Түннүк аайы чысхаан ыйаабыт хатыламмат кэрэлээх, оһуордаах куруһубата аптаах-алыптаах остуоруйаны санатта. Аар-тайҕа барахсан кэккэлэспит тэҥкэ тиитинэн тирэхтэнэн, ханыыласпыт хотун хаан хатыҥнарынан хаймыыланан, чынарыспыт чагда уолаттара бэстэринэн харабылланан чуумпутун уйгуурдубаттыы дьоһун хаанын киллэрэн лабааны да хамсаппаттыы иһийэн турар.
Арай дөрүн -дөрүн хайа нохолоор, хотуйдаар бааргыт дуо диэбиттии мас көтөрө кими да үргүппэттии оргууй-оргууй көтөн күпсүтэн үөһэттэн эргиччи көрөн ылар. Мэнээктиирэ мэлийбит, ахсаана аҕыйаабыт куобах куттанарын да умнан туран аһыыр туһугар талахтаах сири талаһар, халыҥ хаары хаһар, хап харанан оҥой-соҥой көрөр. Аар тайҕа аарымата тайах кыыл ыраах-ыраах атыллаталаан тобугунан хаары баардылаабат, көрдөххө көһүүн бэйэтэ бэрт сымсатык хамсанар, тыаһа суох хаамар. Ааттыын-суоллуун мэйиилээх бэрдэ, өйдөөх үтүөтэ тииҥ мастан маска ойуолуур, хаһаас астарын, ууруммут өйүөтүн кэрийэр.
Сыһыыга-хонууга сыспай сиэллээх хаһан-хаһан сэтиэнэхтэн даҕаны сэниэ биэрэри, хордоҥтон амтаннааҕын булар. Хотоннорго кыстаан турар хороҕор муостаах сыа отунан хадаҕаланар, күөх отунан күндүлэнэр, уулаах ынах ураты болҕомтоҕо турар, эбиитин сэмсэлэнэр, мааныланар.
Эрдэ турбут эһэлээх эбэ отур-ботур кэпсэтэр, сарсыардааҥҥы чэйин иһэр, сыыйа-баайа барар-кэлэр дьонун сыымайдыыр, аһатар-таҥыннарар түбүгэр түһэр. Үлэ-үөрэх дьоно үлүмнэһэ үөрэн, сайдар саҕахтары арыйар саҥа күнү көрсөр.
Хаартыска: Яндекс. Дзен.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0