Балартан кини 1974 с. тахсыбыт «Растительные лечебные средства якутской народной медицины» диэн үлэтэ саха норуотун отунан эмтэнэр төрүт үгэстэрин үөрэтиигэ олус улахан суолталаах. Бу үлэтинэн Афанасий Акимович 1975 с. «Этнографические аспекты изучения народной медицины» диэн Бүтүн Сойуустааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыта.
Бу үлэни Афанасий Акимович саха норуотун олоҕун-дьаһаҕын дириҥник үөрэппит өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи уонна сэбиэскэй былаас саҥа олохтуммутун кэннэ үлэлээн ааспыт чинчийээччилэр, учуонайдар, быраастар, олор истэригэр М. Овчинников, Н.Е. Олейников, Э.К. Пекарскай, В.Л. Серошевскай, В.Н. Чепалов, Г.И. Попов, Сибиряковскай экспедиция кыттыылааҕа Василий Елисеевич Горинович уонна биир дойдулааҕа, биллиилээх кыраайы үөрэтээччи А.А. Саввин үлэлэригэр олоҕуран суруйбута. Бу икки кэнники дьон үлэлэрэ билигин үнүстүүт архыыбыгар харалла сыталлар.
Манна даҕатан эттэххэ, сахалар эмтээх оту туһаныыларын үөрэппит бу үөһээ ааттаабыт уонна да атын чинчийээччилэр ортолоругар уруккуттан икки көрүү баар этэ.
Бастакыта, сахалар нуучча кэлиэн иннинэ эмтээх оттору туһаныыны үчүгэйдик билбэттэр этэ диэн. Холобур, 1871 с. Гольман диэн ветеринарнай врач: «Трав, полезных для врачевания людей, равно домашнего скота, инородцы решительно не знают», – диэн суруйар. Онтон Верхоянскай уокурукка үлэлээн ааспыт быраас Г.И. Попов диэн 1915 с. маннык суруйар: «Инородцами сбор трав и обработка растений, тем более разведение культурных, не делается, тем более как народная медицина якутов развита очень слабо и травами они мало пользуются». Онтон Н.Е. Олейников диэн быраас 1917 с.: «Боязнь отравиться травами останавливает жителей Якутской области искать в них источник здоровья, излечения. Это объясняется беспечностью, а в особенности покорностью своей судьбе, которая наблюдается почти повсеместно среди якутов». Оннооҕор олох хойут фармаколог, доцент В.В. Лебедев «Лекарственные растения Якутии, применяемые при желудочно-кишечных заболеваниях» (1969) диэн үлэтигэр сахалар ис-үөс ыарыытыгар баара-суоҕа 4 көрүҥ эрэ эмтээх үүнээйини туһаналлар диэн суруйбуттаах.
Иккис көрүү, сахалар эмтээх оту былыр былыргыттан утумнаахтык туһаналлара диэн. Бүлүүгэ олорон Бүлүү уокуругун олохтоохторун доруобуйаларын үөрэппит, быраас Бушков Пантелеймон Митрофанович 1926 с. үлэтигэр саха норуотун мэдиссиинэтэ түҥ былыргыттан силис тардар эбит диэн суруйар. Биһиги былырыын Бушков үлэлэрин түмэммит кинигэ оҥорон таһаарбыппыт. 1915 с. В.Н. Чепалов диэн быраас сахалар маннык ыраах сиргэ олороннор «создали обширную и своеобразную медицину» диэн суруйар. Афанасий Акимович бу иккис көрүүнү тутуһан, бу үлэтигэр маны толору дакаастыыр уонна научнай мэдиссиинэ сайдыытыгар норуот мэдиссиинэтэ сүҥкэн улахан оруоллааҕын уонна саха отунан эмтэниитин үөрэтии мэдиссиинэҕэ эрэ буолбакка, саха норуотун устуоруйатын, матырыйаалынай, духуобунай култууратын үөрэтии туһалаах буолуоҕун ыйар. Уопсайынан, Афанасий Акимович учуонай быһыытынан Саха сирин эмтээх отторун үөрэтии историографиятын 1669 сылтан саҕалаан аан бастакынан оҥорбут киһи буолар.
Афанасий Акимович Макаров бу үлэтин суруйарыгар маны таһынан кини 1962-1970 сс. СГУ биологияҕа-географияҕа бакылтыатын биологияҕа салаатын устудьуоннарын кытта Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Таатта, Уус Алдан, Уус Майа, Чурапчы улуустарыгар сылдьан, эмтээх отунан дьарыктанар дьонтон хомуйбут матырыйаалларыгар тирэҕирбитэ. Кини оччотооҕу биллиилээх норуот эмчиттэрэ Никон Алексеевич Васильевы – Ньыыкан Кырдьаҕаһы уонна Фома Петрович Чашкины – Куома Чааскыны кытта илэ көрсөн, кэпсэтэн, кинилэр ньымаларын сурукка тиспит үтүөлээх.
Бу үлэҕэ 114 көрүҥ үүнээйи туһунан норуот сибидиэнньэтин киллэриллибит. Бу олус элбэх диэххэ наада. Балартан 25-һэ мас уонна талах үүнээйилэр, 9 талахтыҥы үүнээйилэр, 75 от үүнээйилэр, 5 көрүҥ тэллэйдэр уонна лабыкталар.
Бу үлэ тутулун көрөр буоллахха, Афанасий Акимович саха норуотун эмтэниигэ туһаныллар эмтээх үүнээйилэрин алпабыыт бэрээдэгинэн хас биирдиилэрин сиһилии суруйар. Бастаан үүнээйилэр нууччалыы ааттарын, оскуопка иһигэр латыынныы ааттарын, ол кэннэ сахалыы ааттара биллэр буоллаҕына, үүнээйилэр сахалыы ааттарын эмиэ суруйар. Манна даҕатан эттэххэ, Афанасий Акимович эмтээх оттор сахалыы ааттарын үйэтитиигэ, сөргүтүүгэ улахан өҥөлөөх. Холобур, куондайыкы диэн шлемник байкальский сахалыы аатын аан бастаан бу кинигэҕэ суруйар.
Салҕыы кинигэҕэ үүнээйи ханнык көрүҥҥэ киирэрин, хайдах сиргэ үүнэрин суруйар уонна туһаныллыытыгар киирэр. Маныаха аан бастаан сахалар туохха, хайдах туһаналларын суруйар. Бу суруйарыгар кини учуонай быһыытынан сибидиэнньэни хантан ылбытын чопчу ыйар. Ол кэннэ бу үүнээйи атын омуктар норуоттарын мэдиссиинэтигэр уонна официальнай фитотерапияҕа туһаныллыытын кытта тэҥнээн көрөр. Бу тэҥнээн көрүүгэ кини саха отоһуттааһыныгар эрэ туһаныллар ураты ньымалары тоһоҕолоон бэлиэтиир. Ол курдук, элбэхтэн аҕыйаҕы холобурдуур буоллахха, үрүҥ эрбэһин (валериана лекарственная) эмкэ сүрүннээн силиһэ туһаныллар буоллаҕына, сахалар сибэккитин кытта туһаналлар эбит. Бу маннык сибидиэнньэ ханна да суох. Оҕонньор ото, лоһуор (вероника серая или седая) саха отоһуттара саамай сөбүлээн туһанар отторуттан биирдэстэрэ буолар диир. Атын омуктар бу оту туһамматтарын кэриэтэ эбит. Күн бүгүҥҥэ диэри официальнай фармакопея бу оту билиммэт. Кытыаны (можжевельник обыкновенный) былыргы сахалар быар ыарыытыгар, сир симэҕин (незабудка душистая) түбүркүлүөс ыарыытыгар, тимэх оту (пижма обыкновенная) бүөр ыарыытыгар (биһиги тимэх оту быар эрэ отун быһыытынан билэбит), киис отонун (шикша сибирская) угун ньиэрбэ күүрүүтүгэр уонна уоскуйарга туһаналлар эбит. Сахалар хатыҥы киэҥ өрүттээхтик туһаналларын туһунан олус сыаналаах сибидиэнньэлэри суруйар.
Түмүгэр, Афанасий Акимович бу суруйбут үүнээйилэрин ханнык ыарыыга туһаныллар дьайыыларынан көрөн, 28 көрүҥҥэ араарар. Холобур, ис-үөс ыарыыларыгар – 33 үүнээйи, тирии ыарыыларыгар – 26, ньиэрбэ ыарыыларыгар –18, тымныйыыга – 22, сүһүөх ыарыыларыгар – 24 үүнээйи туһаныллар эбит. Көрбүппүт курдук, саамай элбэх үүнээйи саха отоһуттааһыныгар ис-үөс ыарыыларыгар уонна тирии бааһын эмтээһиҥҥэ туһаныллар эбит.
Афанасий Акимович Макаров сахалар отунан эмтэнэр үгэстэрин үөрэтэн баран маннык түмүктэри оҥорор:
1. Сахалар эмтээх отунан дьарыктанар үгэстэрэ атын норуоттар оту билиилэриттэн улахан уратыта суох. Ол эрээри биирдиилээн оттору туһаныыга ханна да суох уратылар бааллар, холобур хатыҥ сэбирдэҕин, лоһуору, үөрэ отун, таҥара кийиитин уо.д.а. туһаныыга.
2. Сахалар араас ыарыыларга туһанар отторо аныгы научнай мэдиссиинэ билиммит, туһанар отторун кытта бииргэлэһэринэн көрдөххө, былыргы сахалар от эмтиир састаабын үчүгэйдик билэллэрин туоһулуур.
3. Отунан эмтэниллибэт ыарыы диэн сахаҕа суоҕун тэҥэ этэ. Эмтээх оттор саамай киэҥник ис-үөс, тирии, ньиэрбэ, тымныйыы, быар уонна арамачыыс ыарыыларын эмтээһиҥҥэ туһаныллаллара.
4. Биир ыарыыны эмтээһиҥҥэ саха араас оту туһанара, саамай киэҥ өрүттээхтик туһаныллар үүнээйилэринэн – хатыҥ, сугун абаҕата, уулаах отон, лоһуор, хонуу боруута буолаллара.
5. Сахалар сүрүннээн туһанар ньымаларынан оргутуу уонна көйөрүү буолара. Настойка оҥорууну кэлин билбиттэрэ.
6. Эмтээх оту тас өттүгэр туһаныыга сүрүннээн сибиэһэй сэбирдэхтэри уонна сэбирдэҕи илдьиритэн баран хааһы оҥорон баран туһаныы баһылыыра, оту хатаран, бороһуок оҥорон ынах арыытыгар, кыыл-сүөл сыатыгар булкуйан тутталлара. Үөрэ отунан оҥоһуллубут түөн киэҥник туһаныллара, түөннээһини киһи үксэ сатыыра.
7. Былыргы отоһуттар олус элбэх оту холбоон туһамматтара, сүрүннээн биирдиилээн оттору туһаналлара, наай гыннар икки, үс, биэс оту холбууллара, билиҥҥи аныгы курдук элбэх от састааптаах чэйдэри, сбордары туттубаттара.
8. Оҕуруот аһынан дьарыктаныы сайдыбытын курдук, саха эмтээх отунан дьарыктаныытыгар нуучча фитотерапиятын дьайыыта саарбаҕа суох диэн этэр.
Түмүкпэр, Афанасий Акимович Макаров бу үлэтэ бэйэтин научнай уонна олоххо туһаныллар суолтатын күн бүгүҥҥэ диэри сүтэрэ илик, онон иккистээн бэчээттээн таһаарыахха диэн этии киллэрэбин уонна уопсайынан А.А. Макаров учуонай быһыытынан нэһилиэстибэтин сааһылыырга уонна сөптөөхтүк сыаналыырга анаан, кини үлэлэрин библиографическай ыйынньыгын оҥоруу хайаан да наадалаах.
Семен ГРИГОРЬЕВ,
Ил Түмэн ыстаарсай референэ
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0