Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Артиллерист Афанасий Петрович Никифоров туһунан ахтыылар аҕыйахтар. Кинини буойун учуутал диэххэ сөп. Ол курдук, Афанасий Петрович  2-Күүлэт оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан 1942 сыллаахха сэриигэ ыҥыраллан үгүс бииргэ үлэлээбит уонна үөрэммит доҕотторунаан ийэ дойдуларын көмүскүү барбыттара.

Артиллерист Афанасий Петрович Никифоров туһунан ахтыылар аҕыйахтар. Кинини буойун учуутал диэххэ сөп. Ол курдук, Афанасий Петрович  2-Күүлэт оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан 1942 сыллаахха сэриигэ ыҥыраллан үгүс бииргэ үлэлээбит уонна үөрэммит доҕотторунаан ийэ дойдуларын көмүскүү барбыттара.

Безымянный2Кини туһунан сэрии кыттыылааҕа Бүлүү улууһун бочуоттаах гражданина, отставкаҕа полковник Николаев Афанасий Иннокентьевич ахтан турар: «Афанасий Петрович бэркэ сэриилэһэн кэлбитэ, лейтенант званиелаах артеллерийскай батарея командирынан этэ. Лейтенант батарея командира буолаллара бэрт сэдэх этэ.Чахчы дьоҕурдааҕын билэннэр командир гыннахтара. Холобур, Кондаков Н.А старшай лейтенант званиелаах эрээри взвод командирынан сылдьан баран, кэнники батарея командира буолбута. Кини сүрдээх сайдыылаах, модьу-таҕа, олус кыанар киһи этэ, билиитин-көрүүтэ киэҥэ».

Манна даҕатан эттэххэ, Афанасий Пет­рович уонна Николай Алексеевич Кондаков Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэр сылларыттан доҕордуу этилэр, сэриигэ да бииргэ барбыттара.

Никифоров А.П. 1919 сыллаахха 1 Лүү­чүҥ­ҥэ Кэбээйи улууһугар төрөөбүтэ. Кы­ра сааһыгар төрөппүттэрэ өлөннөр, Бүлүүгэ Чинэкэҕэ аймахтарыгар Николаев Михаил-Таата оҕонньорго иитиллибитэ. 1936 сыллаахха Бүлүү педучилещатыгар үөрэнэ киирэр, 1939 с. үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, Үгүлээт 7 кылаастаах оскуолатыгар учууталынан ананан, онтон 2-Күүлэт оскуолатыгар үлэлиир.

1942 сылга Смоленскай куоракка кэлэн артеллерийскай училищеҕа үөрэнэн,  лейтенант званиетын ылан, 1 Прибалтийскай фронт, 145 стрелковай дивизия 277 полкатыгар, 7-с огневой взводка командирынан уоттаах сэриигэ сырыытын саҕалыыр. Ол курдук, Витебскайдааҕы кимэн киирииттэн саҕалаан Калининскай, Смоленскай уобаластары, Белоруссия, Литва, Латвия, Эстония өрөспүүбүлүкэлэрин босхолооһуҥҥа  офицер Никифоров хорсуннук сэриилэһэр.

Афанасий Петрович сэрии кэнниттэн комсомолга бииргэ үлэлээбит доҕоро Кирилл Егорович Павлов кинигэҕэ киллэрбит ахтыы­тыгар: «Денисов куораты бос­­холооһуҥҥа «За отвагу» мэтээлинэн наҕараадаламмыт уонна батарея старшайыгар көһөрүллүбүт, ол кэннэ Рига куораты босхолуур кыргыһыыга өстөөх 6 транспортердарын, 3 танкатын үлтүрүтүспүтэ,элбэх немец саллааттарын суох гыммыта, тус бэйэтэ өстөөх офицерын билиэн ылбыта уонна батарея командирын дуоһунаһыгар өрө таһаарыллыбыта» — диэн ахтар.

IMG 20190507 085840 копияЛейтенант Афанасий Петрович «Кыһыл сулус» уордьанын ылар наградной лииһигэр суруллубут: «За период наступательных боев проявил себя смелым,  инициативным и решительным офицером. В боях после прорыва  обороны противника с 9-16.11.1943 г.  несмотря на то, что средств тяги не хватало до 50 процентов батарея,  благодаря умелому и энергичному руководству лейтенанта Никифорова непрерывно сопровождало поддерживаемую пехоту огнем. В боях за деревню Большухи, ведя меткий и интенсивный огонь, батарея уничтожила 3 станковых , 1 крупнокалиберный и 4 ручных пулемета, 50 солдат и офицеров противника.

10.11.1943 г. в бою за переправу реку Вымна в районе Манулки своевременное перемещение батареи обеспечил открытие губительного огня по скоплению пехоты противника в районе Ускурова , чем была сорвана контратака. В этом бою было унижтожено 2 мотоцикла, 2 автомашины, 2 станковых пулемета и 3 ручных, рассеяно и частично уничтожено до роты солдат и офицеров про­тивника.

14.11.1943 г. выбросив взвод на прямую наводку  лейтенант Никифоров метким огнем уничтожил  в районе Остряме 2 станковых и 1 ручной пулемет».

Хорсун командир уоттаах сэриигэ, ийэ дойдута өстөөҕү кыайарын туһугар киллэрбит кылаата кырата суох.Бииргэ үлэлээбит доҕоругар 2-Күүлэт 7-кылаастаах  оскуолатын директорыгар Николай Афанасьевич Алексеевка бу курдук суруйбут: «Мин бэс ыйын 24 күнүттэн атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри 700 биэрэстэлээх сири айаннаатым. Бу бириэмэҕэ элбэх ыар уонна кырыктаах охсуһуулары көрсүтэлээтим. Белоруссия, Латвия, Литва элбэх ахсааннаах куораттарын,  дэриэбинэлэрин босхолоотубут. Хас хардыы аайы фашистскай кыыл кыыллыы быһыытын илэ харахпынан көрөбүн. Күл буолбут дэриэбинэлэр, сордонуллубут, тырыта тыытыллыбыт, сэймэктэниллибит советскай пленнэйдэр, тыыннаахтыы көмүллүбүт оҕолор уонна дьахталлар. Ити барыта ынырык хартыына. Өһөгөйдөөх сидьиҥ өстөөх сиһин-үөһүн дэлби үктүүр  санаа мин үлэбэр күүс-көмө буолар.Өстөөҕү өһүөмдьүлүүргэ өрө күүрэбин.

Билигин биһиги тохтоон турабыт, кыайыылаах кимээһиҥҥэ бэлэм­нэнэбит. Өстөөх Прибал­тикатааҕы бөлөҕүн тимир кыта­ҕаска ыбылы ылбыппытын өссө бөҕөргөтөбүт.

Киэҥник уонна элбэхтик суруйар биллэр биричиинэлэринэн кыаллыбатын эн эмиэ өйдүүгүн. Ол иһин кыратык суруйабын.

Аҕыйах хонуктааҕыта советскай правительство миигин 2 орденынан «Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии 2 степеннээх» орденынан наградалаата. Бойобуой олоҕум туһунан кылгас биллэриилэр итинниктэр. Эһигиттэн куруутун суругу күүтүөм.

Эн доҕоруҥ, лейтенант А. Никифоров.1944 сыл балаҕан ыйын 3 күнэ».

Бу үөһэ ахтыллыбыт орденын ылбытын туһунан байыаннай архив көрдөрөрүнэн, наградной лииһигэр кылгастык суруллубут: «25 июня 1944 г. в районе совхоза Триполье подавил огонь 105 мм батареи и уничтожил из них 2 орудия.

26 июня 1944 г. взорвал склад с боеприпасами. Севернее совхоза Тирасполь уничтожил наблюдательный пункт, в деревне Мишаки  подавил огонь 105 мм батареи. На северной окраине гор. Витебска уничтожил 3 пулемета и 70 солдат и офицеров противника.

За мужество и отвагу проявленные в боях за родину достоин представления к правительственной награде орденом «Оте­чественной войны второй степени.

Командир полка, подполковник

Ярушин. 18 октября 1944 г.».

IMG 20190507 090030 копияМаннык сэриилэһэн Восточнай Пруссияны, Польшаны босхолоһон, Германияҕа Берлины урусхаллааһыҥҥа кыттыһан, 1946 сыллаахха  дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.

Кини түөһүгэр «Кыһыл Сулус», Аҕа дойду сэриитин 2 истиэпэннээх уордьаннара,  Германияны кыайыы иһин, Сэрии кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин мэтээллэр  хорсуннук  сэриилэспитин, төрөөбүт дойдутун туһугар бэриниилээхтик сулууспалаабытын туоһулууллара.

Сэрииттэн кэлээт Бүлүү педагогическай училищетыгар военругунан үлэлии сылдьан, комсомол райкомун бастакы секретарынан талыллыбыта. Дьону хомуйар-дьаһайар, салайарга дьоҕурдаах үлэһити аны Дьокуускай обкуомун каадырга сэкиритээринэн үлэҕэ ылаллар. Манна үлэлии сылдьан Москубатааҕы Идэлээх сойуус киин сэбиэттэрин үрдүкү оскуолатын бүтэрэр уонна обкуом партийнай, идэлээх сойуус уорганнарын отделыгар инструкторынан үлэлиир. Кэккэ сылларга Бүлүү, Кэбээйи оруйуоннарыгар эппиэттээх дуоһунастарга сылдьыбыта.

«Барыта үчүгэй курдуга гынан ба­ран, сотору кини этэ-сиинэ мөлтөөн-ахсаан, алларыйан барбыта биллибитэ. Биир күн иһигэр оннук буолбатаҕа. Өрдөөҥүттэн бука, сэрииттэн эргиллэн кэлиэн инниттэн, сылтан сыл, эпсэри ылларан испит быһылааҕа. Атын доруобуйата үчүгэй, чэгиэн буолан, бастаан утаа онтукатын билиммэт, биллэрбэт да этэ...

Үксүгэр, хомойуох иһин, хойутаан өй­дөнөбүт. Буолар буолбутун, туох да абыраабат буолбутун кэннэ...

Доҕорум суох буолбута үгүс сыллар аас­пыттарын кэннэ, кинини өтөр-өтөр санаан кэллэхпинэ, кини итинник буолбутун биир суолу кытта холбуу саныыбын. «Ол тугу?» диэххит. Ол хаһан да — СЭРИИ.СЭРИИ.СЭРИИ.

Сэрии буолбатаҕа буоллар, мин доҕорум итинник буолуо суоҕа этэ. Кини уйулҕата сэриигэ, фроҥҥа алларыйбыта . Этэҥҥэ сылдьыбыта буоллар, доҕорум билигин дэлэлээх үчүгэй үлэһит буолан хайҕалга, бочуокка сылдьыа этэ дуо?!  Бу бэйэлээх олоххо, дэлэгэйгэ тиийэр кыаҕа суох буолбута... Дьарҕам көбөн куһаҕаннык утуйдахпына, билиҥҥэ диэри, доҕорбун түһүүбүн. Арыт былыргытын,  сэрии иннинээҕитин, үчүгэй баҕыйытык үөрэ-көтө сылдьарын көрөбүн. Оччоҕо уһуктан баран хомойобун. Уйадыйабын. Арыт уоспар туус­таах уу биллиэр диэри...».

Бу курдук доҕорун туһунан иһирэхтик суруналыыс, Сэбиэскэй сойуус дьоруойа Н.А. Кондаков  1979 сыллааҕы «Cаллаат суола оспот» кинигэтигэр ахтыбыт.

1964 сыллаахха хорсун буойун, учуутал, лейтенант Никифоров Афанасий Петрович Булуҥ оруйуонугар Күһүүргэ үлэлии сылдьан бу олохтон эмискэ барбыта...

Суруйааччы Юрий Шамшурин «Полк пошел в наступление» кинигэтигэр артиллерист лейтенант Назар Никифоров туһунан кэпсэнэр, ол арамаан дьоруойун прототиба үөһэ ахтыллыбыт А.П. Никифоров буолар.

КИМ ДА УМНУЛЛУБАТ, ТУОХ ДА УМНУЛЛУБАТ...

Егор Никифоров, Дьокуускай к.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением