааттарын үйэтитэргэ

«Дьокуускайга Кыайыы болуоссата тоҕо ити сиргэ турарый? Урут итиннэ причал баар этэ, онтон эдэр уолаттар, ыал аҕалара борохуокка олорсон, Аҕа дойдуларын көмүскүү барбыт сирдэрэ. Ол саҕана патриотическай иитии күүстээх, эдэр оҕолор, устудьуоннар, кырдьаҕастар кытта барбыттара. Түргэнник кыайыахпыт дии санаабыттара сэрии биэс сыл тухары барбыта...

Олохторун, сырдык тыыннарын толук ууран туран биһиэхэ эйэлээх олоҕу бэлэхтээбит эһэлэрбит-хос эһэлэрбит сырдык ааттарын кэнэҕэс көлүөнэ билиэх, ытыктыах, сүгүрүйүөх тустаах. Бу бырайыак ону ситиһэргэ оҥоһуллубута.

Биһиги ол саҕана ХИФУ устуоруйаҕа бакылтыатын устудьуоннара этибит. Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускай куорат баһылыгынан олорор кэмигэр сүбэһитэ Георгий Иванов көрсүһүүгэ ыҥырбыта. Кини Кыайыы 70 сылыгар «Туймаада саллаата» диэн улахан бырайыак тэриллэн эрэрин, мемориальнай киин тутуллуохтааҕын туһунан билиһиннэрбитэ. Ону саҕалыырга биһиги күүс-көмө буоларбытыгар этии киллэрбитэ.

Устудьуоннар буолан, төһө улахан кээмэйдээх үлэ күүтэрин билбэт этибит, сорук турда да, ону толорорго ылсыбыппыт. Бииргэ үөрэнэр оҕолорбун, кулуубум чилиэннэрин холбоон, саллааттар ааттарын көрдөөн буларга бөлөх тэрийдибит. Иккис кууруска архыыпка быраактыкабытын барыахтаах этибит, ону дьүөрэлээн үлэлээбиппит. Биһиэхэ гуманитарнай үнүстүүт үлэһиттэрэ кыттыһан, күүс-көмө буолбуттара. Хас да хайысханан үлэлииргэ сыал-сорук туруоруммуппут.

Байыаннай комиссариакка саллааттар тус дьыалаларын биэрбэтэхтэрэ, оннук докумуон суох да быһыылааҕа, аны хас биирдии киһи тус дьыалата 70 сыл тухары кистэлэҥҥэ тутуллуохтаах. Сэриигэ ыҥырыллыбыт дьон испииһэгин көрбүппүт, онно барыларын ааттара суох этэ, ол иһин нэһилиэнньэни эмиэ кыттыһыннарарга санаммыппыт», — диэн Дмитрий Апросимов кэпсээнин  саҕалыыр.

Сонуннары тарҕатар ситимҥэ Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кыттыылаахтара ханна сэриилэспиттэрин туһунан ахтыыны хомуйалларын туһунан биллэрии таһаарбыттара. Дьокуускай куорат бэтэрээннэрин сүбэтигэр эһэлэрин-хос эһэлэрин туһунан ахтыыны, кини хаартыскатын, байыаннай билиэтин, ыспыраапкатын биирдиилээн дьон аҕалан биэрэллэрэ. Уопсайа тыһыынча кэриҥэ киһи кэлбитэ.

Саллааттар ааттарын хомуйарга араас тэрилтэттэн элбэх киһи мустан, хамаанда буолан, хас да сыллаах сыралаах үлэни ыыппыттара. Суруналыыстартан «Якутск вечерний» хаһыаттан Елена Киселева кыттыспыта, кини ол саҕана «Өлбөт тыыннаах пуолканы» хомуйарга үлэлэспитэ. Дьокуускайга баар казактар пуолкалара буойуннар ааттарын сөргүтэргэ эмиэ көмөлөспүтэ. Анал электроннай пуоста арыйан, дьон аҕаларын, эһэлэрин туһунан ахтыыны, хаартысканы ыытара. Сорохтор киһи дууһатыгар киирэр, хараҕыҥ уутун таһаарар ахтыылары суруйаллара.

фото 4 Туймаада помнит героев

Көрдүүр-чинчийэр үлэ

«Туймаада саллаата» өйдөбүнньүк мемориалга Дьокуускайтан уонна Хаҥалас, Горнай, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Кэбээйи улууһуттан Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ ыҥырыллан барбыт 20 600 саллааттан 900 эрэ буойун биографията көстүбүтэ. Дмитрий Апросимов 2019 с. Дьокуускай куорат буойун бэтэрээннэрин, Сэбиэскэй-японскай сэрии кыттыылаахтарын туһунан саайты оҥорбута, көрдүүр-чинчийэр үлэтин түмүгүн онно таһаарбыта.

Саллааттар испииһэктэрин оҥорорго РФ Оборуонаҕа министиэристибэтин саайтыгар Саха Сириттэн ыҥырыллыбыттары, 12 томнаах өйдөбүнньүк кинигэтин (книга памяти), Байыаннай комиссариат Национальнай архыыбыгар Дьокуускай байаҥкамаатыттан сэриигэ ыҥырыллыбыт дьон түөрт томнаах сурунаалын чинчийбиттэрэ. Ол кинигэлэр сыыппараҕа көһөрүллэ иликтэр, саллааттар биографиялара суох, ханнык хорсун быһыыга наҕараадаламмыттарын эрэ туһунан кылгас иһитиннэрии баар. Биир киһини иккистээн киллэрбэт туһугар испииһэктэрин тутан олорон хат көрөллөрө.

«Туймаада саллаата» өйдөбүнньүк мемориал оҥоһуллубутун кэнниттэн аймахтара биһиги эһэбит-хос эһэбит суох диэн хаста даҕаны кэлэ сылдьан, докумуоннарын аҕалбыттара. Онон Дьокуускай куорат социальнай көмүскэлгэ управлениета кэлин үстэ-түөртэ төхтүрүйэн, саллааттар ааттарын эбэн биэрбитэ.

4 2

Дмитрий Апросимов этэринэн, былыр докумуону толорорго төрөөбүт сылларын тус-туһунан суруйаннар, сорох саллааттар иккилиитэ-үстүүтэ киирэ сыспыт түгэннэрэ эмиэ баар. Сорох 16 саастаах оҕолор сэриигэ бараары 18-таах курдук суруттаран барбыттара. Онон докумуон аайы төрөөбүт сыллара атын-атын.

«Биһиги Дьокуускайдааҕы холбоһуктаах байаҥкамааттан сэриигэ ыҥырыллан барбыт дьону өйдөбүнньүк мемориалга киллэрбиппит. Араас санаалаах дьон баар, сорохтор дьэ, кэлэн өйдөммүккүт дииллэр, биһиги киһибитин киллэрбэтэххит диэн айдаарааччылар, үөҕээччилэр эмиэ бааллар этэ.

Хомойуох иһин, улуустартан ыҥырыллан, Аҕа дойдуларын көмүскүү барбыт дьон ааттара ити мемориалга киирбэтэҕэ. Официальнай дааннайынан, өрөспүүбүлүкэттэн 1941-1945 сс. сэриигэ 62 000 киһи кыттыбыт, онтон «Туймаада саллаатыгар» кыра аҥаара испииһэккэ киирэн, үйэтитиллибитэ. 

1940 с. Дьокуускайтан Ленинградка устудьуоннар үөрэнэ барбыттара, Саха Сирин олохтоохторо эрээри, атын куораттан ыҥырыллан сэриигэ туруммуттара. Онон аймахтара кинилэр ааттарын мемориалга киллэрэргэ туруорсубуттара», — диэн салгыы кэпсиир Дмитрий Апросимов. 

4 6

Мемориалга — куар-код

Оччолорго атын эрэгийиэннэртэн Дьокуускайга үлэлии кэлбит дьон мантан ыҥырыллан сэриигэ барбыттара, ол иһин мемориалга киирбиттэр эрээри, аймахтарын кытта сибээс суох буолан, биографиялара суруллубакка хаалбыт.

«Туймаада саллаата» тутуллубутун кэннэ махтанар дьон эмиэ бааллар, онно хас даҕаны испииһэк оҥоһуллан киирбитэ. Сорохтор саҕаланыаҕыттан көрө сатаан баран эһэлэрин булбаттар. Ыксалга буойуннары барыларын биир испииһэккэ холбооботохторо, онон хас биирдии стелланы кэрийэ сылдьан испииһэги сыныйан көрүөххэ наада.

фото 4 1

«Бырайыакка кыттыгастаах буолан, сылын аайы Кыайыы күнүгэр онно тиийэн, эһэм аатын көрөбүн, кэргэним эһэтин аата эмиэ баар, ыраах аймахтарбыт даҕаны үйэтитиллибиттэрэ. Санаабар мемориал кэннигэр саалаах саллааттар турар курдуктар, хас биирдии аат — буойун эйэлээх олоҕу уһансыбыт кылаата, олоҕун толук уурбут хорсун быһыыта. Оттон ааһан иһэр дьоҥҥо билиитэҕэ көннөрү дьон аата эрэ буолуон сөп, сорохтор эһэлэрин буллахтарына үөрэллэр, сибэкки дьөрбөтүн уураллар», — диэн этэр сэһэргэһээччим.

Быйыл оскуолаларга Кыайыы истиэнэтин оҥорон саҕалаатылар, оҕолор хос эһэлэрэ ханна сэриилэспитин, туох наҕараадалааҕын хомуйаллара биһирэбиллээх. Оттон «Ил Түмэн» издательскай дьиэ «Саха Сирэ умнубат» диэн бырайыагы Кыайыы 75 сылыгар таһаарбыта, ону эмиэ салгыы үлэлэтэр. Саайтка Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кыттыылаахтарын, ону таһынан, Афганистан, онтон да атын Анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин туһунан электроннай кинигэ таҥыллар.

Кыайыы 80 сылыгар Кыайыы болуоссатыгар баар барельефка Сэбиэскэй Сойуус дьоруойдарыгар, «Туймаада саллаата» өйдөбүнньүк мемориалга баар буойуннар испииһэктэригэр куар-коду оҥорон, биографияларын, хаартыскаларын булан угарга үлэ саҕаланна. Бу үлэни саҕалыырбытыгар буойуннар испииһэктэрин, дааннайдарын буларбытыгар күүс-көмө буолбут Дмитрий Апросимовка, Дьокуускай куорат социальнай көмүскэлгэ управлениетыгар, Гуманитарнай чинчийии үнүстүүтүн үлэһитигэр Марианна Грязнухинаҕа махталбытын биллэрэбит.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар патриотическай аахсыйаҕа эһиги эмиэ кыттыһан, «Якутия помнит Саха Сирэ умнубат» саайтка киирэн https://www.yakutia-pomnit.ru/dobavit-geroya бэйэҕит дьоруойгут туһунан ахтыыны, кини хаартыскатын угуоххутун сөп.

Ааптара хаартыскаҕа түһэриилэрэ. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением