Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -10 oC

Оҕо көмүскэлин күнэ оҕо-аймах кыһалҕаларыгар дьон болҕомтотун тардарга туһаайыллар уонна сыл аайы бэс ыйын 1 күнүгэр бэлиэтэнэр. Быйылгы сыл Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сыла буоларынан, бу күнү бэлиэтээһин ураты суолталанар. Бүгүн бу бырааһынньык хаһан, тоҕо үөскээбитин сырдатыахпыт уонна оҕо уһуйаанын салайар Ю.И. Трофимова санаатын билсиэхпит.

Оҕо көмүскэлин күнэ оҕо-аймах кыһалҕаларыгар дьон болҕомтотун тардарга туһаайыллар уонна сыл аайы бэс ыйын 1 күнүгэр бэлиэтэнэр. Быйылгы сыл Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сыла буоларынан, бу күнү бэлиэтээһин ураты суолталанар. Бүгүн бу бырааһынньык хаһан, тоҕо үөскээбитин сырдатыахпыт уонна оҕо уһуйаанын салайар Ю.И. Трофимова санаатын билсиэхпит.

Устуоруйа кэпсиир

Аан дойдуга христианство тарҕаныаҕыттан оҕолор олохторун көрүүгэ болҕомто ууруллубута. Христианнар общиналарыгар көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору көрөр-истэр диаконистар баар буолбуттара. Сыыйа судаарыстыба, уопсастыба оҕо туһугар кыһаллыылара кэҥээн испитэ, ол эрэн, көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт уонна кыаммат ыал оҕолорун көрүүнэн муҥурданара. ХІХ-с үйэ бүтүөр диэри оҕолор бэйэлэрин дьиэлэригэр балаһыанньаларын сокуон да, уопсастыба да көрбөтө, дьүүллээбэтэ. Оҕолору көмүскүүр тэрилтэ аан бастаан 1874 с., Мэри Эллен Уилсон көҕүлээһининэн, Эмиэрикэ Холбоһуктаах Ыстааттарыгар тэриллибитэ. 1875 с. Нью-Йорк куоракка оҕолору  тыйыс сыһыантан уонна көлөһүннээһинтэн көмүскүүр уопсастыба үөскээбитэ.

Ол кэмҥэ Арассыыйа импиэрийэтигэр туһааннаах сокуон суоҕа. 1882 с. Санкт-Петербурга дьон хаҕыс быһыытыттан эмсэҕэлээбит уонна сиэр-майгы, итиэннэ олох-дьаһах мөкү усулуобуйатыгар олорор оҕолору араҥаччылыыр, көмүскүүр сыаллаах «Кыаммат уонна ыарыһах оҕолору көрүү уопсастыбата» (Күөх кириэс) тэриллибитэ. 1893 с. төрөппүттэриттэн ылыллыбыт оҕолор олорор дьиэлэрэ арыллыбыта. Оттон Москубаҕа Кыһалҕалаах оҕолору көрүү уопсастыбата 1883 с. тэриллибитэ. 1887 с. бу уопсастыба оҕо көмүскэлигэр туспа салаа арыйбыта уонна «Кыаммат олохтоох, көмүскэлгэ наадыйар оҕолору көрүү уопсастыбата» диэн ааттанан үлэтин кэҥэппитэ. Уопсастыба кэмитиэтэ оҕолору утары буруйу оҥоруу туһунан былаастарга иһитиннэрэрэ, эмсэҕэлээбит оҕолору көрүүгэ ылара уонна кинилэр интэриэстэрин суукка көмүскүүр итэҕэллээҕи булара. Төрөппүт быраабын быһыы үнүстүүтэ Арассыыйаҕа 1917 с. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн эрэ баар буолбута. Бастаан кыраасдаанскай турук аахталарын, ыал буолуу, дьиэ кэргэн уонна эппиэкэҕэ быраап туһунан 1918 с. РСФСР сокуоннарын кодексыгар бигэргэммитэ.

1925 с. Женеваҕа Аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэҕэ оҕо көмүскэлин туһунан боппуруос көрүллүбүтэ. Онтон 1949 с. сэтинньитигэр Парижка ыытыллыбыт Аан дойдутааҕы дьахталлар демократическай федерацияларын кэнгириэһигэр бэс ыйын 1 күнүн Оҕо көмүскэлин күнүнэн аныырга быһаарбыттара уонна 1950 сылтан үөрүүлээхтик бэлиэтиир буолбута.

3_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Оҕо көмүскэлэ диэн тугуй?

Бу тиэрмини үксүгэр сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору көмүскүүргэ ыытыллар үлэни, итиэннэ дьиэ кэргэни бөҕөргөтүүгэ туһуламмыт судаарыстыбаннай сулууспалары ойуулааһыҥҥа тутталлар. Оҕо быраабын Борокуратуура, Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларыгар уонна кинилэр бырааптарын көмүскүүргэ хамыыһыйа, Эппиэкэ уонна попечительство, Ис дьыала, Доруобуйа харыстабылын управлениетын, Үөрэх управлениетын, Ыччат дьыалатын уорганнара, Оҕо быраабыгар боломуочунай көмүскүүллэр. Маныаха араас бырагыраамалар бааллар. Ол курдук,  оҕону күүс өттүнэн күһэйииттэн, итиэннэ уйулҕатын күөмчүлээһинтэн уонна оҕо иитиитин аанньа аахайбат буолууттан, о.э. оҕо сүрүн наадыйыытын хааччыйбат дьалаҕай быһыыттан көмүскээһин.

Төрөппүт оҕону иитиигэ эбээһинэһэ РФ Конституциятынан уонна РФ Дьиэ кэргэн кодексатынан олохтонор. Онтон оҕо быраабын «Арассыыйа Федерациятыгар оҕо быраабын сүрүн мэктиэлэрин туһунан» федеральнай сокуон көмүскүүр. Оҕотун ииппэт-үөрэппэт, көрбөт-истибэт, атаҕастыыр төрөппүт сокуон быһыытынан, административнай уонна холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Арассыыйа эрэгийиэнннэриттэн бастакынан,  01.07.1994 с. 23-I №-дээх «Оҕо быраабын туһунан» сокуону ылыммыта. Маны таһынан, Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор көрүүтэ-истиитэ суох сылдьалларын уонна буруйу оҥорууларын сэрэтии туһунан (1999 с.), Дьиэ кэргэн уонна оҕо дьиэтин туһунан (1999 с.), Эппиэкэ уонна попечительство үлэтин тэрийии, олоххо киллэрии уонна муниципальнай оройуоннарга, куорат уокуруктарыгар эппиэкэ уонна попечительство үлэтин олохтооһуҥҥа туспа судаарыстыбаннай боломуочуйалары анааһын туһунан (2008 с.) о.д.а. сокуоннар Саха Сиригэр оҕо көмүскэлин хааччыйаллар. Өрөспүүбүлүкэ салалтата көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору дьиэ кэргэҥҥэ олохтооһун, оҕолоох дьиэ кэргэни  өйөөһүн, уопсастыбаҕа сиэр-майгы туругун тупсарарга уонна бэйэтин эбээһинэһин толорбот төрөппүт ахсаанын аҕыйатарга туһаайыллыбыт оҕону иитии боппуруостарын болҕомтоҕо ылан, оҕо көмүскэлин соркутарын көдьүүстээхтик ситиһэр.

Оҕолорбут тустарыгар

Оҕо көмүскэлин күнэ оруобуна айылҕа чэлгийэр кэмигэр буолара, бэйэтэ ураты суолталаах курдук, тоҕо диэтэр, мин оҕо сааһы саҥа тыллар үнүгэскэ майгынната көрөбүн. Биһиги бу үнүгэһи хайдах көрөн-истэн, бүөбэйдээн улаатыннарарбытыттан, кини чиҥ силистээх-мутуктаах аарыма мас буола силигилии үүнэрэ дуу, биитэр кууран-хатан симэлийэрэ дуу тутулуктаах. Оттон оҕо киһилии киһи буола иитиллэн тахсарыгар сүҥкэн оруолу оҕо уһуйааннара ылаллар. Онон, бүгүн, педагогика билимин хандьыдаатыттан, Дьокуускай куорат 82 №-дээх «Мичээр» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйиттэн Юлия Иннокентьевна Трофимоваттан санаатын үллэстэригэр көрдөстүм.

2_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

-- Мин биэс сааспар диэри Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгэр улааппытым. Ол кэми бу баардыы өйдүүбүн. Икки этээстээх учууталлар уопсайдарыгар олорбуппут. Оҕолор, элбэх буолан мустаммыт, бары бииргэ наһаа үчүгэйдик оонньуур этибит. Биһигини, кыра оҕолору, улахан оҕолор көрөн-истэн, дэриэбинэни биир гына көтөҕөн-сүгэн илдьэ сылдьаллара. Онтон I Хомустаахха көспүппүт. Онно күннэтэ, таһырдьаттан киирбэккэ, оонньуу бөҕөтүн оонньоон оҕо саас бары кэрэтин билбитим. Оскуола үчүгэй үөрэнээччи этим. Муусука оскуолатыгар үөрэммитим. Араас тэрээһиннэргэ барытыгар кыттар, тэрийэр, көхтөөх үөрэнээччи буоламмын куруутун ыстаарасталааччыбын, бэрэссэдээтэллээччибин. Итинник оҕо сааһым сэргэхтик ааспытыгар төрөппүттэрбэр муҥура суох махтанабын.

Оҕо көмүскэлин күнүнэн уһуйааммыт кырачаан иитиллээччилэрин, төрөппүттэри, бары педагогтары итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Мин салайар 82 №-дээх «Мичээр» уһуйааным Дьокуускай куоракка оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору сахалыы тылынан иитэр-үөрэтэр тэрилтэ буолар. Онон уһуйааммытыгар сахалыы эйгэни тэрийэн, ийэ тылы, төрүт үгэстэри өрө тутан, оҕоҕо кыра сааһыттан айыы санаатын уһугуннаран, иитэн таһаарар соруктаахпыт. Маныаха биһиэхэ төрөппүттэрбит күүс-көмө буолаллар. Оҕо көмүскэлэ төрөппүт оҕотун иитиититтэн саҕаланар. Кини хайаатар даҕаны дьиэ кэргэнигэр иллээх-эйэлээх, уйгулаах олоҕу оҥорон, оҕото эт-сиин, уйулҕа, өй-санаа уонна сиэр-майгы өттүнэн сайдарыгар кыһаллыахтаах, иитиэхтээх-үөрэтиэхтээх уонна уопсастыбаҕа туһалаах дьоһун киһи буола улаатарыгар сыратын ууруохтаах. Бу ыйыллыбыт эбээһинэстэри төрөппүт толорбот буоллаҕына, оҕотун быраабын күөмчүлүүр. Маны өйдөтөр сыалтан уһуйааммыт педагогтара төрөппүттэргэ араас сүбэлэри биэрэллэр, тэрээһиннэри ыыталлар.

Төрөппүттэргэ, бастатан туран, оҕолорун гаджеттартан арааран, бэйэлэрин кытта тэҥҥэ айылҕаҕа сылдьан, тулалыыр эйгэни, олоҕу билиһиннэрэн алтыһалларыгар, бириэмэлэрин көхтөөхтүк атааралларыгар баҕарыам этэ. Оччоҕуна оҕо, дьэ кырдьак, алтыһа үөрүйэх буола улаатыа, оҕо сааһын үтүөнэн саныа. Онтон кырачаан дьоммутугар ыалдьабакка сылдьалларыгар, үөрэ-көтө улааталларыгар баҕарабын.

Антонина НЕУСТРОЕВА

Хаартыскалар Ю.И. Трофимова архыыбыттан

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением