Үөрүүлээх тэрээһини Хатырык нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» оҕо сайдар киинин бэлэмнэнии бөлөҕүн кыракый иитиллээччилэрэ Чаҕылхай Махсыымҥа анаммыт хоһооннорунан олус чобуотук ааҕан арыйбыттара улуу удьуор сырдык ситимэ саҥа көлүөнэ дьоҥҥо салҕанан барарын кэрэ туоһутунан буолла.
СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов мустубут дьону Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев аатыттан Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Кини саха норуотун чулуу уолаттара Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Исидор Барахов, Василий Никифоров-Күлүмнүүр, Степан Аржаков, Степан Гоголев, Михаил Мегежекскэй, Степан Васильев Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар Автономнай өрөспүүбүлүкэ быһыытынан кииириитин хорсуннук турууласпыттарын, олохторун да толук ууран туран дойдуларын инники кэскилин торумнаабыттарын аҕынна уонна кинилэргэ бу күҥҥэ сүгүрүйэр ытык иэспит диэн эттэ.
Салгыы Георгий Михайлов Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар улахан кылааттарын уонна өр сыллаах эҥкилэ суох үлэлэрин иһин «Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх суруналыыһа» үрдүк ааты Григорий Константинович Эверстовка уонна «Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай сулууспатын туйгуна» бочуоттаах ааты Корякина Раиса Николаевнаҕа туттарда.
Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков парламент Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев аатыттан мустубут дьону Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Кини Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев бу күннэргэ Санкт-Петербург куоракка РФ Федеральнай Мунньаҕар Российскай Федерация Сокуону оҥорооччуларын Сэбиэтин мунньаҕар кытта сылдьарын аҕынна.
Александр Жирков саха норуота бэйэтин сүүһүнэн сыллаах историятыгар саамай ситиспит кылаан ситиһиитэ, бүөбэйдээн илдьэ сылдьара уонна туохтааҕар да ордук хараҕын харатын курдук харыстыахтааҕа – ол норуот судаарыстыбаннастаах буолуута диэн бэлиэтээтэ.
«Саха норуотун кытта бэйэлэрин судаарыстыбаннастарын биһигини кытта былыр-былыргыттан ыаллыы олорор хотугу норуоттар: эбээннэр, эбэҥкилэр, чукчалар, дьүкээгирдэр, долганнар – кинилэр эмиэ ылбыттара. Судаарыстыбаннастаах буолуу саха норуотун биир гына сомоҕолообута. Норуот ахсаан өттүнэн эбиллэригэр бэйэтин төрүт үгэстэрин, тылын-өһүн, култууратын илдьэ хааларыгар, атын омук быһыытынан бэйэтин билинэригэр сүрүн көмө уонна тирэх буолбута.
Былырыын биһиги өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтээбиппит. Биир үйэ устата саха судаарыстыбаннастаах олорон кэллэ. Саха норуота бэйэбит судаарыстыбаннаспытын тутууга бастакы эрэ хаамыылары оҥордубут. Билигин аан дойдуга буола турар быһыы-майгы ырылхайдык көрдөрөрүнэн, бары өттүттэн уустуктарга норуот, омук бэлэм буолуохтаах. Дьэ ол иһин, билиҥҥи көлүөнэ дьон уонна биһиги кэннибиттэн иһэр эдэр көлүөнэ, ити адьас үнүгэс оҕолортон саҕалаан бэйэлэрин норуоттарын судаарыстыбаннаһын сыаналыы, ытыктыы уонна ону харыстаһа иитиллиэхтээхтэр. Ити биһиги иннибитигэр турар, бүгүҥҥү көлүөнэ иннигэр турар кылаан сорук.
Бастатан туран, инники олорон ааспыт дьоммутугар биһиги ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахпыт, ааттарын-суолларын харыстаан илдьэ сылдьыахтаахпыт. Иккиһинэн, судаарыстыбаннаһы олохтообут дьоммутун биһиги кэннибититтэн кэлэр дьоҥҥо - ыччаттарга, оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр, хос сиэннэрбитигэр төһө кыалларынан иҥэриэх тустаахпыт. Оннук эрэ дьаһаннахпытына, биһиги бэйэбит XX үйэ саҕаланыытыгар, үйэлэр кирбиилэрин суостаах сылларыгар хайдахтаах курдук омук дьылҕатыгар суолталаах дьаһаныы буолбутун өйдүү сылдьыахпыт. Ол иһигэр биир бастакынан Максим Кирович Аммосов аата ааттанар. Сүүрбэлэриттэн эрэ тахсыбыт уолаттар ити кытаанах киирсиигэ бэйэлэрин холоммуттара, норуоттарын иннигэр улахан эппиэттинэстээхтик санаммыттара. Ити улахан күүстээх быһаарыныы этэ. Туора турбатахтара, ойоҕоһуттан көрбөтөхтөрө, бэйэлэрэ киирэн итиннэ хара маҥнайгыттан ылсыбыттара. Кинилэр ааттарын умнубат буолуу - чулуу дьоммут аатын үйэтитиини кытта быстыбат ситимнээх», - диэн бэлиэтээтэ.
Парламент бастакы вице-спикерэ Александр Жирков салгыы Максим Кирович Аммосов уон аҕыс сыл устата историяттан аата сотулла сылдьыбытын санатта. Кини Кыргызстаҥҥа 1937 с.сэтинньи сэттэ күнүгэр тутуллубута. Поеһынан Москваҕа аҕалан Лефортово түрмэтигэр укпуттара уонна 1939 сыл сайыныгар ытыллыбыта. Кини аата уон аҕыс сыл буолан баран 1956 сыллаахха эрэ төннүбүтэ, ыраастаммыта. Александр Николаевич Максим Кирович уонна кини тула үлэлээбит саха оччотооҕу салайааччыларын ааттара төннүүтэ балайда бытааннык барбыта диэн эттэ.
Александр Жирков аан бастаан Максим Кирович Аммосов аатын бүтүн Россия үрдүнэн толору ааттаан, кини 100 сааһын бэлиэтииргэ диэн дьаһалы 1995 сыллаахха ахсынньы ыйга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев таһаарбытын аҕынна. Ити кэмҥэ Михаил Ефимович Кыргызстан уонна Казахстан делегациятын ыҥыран Намҥа кэлэ сылдьыбыта.
Парламент бастакы вице-спикерэ норуот ити суостаах сылларга төһө даҕаны ыар охсууну ыллар, Омуоһапка даҕаны, Ойуунускайга, Бараахапка, онтон да атыттарга бэйэтин ис санаатын, сыһыанын уларыппатаҕын, норуот үгүс өттө бу дьону уган биэрбэтэҕин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Олор истэригэр улахан учуонайдар, дьоҥҥо кырдьыгы тириэрдэ сатыыр суруйааччылар, интеллигенция баалларын аҕынна. Ити норуот духуобунай күүһүн, дириҥ өйүн-санаатын, дьонугар-сэргэтигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһарын көрдөрөр диэн эттэ.
«Максим Кирович аатын үйэтитэргэ билигин өссө биир саҥа кыах үөскээтэ. Мин бүгүн ону эһиэхэ чопчулаан бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бу 2023 сыл саҥатыгар, тохсунньу ыйга биһиги Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев Казахстаҥҥа бара сырытта. Үрдүк таһымҥа Казахстан Бэрэсидьиэнэ Касым-Жомарт Кемелович Токаевы кытта көрүстэ. Айсен Сергеевич Казахстаҥҥа бара сылдьан Хотугу-Казахстанскай уобалаһы кытта меморандумҥа илии баттастылар. Бу көрсүһүүгэ Максим Кирович Аммосов аатын Казахстаҥҥа салгыы үйэтитэр туһунан кэпсэтии эмиэ буолла. Ол кэнниттэн Саха Сириттэн балайда улахан делегация тиийэн «Максим Кирович Аммосов Казахстаҥҥа үлэтин туһунан» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах конференцияҕа кыттан кэллэ. Казахстан учуонайдара, наука доктордара дакылааттарыгар Максим Кирович Аммосов аатын үрдүктүк туталларын бэлиэтээтилэр», - диэн бэлиэтээтэ.
Александр Жирков Саха Сириттэн барыар диэри Максим Аммосов икки суолу күүскэ тутуспутун бэлиэтээтэ: олохтоох каадырдары салалтаҕа таһаарыы, олохтоох дьону үлэлэтии, кинилэри үөрэтии, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар олохтоох каадырдары күүскэ киллэрии. 30-с сыллардааҕы репрессия кэмигэр национальнай каадырдары көмүскээһини Саха сиригэр эмиэ кини саҕалаабыта. Олохтоох интеллигенцияны кини Казахстаҥҥа, Кыргызстаҥҥа үлэлии сылдьан эмиэ көмүскэспитэ. Чингиз Айтматов аҕатын Торекул Айтматовы төһө эмэ НКВД-лар бу киһи националист, Туранскай партияҕа баар, сотору тутуллуо диэн этэ сатаабыттарын үрдүнэн бэйэтигэр ылан үлэлэтэ, быыһыы сатаабыта. Кыргызстан оччотооҕу салайааччыларын барыларын көмүскэһэ сатаабыта. Ол түмүгэр бэйэтин сэтинньи 7 күнүгэр тутан хаайбыттара. Ол иһигэр 1922 сыллаахха Саха Сиригэр олохтоох интеллигенцияны көмүскэспитин эмиэ дьыалаҕа тиһэн кинини салгыы уураахтаабыттара.
«Максим Кирович Аммосов олоҕун толук ууран туран национальнай интеллигенцияны көмүскэһиигэ, национальнай интеллигенцияны үөскэтиигэ, бу дойдуларга наука, үөрэх баар буолуутун ситиһиигэ, бу дойдулар инники өттүгэр сайдыыларын торумнаһыыга үлэлээбит балысханнаах дьаһаныыларын, саха норуота эрэ буолбатах, Кыргызстан да, Казахстан да норуота умнубат. Ол иһин кини аатын үйэтитии - биһиэхэ бэйэбит судаарыстыбаннаспытын көмүскэһиигэ олук ууруу буолар» - диэн Александр Жирков этиниитин мустубут дьон дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр.
Бу күн М.К. Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатыгар үгэс буолбут Гражданственность уруоктара ыытылыннылар. Ил Түмэн дьокутааттара, улуус бастыҥ педагогтара бүгүҥҥү күҥҥэ тирээн турар боппуруостарга анаммыт аһаҕас уруоктары ыыттылар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0