Федоратынаан сүрдээх эйэлээхтик быр-бааччы олорбуттара, хомойуох иһин, оҕоломмотохторо. Кэргэнэ өлбүтэ аҕыс сыл эрэ кэнниттэн, Уйбаан ыччаттарданара тардан, 55 сааһыгар II Байаҕантайтан төрүттээх 28 саастаах, уоллаах кыыс оҕолоох А.О.Аргуновалыын холбоһоннор, өссө икки кыыс оҕоломмуттара. Ол гынан баран, өйдөспөттөрө элбээн, суутунан арахсыбыттар. Ийэлэрэ кыыһын кытта уолун илдьэ барбыта да, уол үс аҥаар сааһыттан Уйбааҥҥа иитиллибит буолан, күүһүнэн кэлэ турара. Ол иһин Уйбаан: «Оҕо миэхэ олорорун сөбүлүүр буоллаҕына, мин ааппынан суруйтаран миэхэ букатын хааллар, икки аҥы сиринэн хайыта тыыттарбатын», -- диэбит. Ити курдук, үс оҕотун бэйэтэ бэртээхэй дьон гына иитэлээн улаатыннартаабыт. Улахан кыыстара Марианнаҕа Байкальскай университет бухгалтерскай филиалын бүтэрэригэр көмөлөспүтэ, кэлин ыал буолан, икки оҕолонон, Бороҕоҥҥо олорбута. Уйбааҥҥа кэлэ сылдьар, билсэр эбит. Бэйэтин аатынан суруттарбыт Болеславын Чурапчы физкультурнай институтугар үөрэттэрбит, билигин ыал аҕата, физкультура учууталынан үлэлиир. Бэйэтиттэн кыргыттара: Розалия ЯГСХ-ны бүтэрэн, ветеринарнай институт научнай үлэһитэ, Иванна ХИФУ институтугар туризм отделениетын бүтэрбитэ, ыал буолбута. Ваня диэн эһэтин аатынан уола оскуола үөрэнээччитэ.
Билигин 91 саастаах үлэ, тыыл бэтэрээнэ Иван Гаврильевич киин хочуолунайтан ититиллэр бэйэтин дьиэтигэр хоп-курдук дьаһанан, нэһилиэк социальнай үлэһиттэрин көрүүлэригэр-истиилэригэр эрэнэн, дойдутугар олорорун ордорор. Духовкатыгар бэйэтэ килиэп буһарынарыгар түбэспиттээҕим. «Килиэппин хайгыыллар, оннооҕор сакаастааччылар бааллар, амсай», -- диэн күндүлээтэ. Биһиги үүттээх итии чэйи иһэ-иһэ сэһэргэстибит.
Үчүгэй тэриллээх киһи үлэҕэ кыайыылааҕын туһунан кэпсэтиибитигэр: «1952 сыллаахха алаастары бүтэйдээһиҥҥэ ыччаты көҕүлээн, сүгэнэн оҥон, үс үүттээх баҕананы оҥорууга күҥҥэ ортотунан 75 остуолбаны, оттон саамай уһулуччутук үлэлээн, 100 остуолбаны, ол эбэтэр 300 үүттээһини бэлэмнээччибин. Ким да ол көрдөрүүбүн сиппэтэҕэ. Арсен Атласов уонна Зосим Габышев эккирэтэннэр, күҥҥэ ортотунан 65 остуолбаны, саамай элбээбитэ 75 остуолбаны (о.э. 225 үүттээһин) бэлэмнээбиттэрэ. Ол сытыы сүгэм барахсан баар буолан, күүстээхтэри хоттоҕум, онтум ампаарбар баар…» -- диэн оччотооҕу кэмнэрин санаан мичээрдээбитэ.
Бу кэпсээниттэн кини эдэригэр кыахтааҕын сылыктыахха сөп. Үөлээннээҕэ Ким Васильевич Мигалкин ахтыытыгар бигэргэтэр: «Сүрэх Билиигэ балачча улахан дьиэтин туттарыгар, маһын бэйэтэ бэлэмнэнэн баран, пиэрмэ оҕуһун, атын барытын көлүйэн, соҕотоҕун тиэйэн, обуос курдук субурутан киллэрбитэ. Холуоданы дьып-дьап түргэнник тутар, сүрэхтээх, кыайыгас үлэһит, арыгы испэтэх, табах таппатах киһи этэ».
Уйбаан кимиэхэ да бычыгыраппакка кичэллээхтик наардаабыт архыыбыттан баһаам элбэх хаартыскалары нэһилиэк кинигэтигэр туһанарга сөбүлэспитэ. Кинигэҕэ аныгы көлүөнэ дьон өбүгэлэрин, төрөппүттэрин эдэр-сэнэх сэбэрэлэрин көрөн үөрэллэр, киниэхэ махталлара үйэлэргэ барыаҕа. Аны рационализаторскай үлэлэрин, сут-сэрии кэминээҕини кэпсээбитэ туспа болҕомтону тардар.
Үлэ суох диэн дьарыга суох олорооччуларга ытык кырдьаҕаһы холобурга кэпсиэххэ сөп. Уруккуттан сатабыллааҕынан, мындырынан, дьоҕурдааҕынан Иван Гаврильевич нэһилиэккэ биллэр. Ол курдук, былыр бастакынан фотоаппаратынан түһэриини, хаартысканы бэчээттээн таһаарыыны баһылаабытын, салгыы бэлисипиэти, матасыыкылы, массыынаны ыыппытын, таһаарыылаах үлэтин көрдөрүүтүнэн пуонда ылан массыына атыылаһан ылбытын бэркэ диэн билэбит. Оттон таксилааһын диэн ырыынак көҕүлээбит өҥөтө үөдүйүөн 50-ча сыл инниттэн кини дьону таһан, суолтатыгар да буоллар харчылаһара. Кэпсиириттэн иһиттэххэ, ханнык да идэҕэ дэгиттэр сыстаҕас буолан, үлэтин таһымын үрдэтэн иһэр эбит. Ол курдук, киномотористан саҕалаан, киномеханигынан үлэлээбит, онтон киносетька 1972 сыллаахха диэри суоппардаабыт. Маҕаһыыҥҥа хачыгаарынан уонна оробуочайынан үлэлии сылдьан, атыылааччылаан да ылбыт.
Билигин саастаах киһи соҕотоҕун дьиэтигэр бүгэн олорон муунту буоллаҕа диэбитим, килиэбин астанан, бэйэтин көрүнэн олорорун таһынан, кыра кыыһын аахха көмөлөһөр, күн солото суох сылдьар. Ол курдук, биир хоһо иистэнэр массыыналары өрөмүөннүүр мастарыскыай тэҥэ буолан соһутта. 5-6 устуука өрөмүөннэнээри уочараттаабыт массыыналары ыраах Дыгдаалтан, өссө Намтан истэн аҕалбыттар. «Былыргы массыыналартан хаалбыттартан таҥмытым атыыга баар”, -- диэтэ. Кыргыттарыгар анаан таҥан эмиэ оҥортообут. Онуоха туттар араас үнүстүрүмүөн баһаам. Аны, кыраабыл, күөрчэх, ытык, саха быһаҕын кыыннаан, о.д.а оҥорон атыылыыр эбит. Олохтоохтор: «Иван Гаврильевич оҥорбута барыта бөҕө, хаачыстыбалаах”, -- диэн хамаҕатык атыылаһаллар. Иван Гаврильевич кырыымчык кэмҥэ үүт-хайаҕас булан, көдьүүстээҕинэн дьарыктанар, кырдьыыны кыйдыыр дьарыга баһаам.
Мария Сергеева,
РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0