Саарбахтыыр санаалары киэр кыйдаан
Андриан Афанасьевич туһунан ааҕааччыга билиһиннэрэ сатыыр наадата суох дии саныыбын. Кырдьыга да, биһиэхэ, сахаларга, кини курдук норуоппут нуучча кэлиитин саҕанааҕы устуоруйатын хасыһан туран дириҥник үөрэппит учуонайбыт суоҕун тэҥэ. Баар да буоллаҕына, ахсааннаах буолуохтаах. Андриан Афанасьевич Тыгын, Мыымах туһунан суруйуулара эрдэ тахсыбыттара. Аны Лөгөй Тойон туһунан суруйуута кинигэ буолан сүрэхтэннэ.
Кинигэ ис хоһоонун ааҕааччы, биллэн турар, бэйэтэ сыаналыа. Тус санаабын соҥнуур санаам суох. Ити эрээри биирэ чуолкай, Андриан Афанасьевич саҥа тахсыбыт кинигэтэ оччотооҕу докумуоннарга уонна үһүйээннэргэ олоҕуран суруллубут буолан, ааҕааччыга ылыннарыылаах. Саарбахтыыр санаалары киэр кыйдаан, устуоруйаҕа буолан ааспыт уустук олох чахчыларын чуолкайдыыр.
Учуонай саха норуотун XVII-XVIII үйэтээҕи олоҕун-дьаһаҕын дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийимтиэ тылынан, өйдөнүмтүө гына ылыннарыылаахтык кэпсиирэ ааҕааччы ити кэмҥэ интэриэһин көбүтэн, кутун-сүрүн түгэҕэр саһан сытар саха буолар генетическэй өйүн-санаатын уһугуннарыаҕар саарбахтаабаппын.
Андриан Афанасьевич тиэмэтин дириҥник хасыһан туран үөрэппитэ тута көстөр. Кини кинигэтин хас да сирэйигэр: «...Ити боппуруос кэлэр көлүөнэ, эдэр устуоруйаны үөрэтээччилэриттэн бэйэтин чинчийээччилэрин күүтэр», – диэн тоһоҕолоон бэлиэтиир уонна манна хасыһыаххытын сөп диэн ссылканан ыйыылары оҥортуур. Холобур, былыргы Бороҕон улууһун улахан кинээстэрин Чука Капчинов, Турчан Бочуков тустарынан хайа да устуоруйа уонна үөрэх кинигэлэригэр биир да тылы булан ааҕыаххыт суоҕа. Ааптар бүтүн саха норуотун олоҕор сүҥкэн өҥөнү оҥорбут сүдү өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын дириҥник үөрэтэн дьон-сэргэ билиитигэр таһаарарга ыҥырар.
Чука Капчинов – саха кинээhэ
Чука Капчинов, кырдьыга да, бэйэтин бириэмэтигэр киин Саха Сиригэр киэҥник биллэр саха биир бас-көс киһитэ буоларын кини 1680 сыллаахха Күн ыраахтааҕыга бара сылдьыбыт саха саарыннарыттан кинээс солотун бастакынан ылбыта да туоһулуур. Ыйаахха ааҕабыт: «По Указу царя Федора Алексеевича титул улусного князца пожалован: Чуке Капчинову 26 января 1680 г., Чугуну Бодоеву 2 февраля 1680 г., Мазары Бозекову 31 февраля 1680 г., царь выдал «Государеву грамоту» на «княжеские» «...им дано право суда по мелким делам и управления сородичами. Были подтверждены также их имущественные права и привилегии, даны широкие полицейские полномочия, убойцев присылать в Якутск, к воеводе».
Ити Ыйааҕы билиҥҥи кэмтэн көрөн быһаарар эбит буоллахха:
1. Саха норуота баар эбэтэр суох буолар ыар кэмнэрэ - бастакы бойобуодалар үүнэ-тэһиинэ суох барыылара, хаһаактар хастыыта эмэ дьаһаах хомуйуулара, халааһын-талааһын, өлөрсүү-өһөрсүү, илээт-халаат олох сатыылааһына ити кэмҥэ диэри уостубатаҕа көстөр.
2. Чука Капчинов эһэтэ Лөгөй, дьээдьэтэ Төрөнөй, аҕата Капчин 50 сыл усталаах-туоратын тухары саха дьонун биир өйгө-санааҕа түмүүгэ ыыппыт уустук, ол эрээри сиэрдээх өйдөрүн-санааларын оччотооҕу саха саарыннарыгар итэҕэтиилээхтик быһааран ылыннарбыта устуоруйа мэлдьэһиллибэт чахчыта эбит.
3. Түмүгэр саха оччотооҕу бас-көс дьоно биир өйгө-санааҕа кэлэн, нууччаны кытта эйэ дэмнээхтик биир сүбэнэн, бииргэ, биир модун кыахтаах судаарыстыба иһигэр олоруу соҕотох таба суолун талбыттара өтө көстөр.
«...Вернув себе часть судебных полномочий, якутские князцы стали активно включаться в административную систему Русского государства. Более того, некоторые из них стали принимать участие в походах, организованных царским правительством на северо-востоке Азии ... Так, князцы Мазары Бозеков и Чука Капчинов в 1693 г. ездили во главе отряда в 28 чел. с казаками на р. Индигирку к «изменникам к ламуткам для уговору» диэн суруйар устуоруйа дуоктара уонна «Таким образом, после событий присоединения к Русскому государству, на протяжении последующих десятилетий Легою Амыканову и его роду удалось сохранить ведущее положение среди якутской улусной знати, в том числе в узком кругу тойонов из четырех крупнейших улусов» диэн түмүктээһини оҥорор.
Чука Капчинов 1694 с. хара өлүөр диэри Бороҕон улууһун улахан кинээһэ этэ. Кини кэргэнэ Нам баһылыга Мыымах Намов уолун Ника Мымахов кыыһа буолара бэйэтэ эмиэ үгүһү кэпсиир. Бороҕон улууһун бастакы кинээһэ Чука Капчинов өлбүтүн кэннэ ыраахтааҕы кини сиэнин Турчак Бочукову Бороҕон улууһун кинээһинэн анаабыта. Ити саха бас-көс дьонун үөһэттэн ыйаах ыытан, судаарыстыба дьаһалтатын тутулугар киллэрэн үлэлэтии саҕаланыытын саарбахтаммат чахчыта.
Турчак Бочуков
Турчак Бочуков 1695 сыллаахха, Сэһэн Ардьакыап курдук, бэйэтин үбүнэн Күн ыраахтааҕыга бара сылдьыбыта биллэр. Ол туһунан Андриан Афанасьевич «Лөгөй Тойон» кинигэтигэр маннык суруйар: «В 1695 г. борогонскому тойону Турчаку Бочукову удалось пробраться «тайным обычаем» из Якутска в Москву (вместе с сыщиком Качановым) для жалобы на воеводу Гагарина». Почему «тайным обычаем»? Потому что в управлении Сибири ключевые места занимали князья Гагарины...».
«Турчак ити үҥсүүлэрин түмүктэригэр Саха Сирин оччотооҕу бойобуодата Д.А. Траурнихт Күн ыраахтааҕы таһаарбыт дьаһалыгар олоҕуран, сокуону кэһэр кэккэ хаһаактарга ыар миэрэлэри туттубута. Ол түмүгэр дьаһаах хомуйааччылар бас баттах барыылара тохтообута», – диэн суруйар Андриан Борисов. Итиннэ киһи эбэрэ туох да суох курдук.
Арай докумуоннар кэпсииллэринэн, Турчак Бочуков ити кэнниттэн өссө икки төгүл 1714 уонна 1718 сыллардаахха Москубаҕа бара сылдьыбыта биллэр. Бүтэһик сырыытыгар ыраахтааҕы киниэхэ икки нуучча дьонун биэрэн ыытар. Онтон биирдэрэ суруксут эбит. Иккиһин «для прислуги» диэн сорудахтаабыттар. Итини таһынан Турчак, Андриан Афанасьевич суруйарынан, «ежегодно получал жалование из казны зеленой медью, крашениной, одекуем, корольками до конца жизни» (А.А. Борисов НА РС (Я). Ф.31-И. Оп. 2. Д. 412. Л. 4-5.). Саха оччотооҕу саарыннарыттан ити курдук ыраахтааҕы өрө тутан өйөөбүт киһитэ баарын түбэһэн ааҕа иликпин.
Туhаттан атыны аҕалбыт
Салгыы ааптар «Сохранялась вековая преемственность Легеева рода» диэн туран, Иван Емельянович Мигалкин Степной Думатын туһунан сырдатар. «Самым ярким представителем династии был Иван Емельянович Мигалкин (1770-1830), первый главный родоначальник Якутской Степной думы ...Неудивительно, что деятельность И.Е. Мигалкина являлась по сути продолжением политики его знаменитого предка. Подытожил лишь важнейшие достижения. Очевидна его роль в создании Якутской Степной думы... Видна его роль в разработке учредительных документов, подготовивших реформу системы инородческого самоуправления».
Кинигэтин бүтэһигэр устуоруйа билимин дуоктара Андриан Афанасьевич: «К сожалению, часто бывает, что при жизни человека, совершившего, может быть, главное дело жизни - предотвратившего большую беду, его несправедливо охаивают и даже проклинают. Понимание истинного значения содеянного поистине прозорливыми людьми приходит по истечении какого-то исторического времени, очень надеюсь, что это произойдет в наши дни», – диэн түмүктээһини оҥорор. Андриан Афанасьевич саҥа тахсыбыт «Лөгөй Тойон» кинигэтэ дойдуларын былыргы устуоруйатын интэриэһиргиир, үөрэтэ сатыыр дьоҥҥо туһаттан атыны аҕалбатыгар саарбахтаабаппын.
Ити эрээри кинигэҕэ киһини толкуйга түһэрэр, киһи мунаарар, мөккүөрдээх, ылыммат да түгэннэрэ бааллар. Маны Андриан Афанасьевич этэрин курдук, «кэлэр кэм историяны чинчийээччилэрэ быһаарыахтара турдаҕа». Олортон 3-4 түгэҥҥэ ааҕааччы болҕомтотун тардыым.
Сичак, Сынчак, Сичаков
«Самый ранний документ о Логуе Сичакове челобитная и послужной список Петра Бекетова от 6 сентября 1633 г. (материалы по истории Якутии XVII века. М., 1970. с. 1072-1096). Маныаха Чука Капчинов 1680 с. ыраахтааҕыны көрсөн кэпсэтэригэр оҥорбут челобитнайыгар: «Эһэм Лөгөй... 50 сыл устата нуучча бастакы кэлии хаһаактарын кытта уопсай сүбэнэн сылдьыбыттара», – диэн этиитигэр олоҕурдахха, эрдэтээҕи да докумуоннарга кини туһунан ахтыы баар буолуон сөп.
Иккиһинэн, ааптар «Когноним Легея - Сичак, Сынчак «былыргы түүрдэр «Сыгынь»» диэн титуллара буолбатах диэн бигэргэтэр. Ону ким хайдах ылынара бэйэтин көҥүлэ. Биһигини, Лөгөйү эрдэтээҕи докумуоннарга Сичак, Сынчак, Сичаков диэн суруйаллара интэриэһиргэттэ. Тус бэйэм итини Абакайаада Сүчү диэн аатыгар дьүөрэлии саныыбын. Оччотугар Лөгөй уонна Абакайаада бииргэ төрөөбүт дьон дуо?
Аны Андриан Борисов Бороҕон улахан кинээстэрин: Логуй Сичаковы, Ижил Накураевы Бөтүҥ кинээстэрэ, Базарак диэн 20 кииһинэн дьаһааҕы төлөөбүт Бөтүҥ баайын Бороҕон киһитэ диэн алҕас суруйбуттар диэн хаста да бигэргэтэр уонна «Оччотооҕу нуучча суруксуттара сахалар аҕа уустарын ааттарын сыыһа суруйаллара баа буолбат», – диирэ киһини итэҕэппэт. Анал үөрэтэр дьон бигэргэтэллэринэн, ити кэмнэргэ дьаһааҕы биирдиилээн дьонтон буолбакка, аҕа уустарын баһылыктарын ааттарынан суруйан туталлара. Онтон сылыктаатахха, бөтүҥнэр ити кэмнэргэ бороҕоттор аҕа уустарын иһигэр киирэр буолуохтарын сөп курдук эбит. Ону А.А. Борисов бэйэтэ да бигэргэтэр: «Бетунцы были родственной борогонцам улусной группой, более того, они были между собой тесно связаны какими-то давними обязательствами, и Логуй, очевидно, занимал не последнее место в улусной иерархии данного альянса» (Лөгөй Тойон стр.64).
Ленскэй остуруок ханна турбутай?
Кинигэ ааптара бастакы куорат, ол эбэтэр Ленскэй остуруок, Нам сиригэр турбута диэн сабаҕалааһыны бигэргэтэр. Ити эрээри бастакы остуруок турбут миэстэтэ билиҥҥэ диэри чуолкайдана илик. Мэҥэлэр Төхтүргэ өрүс Дьаарбаҥ диэн кытылыгар турбута диэн сабаҕалыыллар. Бороҕоттор Бекетов остуруога Чымаадай хочотун хотугулуу-илиҥҥи уһугар Арыы-Тиит Кэйиҥэстээҕин аллараа өртүгэр турбута диэн сабаҕалыыллар. Оттон Чымаада хочото уонна Кулун Тутар Суотту нэһилиэгин төрүт сирдэрэ.
Тус бэйэм остуруок турбут сирин аата Суоттуттан чугас, хоту диэки баар Хоноҕор диэн бөһүөлэк аатыгар иҥэн үйэтийэн сылдьар эбит дии саныыбын. Ол эбэтэр анал үөрэхтээхтэр Хонгор диэн былыргы түүр-монгол тылыгар дьаһаах хомуйар сир аата буоларын бигэргэтэллэр. Хоноҕортон үрдүк мырааны өрө дабайан былыргы дьаһаах хомуйар Буобура суолун аартыга тахсан барарын сээркээн сэһэнньиттэр кэпсииллэрэ. Ол суол Уулааҕынан, Дьиэрэ сайылыгынан, Дүпсүн сиринэн Алдаҥҥа тиийэрэ. Салгыы Саастыманан өрүһү өксөйөн Үөһээ Дьааҥы ытык хайаларын дабайан, Халыманан Чуумпу акыйааҥҥа тахсара. Бу сиргэ Семен Дежнев Күн ыраахтааҕыттан көҥүллэтэн, Абакайааданы ойох ылан, олох олоро сылдьыбыта устуоруйа чахчыта. Оттон үөрэхтээхтэр, Абакай былыргы түүр тылыгар «Ханская дочь» диэн суолталаах тыл буоларын ыйаллар. Көстөрүн курдук, улуу убайбыт Суорун Омоллоон «Дружба» түмэли мээнэ сиргэ олохтооботох эбит.
Дьиҥэр, биһиги билиҥҥи дьон төрүт өбүгэлэрбит олорон ааспыт олохторун-дьаһахтарын билбэппит-көрбөппүт, аанньа ахтан үөрэтэ да сатаабаппыт баар суол. Баары баарынан эттэххэ, сэбиэскэй кэм саҕана, ити кэмнэр тустарынан ким да кэпсээбэт, үөрэппэт этэ. Ол бобуулаах да курдук буолара. Ыраата барбакка, бэйэм олохпор көрсүбүт түгэмминэн холобурдуум. Мин оччолорго, 1986 сыллаахха үрдүк үөрэҕи бүтэрэн үлэҕэ тахсыбыт киһи, Томторго 1805 сыллаахха тутуллубут таҥара дьиэтэ баарын ол сыл эрэ билбитим, көрбүтүм. Күн бүгүн да ити, Сэһэн Ардьакыап туруорсуутунан тутуллубут ытык тутуу, аҕыйах сыллааҕыта эрэ өрөспүүбүлүкэ Култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин харыстыыр департаменыгар учуокка туруорулунна.
Сэһэн Ардьакыап курдук саха дьоно барыта билинэр, ытыктыыр, убаастыыр сүдү киһибитигэр баччаҕа диэри пааматынньык тура илик. Суоттутааҕы «Доҕордоһуу» түмэл территориятыгар баар кини кыстыгар сэргэ турбутугар махтал. Ол кэннэ ыччат дойдутун устуоруйатын интэриэһиргээбэтэ баа буолуо дуо? Оннооҕор биһиги, билигин 60-тун ааспыт дьон, ити кэмнэр тустарынан үһү-бадах үһүйээннэринэн, номохторунан, кырдьаҕастар кэпсииллэринэн эрэ сирдэтинэн билэбит. Оттон сээркээн сэһэнньиттэрбит олох сокуонун быһыытынан күн түүн аҕыйыы тураллар. Суохтарын да тэҥэ буолла. Баар да буоллахтарына, ахсааннаах кырдьаҕас хаалла.
Итэҕэс-быhаҕас элбэх
Ити тугу этэрий? Бастакытынан, тугу да быраҕан туран, былыргыны билэр саастаах дьоммутун кытары кэрийэ сылдьан кэпсэтэн, кинилэр кэпсээннэрин суруна, уста охсон ыларбыт эрэйиллэр. Иккиһинэн, анал экспедициялары тэрийэн, улууспут ытык-кэрэ сирдэрин, былыргы тутууларбытын харааҥҥа ылар, анал устуулары оҥортуур, хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэр наада буолла. Оттон оннук былыргы тутуулар улуус хас нэһилиэктэрин аайы көрүүтэ-истиитэ суох самнаһан тураллара мэлдьэх буолбатах. Итинник, хасыһан киирэн бардахха итэҕэс-быһаҕас, суһал быһаарыыны эрэйэр боппуруос хара баһаам.
Өссө биир түгэҥҥэ болҕомтоҕутун тардыым. Кэлиҥҥи кэмнэргэ Саха Сиригэр туризм күүскэ сайдан эрэр. Дьон «Өрөбүл күннээҕи кэрийиилэр» (Туризм выходного дня) диэн чугас улуустар ытык кэрэ сирдэринэн айаны ордорор буоллулар. Ити хайысханы сайыннаран дойдубутун көрдөрөр, кэпсиир
туристическай ыллыктары, дьон кэлэн хонон-өрөөн, көлүччэлэргэ сөтүөлээн, балыктаан, сынньанан барар сирдэрин оҥортуур соруктар тураллар. Маныаха Саха Сиригэр саамай элбэх алаастардаах ураты улуус буоларбытын чорботон бэлиэтиирбит уонна «буор бороҕоттор» (о.э. киин Саха Сирин төрүт олохтоохторо) «Алаас сахалара» буолабыт диэн түгэх өбүгэ саҕаттан баар сүдү ааппытын өрө тутарбыт туһаны эрэ аҕалыаҕар саарбахтаабаппын. Кырдьыга да оннук, айылҕа биһиги курдук элбэх алаастарынан хатаҕалаабыт улууһун Саха сиригэр буоларын саарбахтаммат. Оттон чоҥолох, дьөлө түһүү алаастар биһиэхэ эрэ бааллара үгүс дьону соһутар.
Санааттан санаа саҕылла турууһу, манан тохтоон эриим. Түмүктээн эттэххэ, устуоруйа билимин дуоктара Андриан Афанасьевич Борисов Лөгөй Тойон туһунан кинигэтэ дойдубут устуоруйатын, ытык өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын үөрэтэ сатыыр дьоҥҥо саҥа үүммүт 2023 сылга бэртээхэй бэлэх буолла.
- 4
- 1
- 0
- 0
- 0
- 1