Онон Ийэ хапытаалын ылбыт дьоҥҥо ипотека кирэдиитин саҥа усулуобуйанан, намыһах бырыһыанынан атын бааҥҥа оҥорторуу (рефинансирование) ырычааҕа быдан судургутуйда. Ол курдук, дьиэ туттарга биитэр атыылаһарга эрдэ ылбыт сойуомун сабарыгар сэртипикээт ылбыт киһи ПФР-га ипотеканы биэрбит баантан харчы ыларын туһунан докумуону эрэ көрдөрүөхтээх. Рефинансирование оҥорор баантан харчы бастааҥҥы кирэдиити төлөөһүҥҥэ туттулларын туһунан бигэргэтэр ыспараапка бу түбэлтэҕэ ирдэммэт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0