Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Чычымах сиригэр туризм күүскэ сайыннаҕына, олохтоох дьоҥҥо үлэ миэстэтэ да тахсыа этэ. Оннук кэскиллээх санааттан Таатта уонна Чычымах дьаһалталара, Майаҕа “Сото”, Дьокуускайга “Ытык Хайа” курдук туристическай комплекстары тэрийбит Василий Атласовы ыҥыран, Амма кытылыгар турар Унньуулалаах диэн сиргэ 21 гектары 15 сылга арендаҕа биэрэн, “Өксөкүлээх түһүлгэтин” оҥорторо сылдьаллар.

Чычымах сиригэр туризм күүскэ сайыннаҕына, олохтоох дьоҥҥо үлэ миэстэтэ да тахсыа этэ. Оннук кэскиллээх санааттан Таатта уонна Чычымах дьаһалталара, Майаҕа “Сото”, Дьокуускайга “Ытык Хайа” курдук туристическай комплекстары тэрийбит Василий Атласовы ыҥыран, Амма кытылыгар турар Унньуулалаах диэн сиргэ 21 гектары 15 сылга арендаҕа биэрэн, “Өксөкүлээх түһүлгэтин” оҥорторо сылдьаллар.

 --Аан дойду араас муннуктарын көрөн-истэн, кэрийэн баран, ханна да суох кэрэ айылҕалаах, туризмы тэнитэргэ табыгастаах, анаабыт курдук уулаах, хайалаах, оттоох-мастаах сири бу манна буллум. Бэйэм үөскээбит Хатылым Таатта үрэх үрдүгэр турар, төрөөбүт Уус Маайам мантан 100 эрэ килэмиэтир ыраах. Онон дойдум салгынынан тыына сылдьар курдукпун. Доҕорум Данил Афанасьев аттыбар Дьаамҥа турбазалаах, онно тирэҕирэн айабын-тутабын. Онтон итиннэ көнө кырдал сирбэр Вячеслав Кулачиков Өксөкүлээх айымньыларынан аллея оҥоро сылдьар. Онон бары холбоон, баараҕай бырайыагы олоххо киллэрэн эрэбит.

4984789498

Мин туох баар мунньуммут уопуппун, билиибин барытын бу түһүлгэбэр оҥорон көрдөрүөхтээхпин. Маны тутууга харчы эҥин көрүллүбэтэҕэ. Оннуга төттөрүтүн ордук үчүгэй, тоҕо диэтэххэ айар киһи көҥүл буолуохтаах. Кимтэн да, туохтан да тутулуктаммакка, тугу оҥороргун, хайдах гынаргын барытын бэйэҥ эрэ быһаараҕын. Үп-харчы биэрэллэрин кэтэстэххэ, саас да ыраатар, билигин 75-һим, итиэннэ идиэйэҥ да уостар-симэлэйэр буоллаҕа дии. Ол иһин Кытай тыраахтыра, УАЗ массыына уонна тэлиэгэ диэн 3 көмөлөһөөччүлээх үлэбин былырыын “ыраас лиистэн” саҕалаабытым. Бастаан талаҕынан дэлби үүнэн хаалбыт кытылы ыраастаан, үүнээйитин силиһиттэн түөрэн, туус курдук бытархай уонна соҕуруу дойдулар киэнин курдук маҥан кумаҕын таһааран, пляж буолуохтаах сири оҥорбутум. Саас көмүөл анньан, онтукабын өссө кэҥэтэн биэрбит – айылҕа кытта көмөлөспүт. Мууһу кытта кэлсибит талахтарынан күрүөбүн киэргэттим.

Бу комплекс норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах буолар. Онно инфраструктурата барыта эппиэттиир. Уунан уонна сиринэн эрэ сырыы баар буолбатах, салгынан эмиэ кыаллыан сөп: урукку порт балаһата  бэркэ турар эбит. Ардахха да бадараан буолбат көнө кырдал. Дьэ, онно Өксөкүлээх "Көтөр аал”  айымньытынан Кулаковскай аэропордун туруорсуохпут. Оччоҕуна сөмөлүөтүнэн элбэх омук туриһа кэлиэҕэ.

Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын 2022 сылга туолар. Ону көрсө, бу комплекспын бүтэрэр былааннаахпын. 2025 сылга Тааттаҕа Манчаары оонньуулара ыытыллар. Онон сибээстээн манна толору хааччыллыылаах көстүүнэйи (гостиница) туталлара эбитэ буоллар. Мин ааҕарбынан, былырыын сайын устата 12 000 кэриҥэ киһи кэлэн сөтүөлээн барбыта. Рекламаланнаҕына, ити көрдөрүү хас эмэ төгүл элбиэ-эбиллиэ дии саныыбын.

index89498449

 Экология министиэристибэтэ оту-маһы бысталыырбын, араас үүнээйини олордорбун көҥүллээбитэ. Онон  үөттэри кырыйталаатым. Бу талаҕыҥ 4 кыраадыс тымныыга да хагдарыйбат, өр күөх турар уонна сайын устата түргэнник үүнэр. Онон ландшафтнай дизайнҥа олус табыгастаах эбит. Гирлянда ииллэххэ, хараҥаҕа букатын кырасыабай көстүүлэнэр.

Бу түһүлгэҕэ дьон, Майамига дуу, Гавайига дуу курдук, купальнигынан эрэ сылдьыахтара. Биэрэк кытыытыгар күнтэн хаххалыыр зонтиктары, сытар шезлоннары,  эт үтэн буһаралларыгар мангаллары уурталыахпыт. Тиэргэҥҥэ тахсар суолларыгар искусственнай күрүлгэни оҥорон эрэбин. Үөһэ көлүйэттэн турбанан уу ытыам. Тэлгэһэ иһигэр кафе, бар, үкҥүүлүүр “танцпол”, ди-джей турар үрдэлэ, күҥҥэ сыламныырга лежактар, фонтан баар буолуохтара. Киһи хараҕын манньытар тыһыынчанан дьэрэкээн сибэккини үүннэриэм. Быйыл бу аҕыйаҕы Чычымах агрооскуолата биэрдэ. Манна даҕатан эттэххэ, олохтоох дьаһалта субуотунньугунан көмөлөһөр.

Мин манан биисинэс тэринэн байар оҕуруктаах санаам суох. Оҥорон бүтэрдэхпинэ, салгыы таатталар бэйэлэрэ үлэлэтиэхтэрэ. Уопсайынан, Тааттаҕа туризм сайдар кыахтаах – историческай пааматынньыктара, кэрэ-бэлиэ сирдэрэ элбэх. Маршрутун үчүгэйдик толкуйдуохха наада. Чөркөөх, Хадаайы мусуойдарынан сылдьан, түмүктүүр тохтобуллара манна буолуон сөп. Амма өрүскэ сөтүөлээн, балыктаан, тыынан устан, айылҕалыын алтыһан, дуоһуйа сынньанан барыахтара.

index4444

Аны туран, Аар Муус диэн улахан бырайыактаахпын. Аар Муус -- Дьыл Оҕуһа. Бу уобараһынан Саха сирин тымныытын аан дойдуга билиһиннэриэхтээхпит. Аар Муус көстүүмүн Таатта Туора Күөлүн иистэнньэҥнэрэ бриллианнаан, үрүҥ көмүс симэхтээн тикпиттэрэ. Августина Филипповаттан Хаарчаанатын атыылаһан ылбытым. Чысхаан да бииргэ үлэлэһэргэ бэлэм. Онон ити “Зима начинается с Якутии”  курдук бэстибээллэри Дьыл Оҕуһун муоһа үүнэригэр, тосторугар сөп түбэһиннэрэн ыытыахпыт. Кыһын биһиэхэ саҕаланар эрэ буолбатах, 8 ыйы быһа буолар, онон бу бырайыак кыһыннары тохтообокко үлэлиэхтээх. Норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар ыытыллыахтара. Холобур, хаар-муус оҥоһуктарга эбэтэр балыгы кыһарга. Тэрээһиннэргэ анаан улуус дьаһалтата боруонса, үрүҥ көмүс, кыһыл көмүс статуэткалары, Аар Муус ойуулаах араас сувенирдары оҥорторуоҕа.

index5494194

Мин ыһыллыы-тоҕуллуу, урусхаллаах 90-с сылларга сырылыыр-хаҥкылыыр сири арыйан, туризм эйгэтигэр үктэммитим. Миигин үтүктэн, билигин сир аайы оннук муус пааркалары оҥорор буоллулар. Бэйэм ити таһымтан улаатаммын, баараҕай бырайыагы ылыстым. Онтукам эмиэ бу кириисэс кэмигэр күөрэйэн таҕыста. Ол аата “Любой кризис – это новые возможности” диэн этии оруннаах эбит. Билигин дойду үрдүнэн нэһилиэнньэ дьадайыытын утары охсуһар сорук турар. Оттон мин этэбин: үлэһит киһи хаһан да хоргуйбат. Мин сааһым тухары суохтан баары оҥорон кэллим. Эт илиибинэн. Бу билигин да дулҕаттан, оттон-мастан, сибэккиттэн, ууттан-хаартан, о.д.а. айылҕа матырыйаалыттан туркомплекс оҥоро сылдьабын. Быйыл манна кыстыыр санаалаахпын. Булуус хастыам, улахан тэпилииссэ туттуом. Өксөкүлээх: “Бэйэбитигэр сөбө суох улахан итэҕэллээх норуоппут”, -- диэбитэ. Ол Тенгри итэҕэлбитин кэрэһилиир Аал Луук маһы оҥоруом, -- диэн кэпсиир 75 сааһыгар соҕотоҕун бүтүн туристическай комплексы айа-тута сылдьар Баһылай Атласов.  

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением