Зинаида Дмитриевна дьоһуннаах олоҕо, үлэтэ-хамнаһа бүтүннүүтэ улуус сайдыытыгар анаммыта. 21 саастаах эдэр кыыс үлэтин 1962-1963 үөрэх сылыгар Түүлээх оскуолатыгар старшай пионербаһаатайынан, интэринээт иитээччитинэн саҕалаабыта. 1963-1968 сс. Курбуһах орто интэринээт-оскуолатыгар иитээччинэн, старшай пионербаһаатайынан, 1968-1969 үөрэх сылыгар Майаҕас аҕыс кылаастаах оскуолатыгар иитээччинэн, нуучча тылын учууталынан үлэлээбитэ. 1969 с. олоххо көхтөөх, үлэһит кыыһы бэлиэтии көрөннөр комсомол райкомун сэкирэтээринэн быыбардаабыттара. 5 сыллаах күүрүүлээх үлэ кэнниттэн Хабаровскай куоракка Үрдүкү партийнай оскуолаҕа үөрэххэ ыыппыттара. Үөрэҕин түмүктээтин кытта анал үрдүк партийнай үөрэхтээх киһини 1978 с. ССКП Уус Алданнааҕы райкомун сэкирэтээринэн быыбардааннар үрдүк итэҕэли сүктэрбиттэрэ. Бу 1З сыл устата үлэлээбит кэмигэр Уус Алдан оройуона пятилетка былааннарын чиэстээхтик толоруутугар, партия ыытар политикатын оройуон нэһилиэнньэтигэр тиэрдиигэ бары күүһүн-сыратын ууран туран үлэлээбитэ. 1992-1997 сс. 7 киһилээх, дьиэҕэ көмө отделын салайааччытынан үлэлээбитэ. Үлэтин түмүктүүрүгэр кини быһаччы туруорсуутунан 41 киһилээх отдел буолбута, бу кэмҥэ Курбуһах интэринээт дьиэтэ аһылларын ситиспитэ. 1997 сылтан куоракка олорор. Олорор диэн кыараҕас өйдөбүл. Зинаида Дмитриевна манна да үгүс киһи ортотугар симэлийэн хаалбакка, тута дьон туһугар уопсастыбаннай үлэ үөһүгэр түспүтэ.
Улуу Кыайыы 75 сылын бэлиэтиирбит күнтэн-күн чугаһаан иһэр. Өйдөбүнньүк уонна Албан аат сылыгар Зинаида Дмитриевна дьону көҕүлээн сүҥкэн үлэни тэрийэ сылдьар. Биир күн болдьоһон үлэлиир кабинетыгар тиийэн, быыстала суох наадаларын быһаарса, сүбэлэтэ кэлэр аҕа саастаах дьону көрсөрүн быыһыгар Зинаида Дмитриевнаны аҕыйах боппуруоска хоруйдууругар көрдөстүм.
— Эн сэрии кэмин оҕото буолаҕын. Сэрии ыар тыына эһиги дьиэ кэргэни хаарыйан ааспыт буолуохтаах. Ол кэмҥэ эргиллэн ылыах эрэ.
— Мин 1941 сыл ыам ыйын 3 күнүгэр I Өлтөх нэһилиэгэр олохтоох Винокуровтар дьиэ кэргэннэригэр иккис кыыһынан күн сирин көрбүтүм. Сэрии саҕаланаатын кытта аҕам Винокуров Дмитрий Федорович бастакы хомуурга хабыллан сэриигэ аттаммыта. Саҥа төрөөбүт оҕону, миигин, илиитигэр көтөҕөн, иккис оҕотун сытын ылан сэриигэ бардаҕа. Ийэм Пестрякова-Винокурова Евдокия Назаровна холкуоска үлэлиирэ. Кэргэнэ сэриигэ баран, икки кыра оҕолоох хаалбыт ийэм төрөппүттэрин кытта эҥэрдэспитэ. Эһэм Пестряков Назар Данилович ыраах айаҥҥа таһаҕас таһыытыгар сылдьан, муҥурдааҕа ыалдьан буолаахтыа, иһинэн хам туттаран өлбүтүн аҕалбыттара. Эбэм Орто Эбэ медпуунугар оһох оттооччунан, дьиэ сууйааччынан үлэлээбитэ. Оччотооҕу медпуун дьиэтэ билигин да соҕотоҕун чоройон турар ээ. Орто Эбэҕэ элбэх ыал да суоҕа. Биэлсэр А.А.Замятина ырааҕынан бытанан олорор ыаллары кэрийэ сылдьан көрөрө-истэрэ. Ийэм Өлүнньэхтээххэ пиэрмэҕэ сэбиэдиссэйдиирэ, биригэдьиирдиирэ. Инньэ гынан мин оҕо сааһым Орто Эбэҕэ эбэбин уонна ийэм эдьиийин Татьяна Пестрякованы кытта ааспыта, кинилэр миигин оҕолообуттара. Ийэм Бороҕоҥҥо отчуот туттара баран иһэн ыксалынан таарыйан ааһара. Онон эбэ сылаас хоонньугар бигэнэн, кини үөрэтиитинэн-такайыытынан улааппытым. Баҕар, ол да иһин буолуо, улаханнык хоргуйуу диэни билбэтэҕим. Эбэм иистэнэрэ, ону тэҥэ Артамаан сайылыгар үүт астыыра. Үүт күүгэнин сиирбитин өйдүүбүн. Эбэм барахсан оту-маһы булкуйан аһатан тыыннаах хааллардаҕа. Аҕабар фроҥҥа сурук суруйалларын, онно быыкаа киһи илиитин суолун лиискэ түһэрэллэрин өйдүүбүн. Баҕар, ол мин кыра илиим суола аҕабын өлүүттэн тыыннаах хааллардаҕа. Аҕам 1946 с. от ыйыгар кэлбитэ. Күн киирэн эрдэҕинэ ботуоҥка сүгэһэрдээх киһи кэлбитэ өйбөр хаалбыт. Бастаан аҕабар сыстыбакка хаппырыыстаабыппын бадахтаах. “Аҕам буолбатах, кини кирдээх буолуо”, — диэн албаһыран чугаһаамаары куотуммуппун кэлин кэпсииллэрэ. Аҕам Д.Ф.Винокуров Япония сэриитигэр сылдьыбыта, “Хорсунун иһин”, “Японияны босхолооһун иһин” мэтээллэрдээх, махтал суруктардаах кэлбитэ уонна саҥа эйэлээх олоҕу тутууга коммунист быһыытынан харса суох үлэлээн киирэн барбыта. Кини 60 сааһыгар 1978 с. олохтон туораабыта. Төһө да оҕо буолларбын Кыайыы ыһыаҕын өйдүүбүн. Куораттан артыыстар Дарья Барашкова, Лев Попов, Петр Решетников кэлбиттэрэ. Аҕам аҕалбыт дьоппуон былаатын баанан уонна эдьиийим тикпит хаһыаччыгын кэтэн ыһыахха маанымсыйан аҕай барбытым. Дарья Барашкова сыанаҕа ыллыы туран, миигин бэлиэтии көрөн ыҥыран ылбыта. Сыанаҕа тахсан аттыгар тура түһэн баран, аралдьыйан, атын сир диэки халыйаары, кэннибинэн чугуруҥнаан иһэн охтон түһэн били бэйэлээх мааны былааппын хайа түһэн кэбиспитим. Ол былаатым билигин да бэйэбэр баар. Кэлин биир күн үлэбинэн Барашкова Зинаида Николаевна диэн дьахтары көрсүбүтүм. Кэпсэтэн билсибиппит, кини ол Дарья Барашкова ииппит кыыһа эбит. Өйүгэр хатаабыт кыра кыыһын аатынан иитэ ылбыт оҕотун Зинаида диэн ааттаабыт. 1946 с. аҕам соҕотуопкаҕа боломуочунайынан ананан дьонум Бороҕоҥҥо көспүттэрэ. Мин эбэбэр хаалбытым. 1949 с. оскуолаҕа киирэрбэр биирдэ Бороҕоҥҥо киирбитим. Ити курдук оҕо сааһым бастакы сыллара Орто Эбэҕэ ааспыттара. Ийэм үлэ, тыыл бэтэрээнэ Е.Н.Винокурова 2014 с. 96 сааһыгар олохтон туораабыта. Биһиги көлүөнэ оҕолор сэрии хабараан тыынын, алдьархайын билэн улааппыппыт. Аҕа дойду сэриитэ хаарыйбатах ыала диэн суоҕа.
— Эн уопсастыбаннай үлэнэн күүскэ дьарыктанаргын, “Сэрии оҕолоро” диэн статус олоххо киириитигэр биир турууласпыт киһи буоларгын истэн билэбин. Ити үлэҥ туһунан сырдата түс эрэ.
— Куорат Октябрьскай уокуругун управатын баһылыга В.С.Солдатова уопсастыбаннай тэрилтэлэр үлэлэрин сүрүннүүргэ этии киллэрбитэ. Уокурук 43 тыһ. нэһилиэнньэлээҕэ, билигин өссө улааттаҕа. Сөбүлэһэн, тута дьахталлар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбытым. Икки сыллаах үлэбит түмүгүнэн “Куорат бастыҥ дьахтар сэбиэтэ” ааты ылбыппыт. Оччолорго куорат баһылыгынан И.Ф.Михальчук үлэлиирэ. Ити үлэбинэн куорат дьаһалтатын үрүҥ уонна кыһыл көмүс бэлиэлэринэн наҕараадаламмытым. Салгыы бэтэрээннэр сэбиэттэрин тэрийбитим уонна ону салайбытым. Онтон аны Губинскай уокурукка көһөн, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ буолбутум. Островскай уулусса 6 нүөмэригэр 120 квартиралаах сэрии бэтэрээннэрэ олорор дьиэлэрин ураты болҕомтоҕо ылан үлэлээбиппит. Бу бэтэрээннэр дьиэлэрин толору өрөмүөннүүллэрин ситиспиппит. Ыыппыт үлэбитин сыаналааннар куорат Бочуотун кинигэтигэр киллэрбиттэрэ. Өссө Октябрьскай уокурукка үлэлиир эрдэхпинэ барыта 6 араас кулууп үлэлиирэ. Олортон биир кулуупка сэрии кэмин оҕолоро, сэрии тулаайахтара киирэллэрэ. Бу кулууптан сэрии оҕолорун статуһун туруорсуу саҕаламмыта. 2012 с. кулун тутар ыйыгар Москваҕа “Сэрии оҕолоро” Бүтүн Россиятааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ I съеһэ ыытыллыбыта. Онно Саха сириттэн соҕотоҕун сылдьыбытым. 2016 с. саас ыытыллыбыт иккис съезкэ мин делегатынан уонна бэтэрээннэр өрөспүүбүлүкэтээҕи сэбиэттэриттэн И.Д.Васильев ыҥырыылаах быһыытынан кыттыыны ылан кэлбиппит. Бу съезтэргэ көннөрү истээччи быһыытынан эрэ сылдьыбакка, бэйэбит этиилэрбитин тиэрдибиппит. Быйыл ыам ыйын 26 күнүгэр үһүс съезд ыытыллара былааннанар. Күн бүгүн Саха сиригэр 24 тыһ. сэрии оҕолоро бааллар, ол иһиттэн 9 тыһ. киһи Дьокуускайга.
— Зинаида Дмитриевна, куорат дьаһалтата тэрийэн ыытар “Якутянин года-2019” уопсастыбаннай бириэмийэтин дипломана буолбуккунан эҕэрдэлиибин. Эн Кыайыыны уһансыбыттары үйэтитиигэ ахсаабакка үлэлииргин билэбин. Ол үлэҕиттэн сырдата түс эрэ.
— Уопсастыбаннай бириэмийэҕэ түспүппүн кэлин истибитим. Дьон үлэҕин сыаналыыра тустаах киһиэхэ, биллэн турар, үөрүүнү аҕалар. Оттон үйэтитии туһунан эттэххэ, кэлиҥҥи 10 сылга 7 кинигэни хомуйан таһаартардым. Улуу Кыайыы 65 сылын көрсө “О ветеранах войны – жителях дома на Островского, 6 г. Якутска” кинигэни 2009 с. бэчээттэтэн таһаартарбытым. Ону тэҥэ сэрии бэтэрээннэрин ахтыыларын киинэҕэ уһултарбытым, ол диискэтин Кыайыы күнүгэр бэлэхтээбиппит. Улуу Кыайыы 70 сылыгар Октябрьскай уокуруктан сэрии бэтэрээннэрин туһунан “Нашим победителям посвящается” кинигэ 2015 с. күн сирин көрбүтэ. “С заботой о ветеранах” үгүс хаартыскалардаах кинигэҕэ бэтэрээннэр сэбиэттэрин ыытар үлэтин, бэтэрээннэр тустарынан сырдаппытым. 2017 с. “Дети войны долины Туймаады” кинигэ, 2019 с. Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан бу кинигэ иккис чааһа бэчээттэнэн тахсыбыттара. Бу кинигэлэри таһаартарарбар куорат баһылыгын “Сыл бастыҥ проега” гранын ылбытым көмөлөспүтэ. “Сэрии сылларын оҕолоро” кинигэ иккис чааһа 2015 с., үһүс чааһа 2018 c. тахсыбыттара. Бу кинигэлэр үксүлэрэ “Сайдам” кинигэ кыһатыгар хаачыстыбалаахтык бэчээттэммиттэрэ, үбүнэн көмөнү куорат дьаһалтата (баһылыктар Николаев А.С., Авксентьева С.В.) оҥорбута. Кыайыы 75 сылын көрсө сэрии сылын оҕолорун уус-уран айымньыларын, Кыайыы, эйэ туһунан ырыалары түмэн хомуурунньук оҥорон таһаараары үлэлии сылдьабыт. Cэрии кэмин оҕолоро оскуолаларга сылдьан “Уроки мудрости” ыыталлар. “Сэрии оҕолоро” уопсастыбаннай тэрилтэ өрөспүүбүлүкэтээҕи сэбиэтин, партия горкомун, реском хонтуруоллуур ревизионнай хамыыһыйатын чилиэнин, 1-кы нүөмэрдээх партийнай тэрилтэ сэкирэтээрин быһыытынан үлэм элбэх, олорго санаам, күүһүм тиийэринэн үлэлиибин.
— Аҥардас бу таһаартарбыт кинигэлэргин да көрөн үлэҕин сөҕө саныы олоробун. Түмүккэ дьоҥҥо-сэргэҕэ, ыччакка туһаайан баҕа санааҥ.
— Сэрии кэмин оҕолоро сүктэриллибит ытык иэһи сөпкө толорон иһэбит диэн сыаналыыбын. Урусхалламмыт дойду атаҕар туруутугар, Советскай Союз бары салааларга сүҥкэн ситиһиитигэр сэрии кыттыылаахтарын, тыыл үлэһиттэрин кытта тэҥҥэ сэрии кэмин оҕолоро өрүү инники сылдьыбыттара. Ону умнумуохха наада. Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга иитиигэ, аҕа көлүөнэни үйэтитэр үлэҕэ сүрүн болҕомтону дьиэ кэргэҥҥэ ууруохха. Мин сиэн оҕолорбор кыра саастарыттан эһэлэрин, эбэлэрин туһунан кэпсээн кэллим. Кыайыы күнүн аайы анал хаһыат таһаарабыт, дьоммут үлэлэрин, олохторун кэпсиир стендэ оҥоробут. Оҕолор кыра кылаастан араас НПК-ларга ситиһиилээхтик кытталлар. Бэйэм куорат уопсастыбаннай тэрилтэлэрин ыытар тэрээһиннэригэр кыаҕым тиийэринэн кыттабын, сэрии туһунан кэпсиибин. 2019 сылга 47 төгүл араас тиэмэҕэ бэсиэдэ оҥорон 1610 киһини хаппытым. Кыайыы суолтата, кыайыыны уһансыбыттар ааттара өлбөөдүйбэтигэр, умнуллубатыгар баҕарабын. Кинилэр эйэлээх олоҕу аҕаланнар, күн бүгүн холкутук сылдьар, көҥүллүк тыынар кыахтаахпытын умнуо суохтаахпыт.
— Үлэҕиттэн быыс булан кэпсэппиккэр улахан махталы кытта тус бэйэҕэр этэҥҥэ буолууну, ылыммыт былааннарыҥ туолалларыгар баҕарабын.
Елена Сыроватская, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0