Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Мин иннибэр ааспыт кэмтэн тиийэн кэлбит, кыргыһыы толоонуттан тиксибит, үс муннуктуу тутуллубут, саһарбыт суруктар сыталлар…

Биир-биир ылан көрөбүн… Бу анныгар “Мальта, 1941 с.” диэн суруллубут. Манна -- “Орехово-Зуево, 1942 с.”. Балар 1943 сыллаахтар. Чебаркуль да диэн баар, Иркутскай, Новосибирскай, Златоуст, Курган, Ленинград... Оттон итини 1944 с. Москваттан ыыппыт. Оо, бу 1945 сыллаах эбит. Хантан? Ландсберг диэн куораттан. Арааһа, Польша буолуохтаах. Сөп ээ, Германияҕа чугаһаан истэхтэрэ дии…  

Мин иннибэр ааспыт кэмтэн тиийэн кэлбит, кыргыһыы толоонуттан тиксибит, үс муннуктуу тутуллубут, саһарбыт суруктар сыталлар…

Биир-биир ылан көрөбүн… Бу анныгар “Мальта, 1941 с.” диэн суруллубут. Манна -- “Орехово-Зуево, 1942 с.”. Балар 1943 сыллаахтар. Чебаркуль да диэн баар, Иркутскай, Новосибирскай, Златоуст, Курган, Ленинград... Оттон итини 1944 с. Москваттан ыыппыт. Оо, бу 1945 сыллаах эбит. Хантан? Ландсберг диэн куораттан. Арааһа, Польша буолуохтаах. Сөп ээ, Германияҕа чугаһаан истэхтэрэ дии…  

суруктара1

Хаһан этэй, ханна этэй,

Ханна сэрии тиэрпэтэҕэй,

Хайдах этэй, хантан этэй,

Хантан сурук кэлбэтэҕэй?

Эчи, буочара үчүгэйин -- көмпүүтэргэ бэчээттэммит курдук тэбис-тэҥ кэчигирэспит буукубалар. Аны, бу суруктарыҥ атын саллааттар ыытар илдьиттэриттэн уратылаахтар: үксэ хоһоон.

Ханна тиийбитин, хайдах сылдьарын, тугу саныырын, кими көрсүбүтүн, туохха эрэнэрин, төһө ахтарын – барытын хоһоонунан хоһойбут. Сорох манныгы уһун күнү быһа толкуйдаан да таһаарыа суоҕа этэ. Оттон кини, кыл түгэнэ көһүннэр эрэ, уулаах окуопатыгар сытан, сүүстэ чочуллубут курдук ураннык суруллубут хоһооннору начаас суруйан элэҥнэтэрин сөҕө-махтайа эрэ саныыгын.

Сөҕө-махтайа саныыгын 4 төгүрүк сылы быһа сэриилэспитин! Сэрии саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри!

Бэккиһиибин кутаа уоттан

Хайдах тыыннаах ордубуппун,

Ууну-уоту ортотунан

Сатыы хаампыт уһун суолбун...

Бука, саха суруйааччыларыттан ким даҕаны, бу Макар Иванович Кузьмин-Макар Хара курдук, Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри сылдьыбатаҕа буолуо.

макар эдэр

Макар Хара баар – Ийэ сирин көмүскүүр кырыктаах охсуһуу хааннаах хонуутуттан тиһигин быспакка, буулдьа-буорах сыттаах хоһооннорун «Кыым» хаһыакка ыытан испит летописец-поэт, ханнык да түгэҥҥэ дойдутун таҥнарбатах, кыайыыга эрэлин сүтэрбэтэх бэриниилээх патриот, өлүөр диэри «бүгүн да мин саллааппын» диэн туойбут хорсун буойун.

Аргыый бигээн арыйталаар

Сэрии дьыллар хаһыаттарын,

“Кыымтан” булан ааҕыталаар

Саллаат эһэҥ суруктарын.

Буорах сыттаах хоһоонунан

Суруллубут буолуохтара,

Оспот суолум омоонунан

Айаннатан барыахтара...

        

«Удьуор отчут-масчыт дьон

Оҕолоро этим дии…»

Макар Иванович Кузьмин 1915 сыл муус устар 26 күнүгэр Байаҕантай (билигин Таатта) улууһун Уолбатыгар төрөөбүт.

Ийэтэ Евдокия Варфоломеевна Рахлеева уонна Иван Кузьмин-Бодуол үс оҕолоохторо: Даарыйа (мин эбээм), Макар уонна Мотуруона.

Даарыйа Степан Игнатьевич Неустроевка кэргэн тахсар. Бу киһи сэбиэскэй былаас саҥа олохтоммут сылларыгар Тааттаҕа райисполком бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлээбит, Өймөкөөҥҥө тиийэн, оройуону олохтоспут. Кини быраата Семен Игнатьевич Неустроев 1956-1963 сс. Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин култуура, үөрэх боппуруостарыгар солбуйааччы, 1954-56 сс. “Кыым” хаһыат редактора, онтон 11 сыл Саха сиринээҕи кинигэ издательствотын дириэктэрэ этэ. Кини Макар Хараны кинигэ кыһатыгар үлэлэтэ сылдьыбытын туоһулуур 1965 сыллаах сурук баар. Суруйааччылар сойуустарын Бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Сэмэн Данилов сайабылыанньата: «Уважаемый Семен Игнатьевич! Сотрудник вашего издательства поэт Кузьмин М.И. в настоящее время работает над новой книгой стихов и над поэмой для детей. Правление союза просит предоставить Кузьмину М.И. одномесячный творческий отпуск для завершения работ». Ити көрдөһүү түмүгэ – «Балыксыт отуутугар» поэма,  «Сэрии чуораана» хомуурунньук. Ол да кэнниттэн 70-с сылларга Макар Хара кинигэлэрэ утуу-субуу бэчээттэнэллэр. Ити аата кэргэннии Даарыйа уонна Ыстапаан Неустроевтар икки өттүттэн бырааттара Макар уонна Сэмэн, аймахтыы дьон сиэринэн, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөр эбиттэр.

       Ийэтэ Дьэбдиэ ортоку бастакы балта Мотуруона кытыы эдьиийэ Даайа уонна кини о5олоро1jpg  

  •   Ийэтэ Дьэбдиэ (ортоку), бастакы балта Мотуруона, кытыы эдьиийэ Даайа уонна кини о5олоро.

«Санаабыттан арахпат

Кыра оҕо саастарым…»

 Дьэбдьиэ уонна Бодуол Уйбаан соҕотох уоллара Макар кыратыттан үлэҕэ эриллэн улааппыта. Кыстыктарыгар Чыычайга кинилэр сүөһү тутан, бурдук ыһан, орто сэниэтик олорбуттарын билигин хотон-хаһаа оннулара, солоон оҥорбут сонуоктара туоһулууллар.

Санаабыттан арахпат

Кыра оҕо саастарым,

Күөлгэ тамныы бырахпыт

Кырыы хара таастарым,

Дьоллонорбор дьулуспут

Ийэбиниин күөх сайын

Бурдук быспыт, от муспут

Тыымпы күөллээх Чыычайым.

молодой мкар

 Оттон сайылыктара Быгыалай диэн этэ. Бөдөҥсүтүү кэмигэр онно «Трудовой» холкуос ыанньыга сайылыыра.

Күндү буолар да этэ

Сайылыгым күөх ньуура,

Көрү-нары тэнитэн

Оҕо-уруу оонньуура,

Чэчир ойуур аттыгар

Киэһэ аайы мустарбыт,

Алтан оттоох кырсыгар

Кылыйсарбыт, тустарбыт.

 Үөрэх-билии аартыгын арыйа, үрүйэ алааһыттан унаарыйар Уолбаҕа үөрэнэ барар.

   Эгэ, умнуом дуо ийэм,

Эрдэ туран, ас астаан,

Өйүө-тайаа тэрийэн,

Үрэхпиттэн аан бастаан,

Атын сиргэ аттанан,

Аҕам: Кытаат, үөрэн»,-- диэн,

Оскуолаҕа аҕалан,

Унаарыйан түһэн да киэҥ

Уораҕайдаах алааспын

Олус сөҕө көрбүппүн,

Таптыы көрбүт Кургаммын,

Тахсан өрө сүүрбүппүн?..

 Үрэх баһыттан кэлбит оҕоҕо, чахчыта да, Уолба, оччолорго Байаҕантай улууһун киинэ, киэҥ да гына көһүннэҕэ. Курган диэн нууччалыы ааттанар булгунньахтара, анаабыт курдук, нэһилиэк ортотугар турар. Ол үрдүгэр таҕыстахха, Уолба алааһа ытыска уурбут курдук нэлэһийэн көстөр. Саас аайы оҕо аймах Кургантан салаасканан сырылыыр, көрү-нары тардар. Ол иһин Уолба дьонун өйүгэр-санаатыгар Курган барахсан мэлдьи кыһалҕата суох оҕо сааһы кытта дьүөрэлэһэр, күндү кэрэ кэмнэрин санатар.

  Умнуллубат киэҥ Уолбам

Унаарыйар алааһа,

Иитиллибит оскуолам

Сырдык кэрэ кылааһа,

Ыҥырыытын истэммин,

Охсуһууга күүрэбин,

Бүтэрбитим мин манна

Сэттэ сыллаах үөрэхпин.

 Макар Хара үөрэнэр сылларыгар Уолба оскуолатыгар талааннаах да уһуйааччылар үлэлээбиттэр эбит: САССР үтүөлээх учуутала, Ленин уордьаннаах С.М. Кочкин, суруйааччы Н.Д. Неустроев, учуонай М.А. Чудинова, Саха национальнай театрын дириэктэрэ Т.П. Местников уо.д.а. Маннык чаҕылхай учууталлардаах буолан, Макар Хара үөлээннээхтэриттэн биллиилээх дьон бөҕө үүнэн тахсыбыт. Аҥаардас кини кылааһыттан РСФСР, САССР норуодунай, САССР үтүөлээх артыыһа, сахалартан опера бастакы профессиональнай режиссёра, Туйаарыма Куо оруолун бастакынан ситиһиилээхтик толорбут ырыаһыт Анна Егорова уонна САССР норуодунай, РСФСР, САССР  үтүөлээх артыыһа Дария Слепцова.  

                           

«Дьолбор мин эйигин кытары биир кэмҥэ

Түбэһэ төрөөбүт эбиппин…»

 Макар Иванович оскуола кэнниттэн Дьокуускайга Тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэр. Тылга сыһыамах, суруйар дьоҕурдаах уолу «Кыым» хаһыакка  ылаллар.

макар хара

Тыам сирин күөх сааһын хоһуйбут ырыабын

Аан бастаан «Кыым» хаһыат таһаарта,

Түөрэхпин түһэрбит инники дьылҕабын

Биир үксүн ол ырыам быһаарта…

1932 сыллаахха бастыҥ кэрэспэдьиэн буолан, рабселькордар республикатааҕы I кэмпириэнсийэлэригэр сылдьар чиэскэ тиксэр. Ол кэнниттэн редакцияҕа тыа хаһаайыстыбатын салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Онтон 1938-39 сс. Саха сирин суруйааччыларын сойууһун тэрийэр бюротугар сэкирэтээрдиир. Сылынан суоттаан таһаардахха, оччолорго бэрэссэдээтэл Күннүк Уурастыырап эбит. Аармыйаттан ыыппыт суруктарыгар Макар Хара киниэхэ элбэхтэ эҕэрдэтин тиэрдибит.   

с друз

1939 сыллаахха «Кыым» хаһыат редакторынан С.П. Ковлеков буолбут. Макар кинини Уолба саҕаттан билэрэ. Оччолорго Семен Петрович Томпоттон кэлэн, Байаҕантай улууһун киинигэр Уолбаҕа үөрэммит. Бука, кини мэктиэлээтэҕэ буолуо, Ма бокар Хараны ити сыл Москваҕа «Правда» аатынан суруналыыстыка институгар үөрэттэрэ ыыталлар. Кинини кытта тэҥҥэ ити кэмҥэ Москваҕа Н.Г. Чернышевскай аатынан философия, литература, история институтугар Е.И. Коркина үөрэнэ барар (кэлин кини филологическай наука доктора буолбута, Тыл, литература, история институтун өр кэмҥэ салайбыта).

Ол эрээри хайалара да үөрэхтэрин бүтэрбэтэх: Евдокия Иннокентьевна института сэрии буолан сабыллан, оттон Макар Хара, бэйэтэ этэринэн, «кыах баарын үрдүнэн, мэник-тэник санааттан, ситэ үөрэммэккэ бырахпыт». Ол онтон наһаа кэмсинэрин, олоҕун улахан алҕаһын курдук саныырын туһунан билинэн, 1945 сыллаахха Ландсберг куораттан Е.И. Коркинаҕа аадырыстаан (оччолорго Е.И. Коркина ЫБЛКС Саха сиринээҕи обкомун сэкирэтээрэ) ыыппыт суруга баар.

    Үөрэммэтэр да, хата, Макар Хара соҕуруу тиийэн, уол оҕото ыал буолар. Ол курдук, ыраах тэлэһийэ сылдьар биир дойдулаахтар, Таатта талааннаах ыччата, Уолба оскуолатыгар бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэр Макар Хара уонна саха бастакы опернай режиссера, норуодунай артыыс Анна Егорова 1940 сыллаахха Воронёжка көрсөн, таптал нарын иэйиитигэр куустаран, олохторун холбуурга быһаарыналлар. Бу куоракка Анна Ивановна музыкальнай училищеҕа үөрэнэ кэлбитэ.

   Иккиэн да ырыаҕа-тойукка ылларбыт

   Дууһабыт дьулуура биир этэ,

  Ол буолта биһиги үйэлээх тапталбыт

  Түөрэҥнээн көрбөтөх төрүтэ.

Кэргэнэ анна Егоровалыын

         Кырдьыга да, кинилэри айар эйгэ өссө күүскэ ситимнээн биэрдэҕэ. Саамай хайҕаллааҕа уонна махталлааҕа, Анна Егорова кэргэнэ сэрии толоонуттан ыыппыт хоһооннорун сонно тута ырыа гынан көтүппүтэ буолар.

Ырыатын истэбин,

Ыраах да сылдьаммын,

Долгуйа үөрэбин,

Тойугар кыттаммын…                 

Кинилэр иккиэн тапталларын туоһута – аҕата сэриигэ барбытын кэнниттэн төрөөбүт кыыстара Земфира Макаровна Кузьмина, РФ уонна СӨ үтүөлээх бырааһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Таатта улууһун бочуоттаах гражданина, Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа нейрососудистай отделениетыгар уһуннук сэбиэдиссэйдээбитэ, билигин биэнсийэҕэ олорор. Кини кэргэнэ Виктор Клавдиевич Маршинцев, геолого-минералогическай наука доктора, профессор. Икки уоллаахтар, хас да сиэннээхтэр.

Дьолбор мин Эйигин кытары биир кэмҥэ

Түбэһэ төрөөбүт эбиппин,

Уонунан сыл бииргэ айаннаан, этэҥҥэ,

Дьикти бу күннэргэ тиийбиппин.

 Земфира макаровна кэргэ о5олоро1

«Ыҥырыыга саха уола

Ыраах-ыраах барбыта…»

 М.И. Кузьмин-Макар Хара 1941 сыллаахха, сэрии саҕаланаатын кытта, бастакы хомуурга аармыйаҕа ыҥырыллыбыт.

Ыҥырыыга саха уола

Ыраах, ыраах барбыта,

Сырдык түүммэр айан суола

Сындалыйан сыппыта…

Ити кэмҥэ кини Москваттан үөрэҕин быраҕан кэлэн, төттөрү «Кыым» хаһыакка үлэлии сылдьыбыт.

 Ыстыыкка бөрүөбүн солбуйан,

 Ыраатар, мин барар буолбутум,

  Санньыйан, доҕорум, долгуйан,

   Санныбар тайанан турбутуҥ

Санньыйан, бука, кэргэнэ Анна Ивановна Егорова турдаҕа буолуо. Санаарҕаамына, киһитэ тыыннаах эргиллиэ биллибэт... Аны, Макартан оҕо күүтэрэ…

  Быраһаай, эбэккэм,

   Быыппастар долгуннуун,

     Алгыы хаал, эбэккэм,

       Алааһым кыыһыныын…

Суруктарыттан сылыктаатахха, бастаан Иркутскайга тиийбит, онно байыаннай үөрэҕи барбыт. Онтон салгыы, Ангараттан саҕалаан, арҕаа диэки түспүттэр. Волга, Дон, Нева өрүстэр, Урал хайалара, Ладога күөлэ, Ленинград, Москва куораттар, Латвия, Белоруссия, Польша… Бу манна барытыгар сылдьыбыт, бойобуой сирдэрин хоһоонугар холбообут.

Түөрт сыл тухары ханна-ханна тиийбэтэҕэ, туохха-туохха түбэспэтэҕэ, тугу-тугу көрбөтөҕө буолуой?

Көрбүт киһи хайдах умнуой,

Ааспыт сэрии алдьархайын?

Түүнүн түһээн көрбөт буолуой,

Сидьиҥ өстөөх хара дьайын?

Арыт түүнүн уһуктабын,

Хабырыттар хатан тыастан,

Түһээн арыт баттатабын,

Сэниэм эстэн, тыыным быстан…

 Ленинград блокадатыгар  политругунан, I Белорусскай фроннарга взвод хамандыырынан, рота партийнай тэрийээччитинэн сулууспалаабыт. 1945 сыллаахха кыайыы өрөгөйүн билэн, түөһүгэр Кыһыл Сулус уордьаннаах уонна бойобуой мэтээллэрдээх төннүбүт. 

Саха офицердара арҕаа фроҥҥа барыах иннинэ. 6 улуус бэрэстэбиитэллэрин кытта

   «Ырыаны ыстыыкка тэҥниирбит

Сэриилээх-силлиэлээх ыар кэмҥэ…»

 Норуодунай суруйааччы Амма Аччыгыйа 1944 сыллаахха суруйбут: «Эдэр поэт Хара сэрии кэмигэр обургутук үүннэ. Саха сириттэн ыраах Ленинграды көмүскээн кыргыһара -- кини «Ленатын кытылын көмүскүүрүн кэриэтэ» буоларын хоһуйуу -- үрдүк сэбиэскэй патриотизмы хоһуйуу буолар. Үөскээбит Уолба алааһа, кыратыгар үөрэммит кылааһа – бары кинини «өстөөҕү кытта геройдуу охсус» дииргэ дылылар…» .

  Макар Хара талаана, чахчыта да, сэрии кэмигэр ордук тахсыбыт. Дьиэҕэ олорон, киһи барыта айыан сөп. Оттон тыҥааһыннаах, ыксаллаах, өлүүлээх-сүтүүлээх ыар кэмҥэ дьиҥнээх поэт эрэ итинник күүстээх уобарастардаах, дириҥ суолталаах, тэҥ олуктаах, хомоҕой тыллаах хоһоону  суруйар кыахтааҕа чахчы.

Кини -- Улуу Кыайыы ырыаһыта. Бэйэтин айымньыларын «ырыа» диэн ааттыыр эбит. «Куруутун суруйар түгэн суох, быыс эрэ булларбын, саныыр санаабын ырыаларбар этэ сатыыбын» диэн сэрииттэн суруйбута баар. Эбэтэр: «Бэл, муустаах окуопа түгэҕэр сытаммын, күөх сааһы төлкөлүү ыллыырым» , --диэн этэр.

Хоһоонноро, кырдььга да, наһаа тэҥ рифмалаахтар. Ол иһин аахтахха, ырыа курдук кутуллаллар, бииртэн биир сааһыланан тахсан иһэллэр. Ол иһин да биллиилээх мелодистар Х.Максимов, И.Слепцов, А.Егорова, Д.Данилов, Н.Бойлохов, композитордар М.Жирков, Г.Григорян, З.Винокуров кини хоһоонноругар матыып суруйдахтара, доҕуһуол оҥордохторо эбээт.

Аны туран, сахаларга «ырыа-хоһоон» диэн урут-уруккуттан бииргэ сылдьар кэлимсэ өйдөбүл. Өбүгэлэрбит тугу көрөллөрүн тута хоһуйан, ыллаан-туойан киирэн бараллара. Макар Хара эмиэ оннук буоллаҕа эбээт: хааннаах хапсыһыыга, кырыктаах кыргыһыыга тугу илэ хараҕынан көрбүтүн, эт бэйэтинэн билбитин, ис сүрэҕиттэн иэйэн-куойан, ардыгар кыһыйан-абаран, сороҕор долгуйа ахтан-санаан, тыл кырааскатынан ойуулаан-дьүһүннээн, ырыа курдук тэҥ олук тэтиминэн дьүһүйэн, бар дьонугар кыайыыга эрэли сахтаҕа.

Ырыата суох буолбат хас биирбит,

 Хомойор, үөрэр да түгэҥҥэ,

 Ырыаны ыстыыкка тэҥниирбит,

Сэриилээх-силлиэлээх ыар кэмҥэ

Ол иһин күн сырдык ыралаах

 Доҕоттор ийэ сир дуолунан,

Эйэҕэ ыҥырар ырыалаах

Хаамабыт олох киэҥ суолунан.

 12

«Дьиҥнээх үтүө доҕор курдук,

 Тиийэн үөрдэр истиҥ сурук…»

 Аармыйаҕа сырыттахха,

Аймах дьону аҕыннахха,

Тиийэр сурук олус үөрдэр,

Дьиэҕэр-уоккар тута тиэрдэр…

Түөрт сылы быһа ыраах тэлэһийэн, өлүү-тиллии икки ардыгар сылдьар киһиэхэ сылаас тыллаах сурук санаатын көтөҕөрө, күүһү эбэрэ, туоххаһыйбыт сүрэҕин уоскутара биллэр суол. Ол эрээри, Макар сорох эрэммит доҕотторо кини ыытар суруктарыгар хардарбатахтарыттан хомойор эбит: «…биир кырыска үктэнэн, эгил-тэгил улааппыт хаан-уруу доҕотторбор хаста даҕаны суруйа сатаатым да, биир даҕаны эппиэти да, эҕэрдэни да бу сыллар тухары ылбатым. Бу үөскээбит алааһыттан, үөлээннээх доҕотторуттан ыраах, хааннаах хабараан кыргыһыы ортотугар сылдьар киһи саныырыгар кытаанах…».

Хата, «Кыымҥа» бииргэ үлэлээбит дьонунуун элбэхтэ суруйсубут.  Чуолаан редактор С.П. Ковлековтуун. Киниэхэ барыта 70-тан тахса сиппит-хоппут хоһоонун ыыппыт.

Суруйааччы Чысхаан Макар Хара Кыым редактора С.П. Ковлеков

«Доҕорум Семен Петрович, дорообо! Дьэ, арҕаа ырааттар ыраатан иһэбит. Сотору торҕон кыыл хороонугар тиийдэрбит диэн буолар. Бу бүтэһик сырыыбар да иэспин чиэстээхтик толорон эргиллиэм, эһигини кытта көрсүһүөм диэн истиҥник эрэнэбин. Куруутун суруйар түгэн суох, быыс эрэ булларбын, саныыр санаабын ырыаларбар этэ сатыыбын. Онон өскөтүн тутар буоллаххытына, хоһооннорбун тылын-өһүн уларыппакка таһаараргытыгар көрдөһөбүн. Москваттан фроҥҥа кэлэн баран, «Бухатыыр отуута», «Тиийдилэр эн ырыаҥ тыллара», «Ырыа», «Советскай Союз Геройа Ф.К.Попов», «Күн», «Кыталык», «Сэрииһит сэгэрбэр», «Саныыр саргым», «Тунах ыһыах тойуга», «Эйиэхэ» диэн барыта 11 ырыаны ыыттым. Мунан-тэнэн тиийэхтэрэ суоҕа диэн, иккилии-үстүү төгүл устан ыыттым…».

 Ол хос-хос ыыппыт хоһоонноро билигин да барыта баар. Онуоха Семен Ковлеков үтүөтэ улахан. Кини сыа-сым курдук ууран, үксүн тутатына хаһыакка бэчээттэтэн, өссө 1943 сыллаахха туспа кинигэ гынан таһааралларыгар кыһаллан, саллаат доҕорун улаханнык өйөөбүт.

Бука, көрдөспүтүн иһин буолбакка, суруллубуттара үчүгэйин иһин буолуо, хоһооннорун тылын-өһүн, оннооҕор хоһооннор ааттарын кытта, биири даҕаны уларыппатахтар. Хайдах суруктарыгар сылдьаллар, соннук кинигэлэргэ киирбиттэр. Дэлэҕэ Савва Тарасов этиэ үһү дуо: «Макар Хараҕа эн буоллун-хааллын диэн суруллубут хоһоону булуоҥ суоҕа. Айымньытын тылын-өһүн аһара кыладыйан, уурбут-туппут курдук оҥорор поэт», -- диэн.

 Буойун суруйааччылар1

«Ол көмүс үлэтэ» диир курдук

Оччугуй да хоһоон бэрт уустук…»

Прокопий Чуукаар 1998 сыллаахха «Саха сирэ» хаһыакка «Макар Хара фронтан суруктара» диэн матырыйаалы бэчээттэппит.

«Макар Хара тыыннааҕар 9 кинигэтин таһаартарбыт. Маяковскайы, Твардовскайы, Михалковы, Турсан-Задены, Тукайы уо.д.а. аатырбыт поэттары сахалыы саҥардыбыт тылбаасчыт быһыытынан эмиэ биллэр. Ол гынан баран, Суруйааччылар сойуустарыгар чилиэнинэн киирбэккэ өлбүт... «Писатели Якутии» диэн ыйынньыкка өлбүтүн кэннэ биирдэ киллэрбиттэр. Онтон көрдөххө, 1938-39 сс. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун тэрийэр бюротун сэкирэтээринэн үлэлээбит эбит. Оччолорго биирдии да кинигэлээх дьону сойууска ылбыттар. Оттон Макар 1936 с. бастакы кинигэтэ тахсыбыт эрээри, бэйэтэ онно киирбэккэ хаалбыт. Бу олорон эргитэ санаатахха, Макар Иванович олус сэмэй киһи эбит. Кэлин да, дьиҥэр, киллэриэ эбиттэр. Сэриилэһэ сылдьан суруйбут хоһооннорун хомуурунньуга 1943 сыллаахха, үһүс кинигэтэ 1948 с. тахсыбыттар. Суруйааччылар сойуустарыгар  күргүөмүнэн ылыы 1944 уонна 1949 сылларга буолуталаабыт да, тоҕо эрэ, кинини эмиэ көтүтэн кэбиспиттэр. Поэт төрдүс кинигэтэ ити кэнниттэн 16 сыл буолан баран күнү көрбүт. Маны араастаан тойоннуохха сөп. Оттон мин тус санаабар, бу – трагедия. Хата, киһи бэрдэ син өрүттүбүт уонна үрдүк патриотическай күүрээннээх 5 кинигэни олоҕун кэнники сылларыгар таһаартарбыт»…

Кырыктаах кыргыһыыга да сылдьан поэт буолар үрдүк аналын умнубакка суруйбут, олоҕун тиһэх күнүгэр диэри: «Хойут да ааҕыллар, ахтыллар биир эмэ үлэни өлүөхпэр диэритин айдарбын, олоҕум киэһээҥҥи да кэмэ таах устан ааспатах диэх этим», --  диэн эппит талааннаах поэты тоҕо туора көрбүттэрэ буолуой? Сэмэйиттэн дуу, сэнэбил дуу?..

 Биллэн турар, 4 сылы быһа өлүүнү-сүтүүнү кытта эҥээрдэспит киһи дууһата айманар, уйулҕата хамсыыр буоллаҕа эбээт. Аһыы да утаҕы амсайан ылара мэлдьэх буолбатаҕа чахчы. Баҕар, онтон сылтаан көйгөтүллүннэҕэ эбитэ дуу?...

   Олох уһун айанын

Устатыгар туох суоҕай,

   Алҕас-сыыһа даҕаны

   Ама ханна барыаҕай?

Дьиҥэр, айар үлэтигэр олус бэриниилээх, хоһооннорун туһугар наһаа долгуйаахтыыр эбит.

Бэрт өртөн улахан сыранан,

Мин айбыт хоһоонум туһунан,

«Иэйиитэ, истиҥин тэҥинэн,

Ис сүнньүн, тылын да өттүнэн

Үтүктүү»,-- дэһэллэр сорох дьон,

Үйэтэ суох үһү ол онтон…

Ол эппит дьону уот сэриигэ ылан быраҕан кэбиспит киһи, Макар Хара курдук айаллара эрэ, суох эрэ --  саарбах.

«Хаһан бу тахсаҕын хал буолбут халыыптан?

Хаалбыккын, -- дэһэллэр, -- бүгүҥҥү хардыыттан».

Хомойуох иһин, ол тэбис-тэҥ олуктаах

Хоһооммун «халыып» диэн ааттыыллар быһыылаах.

Биитэр мин ырыанан ойуулуу-оһуордуу,

Бэйэ ис санаатын эппэтим буолуо дуу?

Бэйэтин хаһан да өрө туппатах бэрт сэмэй киһи, биллэн турар, итэҕэһи-быһаҕаһы бэйэтигэр эрэ көрдөөхтөөбүтэ чахчы. «Уустук бу үлэҕэ мин бүгүн, олох да сөбө суох үһүбүн» диэн аҥаардастыы бэйэтин эрэ буруйдуу санаахтаабыт. Сэрииттэн да ыыппыт суруйууларын анныгар хайаан да быһааран этэр үгэстээх эбит: «Тыла-өһө уус-уран өттүнэн намыһах кэрдиискэ туралларын этэ да барыллыбат», -- диэн. Ити аата, кини бэйэтиттэн өссө үрдүгү, уһулуччуну эрэйэр, ирдиир буоллаҕа.

Суруналыыс да быһыытынан идэтигэр бэриниилээҕэ көстөр. Сэриигэ саха дьонун көрүстэ да, кимнээхтэрин ыйыталаһан, матырыйаал суруйа охсон, «Кыымыгар» ыытарын туһунан суругар хаста да ахтыллыбыт. 

  Итиччэ кыһамньылаах, эппиэтинэстээх, дьоҕурдаах киһини кэмигэр сыаналаабатахтара хомолтолоох. Оруобуна бэйэтэ айбыт хоһоонугар курдук:

     Анараа дойдуга ким барбыт төннүбэт

Аартыгын тумнуом диир киһи суох ини…

Бэҕэһээ көмтүбүт биллибэт-көстүбэт

«Мин диэтэх» дэммэтэх бэрт сэмэй киһини…

 

Бокуонньук уҥуоҕар ким эппит барыта:

«Боростуой, эйэҕэс барахсан этэ»,--диир,

Ким эрэ: «Киһиэхэ сүбэтэ-амата

Кэмэ суох көмөлөөх этэ»,-- диэн бэлиэтиир.

 

«Сөҕөрбүт,-- дэһэллэр,-- муус чэгиэн киһилии

Сүрэҕин-бэлэһин, үлэҕэ дьулуурун»,

Ахтыбат даҕаны эбитэ үһү дии,

Арыт кур баастара аһыллан муҥнуурун.

 

Үлэһит, сэрииһит олоҕун бу курдук

Үрдүктүк сыаналыыр тыллары тыыннааҕар

Олох да истибэт буолара бокуонньук…

Ордук ол мунчаардар санааҕар…

 

Өлбүтү кэриэстиир, кэриэһин ытыктыыр

Өбүгэ саҕаттан үчүгэй үгэспит,

Оттон ол киһини тыыннааҕар сыаналыыр

Улахан иэспитин умнуо суох баар эбит…

        15 1                             

«Ийэ буор ылбытын да кэнниттэн ким эмэ,

Баҕар, мин ырыабын-хоһооммун хомуйуо”

         “Хара дьикти сайаҕас дууһалаах, аламаҕай майгылаах, улахан талааннаах киһи этэ. Билиҥҥи көлүөнэ дьон кинини соччо билбэтэ да буолуо. Ол кинилэр буруйдара буолбатах. Сэрии кэнниттэн таһаартарбыт сэттэ-аҕыс бэртээхэй кинигэлэрэ кириитиктэрбит харахтарын далыгар кыайан түбэспэтэхтэрэ. Онон тарбах быыһынан ааспыттара.“Хайгыыр да этиини, сирэр да саҥаны бу диэн мин истэ иликпин”  диэн Макар Хара биир хоһоонугар этэн аһарбыта. Арай, үгэс курдук, сэриигэ актыыбынайдык кыттыбыт суруйааччылары кытта холбуу, ону даҕаны испииһэк иккис аҥаарыгар, кыратык ахтан ааһаллара. Ити олохсуйан хаалбыт испииһэги уларыта туппут киһи, Макар Хара, бука, биир бастакынан аттаанара саарбаҕа суох. Тоҕо диэтэххэ, кини сэриилэһэр аармыйаттан, уулаах окуопаттан 4 сылы быһа тиһигин быспакка айбыт-суруйбут саха соҕотох поэта буолар. Кини сэриигэ анаммыт бастакы хоһооннорун анныгар “1941 с. бэс ыйа” диэн суруллубут, оттон кэнникэлэригэр -- “1945 с. ыам ыйа”. Дьэ, ити сыыппаралар икки ардыларынааҕы эрэйдээх-буруйдаах, эриирдээх-мускуурдаах сыллар кини айымньыларыгар иҥэн хаалбыттара...”

Бу ахтыыны норуодунай поэт Савва Тарасов 1986 сыллаахха суруйбут. Кини бэлиэтээн эппитин курдук, Макар Хара буулдьа-буорах сыттаах айар үлэтин литературнай үлэһиттэр билиҥҥэ диэри анаан-минээн сиһилии үөрэтэ иликтэр. Арай 2015 сыллаахха поэт 100 сылынан философия наукатын кандидата Е.Г. Винокуров «Макар Хара -- Улуу Кыайыы ырыаһыта” диэн кэрэхсэбиллээх кинигэни “Бичиккэ” бэчээттэтэн таһаартарбыта. Бу үлэ поэт хоһооннорун ырытыыга бастакы холонуу буолар. Егор Гаврильевич суолта биэрэн, санаатын этэн, сыһыанын биллэрэн, суруйууларын сааһылаан, суолу тэлпитэ, суруйааччы айымньыларын чинчийиигэ бастакы хардыыны оҥорбута хайҕаллаах уонна махталлаах

   Тыыннааҕар «сирэр да этиини, хайгыыр да саҥаны» истибэтэх «сааскылыы сайаҕас ырыалаах» поэт эрэнэрэ – олоҕу туойбут, кыайыыга эрэли сахпыт хоһооннорун хаһан эмэ сэҥээриэхтэрин, сөптөөх сыанабылы ылыан.

«Ийэ буор ылбытын да кэнниттэн ким эмэ,

Баҕар, мин ырыабын-хоһооммун хомуйуо,

Онуоха бүтэһик уурааҕын бириэмэ

Биир эмэ тылынан бэйэтэ суруйуо…»

   

Анисия Иевлева

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением