Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -26 oC

Былырыыҥҥы балаһыанньаны кытта тэҥнээтэххэ, Саха сиригэр быйыл хас да төгүл аҕыйах ойуур баһаара баара бэлиэтэнэн турар.

Былырыыҥҥы балаһыанньаны кытта тэҥнээтэххэ, Саха сиригэр быйыл хас да төгүл аҕыйах ойуур баһаара баара бэлиэтэнэн турар.

Ол эрээри, балаһыанньа син биир уустук. Былырыыҥҥы сайын хатыламматын туһугар ойуур баһаардарын утары үлэлэр күүскэ бараллар. Баһаардары умуруора Саха сиригэр эбии 90 байыас кэлэрэ билиннэ. Ол курдук, Читатааҕы авиабазаттан 40, Улан Үдэттэн 50 үлэһит сотору айаннаан кэлиэхтэрэ.
Саха сирэ уонна Хабаровскай кыраай эрдэ федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыыны-майгыны эрдэ биллэрэн тураллар. Ол чэрчитинэн ыаллыы олорор атын эрэгийиэннэртэн, Арассыыйа ЫБММ-тэн көмө көрдүүр, эбии байыастары ыыттарар кыахтаахтар.
Бүгүҥҥү туругунан федеральнай таһымнаах "Авиалесохрана" тэрилтэттэн Саха сиригэр 570 байыас номнуо кэлэн үлэлии сылдьар. "Атырдьах ыйын 4-с күнүгэр саҥа ойуур баһаара баара бэлиэтэммэтэ" диэн иһитиннэрэллэр.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением