Улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн Иннокентий Аммосов 2020 сылтан үлэлиир. Кини 2018 сыллаахха “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан дьокутаатынан турбут. Элбэх киһи өйөөн, куоластааһыҥҥа кылбардык кыайбыт
Билигин кинини кытары олохтоох нэһилиэнньэ боппуруоһун быһаарыыга 13 дьокутаат түбүгүрэр. Олортон биэһэ -- “ньыгыллар”, түөрдэ – хомуньуустар, иккитэ -- “сиэрдээхтэр”. Маны тэҥэ биир мандааттаах уокуруктан -- 2 дьокутаат.
Дьокутааттар былырыын 22 сүрүн боппуруоһу көрбүттэр. Былаан быһыытынан, сиэссийэ кыбаарталга биирдэ буолар. Ыксаллаах боппуруостар үөскээтэхтэринэ, олору уочарата суох сиэссийэлэргэ көрөллөр. Пандемия саҕаланыаҕыттан үлэ саҥа ньыматын туһаналлар: тэйиччиттэн олорон, онлайн киэбинэн мунньахтыыллар.
Кыралаан эбиллэр
Иннокентий Алексеевич Эбээн-Бытантай олохсуйбут сахаларын сыдьааннара буолан, улуус кыһалҕатын эндэппэккэ бэркэ билэр. Ол да иһин кинини улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн таллахтара.
«Хоруона хамсыгынан хаааччахтааһын үлэни тэрийиигэ элбэх уларытыыны киллэрдэ. Интэриниэт ситиминэн мунньахтыырга үөрэннибит. Онон кворум сырыы ахсын баар. Оннук табыгастаах даҕаны», -- күннээҕи үлэ хайдах быһыылаахтык барарын сырдатар.
Эбээн-Бытантай Аартыка эргимтэтигэр киирэр. Үс нэһилиэктээх улуус иэнэ -- 52 тыһ. кв. км. Дьааҥы сис хайатын тайаан сытар.
Нэһилиэнньэ сүрүн дьарыга – балыктааһын уонна табаны иитии. Балыгы өлгөмнүк хаптарар, аһатар-сиэтэр өрүстэрэ – Бытантай уонна Дьааҥы арҕааҥҥы салаата. Өрүстэр элбэх харгыылаах, сүүрүктээх буоланнар, сиринэн айан сайынын суох. Ас-таҥас кыһыҥҥы суолунан тиэйиллэр.
--Кыралаан да буоллар, нэһилиэнньэ ахсаана эбиллэр улуустарын кэккэлэригэр киирсэбит. Дьокуускай куоракка олорор да буоллаллар, пропискаларын уларыппатах дьоммутун, үөрэнэ сылдьар ыччаппытын холбуу аҕан туран, барыта 2778 киһи баар. Олохтоохтор баһыйар өттүлэрэ -- эбээннэр.
Тылбыт баарын тухары...
--Саха норуота билии, үөрэх, сайдыы суолунан эрэллээхтик айаннаан кэллибит, бүгүн кэскилбитин түстүүбүт, сайдар суолбутун тобулабыт. Оттон биһиги улууспут национальнай буолан, эбээн тылыгар уонна култууратыгар болҕомтону уурабыт.
Төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии бастакы түһүмэҕэ дьиэ кэргэҥҥэ олохсуйар. Ол кэннэ уhуйааҥҥа, оскуолаҕа салҕанар. Ол курдук, эбээн тыла уруокка эрэ үөрэтиллэр буолбакка, дьон күннээҕи туттар тыла буоларын ситиһэ сатыыбыт. Бу чааһыгар саамай билиини биэрээччилэринэн булчуттар уонна табаһыттар буолаллар. Кинилэр эбээннии кэпсэтэллэр, төрүт үгэһи тутуһаллар, утумнааччыларын уһуйаллар.
Эбээн тылын, култууратын уонна атын уратыларын үөрэтии ис хоһооно үөрэх бырагыраамаларын нөҥүө иҥэриллэллэр, үөрэх былаанынан чопчуланар. Бу сүрүн докумуоҥҥа тирэҕирэн, үөрэтии чааһын кээмэйин, ол кылаастарынан тыырыллыытын уонна уруогу таһынан дьарыгы ыытыыны сүрүннүүллэр.
Манна даҕатан эттэххэ, кэлиҥҥи сылларга үөрэх бырагырааматын, кинигэлэри, учуобунньуктары, методическай босуобуйалары оҥоруу уонна бэчээттээн тарҕатыы былааннаахтык барар. Оҕону иитиигэ төрөөбүт тыл кыаҕын туһаныы, аҕыйах ахсааннаах норуоттар литэрэтиирэлэрин уонна култуураларын сайыннарыы, тыллары оскуолаҕа үөрэтии хаачыстыбатын үрдэтии үлэтэ ситимнээхтик ыытыллар. Норуот быһыытынан сүппэппит-эстибэппит туһугар төрөөбүт тылга улахан болҕомто, өйөбүл, көмө ирдэнэр дии саныыбын. Оскуола эрэ иһинэн буолбакка, тыл лааҕырдара улуус таһымыгар арыллан үлэлииллэрэ буоллар. Маныаха оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиигэ анал үп көрүллэрин бэлиэтиибин.
Ахсааннара аччыы турар
Эбээн-Бытантай улууһа тыа хаһаайыстыбатынан дьарыгыран олорор. Бу сыл саҕаланыыта аахпыттарынан, 725 хороҕор муостаах баар. Итинтэн 33-һэ -- ыанар ынар. Сыспай сиэллээх -- 1524 төбө, олортон 812-тэ -- биэ. Ааспыт сайыҥҥы оттооһун хампаанньатын түмүгүнэн 1049 туонна от кэбиһиллибит, бу былаан 83,79 %-на. Улуус 12676 табалааҕыттан 6002-тэ тыһы уонна сатты (саҥа төрүүр таба).
--Тыа хаһаайыстыбата сүрүн дьарыкпыт. Уларыта тутуу иннинэ 24000 табалаах этибит. 90-с сылларга, оччотооҕу салалта сыыһа үлэтин түмүгэр, улууска 9000 эрэ төбө хаалыар диэри эстибитэ. Кэлиҥҥи сылларга бырабыыталыстыба өттүттэн өйөбүл биллэ улаатта. Ол эрээри таба ахсаана соччо элбээбэт. Тэрээһиннээх улахан хаһаайыстыбаларга оннооҕор аччааһын да баар, ол киһини дьиксиннэрэр. Манна хайаан да төрүөтүн быһааран, балаһыанньаны көннөрөр суолу толкуйдуох тустаахпыт. Сылгы, ынах төбөтө эмиэ аҕыйыыр.
Мин санаабар, бу урбанизация содула. Эдэр ыччат хоту дойду тыйыс усулуобуйатыгар үлэлиэн баҕарбат. Маныаха Интэриниэт мөлтөҕө, сыана ыарахана, суол-иис суоҕа -- барыта охсор. Ол иһин улууһу сайыннарыахтаах ыччаппыт киэҥ сиргэ талаһар, -- Иннокентий Алексеевич кыһалҕа төрдүн быһаарар.
Саҥа дьиэ дьэндэйэр
Улууска сиринэн айан суола төгүрүк сыл устата сырыыны хааччыйбат. Кыһыҥҥы эрэ суолунан ас, мал тиэрдиллэр. Маныаха “Аартыка суоллара” хааһына тэрилтэтин учаастага 2019 сылтан үлэлээн, суол кэмигэр арыллар, хаачыстыбата үчүгэй. Быйылгыттан нэһилиэнньэ сөмөлүөккэ субсидияламмыт билиэттэри ылар кыахтанан, санаата көтөҕүллүбүт.
“2019-2025 сылларга хаарбах дьиэттэн көһөрүү” бырагыраама көдьүүстээхтик үлэлиир. Эбээн-Бытантайга бу бырагыраама чэрчитинэн элбэх кыбартыыралаах 6 дьиэ үлэҕэ киирэн турар. Көһөрүллэр дьиэ уопсай иэнэ 1511,20 кв.м. тэҥ. Үлэ номнуо саҕаланна. Ол курдук, 12 кыбартыыралаах, толору хааччыллыылаах дьиэ тутуута саҕаламмыт, эһиил баччаларга дьону олохсутуохтаахтар.
--Кэлиҥҥи сылларга кэтэх дьиэ тутуута элбээтэ. Маныаха эмиэ СӨ Бырабыыталыстыбата ыытар үлэтин бэлиэтиир оруннаах. Ол курдук ыччакка, тыа сиригэр олорор исписэлиистэргэ, эдэр ыалларга туһаайыллыбыт араас бырагырааманан үп кэлэр.
Билигин чааһынай дьиэлэри кииннэммит ититиигэ холбооһун боппуруоһа сытыытык турар. Ол курдук, үс нэһилиэккэ хайатыгар даҕаны 100% ититии киирэ илик. Саҥа дьиэ бөҕө дьэндэйдэ, олору холбуу иликпит.
Маныаха ОДьКХ министиэристибэтин кытары хочуолунайдар кыамталарын күүһүрдэргэ кэпсэтии барар. Ороскуота элбэх буолсу эрээри, боппуруос быһаарыллыах курдук.
Урут кыһалҕа буолбатах этэ
--Өрөспүүбүлүкэбитигэр дьэллик сылдьар ыттар боппуруостара күүскэ турар. Көрүүтэ-харайыыта суох ыт ахсаана элбэх. Кыһалҕаны хайдах быһаарар туһунан дьүүллэһиилэр бараллар. Сокуоҥҥа олоҕуран, тутуллубут ыттар хас да түһүмэҕи ааһаллар: барыларыгар быһыы оҥороллор, тыһыларын баайаллар, атыырдарын аттыыллар уонна төттөрү ыытан кэбиһэллэр. Эттэххэ дөбөҥ эрээри, олоххо киирэригэр, чуолаан хоту улууска ыарахаттардаах. Аһыгар, эмигэр балай да үп баранар. Маны тэҥэ кыылга-сүөлгэ чиптэри туруоруу, араас сыстыганнаах ыарыылартан вакцинациялааһын хампаанньалара барыахтаахтар. Бачча аҕыйах нэһилиэнньэлээх улуус (ол үбүлээһиҥҥэ олус охсор) хантан итиннэ барытыгар харчы булар? Өссө нэһилиэгин ахсын ыты күүлэйдэтэргэ аналлаах саҥа былаһааккалары тутуохтаах үһү?! Ыты, куосканы таһырдьа күүлэйдэтии быраабылаларын олоххо киллэрии күүһүрүөхтээх. Урукку үлэбит уопутуттан көрдөххө, хаһаайыттар оччоҕо эппиэтинэстээх буолаллара. Ыт барыта баайыыга сытара. Бэйдиэ сылдьаллар кыыллары суох оҥорорбут. Онон бу кыһалҕа улахан боппуруоска кубулуйбат этэ. Билигин сокуон уларыйан, оннук гыммаппыт. Ол түмүгэр ыт ахсаана элбээтэ. Онон үөһэттэн уларыйыылары күүтэбит.
Былаас туруору тутула күүһүрүө
--Киирээри турар «Аһаҕас былаас биир кэлим тиһигэр олохтоох салайыныыны тэрийии сүрүн бириинсиптэрин туһунан» федеральнай сокуон барыла тохсунньу 25 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дуумаҕа бастакы ааҕыыга бигэргэннэ. Улуус дьокутааттарын санаабытыгар бу сөптөөх быһаарыныы.
Ол курдук, олохтоммут аһаҕас былаас ирдэбилинэн, олохтоох салайыныы сүрүн бириинсиптэрин уларытан, салайарга сатабыллаах гына тэрийиэхтээхпит. Хоту улуустарга биир таһымнаах буолара ордук табыгастаах. Ол эрээри ханнык баҕарар саҥа хамсааһын сэҥээриини сэргэ сэрэхэчийиини, сороҕор дьиксиниини, элбэх ыйытыыны үөскэтэр. Билигин үөрэтэрбитинэн, сокуон барылыгар олоҕуран, олохтоох салайыныы уорганнарын боломуочуйалара чопчуланыа. Ити олохтоох салайыныы уонна судаарыстыбаннай былаас уорганнарын икки ардыларынааҕы боломуочуйаларын тыырсыыга тахсар бутууру туоратарга тирэх буолуоҕа. Биир тылынан, билиҥҥи бу уларыта тутуу былаас сүнньүн үөһэттэн, ол эбэтэр туруору тутулун күүһүрдүүгэ туһуланар. Бу сокуон киирдэҕинэ, саҥа уларыйыылары көрүүгэ, олоххо киллэриигэ үтүмэн үлэ дьокутааттары күүтэр. Онно бэлэммит уонна эрэллээхпит.
Галина Матвеева
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0