Учуонайдар эрдэ туруу үтүө өрүттэрин ааҕан көрбүттэр: эрдэ турар киһи элбэх бириэмэлэнэр, саҥа үчүгэй үөрүйэхтэр үөскүүр, энергията элбиир, элбэҕи кыайа-хото тутар, иммунитета күүһүрэр, күүрүүтэ (стресс) аччыыр, өйүгэр тутара уонна болҕомтолоох буолара тупсар, итиэннэ олох охсууларын этэҥҥэ аһарынар эбит.
Сарсыарда 7-8 чааска турар буоллаххына, күн номнуо саҕаламмыт буолар, онон былаанныыр, сааһыланар кэм хаалбат. Маннык ыгылыйыы кэмигэр “прокрастинация” диэн үөскүүр, ол аата бүгүн оҥоһуллуохтааҕы сарсыҥҥыга, сарсын оҥоһуллуохтааҕы өссө кэлиҥҥигэ көһөрөн иһии тахсар.
5 чааска уһукта үөрэннэххинэ -- бэйэҕэр эрэлиҥ күүһүрэр эбит. Эрдэ тураргытыттан эрэйи көрбөккө, эрдэ турууну бэйэҥ талбыт буоллаххына – олоххор ситиһии аргыстаһар.
Эрдэ турбут киһи эрчимнээх буолар. Өссө кыратык сэрээккэлиир, сөрүүн уунан душтанар буоллаххына, күн устата сэниэҥ эстибэт. Эт-сиин уһун күҥҥэ бэлэмнэнэр, түүн устата хамсаабатах хаан уонна лимфа эргиирэ күүһүрэр. Ол иһин иммунитет күүһүрэр, ол аата доруобуйаҥ биллэ тупсар. Эрдэ тура үөрэнэргэ бастаан уһуктаат да, өр сыппакка, сүрҕэлдьээбэккэ, атахпытыгар турабыт. Суунан-тараанан баран, йога хамсаныыларын, чэпчэки сэрээккэни оҥоробут. Биир-икки ыстакаан мүлүркэй ууну ыймахтыыбыт – организмы уһугуннарабыт. Утуйар уонна уһуктар бириэмэҕит наар биир буоларыгар кыһаллыҥ.
Сарсыарда туох да сыала суох уһуктар ыарахан, онон киэһэ сытыах иннинэ кэлэр күҥҥэ тугу эмэ былааннааҥ. Бэйэни көрүнүөххэ, кинигэ ааҕыахха сөп. Ыксаабакка ас астанан аһыахха сөп. Киэһээ сытарга саамай табыгастаах чаас – 21.00. Киэһээ тоҕустан түүн ортотугар диэри утуйуу – организмҥа саамай туһалаах утуйуу буолар, мелатонин үөскүүр. Бу чааска утуйбакка сылдьар киһи элбэҕи сүтэрэр – организм үлэтэ кэһиллэр, наар сылайбыт курдук буолан хаалар, сэниэтэ күн устатыгар тиийбэт. Онон 22.00 чаас иннинэ орону булар табыгастаах.
Ууну хана утуйан туруу – доруобай буолуу төрдө. Сомнологтар диэн түүлү үөрэтэр, эмтиир быраастар суруйалларынан, киһи сууккаҕа сэттэ чаас кытаанахтык утуйан турдаҕына толору сынньанар.
Сарсыарда 5 чаас саҕана киһи организмыгар кортизол уонна адреналин диэн гормоннар элбииллэр, гемоглобин уонна саахар үрдүүр, пульс түргэтиир, тыыныы дириҥиир. Ол аата организм уһуктарга бэлэмнэнэн барар. Ол иһин эрдэ туруу бу чааска саамай табыгастаах буолар. Эрдэ турууга сыыйа-баайа үөрэниэххэ наада. Ыллыбыт да сарсын 5 чааска будильнигынан уһуктабыт диэн буолбакка, эрдэ утуйууттан саҕалаан, биирдии чааһынан эбэтэр чаас аҥардыытынан уһуктууну эрдэлэтэн истэххэ киһи түргэнник үөрэнэр. «Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын хастар» диэн өс хоһоонуҥ умнумаҥ.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0