Үѳрэнээччилэри үлэнэн иитии
От ыйыгар Госдуума оскуола үѳрэнээччилэрин үлэнэн иитии туhунан сокуоҥҥа кѳннѳрүүлэри киллэрбитэ. Ол быhыытынан оҕолор саастарынан кѳрѳн билигин кылаастарын хомуйар, оскуола тэлгэhэтигэр мастары олордор, тыйаатыр кѳстүүмнэрин тигэр, бибилэтиэкэҕэ кѳмѳлѳhѳр буолуохтара. Кинилэри үлэлэтэргэ аны тѳрѳппүттэр кѳҥүллэрэ наадата суох буолуоҕа. Чахчыта да, оҕону үлэнэн иитии суолтата олус улахан.
Байыаннай бэлэмнээhин
Алын байыаннай бэлэмнээhин куурса ОБЖ уруоктарыгар киириэҕэ. Онно 10−11 кылаастар үѳрэнээччилэрэ кыргыhыыга беспилотниктары туттуу тѳрүттэрин, итиэннэ кинилэргэ утары дьайар ньымалары эмиэ үѳрэтиэхтэрэ. Оттон 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаларга ОБЖ биридимиэтин аата «Тѳрѳѳбүт дойду куттала суох буолуутун тѳрүттэрэ уонна кинини кѳмүскээhин» диэн уларыйан биэриэҕэ.
Алын байыаннай бэлэмнээhин куурсугар үѳрэнээччилэр аныгы уопсай сэриилэр кыргыhыыларын, бэйэни кѳмүскэнии сириэстибэлэрин, кыргыhыы кэмигэр басакы кѳмѳнү оҥоруу ньымаларын, тус састаап кѳмүскээhинин тутууларын ыытыы тустарынан билиэхтэрэ.
Мэтээллэри тѳнүннэрии
Оскуолаларга II истиэпэннээх «Үѳрэххэ уhулуччу ситиhиилэрин иhин» үрүҥ кѳмүс мэтээли туттарыыны сѳргүтүѳхтэрэ. Маннык мэтээли аттестаттарыгар иккиттэн ордуга суох «4» сыаналаах, оттон атыныгар барытыгар «5» сыананан үѳрэммиттэр ылыахтара.
Итии аhылык
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн алын кылаастар үѳрэнээччилэрэ босхо итии аhылыгынан хааччыллыахтара. Арассыыйа хас биирдии эрэгийиэнигэр бу сыалга федеральнай үбүлээhин кѳрүллүѳҕэ.
Саҥа устуоруйа учуобунньуга
Таһаарыы түөрт кинигэттэн турар: Арассыыйа устуоруйата (10 кылаас), Бүтүн аан дойду устуоруйата (10 кылаас), Арассыыйа устуоруйата (11 кылаас) уонна Бүтүн аан дойду устуоруйата (11 кылаас). Үөрэнээччилэр саҥа учуобунньуктарынан балаҕан ыйын 1 күнүттэн дьарыктаныахтара.
Босуобуйаҕа Аҕа дойду уонна бүтүн уопсай устуоруйа сабыытыйалара тэҥҥэ тутуллан көрдөрүллэллэр. “Арассыыйа бүгүн. Анал байыаннай дьайыы” диэн бастаах, онно 17 араас параграфтаах.
QR-кодтар эбиллибиттэр, онон литэрэтиирэ айымньыларын, уус-уран киинэлэри уонна араас сыыппара ресурсаларын булан, эбии информацияны ылар табыгастаах.
ЕГЭ уонна ОГЭ саҥа быраабылалара
Билигин түмүктүүр аттестацияҕа сайабылыанньаны дистанционнайдык биэриэххэ сѳп, түмүктүүр кэпсэтиини эмиэ онлайн ааhыахха сѳп буолуо. 9 уонна 10 кылаастар үѳрэнээччилэрэ аахсыллар биричиинэ баар буоллаҕына, туттарар биридимиэттэрин испииhэгин уонна эксээмэннэри туттарар болдьохторун уларытыахтарын сѳп.
ОГЭны балаҕан ыйыгар кыайан хат туттарбатах 9 кылаастар үѳрэнээччилэрэ кэлэр сылга биридимиэттэрин уларытыахтарын сѳп.
Оттон ЕГЭ туттарар 11 кылаас үѳрэнээччилэрэ математикаҕа эксээмэн таhымын базовайтан профильнайга, биитэр профильнайан базовайга уларытыахтарын сѳп.
Итиэннэ туттарар биридимиэттэр испииhэктэрин уларытыахха уонна эбэн биэриэххэ сѳп буолуо, ол эрээри кинилэргэ аттестацияны резервнэй болдьоххо ааhыллыахтаах.
Идэҕэ туhаайыы
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн 6-11 кылаастарга профориентация дарыктара саҕаланыахтара. Уруокка араас идэлэр уратыларын тустарынан кэпсиэхтэрэ, тестары ыытыахтара уонна араас идэлээх дьону ыҥырыахтара.
Хаартыска аhаҕас источниктан ылылынна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0