Бу күн эhиэхэ тѳрѳѳбүт ѳрѳспүүбүлүкэбит уонна судаарыстыба сайдыытыгар уhулуччулаах кылааккыт иhин истиҥ махтал тылларын этэбит.
Ол эрэн бу бырааhынньык эhигини эҕэрдэлиир кѳннѳрү үгэс эрэ буолбатах. Кини эhиэхэ болҕомтолоох, кыhамньылаах уонна сылаас сыhыаннаах буолар ытык эбээhинэспитин санатар. «Бэйэтин уруккутун ѳйдѳѳбѳт норуот инникитэ суох», — диэн улуу учуонай Василий Ключевскай олус сѳпкѳ эппиттээх.
Билигин ѳрѳспүүбүлүкэҕэ 120 тыhыынчаттан тахса аҕам саастаах дьон олорор. Кинилэр ортолоругар Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ, тыыл бэтэрээннэрэ уонна сэрии ыар сылларын оҕолоро бааллар. Оччотооҕу оҕолор ортолоругар улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээн-хамсаан, Улуу Кыайыыны аҕалсыбыт үтүѳлээхтэр бааллар.
Ити курдук биhиги аҕа кѳлүѳнэлэрбит дойдуну сэрии урусхалыттан босхолообуттара, эйэлээх олоҕу туппуттара, Ийэ дойдубут чэчирии сайдарын туhугар күүстэрин харыстаабакка үлэлээбиттэрэ. Кинилэр олохторун улуу суола, килбиэннээх үлэлэрэ эдэр кѳлүѳнэлэргэ холобур буолар.
Күндү дьоммут! Эhиги муударай сүбэҕит-амаҕыт, уҕараабат дьулуургут уонна уопсастыбаннай олоххо кѳхтѳѳх кыттыыгыт биhиэхэ улахан тѳhүү буолар.
Ѳссѳ тѳгүл эhиэхэ дириҥ ытыктабылбытын уонна махталбытын биллэрэбит. Кытаанах доруобуйаны, уhун дьоллоох олоҕу, бары үтүѳнү баҕарабыт!
СѲ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) норуодунай дьокутаата Георгий БАЛАКШИН.
- 2
- 0
- 1
- 0
- 0
- 0