Дьэ, биһиги Ил Түмэммит эһиил тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтиир. Сайдан кэлбит суолун биир кэрчик кэмин туһунан II ыҥырыылаах Ил Түмэҥҥэ Таатта улууһуттан дьокутаатынан талыллан үлэлээбит, экэниэмикэ наукатын хандьыдаата, ХИФУ үпкэ уонна экэниэмикэҕэ институтун доцена Афанасий Афанасьевич Федоровтыын көрсөн кэпсэттибит.
Санатан эттэххэ, II ыҥырыылаах мунньах 1997 сыл ахсынньы 28 күнүттэн үлэтин саҕалаабыта уонна 2002 сыл ахсынньы 29 күнүгэр боломуочуйатын уурбута. “70 дьокутаат миэстэтигэр уопсайа 76 киһи үлэлээн ааспыта (6 киһи уурайбыт дьон оннугар эбии талыллыбыттара). Өрөспүүбүлүкэ хас биирдии улууһуттан бэрэстэбиитэл баара”, -- диэн кэпсээнин саҕалыыр.
Үс баһылык биһиэхэ баара
Афанасий Афанасьевич үлэлээбит кэмин сүрүн уратыта – оччолорго парламент икки палааталааҕа.
--Биһиги Өрөспүүбүлүкэ палаатата диэн аатырарбыт. Сүнньүнэн улуустартан талыллан кэлбит уопсастыбаннай дьокутааттар этибит. Маннык систиэмэ иккис ыҥырыынан тохтообута. Кэлин биир палаатанан үлэлииллэр.
Туох да диэбит иһин, күүстээх састаап этэ. Холобур, Абыйтан Иван Данилович Черов, Чурапчыттан Егор Афанасьевич Борисов, Үөһээ Дьааҥыттан Иван Иванович Горохов, Кэбээйиттэн Харлампий Назарович Дьяконов, Өлүөхүмэттэн Климент Егорович Иванов, Покровскайтан Зоя Афанасьевна Корнилова, Өлөөнтөн Айсен Сергеевич Николаев, Бүлүүттэн Федот Семенович Тумусов, Горнайтан Василий Васильевич Филиппов, Анаабыртан Вячеслав Анатольевич Штыров уо.д.а. Бу даҕаны испииһэктэн көрдөххө, өрөспүүбүлүкэбит үс салайааччыта иккис ыҥырыыга дьокутаабыттара көстөр.
- Ил Түмэн II ыҥырыытын дьокутааттара бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытта
Өрөспүүбүлүкэ палаататыгар 35 этибит. Спикербит В.В. Филиппов этэ. Ол саҕана баартыйа испииһэгинэн талыы диэн суоҕа. Фракциялар бааллара. Талыллан кэлбит дьокутааттар истэриттэн таҥыллара. Хомуньуустары Артур Алексеев салайара. “Союз правых сил” диэн баара, салайааччыта Василий Моисеевич Ефимов этэ.
Иккис палаата - бэрэстэбиитэллэр. Кинилэр хамнастаах үлэһиттэр этилэр. Оттон биһиги -- уопсастыбанньыктар. Биһигиттэн хамнастаах үс киһи эрэ этэ: бэрэссэдээтэл, маҥнайгы солбуйааччы уонна сэкирэтээр. Араас салааҕа, эйгэҕэ, тэрилтэлэргэ үлэлиирбит. Сиэссийэҕэ кэлэн кыттарбыт.
Көҥүл тыына күүстээҕэ
-Үлэлиир сылларбытыгар экэнэмиичэскэй балаһыанньабыт олус ыарахана. Биһиги 1997 сыллаахха талыллабыт, эһиилигэр 1998 сыллаахха дефолт буолар. Бары өйдүүр буолуохтааххыт, биир түүн иһигэр 1000 солкуобайбыт биир солкуобайга тэҥнэспитин. Экэниэмикэ урусхалланан, хайдах-туох буоларбытын билбэт турукка киирбиппит.
Ону таһынан айылҕа уларыйыылара үлэҕэ эмиэ улаханнык сабыдыаллыыллар. Былырыын, холобура, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баһаардар турбуттара, оттон биһиги саҕана -- халааннар. 1998 сыллаахха улахан уу кэлэн, Өлүөнэ, Амма, Алдан өрүстэр хааларыттан тахсаннар, нэһилиэнньэлээх пууннары ылбыттара. Ол хоромньутун, алдьаныытын-кээһиниитин чөлүгэр түһэрии, олохтоохторго көмөнү оҥоруу -- Ил Түмэн күннээҕи бэбиэскэтэ буолбута. Дьону кытары ыкса үлэ барбыта. Миэстэтигэр элбэхтэ тахсарбыт.
Биһиги кэммитигэр олохтоох бэйэни салайыныы киирбитэ. Ол боппуруостарын сытыытык дьүүллэһэрбит. Поселенческай тиип диэнинэн уларыйыы-тэлэрийии барбыта. Дьокуускай куорат муниципальнай тэриллии буолбута. Жатай эмиэ. Ол иһин билигин Туймаада хочотугар икки муниципалитет баар. Оттон Хатас, Маҕан о.д.а. куорат чугаһынааҕы нэһилиэктэр муниципалитеттара суох. Улуустарга, нэһилиэктэргэ дьокутааттары, баһылыктары талар бырааптаммыппыт.
Олохтоох бэйэни салайыныыга көһүү боппуруоһугар мөккүөр тахсара. Саҥа былаас олохтонуута буоларын бары өйдөөн туран, хас биирдии пуун ымпыгын-чымпыгын иҥэн-тоҥон ырытарбыт. Куоракка күүстээх үлэни мэр Илья Михальчук ыыппытын мэлдьэһэр сатаммат.
Уһуктуу сыллара буолан, дьокутааттар наһаа демократичнай этибит. Санаабытын олох толлубакка аһаҕастык этэрбит, харса суох туруорсарбыт, кимтэн да тутулуга суох туруулаһарбыт. Көҥүл тыынын толору билбит дьоллоох эбиппит.
Уларытыылары киллэрии
-Аны толорор (ситэриилээх) уонна сокуон таһаарар былаастары араарыы саҕаламмыта. “Толоруулаах (итинник диир ордук) былааска үлэлиир киһи дьокутаат буолбат, иккиттэн биирин талыахтаах” диэн буолбута. Ол кэмҥэ тэҥинэн судаарыстыбаннай дуоһунаска үлэлиир дьокутааттар бааллара. Оннук сатаммат буоллаҕа дии. Мин мандатнай хамыыһыйаҕа баарым. Айдааран туран, боломуочуйаларын уһултарбыппыт. Холобур, биир дьокутааппыт улуус баһылыга этэ. Ону утары куоластаабыппыт. Өссө икки сиргэ дьокутааттыыр дьон эмиэ баара. Холобур, Ил Түмэҥҥэ уонна куорат Дууматыгар. Билигин оннук көҥүллэммэт. Саха Сиригэр парламентаризм тутулугар уонна туруутугар итинник өйдөммөт түбэлтэ үгүһэ. Ону чопчулуурга үлэ күүскэ барбыта.
Бүддьүөт хамыыһыйатыгар үлэлээбитим. Бырагыраамалаах, сыаллаах бүддьүөт диэн эмиэ оччолорго саҥа киирбитэ. Үөрэх, доруобуйа бырагыраамалара ылыллыбыттара.
Гаас боппуруоһа күүскэ турбута. Ол түмүгэр гаас ситимин өрүс нөҥүө илин эҥээр улуустарга тардыы саҕаламмыта. Үбүлээһинигэр тыл тылга киирсибэккэ, тыҥааһыннаах мунньахтар буолуталыыллара. «АЛРОСА» хампаанньа дохуотуттан 2 бырыһыана кэлэрэ, онтон 1%-ын улуустары гаастааһыҥҥа ыытарга туруорсубуппут. Хас эмэ мөлүйүөнүнэн харчы этэ. Этиини Роберт Андреевич Бурнашев киллэрбитэ.
Утарсыылаах боппуруостарга соруйан кворуму ыһыы кытары тахсара. 35 киһиттэн 17-тэ хааллаҕына, сокуон кыайан ылыллыбата. Ол иһин мунньахтан тахсан баран хаалаллара. Ол барыта хас биирдии дьокутаат улууһун туһугар киирсэ сатыырыттан этэ.
Ханнык баҕарар боппуруоһу бастаан бэрэстэбиитэллэр палааталара көрөрө. Манна даҕатан эттэххэ, оччолорго дьокутааттары талыы систиэмэтэ билиҥҥитээҕэр атын этэ. Нэһилиэнньэ ахсааныттан көрөллөрө. Ортотунан 500 тыһыынча быыбардааччы баара. Маны 35 улуус ахсааныгар түҥэтиллэрэ.
Бэрэстэбиитэллэр палааталарын кэнниттэн сокуон барылын уопсай бииргэ көрүү саҕаланара. Маннык систиэмэнэн үлэлиир табыгастаах дии саныыбын. Аны сорох боппуруостары бэрэстэбиитэллэр палааталара соруйан аһардар курдук этилэрэ...
Төрүт сокуоҥҥа көннөрүүлэр
--РФ Конституциятыгар олоҕуран, бэйэбит Төрүт сокуоммутугар көннөрүүлэри киллэрбиппит. Ол саҕана бэйэбит эрэгийиэннээҕи сокуоммут сувереннай судаарыстыба киэнин курдук этэ. Тутулуга суох буолуу Декларациятыгар олоҕуран суруллубут буолан, оннооҕор туспа сэбилэниилээх күүстээх, туспа бааннаах буолуохпутун сөп курдуга. Кэлин уларыйан-уларыйан, мөлтөөн-мөлтөөн, күлүк эрэ курдук буолла...
Уларыйыылары киллэрии дойду борокуратууратын модьуйуута этэ. СӨ борокуратуурата мунньахтарга кэлэн олорон истээччи, сүбэлээччи. Ол саҕана дефолт буолан, экэнэмиичэскэй кириисис ыган, Саха Сирин боломуочуйата аччаабыта. Нолуок кодексыгар кэккэ уларытыылар киирбиттэрэ.
Үп бэйэбитигэр хааларын туруорсарбыт
--Биһиги үлэлиир сылларбытыгар “Два ключа” диэн өйдөбүл баара. Холобур, сир баайын хостуурга аукцион биллэриллэр. Бу үп аҥаара өрөспүүбүлүкэҕэ хаалара, аҥаара федеральнай бүддьүөккэ барара. Өрөспүүбүлүкэ көҥүллээбэтэҕинэ, көмүс, алмаас, ньиэп, гаас, о.д.а. сир баайын хостуур сирдэр атыыга барбаттара. Оннук “Юкос” хампаанньа Талакаан сирин ылаары гыммытын, дьиҥэр, аккаастаабыппыт. Аукциоҥҥа кыайбыта эрээри, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр киириэхтээх харчытын төлөөбөтөҕө. “Кирэдьиит ылан баран төлөһүөм”, -- диэбитин сөбүлэспэтэхпит. Өрөспүүбүлүкэ толоруулаах былааһа модьуйбута эрээри, кыайбатаҕа...
Туохтан да куттаммат этибит
--Этэн аһарбытым курдук, биһиги палаатабыт дьокутааттара хамнаһа суох үлэлиирбит. Онон туохтан да куттаммат эбиппит. Туспа мунньахтыырбыт. Оттон бэрэстэбиитэллэр палааталарыгар дьокутааттар хамнастаах буолан, адаҕаланаллара элбэх этэ. туохтан да толлубакка, иннибитин диэки күрдьэн баран иһэр этибит. Сорох боппуруостарга ардыгар куттуу эҥин сатааһын баара.
Хоту улууустар, төһө да аҕыйах нэһилиэнньэлээх буоллаллар, бэйэлэрэ дьокутааттаахтара. Айсен Сергеевич Өлөөн улууһуттан талыллыбыта. Кыра нэһилиэнньэлээх оройуоҥҥа хас да хандьыдаат туран, тыҥааһыннаах киирсии түмүгэр, 200 киһи куолаһын ылан, дьокутаат буолбута. Вячеслав Штыров эмиэ оннук кыайбыта. Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттарга болҕомто ол кэмнэртэн ууруллан саҕалаабыта. Артур Алексеев, Евгения Исаевна Михайлова Дьокуускайтан турбуттара. Кинилэргэ нэһилиэнньэлэрэ улахан. Хас эмэ тыһыынчанан куолаһы ылыахтарын наада этэ. Тэҥэ суох балаһыанньа курдук да буоллар, сөптөөх үллэрии этэ.
Улуустар туруорсууларын, кыһалҕаларын талбыт дьокутааттарыттан быһаччы ирдииллэрэ. Ол иһин улууспут боппуруостарын үчүгэйдик быһаарсар дьон этибит. Чопчу биир улуус дьокутаата буоллахпыт дии.
Биһиги палаатабыт “Последний рубеж обороны” курдук буолан хаалара. Бэрэстэбиитэллэр палааталара боппуруоһу, сокуон барылын аһардан баран, биһиэхэ ыыталлара. “Балар кииристиннэр”, - диэн. “Тоҕо утарбатаххытый?”-- диэн ардыгар эттэххэ, “Эһиги киирсиҥ ээ”, - дииллэрэ. Дьэ, ити курдук интэриэһинэйдик иккистэр үлэлээн ааспыппыт.
***
Ил Түмэн алта ыҥыырыта барыта Саха Сиригэр парламентаризм туруутугар кылааттаах. Холобура, А.А. Федоров кэпсээбитинэн, кинилэр чопчулаабыттар эбит – толорор былаас киһитэ тэҥинэн дьокутаат буолбат диэн.
Итинник бытархай түгэннэртэн таҥыллан, сааһыланан, бүгүҥҥү Ил Түмэммит силигин ситэн, өрөспүүбүлүкэ туһугар үлэлии-хамсыы олорор.
Галина Матвеева.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0