Дьоруой эһиил төрөөбүтэ 100 сылынан, дойдутугар Мэҥэ Хаҥаласка кэлэр 2021 сылы Ф.К. Попов сылынан биллэрдилэр.
Федор Кузьмич Попов Мэҥэ Хаҥалас оройуонун II Баатара нэһилиэгэр 1921 сыл ахсынньы 8 күнүгэр төрөөбүтэ. Аҕа дойду сэриитигэр 1942 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр ыҥырыллан барбыта. 1943 сыл күһүнүгэр байыаннай үөрэҕи ааһан, Украина Любеч куоратыгар тиийбитэ. Алтынньы 2 күнүгэр кини сулууспалыы сылдьар 81-с стрелковай дивизиятын 467-с полкатыгар, Днепр өрүһү туораан, өстөөҕү тохтоторго бирикээс кэлбитэ.
Алтынньы 3 күнүгэр өстөөх күүскэ атаакалаабыта. Днепр өрүһү туораан иһэр кыһыл ротаны уҥа биэрэккэ фашистар тоһуйан тураллара. Рядовой Попов Днепри бастакынан харбаан туораан, өстөөх траншеятыгар күүппэтэх өттүлэриттэн соһуччу киирэн, уоту аспыта. Ботуруона, гранатата бүппүтүн кэнниттэн, илиинэн хапсыһыыга барыта 23 өстөөх саллаатын суох гыммыта, өстөөх траншеятын соҕотоҕун былдьаабыта. Федор ньиэмэстэр илии бүлүмүөттэрин уотун аһан, бэйэтин ротатыгар туоруур кыаҕы биэрбитэ. Докумуоннарга сурулларынан, бу хапсыһыыга кини 50-тан тахса өстөөх саллаатын суох оҥорбут.
Бу кырыктаах кыргыһыы кэнниттэн Белоруссия Глушец дэриэбинэтигэр улаханнык бааһыран, 1943 сыл алтынньы 13 күнүгэр, баара-суоҕа 21 сааһыгар сылдьан, сырдык тыына быстыбыта. Федор Попов холобура суох хорсун быһыыта дивизия хамаандалыыр састаабын сөхтөрбүтэ. 1944 сыл тохсунньу 15 күнүгэр ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Ыйааҕынан, Днепр өрүһү туорааһыҥҥа бойобуой сорудаҕы хорсуннук толорбутун, дьоруойдуу быһыытын иһин Федор Кузмич Поповка, Ленин уордьанын уонна “Кыһыл көмүс сулус” мэтээли анаан туран, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэрбиттэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0