2009-2019 сс. Арассыыйа телевидениетэ сыыппара технологиятыгар киирбитэ. Онон дойду олохтоохторун 98,4 %-а күөх экран биэриилэрин 20 булгуччулаах ханаалынан босхо көрөр-истэр кыахтанна.
Нэһилиэнньэ 1,6 %-а, ол эбэтэр киинтэн ыраах сытар, суола-ииһэ суох 12 тыһыынча нэһилиэнньэлээх пуун олохтоохторо спутник сибээһинэн туһаналлар. Аргыс оператора кинилэри кытары дуогабар түһэрсэртэн аккаастанар бырааба суох (2003 с. от ыйын 7 күнүгэр ылыллыбыт 126 №-дээх, 2018 с. ахсынньы 27 күнүгэр саҥардыллыбыт 529 №-дээх «Сибээс туһунан» федеральнай сокуон 46-с ыстатыйата). Маны таһынан оператор кинилэртэн булгуччулаах ханаалынан биэриини көрүү-истии иһин төлөбүрү ылыа суохтаах. Арай, холбонорго чэпчэтиилээх тарыыбынан биир кэмнээх хомууру ылыан сөп. Салгыы эфир хаппат сиригэр абонентскай төлөбүрэ суох 20 ханаалы хайдах холбуур туһунан сүбэлэри көрүҥ:
1. Нэһилиэнньэлээх пуун ыраах сытар, суола-ииһэ суох, чэпчэтиинэн хабыллар территорияларга киирэрин чуолкайдааҥ.
Сыыппара технологиятынан бэриллэр телевидениенэн хабыллыбат нэһилиэнньэлээх пууннар испииһэктэрэ Сыыппара сайдыытын, сибээс уонна маассабай коммуникациялар федеральнай министиэристибэлэрин (Минцифры России) сайтыгар «Переход на цифровое вещание» салааҕа баар. Испииһэккэ хас биирдии поселениеҕа техническэй өҥөнү оҥорор үстэн биэскэ диэри оператор ыйылла сылдьар. Таарыйа тустаах нэһилиэнньэлээх пуун Сыыппара сайдыытын, сибээс уонна маассабай коммуникациялар федеральнай министиэристибэтин, оройуон эбэтэр олохтоох дьаһалта испииһэктэригэр баарын-суоҕун чуолкайдыаххытын сөп.
2. Аргыс операторын кытары сибээстэһэн, холботорго сайаапката түһэриҥ.
Испииһэккэ ыйыллыбыт оператордартан биирин талан, суһал сибээһинэн эрийэн, чэпчэтиилээх тарыыбы билсиҥ. Оператордар төлөпүөннэрин нүөмэрдэрэ кинилэр официальнай сайтарыгар баар.
3. Тэрил сыанатын уонна туруоран биэрии өҥөтүн төлөөҥ.
Аргыс тэрилин кэмпилиэгин оператор биитэр кини партнерун эрэгийиэн, оройуон киинигэр баар офиһыттан ылыахха сөп. Суһал сибээһинэн оператор сайтынан сакаастыахха эмиэ сөп.
Аргыс тэрилин кэмпилиэгин сыаната операторыттан, эрэгийиэниттэн уонна моделыттан тутулуктанан тус-туһунан буолар. Туруоран биэрии өҥөтө 1500-2000 солк. иһинэн халбаҥныыр. Холботорго чэпчэтиилээх тарыыбынан биир кэмнээх хомуур төһөтүн оператортан чуолкайдаһыҥ.
4. Туруоран биэрээччини кэтэһиҥ, дуогабары түһэрсиҥ.
Бары оператордар тэриллэрин кэмпилиэгэр аргыс антеннатын хайдах туруорар туһунан инструкция сыһыарылла сылдьар. Өскөтүн аргыс антеннатын бэйэҕит туруорар буоллаххытына, аргыс операторын кытары дуогабары суһал сибээһинэн, кини сайтыгар эбэтэр офиска тиийэн түһэрсиэххэ сөп.
5. 20 ханаалынан телебиэриилэри абонентскай төлөбүрэ суох көрүҥ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0