Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Сергей Иванович Евсеев ааспыт сыл куһаҕана суохтук ааспытын бэлиэтиир: “Хас биирдии хайысхаҕа иннин диэки барыы баар. Ол курдук, олохтоох бүддьүөт дохуота 5 млрд. 295 мөл. солк. буолла. 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ, бу 1 млрд. 190 мөл. солк. элбэх. Үп улаатыыта быһаччы улуус дьаһалтата ыытар былааннаах үлэтин түмүгэ диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук, бары салаанан федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаларга кыттабыт. Быйылгы бүддьүөтү 6 млрд. солк. итэҕэһэ суох түмүктүүргэ сыал-сорук турар”.
Көдьүүстээх мэхэньиисим
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыа хаһаайыстыбатын салаатын өйүүргэ элбэх көмө оҥоһулунна: бүддьүөттэн 12,5 миллиард солкуобай көрүлүннэ, хас да боломуочуйа муниципальнай тэриллиилэргэ бэйэлэригэр бэрилиннэ, үүтү туттарыы сыаната үрдээтэ, кэтэхтэр (хотуларга уонна бырамыысыланнай оройуоннарга тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар эмиэ) ыанар ынах төбөтүгэр 35 тыһ. солк. ылаллар, оҕуруот аһын, туораахтаах култуураны үүннэрээччилэргэ ыспыт гектардарын ахсын харчынан өйөбүл, о.д.а. Аны саҥа мэхэньиисим иккис түһүмэҕэ соҕотуопкалааччыларга туһаайылынна.Онон билигин сүөһү-сылгы иитэр барыстаах буолан турар.
--Тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар тохтуур буоллахха, оройуон бүддьүөтүттэн 106 мөл. солк. көрүллүбүтэ . 2021с. түмүгүнэн ынах ахсаана 5.1%, биэ 3,4% эбилиннэ -- бу саҥа сокуон көдьүүстээҕин туоһулуур, -- диир Сергей Иванович.
Суох гынар уолдьаста
--Өрөспүүбүлүкэбит бары даҕаны улуустарыгар дьэллик ыттар элбээбиттэрэ салыннарар. Иччитэ суох сылдьан кыыллыйаллар, ону бу ааспыт сыл бүтүүтэ буолбут быһылаан туоһулуур.
Дьон бары бу тахсыбыт иэдээни бэйэтигэр олус чугастык, ыарыылаахтык ылынна. "Кыылларга эппиэтинэстээх сыһыан туһунан" диэн федеральнай сокуон олохтоох усулуобуйа уратыларын учуоттаабат, элбэх итэҕэстэрдээх.
Кырыктаах, хаһаайына суох ыттары суох гынар уолдьаста. Сайдыылаах дойдуларга итинник быраактыка баар. Федеральнай сокуоҥҥа манна сыһыаннаах уларытыылары көҕүлээн, хайаан даҕаны киллэртэриэх тустаахпыт.
Дьон бырааба, көмүскэллээх буолуута өрө тутуллуохтаах. Оччоҕо эрэ бу кыһалҕаны кыайыахпыт. Билигин ыттары тутан, быстах кэмҥэ иитэр пууҥҥа илдьэн стерилизациялаан баран, төттөрү аҕалан ыытан кэбиһэр сыыһа диэн сыаналыыбын.
Итиэннэ учуот үлэтэ күүһүрүөхтээх. Холобура, ыттаах дьон рейдэ кэмигэр ыттара тиэргэҥҥэ суох буоллаҕына, ол аата бу ыт босхо сылдьар, маннык түгэҥҥэ хаһаайыттара миэрэҕэ тардыллыахтаахтар.
Территориальнай тутулбут бигэргэтиллиэхтээх
Олохтоох салайыныыны сокуонугар киирэр уларыйыылары дьүүллэһии өрөспүүбүлүкэбитигэр киэҥ далааһыннаахтык барда. Бу туһунан Сергей Евсеев санаатын туоһуластым:
-- Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара Павел Крашенинников уонна Андрей Клишас киллэрбит сокуоннарын бырайыагын өйүүбүн. Бастатан туран, РФ Конституциятыгар иллэрээ сыллааҕыта уларытыылар киллэриллибиттэрэ. Ол курдук, "публичнай былаас кэлим тиһигэ" диэн өйдөбүл баар буолбута. Бу туһунан федеральнай сокуон Госдуманан номнуо ылыллан турар. 131-с №-дээх федеральнай сокуонунан, 2006 сылтан ыла олохтоох салайыныы икки таһымнаах (нэһилиэктэр уонна улуустар) буолбута. Бу икки былаас бэйэ-бэйэлэрин иннигэр отчуотунастара суох. Нэһилиэк баһылыга үбүн-харчытын бэйэтэ быһаарар бырааптаах. Биир таһымнаах былаас тиһигэ итинник тус-туспа бытарыйан олорбуппутун бөдөҥсүтэр соруктаах, ол эбэтэр муниципальнай уокуруктары, куорат уокуруктарын эбэтэр улахан куораттар истэригэр уокуруктары тэрийэн.
Ити “муниципальнай уокуруктар” эҥин диэн өйдөбүллэр "Арассыыйа Федерациятыгар олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан" диэн 131-с №-дээх сокуон кэнники уларытыыларыгар номнуо киирбиттэрэ. Арассыыйа улахан аҥаара маннык муниципальнай уокурук систиэмэтигэр көһөн олорор.
Уларыйыылар тула дьүүллэһиилэр өрөспүүбүлүкэ эрэ таһымыгар буолбакка, улуус нэһилиэктэригэр тиийэ ыытылыннылар. Биһиги, улуус дьокутааттара, саныырбытынан, муниципальнай уокурукка көһүү барыахтаах. Оччотугар билиҥҥи улуустар оннуларыгар Саха Сиригэр 34 муниципальнай уокурук тэриллиэн сөп. Оннукка былаас туруору тутула (вертикаль власти) күүһүрэрэ саарбахтаммат. Аны туран, муниципалитеттар икки таһымнаах салайар структуралара сарбылыннаҕына, бэйэ-бэйэлэригэр эппиэтинэһи халбарытынар кыахтара суох буолар. Ол олохтоох былаас боломуочуйатын атын кимиэхэ да сыҕайбакка, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарыгар тиэрдиэҕэ.
Сокуоҥҥа этиллэринэн, “уокурук баһылыга” диэн өйдөбүл үөскүүр. Манна 3 суол баар. Бастакыта – уокурук дьокутааттара талыллан баран, кинилэр истэриттэн баһылыгы талыы. Иккиһэ – уокурук быыбардааччылара уокурук баһылыгын быһаччы норуот куоластааһынынан талаллар. Үсүһэ -- субъект салайааччыта, ол эбэтэр Ил Дархан, уокурук бэрэстэбиитэллээх уорганын дьокутааттарыгар баһылык кандидатуратын киллэрэн, кинилэр сөбүлэҥнэринэн аныыр.
Бу күннэргэ барбыт элбэх ырытыһыы-кэпсэтии түмүгүнэн, дьон үксэ санаата биир: уокурук баһылыга, билиҥҥи курдук, бүттүүн быыбарынан талыллыахтаах диэн.
Сокуон биир сүрүн тосхоло -- административнай-территориальнай үллэһик. Ньурба оройуонугар 18 нэһилиэк уонна Ньурба куората баар, бары олоҕуран кэлбит кыраныыссалаахтар. "СӨ территориальнай тутула" диэн сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн быһыллыбыта. Бу сокуон Ил Түмэҥҥэ саҥаттан көрүллүөхтээх. Ньурба улууһун уонна нэһилиэктэрин баһылыктара, улуус уонна нэһилиэк дьокутааттара кыттыылаах мунньахха кэпсэтиибитигэр, ити сокуон түргэнник ылыллыан наадатын бэлиэтээбиппит. Оройуоннар истэригэр нэһилиэктэр историческай ааттара уонна кыраныыссалара оннунан хаалыахтаах, ким даҕаны туораттан мэһэйдэһиэ, уларытарга күһэйиэ суохтаах. СӨ сокуонугар биһиги бэйэбит территориальнай тутулбут оннунан хаалара бигэргэтиллиэхтээх. Саҥа сокуоҥҥа “административнай уокурук территориальнай тутулга дьайбат” диэн чуолкайдык сурулла сылдьар, онон нэһилиэктэр бэйэлэрин кыраныыссаларын тутан хаалыахтаахтар.
Нэһилиэк дьаһалтатыгар ханнык үлэһит, туох баар буолуохтааҕын туһунан эмиэ элбэх мөккүөр үөскүүр. Сокуон бырайыагар “территориальнай-уопсастыбаннай тэрилтэлэри (ТОС) тэрийиэххэ сөп” диэн сурулла сылдьар. Биһиэхэ ТОС-тар 2011-2012 сылтан киирэн иһэн уостан хаалбыттара. Биир өттүнэн нэһилиэктэри салайарга ыстаарыста диэни киллэрээри гыналлар. Итини олохтууру-олохтооботу эрэгийиэн бэйэтэ быһаарар, аатын даҕаны уларытыан сөп. Ил Түмэҥҥэ туһаайан: “Нэһилиэктэргэ ыстаарысталар оннуларыгар территориальнай уорган тэриллиэхтээх уонна ити уорган уокурук дьаһалтатын иһинэн үлэлиэхтээх”, -- диэн санаабытын тиэртибит.
Дьиҥэр, маннык балаһыанньа биһиэхэ 2008 сыллаахха диэри, нэһилиэк таһымынан олохтоох салайыныыга көһүөхпүт иннинэ, баар этэ. Нэһилиэктэргэ баһылыгынан улуус баһылыга анаабыт дьоно үлэлээбиттэрэ, итиэннэ нэһилиэктэр туспа бүддьүөттэрэ суоҕа. Итинник биир таһымҥа олорон ааспыппытын сорохтор умна илик буолуохтаахтар. Билигин оннукка төннүү буолар.
Бу сокуону ырытан оҥорбут дьон: “Нэһилиэнньэ кыһалҕатын быһаарыыга уонна усулуобуйатын тупсарыыга былаас өттүнэн көрүү уонна үбү тыырыы күүстээх буолуо диэн санааттан маннык сокуону олоххо киллэрэбит”, -- диэн бэлиэтииллэр.
Ыстаарыста туһунан ити этэн аһардым. Уокурук баһылыгынан территориальнай уорган салайааччыта ананыахтаах уонна хайаан даҕаны уокурук дьаһалтатын структуратыгар киириэхтээх. Кинилэр муниципальнай сулууспалаах быһыытынан, уокурук бэрэстэбиитэлэ буолан, бэйэлэрин боломуочуйаларын толороллор уонна уокурук ыытар бэлиитикэтин, үлэтин-хамнаһын миэстэтигэр сүрүннэһээччи буолаллар.
Уруккуттан уратыта диэн, кинилэр 5 сылга ананан үлэлиэхтээхтэр. Холобура, 5 сылынан муниципальнай уокурук саҥа быыбара буоллаҕына, бары тохтууллар, итиэннэ саҥа талыллыбыт муниципальнай уокурук баһылыга атын дьону анаталыан сөп.
Сокуон барылыгар боломуочуйа уонна үп-харчы өттүнэн элбэх боппуруостардаах эрээри, “Үппүт элбиир дуу, аҕыйыыр дуу?” диэн ыйытыы турбат. Бу сокуон ылыллан, 2023 с. тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирдэҕинэ, РФ, СӨ 100-тэн тахса сокуонугар уларытыылар киириэхтээхтэр. 2023 сыл 6 ыйын устатыгар оройуон Сэбиэтин дьокутааттара Устаапка эмиэ уларытыылары киллэриэхтээхпит.
Буолаллара-буолбаттара биллибэт
--Аны быыбардарга тохтоон ааһыахпын баҕарабын. Быйыл улууспут, итиэннэ 11 нэһилиэкпит уонна Ньурба куоратын баһылыктарын боломуочуйалара бүтэр. Быйылгы быыбардар буолаллара-буолбаттара, итиэннэ бу дьон талылыннахтарына, аны 5 сыл үлэлииллэрэ-үлэлээбэттэрэ үгүс киһини долгутар буолуохтаах. Сокуон барылын 88-с ыстатыйатын 2-с чааһыгар сурулла сылдьар, холобура, билигин талыллан үлэлии олорор оройуон бэрэстэбиитэллээх уорганын боломуочуйата бүттэҕинэ да, 2023 сылтан быыбардар ыытыллыбаттар диэн. Улуус Сүбэтин дьокутааттарын боломуочуйата 2023 с. балаҕан ыйыгар бүтэр.
Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ 400-тэн тахса быыбар хампаанньата буолуохтаах: 15 улуус баһылыга, 5 оройуон Сэбиэтин дьокутаата, 400-чэ нэһилиэк баһылыктара уонна нэһилиэктэр дьокутааттара талыллыахтаахтар. Билигин Арассыыйа да үрдүнэн бу боппуруоска үлэлэһэ сылдьаллар. Мин быыбардар буолалларын-буолбаттарын билигин этэр кыаҕым суох. Госдумаҕа уонна СӨ Ил Түмэнигэр 2022 сыллааҕы быыбардары уһатан биэрэр туһунан кэпсэтиилэр бараллар. Ол аата 2023 с. көһөрдөхтөрүнэ, эһиил балаҕан ыйыгар Саха Сирин бары оройуоннарыгар быыбардар буолуохтарын сөп.
Сокуону бастакы ааҕыы кэнниттэн Госдумаҕа иккис ааҕыыга диэри хас биирдии ыстатыйаҕа көннөрүүлэр-эбиилэр киллэриллиэхтээхтэр. Публичнай былаас туһунан сокуон ылыллыытыгар Ил Түмэҥҥэ эмиэ улахан дьүүллэһии барбыта. Ити түмүгүнэн Саха Сирэ ол сокуон иккис ааҕыытыгар 10-тан тахса көннөрүүнү ыыппытыттан, 5-һэ ылыллыбыта. Онон бу да сокуоҥҥа Госдумаҕа Ил Түмэн этиилэрин туруорсуо дии саныыбын.
Бу боппуруоска түмүктээн этиэм этэ, сокуон ыстатыйаларыгар туруулаһан үлэлиэхпитин наада. Саамай сүрүнэ – Сахабыт Сирэ чөл хаалыахтаах уонна уруккуттан олоҕуран кэлбит нэһилиэктэрбит кыраныыссаларын тыытыа суохтаахтар. Дьиҥэр, тэрээһин үлэтин үчүгэйдик тэрийдэххэ, Устааппытын үчүгэйдик суруйдахпытына, итиэннэ СӨ сокуоннарын сөптөөхтүк ылыннаҕына, син биир бу олорбуппут-үлэлээбиппит курдук олоруохпут-үлэлиэхпит.
Галина Матвеева
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0