Оттон мин бүгүн ааҕааччыларбар кинини өссө биир өттүттэн -- коллекционер быһыытынан — билиһиннэрэбин. Август Васильевич үлүбээй мунньар коллекционер буолбатах, кини бэйэтин үлэлиир эйгэтигэр сыһыаннаах олус баай мунньуулаах. Чэ, ол тугун-ханныгын, хайдах мунньуунан дьарыгырар буолбутун туһунан бэйэтин кэпсээнин ааҕыаҕыҥ.
--Сэбиэскэй кэмҥэ хас ыал аайы значоктары мунньаллара, биһиги эмиэ, дьаныһан туран да буолбатар, туох баарынан мунньар этибит. Кэлин улаатан, дьиэбититтэн арахсыбыппыт кэннэ, ол значоктарбыт ыһыллан-тоҕуллан, сүтэн-оһон хаалбыттара. Ону испэр харыһыйа саныыр этим. Биирдэ кэллиэгэм Валерий Луковцев Бороҕоҥҥо олорор быраатыгар Станиславка хоммуппут. Онно Станислав Николаевич түүнү быһа бэйэтин кэллиэксийэлэрин, ол иһигэр авиация, космонавтика тиэмэтигэр баһаам элбэх значоктарын бэрт умсугутуулаахтык кэпсии-кэпсии көрдөрбүтэ. Бастакы «кыым саҕыллыыта» манна буолбута.
Онтон сотору соҕус буолан баран, норуодунай суруйааччы Иван Мигалкин олус баай кэллиэксийэтин көрбүтүм. Иван Васильевич баҕарбыт, ымсыырбыт санаабын таайбыта буолуо. «Эн, бэчээт-кинигэ киһитэ, бэйэҥ эйгэҕэр сыһыаннаах значоктары хомуйсуо этиҥ, бу тиэмэҕэ мунньар киһи Саха сиригэр суох», —диэн баран, үс А4 форматтаах баархат таҥаһынан тиириллибит хортуон лиистэригэр кинигэҕэ, суруйааччыларга сыһыаннаах кэккэлэччи анньыллыбыт значоктары бэлэхтээбитэ. Значоктары мунньууга баҕатыйа сылдьар киһиэхэ Иван Васильевич бу бэлэҕэ бастакы олугунан буолбута. Онон бу умсулҕаҥҥа ылларбытым хайыы-үйэ 6-7 сыл буолла. Ити курдук, кинигэҕэ, бэчээккэ, литератураҕа, суруйааччыларга сыһыаннаах кэллиэксийэбэр билигин 3000 тахса значок баар. Кинилэр араас матырыйаалтан оҥоһуллаллар: тимир элбэх көрүҥүттэн, көмүстэн, сибиниэстэн, бронзаттан, үрүҥ көмүстэн, фарфортан, өстүөкүлэттэн, мастан, пластиктан, таҥастан, кумааҕыттан, эрэһиинэттэн о.д.а. Аны значоктары иилэргэр чараас гынан баран, А4 форматтаах бөҕө хортуон наада, ол хортуону баархат таҥаһынан бүрүйүөххүн наада. Манна ийэ кылыным Лена Васильевна тигэн биэрэн абырыыр.
Ханнык баҕарар значок – устуоруйа кэрэһитэ. Кэллиэксийэбэр кинигэ, бэчээт, литература, суруйааччылар киһи аймах олоҕор хайдахтаах курдук улахан суолталаахтара ырылхайдык көстөр. Кинигэ үөрэх, култуура значоктарыгар үксүлэригэр баар. Бэл, экэниэмэкэҕэ, бэлиитикэҕэ сыһыаннаах уонна оннооҕор полиция, ФСБ курдук тэрилтэлэр араас бэлиэлэригэр кинигэ ойуулаахтар добуочча элбэхтэр. Өссө дьарылыктарыгар кинигэ ойуулаах куораттар, дойдулар баар буола сылдьыбыттар. Кинигэ билии-көрүү, сайдыы туоһута буоларын значоктар чаҕылхайдык кэрэһилииллэр. Урут Сойуус таһымнаах уонна үгүс өрөспүүбүлүкэлэр, уобаластар хаһыаттара араас күрэхтэһиилэри ыыталларыгар анаммыт элбэх значок баар. Урукку өттүгэр бэчээт суолтата хайдахтаах курдук күүстээҕин мантан да көрүөххэ сөп.
Түгэнинэн туһанан, бэчээт эйгэтин бары үлэһиттэрин ааспыт Арассыыйа Бэчээтин күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин, айымньылаах үлэни, кытаанах доруобуйаны, ситиһиилэри баҕарабын!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0