Холкуоска мэхэньисээтэринэн, булчутунан үлэлээбитэ. Эдэр булчут биэс тыһыынчаттан тахса тииҥи туттарбыта. 100 хаамыылаах сиртэн быһах биитин ытан, булдьаны икки аҥыы хайытара үһү. Ол быыһыгар «Саха ыччата – бырамыысаланнаска» хамсааһын чэрчитинэн, Алдаҥҥа Орочоон бириискэлэригэр обкатчигынан үлэлээбитэ.
Аармыйаҕа 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар Мэҥэ Хаҥалас оройуонун военкоматынан ыҥырыллыбыта. 375-с уонна 179-с стрелковай чаастарга пулеметчик, автоматчик, снайпер быһыытынан сэриилэспитэ. Бастакы кэмҥэ быраата Василийдыын биир пулемет расчета буолан кыргыһыыларга кыттыбыттара. Онтон быраата ыараханнык бааһыран өлөр. Ол кэнниттэн 1942 с. сааһыгар Федор пулеметын снайпер бинтиэпкэтигэр уларытар.
Албан ааттаах снайпер быһыытынан киэҥник биллибитэ, 429 фашиһы өлөрбүтэ. Фроҥҥа 12 төгүл бааһырбыта уонна контузияламмыта. Тверь, Смоленскай уобаластарын, Белоруссияны босхолоспута. 1945 сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр Кыайыы параатыгар кыттыбыта.
Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата 1965 сыллаахха, ыам ыйын 6 күнүгэр иҥэриллибитэ. Сэрии кэнниттэн дойдутугар араас үлэҕэ үлэлээбит. Элбэх оҕо аҕата. 1968 сыллаахха ыам ыйын 28 күнүгэр өлбүт. Төрөөбүт дойдутугар Кириэс Халдьаайыга көмүллүбүтэ.
Биир дойдулаахтара Дьоруой аатын үрдүктүк туталлар. Федор Матвеевич уола, учуутал, кыраайы үөрэтээччи Николай Фёдорович Охлопков тэрээһининэн олохтоох оскуолаҕа 2008 сыллаахха «Дьоруой Ф.М.Охлопков кылаас-мусуойа» арыллыбыта. Манна архыып докумуоннарын куопуйалара, Кириэс Халдьаайыттан үүнэн тахсыбыт худуоһунньук, скульптор В. Я. Сивцев-Отур Силис Дьоруойга сыһыаннаах үлэлэриттэн: Федор Матвеевич дьиэтин, таҥара, оскуола дьиэлэрин макеттарын маһынан оҥорбута, кэргэнин Анна Николаевна бюһа бааллар.
Бу кыра мусуой суолтата улахан. Ол курдук оҕолор кэлбит ыалдьыттарга улуу биир дойдулаахтарын туһунан киэн тутта кэпсииллэр-ипсииллэр. Үөрэнээччилэри астына, дуоһуйа истээччи элбэх. Бу маннык утум силбэһиитэ үүнэр көлүөнэҕэ патриотическай тыыҥҥа иитэр. 2015 сылтан түмэли Дьоруой хаан аймаҕа, история учуутала В.М.Охлопков салайар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0