Бүгүн кини урукку өттүгэр улаханнык биллибэтэх, сырдатыллыбатах төрдүн-ууһун, сыдьааннарын туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Николай Николаевич олоҕун, үлэтин туһунан чинчийбит дьоннорунан курбуһахтар киэн туттар дьоммут, өрөспүүбүлүкэ биир кырдьаҕас суруналыыһа Д.И.Пухов, суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи Н.С.Пестряков буолаллар. Кинилэр үлэлэрин салҕааччынан Окоемовка сүрүн оскуолатын учуутала Геннадий Пестряков буолар. Онон Геннадий Дмитриевич булбут төрүччүтүгэр уонна чугас аймаҕа, билигин 89 сааһыгар сылдьар ытык кырдьаҕас Николай Михайлович Окоемов кэпсээнигэр олоҕуран, Н.Н.Окоемов төрдүн-ууһун туһунан билсиэҕиҥ.
Кини киинэ түспүт сирэ Күөттүк диэн, дьон-сэргэ ол эргиннээҕи сирдэри уопсай ааттыы үөрэммиттэринэн этэллэр. Дьиҥэр, Николай Николаевич төрөөбүт сирэ Арҕаа Кулады үрэҕэ (билигин Күөттүк үрэҕэ дииллэр). Тэлээччи хоту өттүгэр Дулҕа Көлүйэ диэн кыракый халдьаайы сир. Бу эҥээр сирдэргэ Окоемовтар ууһаан-тэнийэн олорбуттара. Оттон үрэх куулатыгар икки улахан күөлү быһан турар кырдаллаах. Ол күөллэр Арҕаа Окойом, Илин Окойом дэнэллэр. Онтон “Окойом” диэн тыл суолтатын Багдарыын Сүлбэ этэринэн нууччалыы тылга – уу кытыла диэн суолталаахтар эбит. Үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, сахалары сүрэхтээһин саҥа киирэн эрдэҕинэ, манна биир аҕабыт кэлэн күөл кытыытыгар олорор дьон эбиттэр, онон Окоемовтар буоллуннар диэн араспаанньа биэрэн барбыт. Онон бу сирдэр түҥ былыргы ааттара урукку үйэлэр улаҕаларыгар саспыттар диирбитигэр тиийэбит. Бу сиргэ өссө аатырбыт Хаптааннаах кулуба (П.Н.Окоемов) төрөөн-үөскээн ааспыта. Онон Окоемовтар түөлбэлээн олорбут сирдэрин быһыытынан улуус устуоруйатыгар ураты миэстэни ылар.
Геннадий Дмитриевич национальнай архыыптан булбут төрүччүтүгэр ыйылларынан Кулады үрэҕин Окоемовтара Мархай Белехов диэн киһиттэн тэнийбиттэр. Кини сүрэхтэммит аата Василий Окоемов диэн. Бу киһи түөрт уоллаах эбит, нэһилиэгэр кинээстии сылдьыбыт. Кини аччыгый оҕото Прокопий диэн Николай Николаевич хос-хос эһэтэ буолар. Оттон Прокопий Николай диэн уолуттан аатырбыт Хаптааннаах кулуба төрөөбүт. Ити эрээри, бу аймах байан-тайан сураҕырбатах дьон буолаллар. Ол иһин Николай Николаевич быстар дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Ийэтэ докумуоҥҥа киирбит аата Иустинья Ивановна Заболоцкая диэн II Байаҕантай нэһилиэгиттэн төрүттээх. Ол эрээри, ол аат умнуллан, билигин Устинья дииллэр. Кини уопсайа 21 оҕоломмутуттан Николай Николаевичтаах аҕыс оҕо хаалбыттар. Ийэлэрэ барахсан оҕолоноору өлбүт эбит.
Биллэрин курдук, Николай Николаевич Окоемов иккитэ кэргэннэммитэ. Бастакы кэргэнэ Софья Степановна Ларина диэн нуучча. Киниттэн уоллаах кыыс оҕолоох. Кыыһа Инесса сааһын тухары үөрэх эйгэтигэр үлэлээбит. Уола Баррит Бауман аатынан институт профессора, тиэхиниичэскэй наука дуоктара этэ. Софья Степановна биһиги дойдубут тыйыс усулуобуйатын тулуйбакка Москваҕа көһөн барбыта. Николай Николаевич иккис кэргэнинэн биллиилээх бэлитиичэскэй диэйэтэл Михаил Мегежекскэй огдообото Евдокия Габышева-Мегежекская этэ. Киниттэн биир кыыс оҕолоох. Саргылаана аҕата өлбүтүн кэннэ Агафья Петровна, Иван Васильевич Урчусовтарга иитиллибитэ. Кинилэр анныларынан суруллан Саргылаана Ивановна диэн буолбута. Кини химик-биолог идэлээх, мэдиссиинискэй институкка лабораннаабыта уонна мэдиссиинискэй училищеҕэ уһун сылларга преподавателинэн үлэлээбитэ. Кини уола Алексей Максимович Скобелев бэчээттээһин эйгэтигэр киэҥ далааһыннаахтык үлэлии сылдьар урбаанньыт.
Николай Николаевич Окоемов бииргэ төрөөбүттэрэ үгүстэрэ эрдэ өлбүттэрэ, кинилэр оҕолоро соччо биллибэттэр. Арай саамай кыра балта Марфа дойдутугар Курбуһахха хаалан Ньукулай Аммосов диэн киһиэхэ кэргэн тахсан уоллаах кыыс оҕоломмута. Уола Петр Николаевич Аммосов өр сылларга олохтоох Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, “Бочуот Знага” уордьанынан наҕараадаламмыта. Кыыһа Елизавета Николаевна Горохова холкуос, сопхуос үлэһитэ этэ. Кинилэртэн элбэх оҕо, сиэн бааллар. Онон таайдарын аатын сураҕырдаллар.
Николай Николаевич аата дойдутугар сураҕыра-ахтылла турар. Өссө тыыннааҕар төрөөбүт түөлбэтигэр “Окоемов” диэн холкуос баар буола сылдьыбыта. Онтон репрессияҕа сымыйа буруйдааһына сотуллубутун кэнниттэн аата букатыннаахтык эргиллэн улуус киинигэр Бороҕоҥҥо кини аатынан уулусса ааттаммыта, бюһа турбута. Төрөөбүт нэһилиэгэр уруккута Быччыылык диэн ааттанан олорбут бөһүөлэк Николай Николаевиһы үйэтитэн Окоемовка диэн уларытыллан ааттаммыта. Итини тэҥэ Курбуһах орто оскуолата Николай Николаевич Окоемов аатын сүгэр. Быйыл Окоемовка бөһүөлэгэр киниэхэ аналлаах пааматынньык турда.
Алаас ааттаах, дойду сурахтаах. Ол тэҥэ Николай Николаевич Окоемов аата ыраахха тиийэ иһиллэрин туһуттан быйыл төрөөбүтэ 125 сылынан сибээстээн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С.Николаев 2021 сыл ахсынньы 21 күнүнээҕи дьаһалынан кини үбүлүөйүн бэлиэтииргэ эппитэ. Ону тэрийэн ыытыыга анаан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайааччылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа тэриллэн киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллар.
Николай Николаевич Окоемов сыдьааннара тэнийэн, сүдү киһилэрин аатын дьоһуннук ааттата сылдьаллар. Онон чулуу биир дойдулаахпыт аата үйэлэргэ дуораһыйан иһиллэ туруо диэн бүк эрэнэбит.
Афанасий КОПЫРИН, суруналыыс. Уус Алдан.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0