Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 3 oC

Дьокуускай куорат Строительнай уокуругар, Якутская уулуссаҕа, хатыҥ мастаах киэҥ-куоҥ тэлгэhэлээх В.П. Решетников аатынан кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-дьиэлэрэ баар. Аҕам саастаах дьон декадаларынан сибээстээн онно сылдьан, үлэhиттэри уонна олохтоохтору кытта кѳрүстүм. Бары да талбыт курдук эйэҕэс-сайаҕас дьон буолан биэрдилэр.

Дьокуускай куорат Строительнай уокуругар, Якутская уулуссаҕа, хатыҥ мастаах киэҥ-куоҥ тэлгэhэлээх В.П. Решетников аатынан кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-дьиэлэрэ баар. Аҕам саастаах дьон декадаларынан сибээстээн онно сылдьан, үлэhиттэри уонна олохтоохтору кытта кѳрүстүм. Бары да талбыт курдук эйэҕэс-сайаҕас дьон буолан биэрдилэр.

Элбэх ѳрүттээх үлэ ыытыллар

Интэринээт-дьиэ дириэктэрэ Наталья Павловна Фокина 188 үлэhиттээх улахан кэлэктииби быйыл сааскыттан салайар. Ол иннинэ тѳрѳѳбүт Ѳлүѳхүмэтигэр, II-Нѳѳрүктээйи нэhилиэгэр баhылыгынан, улуус дьаhалтатын баhылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччынан үлэлээбит дьоhун уопуттаах.

— Аҕа кѳлүѳнэни ытыктыыр, элбэхтик алтыспыт буолан, бу үлэбэр кэлбитим, — диэн кини кэпсээнин саҕалыыр. — Интэринээппит икки дьиэлээх, иккиспит Бекетов уулуссатыгар турар. Ѳрѳспүүбүлүкэ араас улуустарыттан уонна Дьокуускайтан барыта 310 киhи олорор: манна - 196, Бекетов уул. — 114 киhи. Улахан аҥаардара эр дьон. Үксэ 65-ттэн үѳhээ саастаахтар, онтон эдэр саастаахтар эмиэ бааллар. Кырдьаҕастар, инбэлииттэр уонна кыраларыттан оҕо дьиэтигэр иитиллибит эдэр дьон.

СѲ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин хамыыhыйатын быhаарыытынан, сыл аайы биhиэхэ ортотунан 30 киhи киирэр. Бэйэлэрин кѳрүнэр кыахтарын быстах эбэтэр толору сүтэрбит, кыаммат, сытар кырдьаҕастарга уонна инбэлииттэргэ стационар усулуобуйатыгар олох-дьаhах, үлэ, быраап боппуруостарыгар, итиэннэ мэдиссиинискэй, психологическай уонна суhал социальнай кѳмѳнү оҥоробут.

Интэринээппит сылаас тыыннаах, сырдык эйгэлээх дьиэ буоларыгар кыhанабыт. Олохтоохтор интэринээккэ уонна куоракка ыытыллар култуурунай тэрээhиннэргэ, бырааhынньыктарга, спортивнай күрэхтэргэ кѳхтѳѳхтүк кытталлар. Кэнсиэртэргэ, киинэҕэ, тыйаатыр испэктээхтэригэр сылдьаллар. Айылҕаҕа, пааркаҕа тахсаллар, бэлиэ сирдэргэ экскурсияларга бараллар. Ѳлүѳнэ остуолбаларыгар туурга күүлэйдииллэр. Бары сѳбүлүүр дьарыктаахтар, интэриэстэринэн куруhуоктар үлэлииллэр. Талааннаах дьон бааллар: ыллыыллар, хоhоон айаллар, араас оҥоhуктары оҥороллор. Соторутааҕыта Горнай, Капитоновка интэринээттэригэр, «Чэбдик» санаторийга кэнсиэртээбиттэрэ. Кѳмүс тарбахтаах маастарбыт Капитолина Ильинична Павлова быыстапкатын тэрийиэхпит. Ѳссѳ ааспыт сайын, атырдьах ыйыгар, биллиилээх режиссер Сергей Потапов Бекетов уул. турар интэринээккэ У. Шекспир айымньытынан «Король Лир» диэн социальнай киинэни уhулла. Кастинг түмүгэр тоҕус киhи талыллан, оруолларга оонньоотулар. Билигин киинэбит хаhан оҥоhуллан бүтэрин күүтэбит. Бу биhиги олохтоохторбутугар чаҕылхай түгэн буолбута саарбахтаммат.

Бу күннэргэ дьоммут «Лоокуут уонна Ньургуhун» сахалыы киинэни кѳрүѳхтэрэ. Алтынньы 1 күнүгэр аҕам саастаахтар декадаларын үѳрэ-кѳтѳ астыбыт. Тэрилтэлэр, оскуолалар кэлэн эҕэрдэлииллэр. Олохтоохтор бэйэлэрэ Аhымал санаа отделениетыгар сытааччылары эҕэрдэлээтилэр. Аны уон хонугунан эмиэ оннук үѳрүүлээхтик сабыллыытын тэрийиэхпит.

Ити курдук интэринээт олохтоохторун доруобуйаларын бѳҕѳргѳтѳргѳ, эмоциональнай туруктарын тупсарарга, кинилэргэ куттала суох уонна табыгастаах эйгэни үѳскэтэргэ элбэх ѳрүттээх үлэ ыытыллар. Холобур, үѳрэтии бырагырааматынан, 8 киhи техникумҥа идэ ылан, куорат тэрилтэлэригэр үлэлии сылдьаллар. Ленинградскай уобалас Всеволожскай куоратын мульти-киинигэр 2 киhи үѳрэммитэ, билигин онно агрофирмаҕа үлэлииллэр. Дьокуускайга биэкэр уо.д.а. идэлэри ылбыттар бааллар.

Олохтоохторбут ортолоругар уhун үйэлээхтэр бааллара үѳрдэр. Быйыл олунньуга Евдокия Васильевна Петрова 100 сааhын туолбутун бэлиэтээбиппит. Эhиил үйэлээх үбүлүѳйүн Клавдия Николаевна Слепцова ылыаҕа. Аны 90 саастаахтар эмиэ элбэхтэр. Маннык чахчы үлэбит биир үтүѳ түмүгэ диэххэ сѳп.

Кѳрүү-харайыы улахан

Дириэктэри мэдиссиинэ чааhыгар солбуйааччы Семен Николаевич Винокуров: «Дьоммут ыалдьаллар, кырдьаллар. Инбэлииттэр, сытар ыарыhахтар бааллар. Эмчиттэр үлэлэрэ олус элбэх. 3 ыарахан ыарыhахтар отделениеларыгар, Аhымал санаа отделениетыгар 9 терапевт, геронтолог, ону таhынан кардиолог, невролог, психиатр уонна хирург быраастар, 36 медсиэстэрэ, 55 алын персонал үлэлииллэр. Кѳрүү-харайыы улахан. Ол тухары биир да сытар киhиэхэ бааhырыы суох, бу элбэх сыраттан тахсар. Дьоммут физиотерапевтическай хайысхалаах комплекска дьарыктаналлар, Дьокуускай санаторийдарыгар сынньаналлар, Рихард Зорге аатынан гериатрическай кииҥҥэ киирэн эмтэнэллэр. Инбэлииттэргэ ИПРА туоларын, МСЭ хамыыhыйатын, диспансеризацияны ааhалларын, мэдиссиинискэй тэрили, вакцинацияны ылалларын хааччыйабыт. Интэринээппит 1 уонна 3 нүөмэрдээх поликлиникаларга сыhыарыллан, кинилэр ѳттүлэриттэн терапевт үлэлиир, информационнай арыаллааhын оҥоhуллар», - диир.

Г.П. Решетников аатынан кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-дьиэлэрэ 2022 сылтан «Дом, в котором мы живем» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн «Старость в радость» Арассыыйатааҕы Аhымал пуондатын пилотнай былассааккатын быhыытынан үлэлиир. 56 эрэгийэҥҥэ социальнай тэрилтэлэр үлэлэрин кытта билсэн баран, пуонда бэрэстэбиитэлэ Тамара Портнягина кѳрүү-истии чааhыгар интэринээт Аhымал санаа отделениетын дойдуга саамай бастыҥынан сыаналаабыта элбэҕи этэр. Ол туhунан кини сайын, атырдьах ыйыгар, Томмокко буолбут сэминээргэ иhитиннэрбит.

Аhымал санаа отделениетын салайааччыта Елена Олеговна Ильина маннык кэпсиир: — Суукканы эргиччи кѳрүүгэ отделениеҕа 40 киhи, ол иhигэр 11 сытар ыарыhах баар. Реабилитация бырагырааматыгар бытархай моториканы, толкуйдааhыны сайыннарыы, эмтиир физкултуура, массаж, сарсыардааҥҥы сэрээккэ, хаамыы, гигиеническай процедуралар киирэллэр. Хас биирдии киhиэхэ социальнай кѳрүү-истии, хонтуруол каартатын толоробут. Кэллиэгэлэрбит биhигиттэн уопут ыла кэлэллэр. Быйыл Горнай, Нам, Ѳлүѳхүмэ улуустарыттан сырыттылар, Капитоновкаттан, чааhынай пансионаттартан кэлиэхтээхтэр.

Олохтоохторго дьиэ усулуобуйата тэриллэр

Интэринээт дьиэтин кэрийэ хаамтахха, «дьоммутугар дьиэ усулуобуйатын оҥорорго кыhанабыт» диэн үлэhиттэр бэлиэтииллэрэ харахха чахчы быраҕыллар. Олохтоохтор хосторун кыбартыыра курдук оҥостон олороллор. Аймахтара кэлэн кѳрсѳллѳр, бэйэлэрэ куоракка күүлэйдээн, чугас дьонноругар сынньанан киирэллэр эбит. Сороҕор бэл маҕаhыыннар кэлэн араас табаары атыылаан сэргэхситэллэр дииллэр.

80-чалаах Анна Акимовна Сазонова уонна быйыл 90 ытык сааhын бэлиэтээри сылдьар Роза Григорьевна Ли биhигини хосторугар үѳрэ-кѳтѳ кѳрүстүлэр. Интэринээт биир кѳхтѳѳх уопсастыбанньыга, ырыаhыта Анна Акимовна байыаннай собуокка үлэлээбитин, Дьылҕа хаан ыйааҕынан Саха Сиригэр кѳhѳн кэлбитин, кэлин бу интэринээккэ киирэн, соҕотохсуйбут кырдьаҕас киhи сылаас сыhыаны билбитин кэпсиир. Балкоҥҥа сибэкки үүннэрбитин кѳрдѳрдѳ, урут бэйэтин дьиэтин тэлгэhэтигэр арааhы бары олордор эбит. «Бу дьиэм үлэhиттэригэр наhаа махталлаахпын. Олус үчүгэйдик кѳрѳллѳр-истэллэр, биhиги туспутугар ис сүрэхтэриттэн кыhаллаллар», - диир.

Оттон бэйэтин сааhыгар бэрт эдэрчи кѳрүҥнээх, кэриэй хааннаах Роза Григорьевна интэринээти дьиэ оҥостубутун, ону дьолунан ааҕарын этэр. Хоhо наhаа чѳкѳ, ып-ыраас, дьиэҕэ наадалаах тэрил, мал-сал барыта баар. Оскуолаҕа отуттан тахса сыл устуоруйа биридимиэтин үѳрэппит учуутал билигин да сэргэх, сайдам. «Биhиэхэ манна наhаа үчүгэйдик сыhыаннаhаллар, оҕо курдук бүѳбэйдииллэр. Минньигэс аhынан аhаталлар, наада буоллаҕына эмтииллэр. Салалта да, үлэhиттэр да бары үтүѳ санаалаах, олус үчүгэй дьоннор. Бэйэм чугас аймахтарбар ыалдьыттаан кэлэбин, сороҕор биир-икки ый да буолабын», — диэн кэпсиир.

Сүрэх сылааhын бэрсэллэр

Кырдьаҕаска, кыаммакка, олохторун суолугар соҕотох, кѳрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт дьоҥҥо иккис дьиэ буолбут интэринээт аанын аhан киирэн, билсэн кэллим. Интэринээт олохтоохторугар үтүѳ санаалаах үлэhиттэр сүрэхтэрин сылааhын суукканы эргиччи бэрсэллэрин, олох үѳрүүтүн бэлэхтиир туhугар кыhамньылаахтык үлэлииллэрин-хамсыылларын эт кулгаахпынан истэн, уу харахпынан кѳрѳн итэҕэйдим.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением