Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Цифровой технологиялар олохпутугар киирбиттэрэ наһаа быданныы илик. Ол да буоллар, билиҥҥи оҕолор гаджеттары олус түргэнник баһылыыр буоллулар. Бу оҕолору «Цифровой көлүөнэ» (Digital Native) диэн ааттыыллар. Цифровизация, интэриниэт, смартфоннар оҕо уйулҕатыгар охсууларын туһунан дьон санаатын билсиэҕиҥ.

Цифровой технологиялар олохпутугар киирбиттэрэ наһаа быданныы илик. Ол да буоллар, билиҥҥи оҕолор гаджеттары олус түргэнник баһылыыр буоллулар. Бу оҕолору «Цифровой көлүөнэ» (Digital Native) диэн ааттыыллар. Цифровизация, интэриниэт, смартфоннар оҕо уйулҕатыгар охсууларын туһунан дьон санаатын билсиэҕиҥ.

 Ярослав Уткин, спортсмен:
— Мин саныахпар, аныгы үйэ көстүүлэрэ буоллаҕа дии. Миэрэтин билэн, тугу көрдөрөрү талан биэрдэххэ, туһалаах да буолуон сөп дии саныыбын. Тус санаам. Мин, холобура, оҕолорбор сахалыы эрэ контены көрдөрө сатыыбын. «Майнкрафт» оонньууну сахалыы оонньотобун. Уопсай алтыһар тиэмэлэрэ төлөпүөн оонньуута буолан хаалар. Үгүстэрэ оонньуулларын быһыытынан. Мин «Суораттары», «Кубалыырабы», «Киэһэликтэри» көрдөрөбүн. «Кубалыырабы» көрөн, эмискэ баҕайы сахалыы «ийэ», «аҕа» дииргэ үөрэммиттэрэ. Ол гынан баран, олох кыра оҕоҕо көрдөрөр, биллэн турар, сыыһа.

Давид Корнеев, атыы тэрилтэтин администратора:
— Сорох дойдуларга кыра оҕоҕо хааччахтаан тутталларын ирдиир сокуоннар бааллар дии. Ол дойдулар уопуттарын, сокуоннарын үөрэтиэххэ баара. Аны:  "Бары гаджеттаахтар, мин эрэ оҕом оннуга суох буолуо", – дииллэр төрөппүттэр. Социальнай ыстаатыһы көрдөрөр курдук буолбут.

Кира Аммосова, урбаанньыт:
— Оҕо психикатыгар туох барыта охсор. Итирик төрөппүт төлөпүөннээҕэр күүскэ охсоро буолуо. Төлөпүөн охсуута төрөппүт кыһамматыттан тахсар. Бэйэтинэн төлөпүөн туох да куһаҕана суох, сөпкө туттарга төрөппүт үөрэтиэхтээх. Оҕо смартфона суох атын оҕолору кытта сатаан алтыспат. Төлөпүөннээх биир саастыы оҕолор биир оонньууну оонньууллар. Төлөпүөнэ суох оҕо «не в теме» буолан хаалар, бэйэтин бу оҕолор уопсастыбаларыттан туора курдук сананар. Урут биһиги фантик мунньарбыт курдук, кинилэр дьоруойдары мунньаллар, оҕо сааскытын санааҥ.

Вилюяна Никитина, «Ийэ тыл кэскилэ» түмсүү салайааччыта:
— 3-5 сааһыгар диэри олох да туттарбат ордук, ол кэннэ күҥҥэ аҕыйахтыы мүнүүтэ эрэ биэриэххэ сөп диибин. Оҕо мэйиитигэр ордук сайдар кэмигэр охсуулаах буолара биллэр.

Мария Кириллина, уопсастыбанньык:
— Билигин участковай неврологтар: "Оҕоҕо 2 сааһыгар диэри тэлэбиисэри холбоомоҥ, төлөпүөн көрдөрүмэҥ", -- диэн булгуччулаах сүбэлэри биэрэллэр эбит. Кийиитим 3 ыйдаах оҕолоох, ону истэн үөрэн кэлбит этэ: "Аттыбар оҕом баарыгар төлөпүөн көрбөппүн, тэлэбиисэр да холбообот буоллубут", -- диир, 7-лээх уолбар итинниги быраастан истибэтэҕим диир.

Дьулустаан Осипов, IT оскуола дириэктэрэ:
— 1-3 саастаах оҕо цифровой информацияны аһара ылар буоллаҕына, саҥарара хойутуон сөп диэн учуонайдар дакаастаан тураллар. Ол аата интеллегэ сайдыбат. Дебил буолар диэххэ сөп. ВОЗ рекомендациялара бааллар. Саастарынан арааран оҥорбуттар. Доруобуйа аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) интэриниэккэ ылларыыны ыарыы быһыытынан билиммэт эбит буоллаҕына, 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бу тэрилтэ видео оонньууга ылларыыны аддиктивнай расстройстволарга киллэрбитэ.

Сахамин Окулов, диджей:
— Мин санаабар, хаһыаты да элбэхтэ аахтахха, төбөҕө охсуулаах буолуон сөп. Кэмин хааччахтанан туһаннахха, буортута суох дии
саныыбын.

Арсен Иванов, устудьуон:
— Интэриниэт оҕо уйулҕатыгар охсор буоллаҕа дии. Нууччалыы контент, нууччалыы бырагыраамалар, чуолаан оонньуулар уонна «Ютуб», ордук кутталлаахтар. Мин оҕото суохпун, онон бу боппуруоһу хайдах быһаарары билбэтим. Арааһа, оҕолорго анаан сахалыы контент айыахха баара.

Яков Николаев, лаборант:
— РФ-га олорорбут быһыытынан, медиа өттүгэр нуучча тыла баһыйар буолан, саха тылыгар охсуулаах буолара чахчы. Олох сахалыы иитиигэ ол уустугу үөскэтиэ суоҕа. Оҕону кытта сахалыы алтыһар буоллаххытына, нуучча тылын син биир ылыныа эрээри сахалыы хайаан да кэпсэтэргит эрэйиллэр.

E1kR 84Mp0E

Семен Морозов, биэнсийэлээх:
— Дьикти боппуруос-доппуруос буолла. Мин, сааһырбыт киһи санаабар, билиҥҥи үйэҕэ сөбүн көрөн, туһалааҕын көрдөхтөрүнэ, холобур, сиэннэрбитин хааччахтаан көрдөрөрбүт соччо охсуута суох буолуо. Арай көрүүтэ-истиитэ суох олордохторуна, охсуулаах буолуо. Мин билиҥҥи ол-бу оонньууларын эҥин билбэппин. Онно-манна киирэн биэриэхтэрин сөп. Оскуолаҕа киирэр саастарыттан ол-бу куруһуокка, билигин ити, нуучалыы эттэххэ, айтига эҥин биэриэххэ наада. Ити мин, 63-с хаарбын үктээбит киһиэхэ...

Айтыына Арчы, бортпроводник:
— Мин санаабар, охсуулаахтар. Билиҥҥи мультиктар, дириҥ суолтата суох, маатыралаах ырыалар. Мин экирээн иннигэр күҥҥэ 10-тан тахса чаас олоробун. Интэриниэккэ ылларбыттар кэккэлэригэр киирсэрим буолуо, бадаҕа. Бастатан туран, бэйэбититтэн саҕалыахха наада буолуо. Оҕо төрөппүттэрин көрөн үөрэнэр, холобур оҥостор. Бииргэ төрөөбүт убайым оҕото (уол) күнү супту «Ютуб» көрөр, былдьаатахтарына, кыйаханар, ытыыр, куттуур.

Андрей Ермолаев, экэнэмиис:
— Биллэн турар, охсуулаах. Кыра киһи уйулҕатыгар олус дьайар араас кэнтиэн баар.

Дмитрий Старков, эргиэн үлэһитэ:
— Оҕо цифровой информацияттан сайдыыта бытаарар диэн быһаардахха, дьон кыра оҕотугар ютубтаах гаджет туттарарын аҕыйатыа этэ. Интэриниэт тиийбит сирдэригэр тыа дьоно үтүктүһэ-үтүктүһэ оҕолоругар ютубтаах гаджет туттараллар. Тоҕо? Интэриниэти сайдыы дии саныыллар. "Оҕобут гений, ким да үөрэппэтэҕин үрдүнэн бэйэтэ нууччалыы саҥарар буолла. Куорат оҕотуттан итэҕэһэ суох нууччалыыр, үөрэхтээх киһи буолуо (биһиги курдук буолбатах)", – дэһэллэр. Дьиҥинэн, 6-7 сааһыгар диэри туттарбатах ордук, ол да кэннэ хаччахтааҥ. Мин билэр дьонум: "Биир – оҕобут 4-гэр, оттон атына 5-гэр диэри адьас саха этилэр, онтон оҕолорбутугар туспа гаджет ылан биэрбиппит, арахпакка «ютуб» көрөр буолбуттара уонна нууччалыы баран хаалбыттара", – диэн кэпсээн турардаахтар. Ити ТВ-га мультиктары күҥҥэ 3-4 чаас көрөн, 2-4 саастаах оҕолор нууччалыы бараллар, оттон гаджеты ыһыктыбакка, дьиэ таһыгар кытта тута сылдьаллар. Билигин 3-4 чаас буолбакка, күҥҥэ 4-5 чаас көрөллөр. Ол курдук, оҕом сайдыылаах буоллун, атын оҕолору кытта алтыстын, атын оҕолортон итэҕэһэ суох буоллун диэн ютубтаах гаджет туттаран истэхпитинэ, оҕо төрөөбүт тылынан саҥарбат буолар. Ити алтатыгар диэри ютубтаах гаджекка ылларбыт оҕо 99% сахалыы саҥарбат буолар. Ол кэннэ билиҥҥи кэмҥэ сахалыы оскуолаҕа үөрэт, төһө да олоҥхото аахтар, оһуохайдат, оҕону хайдах да сахалыы толкуйдаах, мэйиилээх оҥорбоккун.

Илья Царев, худуоһунньук:
— Биһиги неврологпыт: "Оҕо 3-гэр диэри гаджеты туттуо суохтаах", -- диир. Окулист бырааспыт: "3-гэр диэри күҥҥэ 5-10 эрэ мүнүүтэ тэлэбиисэр көрүөн сөп", -- диэбитэ. "Төлөпүөнү, планшеты олох биэримэҥ", -- диир. Быйыл улахаммыт оскуолаҕа барда. Төлөпүөн буолбакка, «умные часы» диэни ыллыбыт. Төрөппүттэригэр оскуолаттан «бүттүм» диэн эрийэрин курдук. Төлөпүөнү кэлин, 5-6 кылааска таҕыстаҕына, биирдэ ылыахпыт диибит, үчүгэйдик үөрэннэҕинэ.

Николай Осипов, балыыһа үлэһитэ:

— Мин туох да куһаҕана суох дии саныыбын. Оҕо уйулҕатыгар охсуулаах ийэ, аҕа бэйэ-бэйэлэрин, оҕону кытта куһаҕан сыһыаннара буолара буолуо.

***

Ити курдук, дьон санаата араас эбит. Үчүгэй да, куһаҕан да диэччилэр бааллар. Ол да буоллар, оҕолорбут интэриниэтинэн аһара үлүһүйэллэрэ чахчы. Сорох дьон бу көстүү арыгыга уонна норкуотукка ылларыы кэриэтэ буоларын этэллэр. Оттон ВОЗ бу көстүүнү «ылларыы» (зависимость) диэбэккэ, арыый сымнаҕастык, сэрэнэн «аһара үлүһүйүү» (чрезмерная увлеченность) диир. Тоҕо диэтэххэ, бу саҥа көстүү. Маны ыарыы дииргэ улахан чинчийии барыахтаах. Ол эрээри, ВОЗ «интэриниэккэ ылларыы» диэни төһө да билиммэтэр, «видео оонньууларга ылларыы» диэн диагноһы ыарыылар ахсааннарыгар киллэрэн турар. Киһи саҥа көстүүлэри атыҥырыыр, ылыммат буоларын неофобия диэн ааттыыллар. Роберт Антон Вилсон «Прометей дабайыыта» (Восстание Прометея) диэн кинигэтигэр неофобия оҕону иитэн саҕалаабыт дьоҥҥо үөскүүрүн туһунан түөрүйэтин туруорбута. Вилсон неофобияны, сүнньүнэн, куһаҕан адьынат диир. Оттон, дьиҥэр, цифровой эйгэ курдук саҥа көстүүлэринэн аһара үлүһүйбэккэ эбэтэр ону букатын туораппакка, ортотун тутустахха, туһата даҕаны элбэх буолуон сөп этэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением