Куонкурус туһунан истээт, биһиги, оскуола куорпуһун оҕолоро, кыттыыны ыларга санаммыппыт, ол күнтэн ыла ыйытыыларбытын толкуйдаабытынан барбыппыт. Ыйытыктарбытын барытын холбоон ыыппыппыт.
Биир күн дьүөгэм Дайаана уонна мин оҕо хаһыатыттан күһүҥҥү сынньалаҥ кэмигэр Михаил Ефимович Николаев үбүлүөйдээх сааһыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэбит эдэр корреспонденнарын түмэр көрсүһүүтүгэр ыҥырыыны туппуппут. Үөрэн-көтөн сынньалаҥ буоларын долгуйа күүппүппүт.
Барар кэммит кэлэн, салайааччыбытын Антонина Ивановнаны кытта дойдубут киин куоратыгар айаннаабыппыт.
Көрсүһүү саҥа аһыллыбыт, аныгылыы оҥоһуулаах "Россия-моя история" түмэлгэ буолбута. Онно тиийбиппитигэр "Кэскил" эрэдээксийэтин үлэһиттэрэ үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Испэр олус долгуйбутум. Зал иһэ тобус-толору араас улуустартан сылдьар эдэр корреспондент (эдкор) оҕолор этилэр. Бары көрсүһүүнү долгуйа күүппүт көрүҥнээхтэрэ. Сотору кэминэн Михаил Ефимович кэлбитэ.
Биһиги Мэҥэ Хаҥалас эдкордарын кытта көрүдүөргэ утары көрсүбүппүт, кылгастык кэпсэппиппит. Кини биһигиттэн ханнык улуустан кэлбиппитин ыйыталаспыта. Онтон залга киириитигэр оҕолор бары туран үөрүүнэн, ытыс тыаһынан көрсүбүппүт. Ыалдьыппыт олорон, биһиэхэ оҕо сааһын, эдэр сааһын, сыралаах үлэтин туһунан, олоҕун кэрдиис кэмнэриттэн сиһилии, олус интэриэһинэйдик кэпсээбитэ. Оҕолор бары сэргээн, болҕойон олорон истибиппит.
Ол кэннэ көрсүһүүгэ кэлбит сүрүн сыалбытын-сорукпутун толорорго туруммуппут - бастакы Бэрэсидьиэҥҥэ уочаратынан, биир-биир бары ыйытыкпытын биэрбиппит. Мин ыйытыым «Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан саха суруйааччыларыттан ордук ханнык айымньылары сөбүлээн ааҕар этигиний?» диэн этэ. Онуоха кини хас биирдии саха киһитэ Н.Е.Мординов - Амма Аччыгыйа "Сааскы кэм" романын уонна Н.Г. Золотарев - Николай Якутскай "Төлкө" айымньыларын хайаан да ааҕыахтааҕын, бу айымньылар саха норуотун ааспыт олоҕун устуоруйатыттан элбэҕи кэпсииллэрин туһунан эппитэ. Оҕо сылдьан, кэлин даҕаны иллэҥ буоллаҕына хаста да бу кинигэлэри хатылаан аахпытын кэпсээбитэ. Ыйытыыбар хоруй ыламмын, олус үөрэн, хайдах эрэ, биир улахан баҕа санаам туолбутун курдук санаммытым. Онтон түмүккэ Михаил Ефимович барыбытыгар киэҥ билиилээх, сайдыылаах, ситиһиилээх дьон буоларбытыгар баҕаран туран, «Восхождение. Ступени мужества» диэн кинигэни бэлэх ууммута. Бу кинигэҕэ кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин маҥнайгы Бэрэсидьиэнин дуоһунаһыгар тиийбит уһун суолун, Саха Сирин сайдыытыгар, инники олоҕор күүстээх сабыдыалы уонна үлэни ыыппытын туһунан суруллубут. Кинигэ ааптара Сидоров Олег Гаврильевич. Күндү бэлэхпитин илиибитигэр тутан, бары хаартыскаҕа түспүппүт уонна аны автограф ыларга дьулуспуппут. Кинигэҕэ автограф туруортараары гыммыппытын "аааптарга суруйтарыҥ, кинигэни суруйбут киһиэхэ" диэбитэ. Онон Михаил Ефимович блокнокка, сертификаппытыгар суруйбута.
Күн бүгүҥҥэ диэри ытык киһини, Михаил Ефимович Николаевы, көрсүбүт умнуллубат күммүн бу баардыы саныыбын. Бу көрсүһүүм бэлиэтин, кини аттыгар оҕолору кытта кэпсэтэ туран түспүт хаартыскабытын көстөр сиргэ ууран, онтон бэлэхпин, ааҕан баран, кинигэм ыскаабыгар ууран турабын. Өссө да толору өйдөөбөтөхпүн хос ааҕыам дии саныыбын. Бу олус истиҥ көрсүһүүнү, оҕо сааһым биир умнуллубат түгэнин, "Кэскил" хаһыат бэлэхтээбит эбит диэн өйдүүбүн.
Уруйдаана Афанасьева,
11 кылаас, "Эрчим" эдкорпост. Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү.
- 2
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0