«Научнай куонкурус талааннаах үѳрэнээччилэри ѳйүүргэ бары усулуобуйаны оңорор, кинилэр дьоҕурдарын арыйалларыгар, айар кыахтарын сайыннарарга кѳмѳлѳhѳр. Форум кыттааччылара инники диэки эрэллээх хардыыны оңоруохтара уонна кинилэр креативнай идиэйэлэрэ олоххо киириэхтэрэ диэн итэҕэйэбин», — диэн Айсен Николаев эрдэ бэлиэтээбитэ.
5-11 кылаас үѳрэнээччилэрэ 39 секцияҕа 1,5 тыh. кэриңэ үлэни киллэрдилэр. Кинилэр үлэлэрин экспертэр — 350-ча учуонайдар, преподавателлэр, аспираннар, магистраннар уонна студеннар сыаналыыллар.
Эрэгийиэннээҕи куонкурус бары лауреаттара уонна дипломаннара РФ үѳрэҕириигэ министиэристибэтин испииhэгэр баар конференцияларга – «Шаг в будущее», «Исследовательские проекты Вернадского», «Тропой открытий Вернадского», «Большие вызовы» — кыттарга рекомендациялары ылыахтара.
Тэрээhин чэрчитинэн тѳгүрүк остуоллар, быыстапкалар, идэҕэ туhаайар былассаакка буолуохтара.
Куонкурус түмүктэрэ тохсунньу 11 күнүгэр таhаарыллыахтара. Тохсунньу 12 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы форумнарга кыттарга рекомендация ылбыт үѳрэнээччилэргэ консультациялары ыытыахтара
НПК тэрийээччилэрэ – М.К. Аммосов аат. ХИФУ ѳйѳбүлүнэн СѲ үѳрэҕириигэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ, АГАТУ, «Дьокуускайдааҕы научнай киин» СО РАН ФИЦ, СѲ наукаларын Академията, кэлэр кѳлүѳнэлэр Тус сыаллаах фондалара.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0