Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 2 oC

Аҕам саастаах эбэтэр инбэлиидинэстээх киhи социальнай үлэhит кини дьиэтигэр кэлэн оҥорор ѳҥѳлѳрүнэн туhанар кыахтаах.

Аҕам саастаах эбэтэр инбэлиидинэстээх киhи социальнай үлэhит кини дьиэтигэр кэлэн оҥорор ѳҥѳлѳрүнэн туhанар кыахтаах.

Ѳскѳтүн пенсионер (инбэлиит) дьиэтигэр соҕотоҕун олорор буоллаҕына; аймахтара суох эбэтэр объективнай биричиинэлэринэн кинини кѳрѳр-харайар кыахтара суох буоллаҕына; бэйэтин кѳрүнэр кыаҕа суох буоллаҕына, социальнай кѳмѳ кѳрүллэр.

Кырдьаҕас, кыаммат киhи тѳhѳ наадыйарынан кѳрѳн, бу кѳмѳ нэдиэлэҕэ икки тѳгүлтэн итэҕэhэ суох оҥоhуллар. Дьиэҕэ социальнай ѳҥѳлѳр босхо, тѳлѳбүрдээх эбэтэр быстах тѳлѳбүрдээх оҥоhуллаллар.

Дьиэҕэ оҥоhуллар сүрүн ѳҥѳлѳр манныктар. Социальнай үлэhит пенсионер суотугар араас табаары, бородууктаны, эми атыылаhар, чегын киниэхэ аҕалан биэрэр. Кѳрѳр киhитигэр ас сылытан, оҕуруот аhын ыраастаан, килиэп быhан биэриэн уонна, наада буоллаҕына, кинини аhатыан сѳп. Дьиэни хомуйар, бѳҕү таhаарар. Суунарга кѳмѳлѳhѳр.

Ону кытта социальнай үлэhит эбээhинэстэригэр: хомунаалынай ѳҥѳлѳр, телефон ѳҥѳлѳрүн тѳлѳѳhүн; субсидиялар, социальнай тѳлѳбүрдэр уо.д.а. докумуоннары оҥоруу; докумуоннары оҥорууга уонна чѳлүгэр түhэриигэ, юридическай ѳҥѳлѳрү ылыыга кѳмѳлѳhүү; хаhыакка-сурунаалга сурутуу, суруктары ыытыы, ылыы; балыыhаҕа арыаллааhын, эми иhиини хонтуруоллааhын уонна наада тирээтэҕинэ, суhал кѳмѳнү ыҥырыы киирэллэр.

Киhи социальнай үлэhит кѳмѳтүгэр наадыйарын туhунан бэйэтэ эбэтэр атын дьон биллэриэхтэрин сѳп. Ол кэнниттэн социальнай сулууспа пенсионерга кэлэн, ханнык кѳмѳҕѳ наадыйарын билсэр. Кѳмѳҕѳ наадыйар киhи социальнай кѳмүскэл салалтатын кытта дьиэҕэ ѳҥѳнү ыларга дуогабар түhэрсэр.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением