Өр кэмнэртэн күн бүгүнүгэр диэри бар дьон өйдөбүлүгэр хаалбыт, бэйэлэрин олохторунан-дьаһахтарынан, үтүө майгыларынан, үлэлэринэн-хамнастарынан, үтүө ааттара бар дьоҥҥо ааттанар, норуокка номоххо киирбит олоҕу олорбут, бастыҥ дьоммут туһунан суруйуулар кэлиҥҥи кэмҥэ элбэхтик тахсар буоллулар.
Ол курдук, соторутааҕыта эмиэ биир баай ис хоһоонноох олохтоох, үлэлээх-хамнастаах уонна күүстээҕинэн биллибит Дмитрий Прокопьевич Бугаев (Күүстээх Миитээски) туһунан кинигэ күн сирин көрдө.
Бугаев Дмитрий Прокопьевич (1902-1985) 1902 сыллаахха Мэлдьэхси нэһилиэгэр Хорообукка төрөөбүт. Холкуостаах.
Сэрии иннинэ сайын от охсуутугар, саас-күһүн мас кэрдиитигэр, кыһын уонунан көлөнөн от тиэйэн холкуос бастыҥ үлэһитинэн биллэр. Кыайыгас, күүстээх санаалаах буолан 12 сыл устата Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыта.
1943 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитигэр аармыйаҕа ыҥырыллан, Забайкальскай байыаннай уокурук аты көрөр 20-с нүөмэрдээх депотугар сулууспалаан баран, 1945 сыллаахха Кыайыы буолан дойдутугар төннүбүтэ.
Сэрии кэнниттэн дойдутугар кэлэн эйэлээх олоҕу уһансыбыта, олоҕун оҥостубута, кэннигэр кэнчээри ыччаттарын хаалларбыт дьоллоох. Колхуоска, кэлин сопхуоска туох баар күүһүн-күдэҕин, үлэҕэ сатабылын, билиитин ууран 80 сааьыгар диэри тура үлэлээбитэ.
“Японияны кыайыы иһин», «Германияны кыайыы иһин», «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Кинигэҕэ Күүстээх Миитээски туһунан элбэх кинигэ, хаһыат матырыйааллара, биирдиилээн кинини кытта алтыспыт, бииргэ үлэлээбит-хамсаабыт дьон ахтыылара киирдилэр.
Ити матырыйааллартан уонна ахтыылартан сорох түгэннэри быһа тардан сырдатан ааһыахпыт.
Ааллаах Үүҥҥэ
«… Бүгүн Миитээскини бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ ыҥыртарда. Миитээски тыаттан мас кэрдэн киирэн баран, күнүскү чэйин иһээт, холкуос кэнсэлээрийэтигэр барда. «Туохха ыҥыттардахтарай?,- диэн саныы-саныы, кэнсэлээрийэ дьиэ аанын тэлэйэ баттаата. Кэнсэлээрийэҕэ кини кэннэ Егор Санников уонна Прокопий Бугаев ыҥырыллан кэлэн олороллор эбит.
– Дьэ, доҕоттоор, эһигини биир олус улахан суолталаах дьыалаҕа ыҥыттардым,- дии тоһуйда бэрэссэдээтэл.
– Саха сиригэр кыһыл көмүс промышленноһа үөскээбитин туһунан, бука, истибиккит буолуо... – Истэн, - дэһэллэр уолаттар.
– Саха сирин бырабыыталыстыбата ол саҥа үөскээбит бириискэлэр үлэһиттэрин аһынан-үөлүнэн хааччыйар соругу туруорда. Биһиги холкуоспутугар сыыппара кэллэ... Уон икки көлөнөн Ааллаахха таһаҕас түһэриэхтээхпит. Сындалҕаннаах уһун айан буолуо. Суола-ииһэ даҕаны улахан эрэйдээх үһү. Мантан ый аҥарынан айаннаан тиийиллиэхтээх, онон ити айаҥҥа дьон киэнэ чулуута, айаны-сырыыны кыайар өттө барыахтаах үһү. Дьэ итигирдик. Оттон эһигини ыраах айаҥҥа барар кыахтаах, күөгэйэр күннэригэр сылдьар дьонунан ааҕабыт. Айаҥҥа барыаххытын баҕараҕыт дуо?
– Оттон наада буоллаҕына, барабыт,- дэһэ түһэллэр уолаттар.
- Чэ, сөп, үчүгэй. Оччоҕо күн сарсыҥҥаттан айаҥҥа барарга бэлэмнэниҥ. Таҥаскытын-сапкытын тэриниҥ,- диир бэрэссэдээтэл.
– Атах таҥаһын кытаатан үчүгэйдик хааччыныҥ. Ууну, тааҥы кэһэр уһун остоох этэрбэстэ тиктэриҥ. Айаҥҥа аһыыр аһылыккытын холкуос толору хааччыйыаҕа. Көлө сэбин-сэбиргэлин эмиэ тэрийиэхпит.
– Оччо усулуобуйаны тэрийэр буолбуккут кэннэ туох диэн аккаастаныллыай! Мин бэйэм чааһым барабын,- дии түһэр Миитээски.
– Дьэ көр, ити киһи тыла! Эйигин мин истиэнэ курдук эрэнэбин, - бэрэссэдээтэл үөрэ түһэр.
... Эдэр айанньыттар күүтүүлээх күннэрэ дьэ үүнэр. Кинилэр уон икки көлөнөн айаҥҥа хоҥноллор. – Этэҥҥэ сылдьан кэлиҥ, - дэ7э хаалаллар аймах-билэ дьоно. Айанньыттар, биирдии көлө баһыгар сүүрбэ биэстии буут эти тиэйэн бараннар, Чурапчынан, Тааттанан, Сиэллээҕинэн – халыҥ систэринэн, хараҥа түбэлэринэн – үрэх баһа сирдэринэн симиэбийэлэргэ аһыы-аһыы, бэрт кыратык нухарыйан ыла-ыла, күнүстэри-түүннэри айанныыллар.
... Айанньыттар үһүөн төһө да сүһүөхтэрин үрдүгэр, күөгэйэр күннэригэр сырытталлар, урут ыраах айаҥҥа сылдьа илик буоланнар, аанньа утуйбакка айанныылларын кэнникинэн ыарырҕатан бардылар. Ордук түүҥҥү өттүгэр дьуһуурунайдаабыт киһи утуктаан иэдэйэр. Сыарҕаҕа олорон утуйуон тымныыта бэрт, итиэннэ көлөтүн да аһынар. Ыран, сылайан иһэр ат эрэйдээх сыарҕатыгар кыра да таһаҕас эбиллэрин эндэппэт: ыарырҕатар, мэктиэтигэр ынчыктыы-ынчыктыы үнүөхтүүргэ дылы гынар. Ол иһин түүн утуйбатах киһи да атыттары кытары тэҥҥэ сыарҕа кэнниттэн хаамсарыгар тиийэр.
... Миитээскилээх ахсаана биллибэт элбэх түһүүлэри-тахсыылары, халыҥ систэри, кыһыннары тоҥмокко сүүрдэн сыккырыы сытар үрэхтэри, халыҥ хаардаах толооннору, сороҕор үрдэ үүт-тураан гынан баран, хаарын аннынан киһини тобугунан охсор, сыарҕаны таһыйар тааҥнаах, сөҥүдүһэ дьиппиэрбит сүдү күөллэри нөҥүөлээннэр, ый аҥарынан Ааллаах бириискэтигэр этэҥҥэ тиийэн кэллилэр. Аҕалбыт эттэрин бириискэ эргиэнин үлэһиттэрэ үөрүүнү кытары туттулар.
– Дьэ, маладьыастар, бэртээхэй эмис эти аҕалбыккыт. Ыйааһына грамм да көҕүрээбэтэх. Бириискэ үлэһиттэрин ааттарыттан эһиэхэ улахыын-улахан махтал! – дэһэллэр эргиэн үлэһиттэрэ.
... Үлэһиттэр Саха сиригэр үөскээбит кыһыл көмүс промышленноһын кэскилин, кыһыл көмүс дойду олоҕор улахан суолтатын туһунан кэпсииллэр. Айанньыт холкуостаахтар итинник элбэх кэпсэтии түмүгэр кинилэр хайдах курдук улахан суолталаах сорудаҕы толоро бачча ыраах, үрэх баһа дойдуга айаннаан кэлбиттэрин өйдүүллэр. Миитээски, ити айан суолтатын туһунан урут төһө да иһиттэр, билигин ону өйүгэр өссө кытаанахтык хатаата. Ити кэнниттэн Миитээски айаҥҥа сыл аайы сылдьара. Сорох сылларга кыһыҥҥа иккилиитэ, сыл аайы уопутуран, айан араас кытаанахтарыттан чаҕыйбат буолбута.
– Миитээскини кытары үөрүүнэн барсабыт,- дииллэрэ айаҥҥа урут сылдьа илик эдэр уолаттар. Кырдьык, Миитээски бэйэтин үтүө холобуругар элбэх эдэр дьону үөрэппитэ. Аты түргэнник көлүйэргэ-сыбыдахтыырга, утуйар ууну кыанарга, суол араас күүтүллүбэтэх моһоллорун туоруурга, тиһэҕэр ханнык да ыарахан түгэннэргэ санааны түһэрбэккэ, бэйэни куруутун хорсуннук туттарга – бэрт элбэххэ үөрэммиттэрэ. Кыһыҥҥы чымаан тымныыларга ыйы-ыйынан ыраах айаҥҥа араас быһылааннар ханна барыахтарай? Олортон биһиги биир эрэ түгэни ылыаҕыҥ.
1947 сыл. Тохсунньу томороон тымныыта түһэн турар кэмэ. Миитээскилээх эмиэ үһүө буолан, уон икки атынан Ааллаахха эт тиэйэн, айаннаан иһэллэр. Кинилэр таһаҕастарын тугу да энчирэппэккэ, аналлаах сиригэр кэмигэр тиэрдэ охсорго санана, эмиэ симиэбийэлэргэ кыратык тохтоон ыла-ыла, күнүстэри-түүннэри харбыалаһан иһэллэр. Миитээски билигин уруккута буолбатах, биэс уончатын чугаһаппыт аҕамсыйбыт киһи. Онон бэйэтин аргыстарын, эдэр дьону, аҕа киһи хараҕынан көрөр, күннэтэ үөрэтэ-такайа сылдьар. Оттон эдэр айанньыттар айаны-сырыыны сылдьыбыт аҕам киһини ытыктыыллар. Айанньыттар Муус Күөл уонна Суордаах симиэбийэлэрин икки ардыгар өрүүтүн тааҥныыр сиргэ тиийэн кэлэллэр. Миитээски көлөлөр иннилэригэр киирэн турунан кэбиһэр.
– Дьэ, нохолор, этэрбэстэргитин үөһэ тардыныҥ. Тааҥнаах сиргэ кэллибит, аттаргытын сэрэнэн, мин көлөлөрүм кэнниттэн хаамтарыҥ, - диир дьонугар.
Айанньыттар киэһээҥҥи барык-сарыкка хаамтарбахтаан иһэн көрбүттэрэ – иннилэригэр таһаҕастаах көлөлөр тураллар, дьоннор адаарыҥнаһаллар.
– Доҕоттоор, абырааҥ! Ууга түстүбүт!Күн-ый буолуҥ! – диэн хаһыытаһаллар били дьон. Миитээскилээх быһылааннаах сири тэйиччинэн эргийэ көтөн ааһа охсоот, тохтууллар.
– Чэ, эһиги үөрүйэҕэ суох дьон онно барымаҥ, бостуой ууга сытыйыаххыт, бэйэм баран көмөлөһөн көрүүм. Көлөлөрө да аҕыйах эбит, - диэт, Миитээски быһылаан буолбут сиригэр ыстанар. Таһаҕастаах сэттэ көлө сыарҕаларын таһыйар ууга түһэн тураллар эбит. Иччилэрэ – иккиэйэх киһи – тугу да гынар кыахтара суох, уолуйан, көлөлөрүн тула көтө сылдьаллар. Сыарҕалар аайы үстүү бууттаах бурдуктаах кууллар көстөллөр. Боккуоптара суох аттар, мууска халтарыйан, сыарҕаларын сыҕарытар кыахтара эстэн, төбөлөрүн умса туттан тураахтыыллар. Миитээски уһун остоох этэрбэһинэн тааҥ уутун киллиргэччи кэһэн киирэн, бурдуктаах кууллары, кыбына-кыбына тааҥа суох сиргэ таһааран быраҕаттыыр. Кэнникинэн ыксаан, иккилии куулу кыбынаталыыр... Сыарҕа аайыттан элбэх таһаҕаһы көҕүрэтэр. Онтон бастакы көлөҕө көмөлөһөн, сыарҕаны сыҥааҕыттан ылан оннуттан хамсатар. Өйдөөх ат барахсан, сыарҕата чэпчээбитин билэн, халтарыйа-халтарыйа иннин диэки дьүккүйэр. Ат сыарҕатын тааҥтан соһон таһаарар. Миитээски ити курдук ууга хам тоҥо сыспыт таһаҕастаах көлөлөрү барыларын тааҥтан этэҥҥэ таһаартыыр.
– Дьэ, үтүө киһи, биһиэхэ күн-ый буоллуҥ. Биһиги Дьокуускай аттыгар олохтоох Хатастарбыт, Каландаришвили аатынан холкуос дьонобут. Эн кимҥиний? Эйиэхэ киһилии улахан махтал! – дэһэллэр быһылаантан быыһаммыт дьон.
– Айанньыттар ойуур саҕатыгар тахсан, улахан кутаа оттон муус-кыаьаан буолбут таҥастарын уларытыналлар. Чэй оргутан иһэ-иһэ, күө-дьаа кэпсэтэллэр. Ити быһылаан кэнниттэн эһиилигэр Миитээски Хатаска били алдьархайтан быыһаабыт доҕотторугар күүлэйдии барбыта. Анараа дьоно кинини үөрэ көрсүбүттэрэ. Дьиэтигэр төннөрүгэр Миитээскини сахалыы үгүөрү соҕус кэһиилээн атаарбыттара.
– Үтүө санаалаах доҕорбут, эн үтүөҕүн биһиги тыыннаахпыт тухары умнуохпут суоҕа, - дэспиттэрэ. – Дьоллоохтук олор, ыччатыҥ дьон буоллун!
Дмитрий Бугаев ыраах айаҥҥа хорсуннук сылдьыбыт кэмиттэн, ордук быһылааҥҥа түбэспит айанньыттары быыһыаҕыттан ыла Күүстээх Миитээски диэн аатырбыта. Кинини дьон-сэргэ ытыктыыра улааппыта.
Семен Никифоров. Хотугу сулус. – 1974. - №4.
Икки күүстээҕинэн ааттаабыттара
Бугаевтар аҕа уустара Хорообукка, Төхтүргэ тарҕанан олороллор. Бу Бугаевтартан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит Миитээски буолар. Кини эдэр сылдьан күүһүн-күдэҕин бар дьонугар биллэртээбит. Ону маннык түгэннэр туоһулууллар.
Маҥнайгы түбэлтэ чээл күөх сайын буолбут. Түгэҕэ көстүбэт күөх халлаантан күн барахсан уотун харыстаабакка күлүмнэппит. Көтөр-сүүрэр, от-мас өрөгөйдөөн, үүнэ-сэргэхсийэ турар кэмэ. Алаастарга, толооннорго араҥас өҥнөөх чэчир ситэри сиппит. Олус диэн үтүө күннэр үүммүттэр... Дьэ бу бириэмэҕэ бар дьон эмиэ мунньустан, көрү-нары көҕүлүттэн тутар бэлиэ күнэ – ыһыах буолбут. Онно турар-турбат барыта кыттыбыт, сылдьыбыт. Миитээски дьиэ кэргэнин кытта тэлиэгэлээх акка олорон, ыһыах буолар сиригэр кэлбиттэр, билэр ыалларыгар, ырааҕынан урууларыгар түспүттэр. Аһаан-сиэн баран ыһыах буолар түһүлгэтигэр тиийбиттэр. Дьон бөҕө чугастааҕы нэһилиэктэртэн, холкуостартан кэлитэлээбиттэр... Дьон сэргэхсийбитэ сүрдээх, бары баар-суох таҥастарын кэтэн киэргэммиттэр. Миитин оҥорбуттар, бастыҥ үлэлээх-хамнастаах холкуостарга бириэмийэ биэрбиттэр, уруй-айхал тылларын эппиттэр. Ол кэнниттэн түһүлгэни тула олорон, эмис эти кытта арыылаах кымыһы испиттэр. Дьон астына-дуоһуйа сэьэргэспит. Аһааһын кэнниттэн дьэ күүтүүлээх илии-атах оонньуута саҕаламмыт. Эдэр уолаттар бу оонньууга кыттыбыттар: ким быһыйа, күүстээҕэ арыллан тахсыбыт. Миитээски үөлээннээхтэрин кытта сэһэргэһэ олордоҕуна, холкуоһун бэрэссэдээтэлэ тиийэн кэлбит уонна: “Доҕоччуок, эйигин доҕотторуҥ олус күүстээх, кыанар киһинэн ааҕаллар, онон бар дьоҥҥор оонньоон көрдөр”, - дии-дии аттыларыгар кэлэн, олорунан кэбиспит. Холкуостаахтар, ол иһигэр Миитээски бэрэссэдээтэллэрин олус ытыктыыллара, тылын быһа гымматтара үһү. Миитээски сир диэки көрөн олорон: “Суох, олус мөлтөх киһибин, ити күлэн этэллэрэ буолуо”, - диэн баран, уҥа-хаҥас диэки көрүтэлээбит. Онуоха доҕотторо, аймахтара бары хаайан барбыттар. Миитээскини уҥа-хаҥас хамсаппат дьон буолан биэрбиттэр.
– Чэ, сөп. Оччотугар мин түһүлгэҕэ тиэрэ түһэн сытыам. Илиибиттэн өрө тардан таһаарбыт киһи кыайыылаах буолар, -диэбит.
Дьиибэ күрэхтэһии буолаары гыммытыттан бэрэссэдээтэл олус үөрбүт-көппүт. Түһүлгэ ортотугар киирэн туран, өссө биир саҥа күрэхтэһии ыытылларын туһунан ыһыах дьонугар быһаарбыт. Алта-сэттэ саамай кыанар дьон кытталларыгар эппит.
Бар дьон суугунаьа түспүттэр. «Ол кими өрө тардан туруорабыт?»- диэн ыйыппыттар. – Бугаев Дмитрий сытыаҕа, - диэн буолбут. Миитээскини көрбөтөх, билбэтэх киһи диэн суоҕа. Миитээски уҥуоҕунан кыра, ол эрээри толору эттээх-сииннээх, олус сэмэй киһинэн биллэрэ. Онон кинини, бука, өрө тардыахпытын сөп диэччилэр үгүс эбиттэр. Хамыыһыйа бэрэссэдээтэлигэр (ыһыаҕы салайан ыытар киһиэхэ) тылланааччы олус элбэх буолбут. Онон сүбэлэһэн баран, үс саамай күүстээх дьону талбыттар. Остуол ньуурун курдук көнө кырдалга Миитээски киирэн тиэрэ сытынан кэбиспит уонна икки илиитин өрө уунан, тардар киһиэхэ бэрт модьу, улахан лаппаакыларын туттаран кэбиспит. Илии тутуһааччылар илиилэрин ытарча курдук күүскэ тутуспуттар. Бу киһи тимир курдук тутуулааҕын билэн, маҥнай санаммыттарын курдук дьыала буолбатын сэрэйбиттэр. Икки-үс төгүл төхтүрүйэн көрбүттэр да, киһилэрэ хамсаан да көрбөтөх. Икки-хас киһи холонон көрбүт да, Миитээскини өрө көтөхпөтөхтөр. Дьэ онтон ыла Миитээскигэ Иккис Күүстээх диэн ааты иҥэрбиттэр.
Густав Сосин. “Дьиктилээхтэр, дьиибэлээхтэр» кинигэтиттэн быһа тардыы. «Бичик» кинигэ кыһатыгар
2015 с. бэчээттэнэн тахсыбыта.
Кыахтаах кыахтаахтык үлэлиирэ
Мин Дьаҥхаады нэһилиэгэр Үнүгэтти алааһыгар төрөөбүт сэттэ уон аҕыс саастаах Максимов Михаил Васильевич Күүстээх Миитээски туһунан сорох түбэлтэлэргэ боруобалаабыппын ахтан ааһабын. Биһиги биир дэриэбинэҕэ олорбуппут. Кини кырдьар сааһыгар бииргэ Эһэлээх арыытыгар оттуурбут. Кини оттуур сиригэр кэлэ-бара таарыйан, оҕонньорбун кытта кэпсэтэн ааһарым. Убаастыыр, ытыктыыр сүдү киһинэн ааҕабын. Ол иһин буолуо, от охсорун, ордук хотуурун таптайарын көрөн сөҕөрүм. Бытык хорунар бириитибэ курдук таптайара, тыҥыраххынан тыыттаххына имиллэҥнии-хомуллаҥныы сылдьара, оннук таптайара. Көҥүллэтэн от оҕустахпына: “Тукаам биитин сэрэн”, - диирэ. Онтон бэйэтэ оҕустаҕына буора эрэ хаалара. Суола киэҥин, ырааһын дьиибэргиирим. Киниттэн үөрэммитим хотуур таптайарга, этэр этэ: “Биир тэҥник өтүйэҕинэн оҕус, оччоҕо бэйэтэ тэнийиэ». Күнүс оҕонньорум баара буолуо, таарыйан барыахха дии санаан сылдьыбытым. Күнүскү омурҕаныгар аһыы олороро. Ырбаахытын устан сыгынньаҕын күн уотугар хонууга олордоҕуна Миитээскиттэн туох сонуннааҕын ыйытар киһи буоллум. Оҕонньорум соһуйан: “Туох диигин? - диэн эмискэ эргиллибитигэр өйдөөн көрбүтүм, моонньун, лаппаахытын былчыҥнара күүрэн эриэн үөн курдук мөхсө түстүлэр. Көннөрү көнөтүк олордоҕуна туга да биллибэт этэ.
... Эһэлээх арыыга икки звено оттообут отторун мээрэйдээн бүтэн дьиэбэр баран иһэн сибиинньэ өлөрсөр киһи буоллум. Кыстаабыт улахан эмис сибиинньэ. Уйатыгар киирэн сибиинньэтин миинэн кэбистэ. Мөхсөөрү гыммытын кыпчыйан, төҥкөйөн атаҕын көтөҕөн баран быһаҕынан анньан өлөрөн кэбистэ. Сибиинньэ хаһыытаабыта да, мөхсүбэтэҕэ. Мин көрөөччү эрэ быһыытынан турдум, көмөлөспөтүм. Сибиинньэни маннык кэбирэхтик өлөрүөххэ сөп эбит дии санаатым. Кэнники өйдөөбүтүм бу ньыманы күүстээх, сэниэлээх киһи туһанар эбит. Маны тоҕо кэпсээтиҥ диэтэххитинэ, Күүстээх Миитээскини үтүктэн сибиинньэттэн бырахтарбытым...
...Төхтүргэ аллараа интэринээт дьиэ таһыгар саҥа физзал дьиэтэ тутуллубута. Онно гиирэ уонна ыстаанга көтөҕүүгэ оройуон күрэхтэһиитэ буолбута. Араас нэһилиэктэн кэлэн күрэхтэспиттэрэ, Күнүс этэ. Күүстээх Миитээски киирэн толору таҥыллан турар сүүс биэс уон киилэ ыйааьыннаах ыстаанганы аҥаар илиитинэн чэпчэки баҕайытык үөһэ биир миэтэрэ курдук көтөҕөн эргитэн-урбатан баран ууран кэбистэ уонна саҥа аллайбыта: “Син аныгы оҕолор тос курдугу көтөҕөллөр эбит»,- диэн сөхпүтэ. Аргыый аҕайдык хааман тахсан барбыта. Билбэт дьоннор: “Ити кимий, ханнык оҕонньоруй?” – соһуйан ыйыппыттар. Онуоха олохтоохтор: “Ити Күүстээх Миитээски сылдьар», - дэспиттэр. Талах кырбатыыга Күүстээх Миитээски общественнай үлэлэргэ, субуотунньуктарга туһааннаах үлэтин таһынан көмөлөһөн үлэлиирэ.Хас да күн үлэлээн Күүстээх Миитээски субуотунньукка кыттыбыта. Тиэллэн кэлбит талах иилсэн хаалбыт, ыларга эрэйдээх этэ. Онон кырбатар нуормабытын күн аайы толорорбутугар ыарахаттардаах. Дьэ, ону Күүстээх Миитээски субуйа тардан ылара, испиискэ маһын курдук сааһылаан испитин ылан кырбатарга түргэн этэ. Сарсыҥҥы үлэлиир нуормабытын бэлэмниирэ. Кини барбытын кэннэ биир үлэһити туппутум да, улаханнык ыарырҕатан үлэлиирэ, бытааннык бэлэмниирэ.
...Сопхуос пиларааматыгар эмиэ субуотунньук буолбута. Мин ыстаарсайынан ананан мас эрбэппиппит. Дьоммут эбиэттии барбыттара.
– Тукаам, ити ыһылла сытар мастары чугаһатан, таһан кэбиһиэх. Мин дьиэбэр эрдэ барыам, үлэлээхпин,- диэбитин ылынан уонтан тахса бэрэбинэни таһан чөмөхтөөн сааһылаабыппыт. Оҕонньорум: “Эдэр киһи суон өттүн ылан көтөх, мин кырдьаҕас киһи синньигэс өттүн ылабын»,- диэт маспын көмөлөөн санныбар уран биэрбитэ уонна синньигэс өттүн сүгэн бастаан барбыта. Пилараамаҕа тиийэргэ өрө тахсыылаах, ону туһанан кистээбэккэ эттэххэ маспын ыарырҕатан байааттаҥныы сылдьан, киһи да күлэр, оҕонньорбун дьээбэлиир санааттан өрө тахсыыга турунан кэбиспитим. Киһим дьүккүк гынан иннин диэки хаампыта. Онтон олох өсөһөн тиэрэ түстүм, иккиһин соспута да хамсаабатаҕым. Оҕонньорум кыыһырбыта быһыылааҕа, эмискэ тардыбытыгар соһуллан баран испитим. Маһын түһэрэн баран ыйыппыта.
- Тукаам, кырдьаҕас киһини боруобалыыгын дуо?
– Суох, боруобалаабаппын. Кыайбакка сүһүөхпүн була сатаабытым, - диэн куотуммутум.
– Ээ, оннук дуу? Эдэр дьон мөлтөххүт да быһыылаах,- диэх курдук этэн аһарбыта.
Онтон ыла суон өттүн кыбынан бэйэтэ ылара, синньигэс өттүн мин көтөҕөн санныбар ууран илдьэрим. Ол курдук маспытын чөмөхтөөн кэбиспиппит. Бэрэбинэбит быһар төбөтө 16-18 см., төрдө суон этэ, 7 метр усталаах инчэҕэй мас. Оҕонньорум сүбэлээн эппитэ:”Киһини сэнээбэт буол. Араас дьон баар буолар, күүһэ суох да буоллаҕына тылынан быһа этэн кэбиһиэ”,- диэн күлэн кэбиспитэ. Тардыаласпыппын сэрэйбитэ быһыылааҕа. Кырдьар сааһыгар Күүстээх Миитээски сопхуоска үлэлиирин көрөр этим. Алаастары, бааһыналары төгүрүччү күрүөлээһин курдук үлэ баара. Кини хаһан да тыаттан кэрдиллибит остуолба уонна сиэрдийэ маһын сыарҕалаах оҕуһунан тиэйэн таспат этэ. Алаас, бааһына тула кэрдэн бэлэмниирэ, сүгэн-соһон аҕалар буолара. “Киэҥ иэйэ» диэн алааһы соҕотоҕун эргиччи күрүөлээн бүтэрэн эрэрэ. Үлэлии сылдьарыгар түбэһэн көрбүтүм, ыарырҕатан төттөрү бырахпытым. Кыахтаах кыахтаахтык үлэлиирин билбитим. Жирков Константин Михайлович сөҕөн кэпсээбитин кэпсиим. Наҕыл Байбал икки буочука холбуу сыбааркаламмыт уу баһар буочукалаах этэ. Сыарҕалаах оҕус ону соһор, биирдиитэ сүүс аҕыс уон киилэ ыйааһыннаах буочукалар этилэр. Күүстээх Миитээски интэринээт дьиэтигэр оччолорго оҕуһунан уу баһааччынан үлэлиирэ. Биирдэ сыарҕалаах оҕуһунан уу баһан кэлбитигэр, Жирков Константин Михайлович эппит:”Оҕонньоор, уһааттаах уугун сыарҕаттан босхолуур үһүгүн! Сыарҕалаах оҕускун билигин илдьэ бараллар, ыксыыллар”. Көстөкүүн сорудахтарын этээт, интэринээт дьиэтигэр киирэн түннүгүнэн элбэх оҕолору кытта саһан көрөн турбуттар. Оҕонньор иннин-кэннин көрүнээт, ким да суох , көрбөт эбит дии санаан, толору уулаах уһааты икки илиитинэн кэдэрги тутан баран тобугар да өйөөбөккө көтөҕөн, эргитэн аҕалан сиргэ ууран кэбиспит уонна сис туттан аргыый аҕай дьиэтин диэки бара турбут.
Михаил Васильевич Максимов. Кэпсээннэр, ахтыылар, хоһооннор.- Дьокуускай, 2018. 12-19 с.
Күүстээх Миитээски аатын үйэтитии
Бугаев Дмитрий Прокопьевич (Күүстээх Миитээски) 120 сааһын туоларыгар 2022 сыллаахха төрөөбүт-үөскээбит, улааппыт дойдутугар Хорообукка улуус үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар уолаттарга сахалыы многоборьеҕа күрэхтэһии балаһыанньатын биир сүбэнэн торумнаан, аймахтар бары тэрийэн, бэрт тэрээһиннээхтик, интэриэһинэйдик ыытан, олохтоохтор да, кыттааччы ыалдьыттар да, астынан саҥа ааттар арыллан барбыттара. Күрэхтэһии сүрүн сыала-соруга – эдэр уолаттары сахалыы многоборьеҕа интириэһиргэтии, биирдиилээн көруҥнэргэ чулуулары талыы, патриотическай тыыҥҥа иитии буолар. Маннык тэрээһиннэр урукку кэмҥэ улууска соччо ыытыллыбатах буолан саҥа саҕалааһыннар диэтэххэ сыыстарбатым буолуо. Ол кэннэ улууска сахалыы многоборье федерацията тэриллэн үлэтин саҕалаабыта. Балаһыанньа быһыытынан улуус оскуолаларыттан биирдии 10-с кылааска үөрэнэр уол кыттыбыта. Уопсайа 25 эдэр уолаттар кыттан илин-кэлин түсүһэн кыайыылаахтар быьаарыллыбыттара. Ол кыттыбыт уолаттартан билигин Дыгын оонньууларыгар путевка былдьаһар күрэхтэһиитигэр ситиһиилээхтик кыттыбыт, Павловскайтан төрүттээх эдэр кэскиллээх мадьыны Арсен Федоров буолар.
2023 сылга аймахтар уопсай сүбэнэн Миитээски олохсуйбут сиригэр, Дьаҥхаады нэһилиэгэр, Төхтүргэ буолан ааспыта. Балаһыанньаны ситэрэн-хоторон сөптөөх гына аттаран ыыппыппыт. Күрэхтэһии көрүҥнэриттэн биирдэстэринэн буолар Күүстээх Миитээски Ааллаах - Үүҥҥэ айанньыт буолан сылдьыбытын бэлиэтээн, бэрэмэдэйдээх сүүрүү буолар. Бу көрүҥ интэриэһэ диэн оҕолор икки ардыларыгар ыарахан тааһы көтөҕөр оннугар, кууллаах малы сүгэн баран сүүрүү буолар уонна гимнастическай ат үрдүгэр аҕалан ындыылааһын буолар. Бугаев Дмитрий Прокопьевич аймахтара, эдэр ыччаттара кэнэҕэски да бу күрэхтэһиини төгүрүк дааталарга ыыталларыгар баҕарабын. Ааллаах-Үүҥҥэ айанньыттар тустарынан оҕолорго араас хайысхалаах тэрээһиннэри ыытар наадалаах уонна кэскиллээх дии саныыбын.
Николай Николаевич Бугаев. “Дьаҥхаады дьоно» серия.
Бугаев Дмитрий Прокопьевич. Дьокуускай.
ХИФУ кинигэтин кыһата, 2024.
Бугаев Дмитрий Прокопьевич (Күүстээх Миитээски) туһунан кинигэ сүрэхтэниитэ олорбут сиригэр Дьаҥхаады нэһилиэгин Төхтүр бөһүөлэгэр культура киинигэр оҕолоро, сиэттэрэ, аймахтара, алтыспыт дьоно Дьокуускайтан, Хорообуттан, Майаттан, Төхтүртэн, Аллараа Бэстээхтэн кэлэн олус истиҥ-иһирэх, аһаҕас, дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтиилээх, санаалардаах тэриллэн ааста.
Бу кинигэ, туох ханнык иннинэ, эдэр көлүөнэҕэ анаан таһаарылынна. Онуоха урукку атын укулааттаах, кэккэ ыарахаттардаах, уустуктардаах кэмҥэ таһаарыылаахтык олорон, үлэлээн-хамсаан ааспыт биир дойдулаахтарын олохторун чаҕылхай холобура ыйынньык сулус буолан инники кэлэр олоххо кынаттыаҕа диэн бигэтик эрэнэбит.
Людмила БУГАЕВА, Д.П. Бугаев кийиитэ.
Александр ПАХОМОВ, Д.П.Бугаев күтүөтэ.
Хаартыскалар ааптардар архыыптарыттан
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0