Бу Саха Сирин 100 сыллаах историятын кэмигэр, кырата 50-ча сыл олус ситиһиилээхтик үлэлээбит чулуу дьоммут билигин сааһыран, күүстээх үлэттэн туораан, дьиэлэригэр олороохтууллар. Биһиги бүгүҥҥү олохпут акылаатын, дьиэбит өһүөтүн түһэрсибит дьонунан кинилэр буолаллар. Ол иһин билиҥҥи көлүөнэ бу хоһуун-хоодуот дьоммутун умнуо суохтаахпыт. Кыалларынан көрө-истэ, көмөлөһө сылдьыахтаахпыт.
Горнай улууһун олохтоохторо олус ытыгылыыр, соторутааҥҥа диэри киэн тутта ааттыыр, сөҕөр-махтайар үлэһиттэринэн Бэрдьигэстээх олохтооҕо Захар Егорович Павлов этэ. Кини туһунан өрөспүүбүлүкэбит биллэр суруналыыстара хаһыакка, араадьыйаҕа, телевидениеҕа сырдаппыттара. Мин да бэрт элбэхтик хайҕаан, Саха Сирин, улууһум бэчээтигэр таһаартарбытым. Бу чулуу үлэһиппит дьонугар-сэргэтигэр анаабыт үлэлэрэ интернет ситимигэр киирэн, Арассыыйаҕа, аан дойдуга тиийэ тарҕанан, көстөн Горнайбыт улууһун ааттата турдахтара.
Ааспыт үйэ 60-70-80-с сылларыгар З.Е. Павлов бастыҥ сыбаарсык буолан, сопхуос саҕана отделениелары кэрийэ сылдьан, илии үлэтин чэпчэтиигэ, элбэх сонун хамсааһыннары киллэрбитэ. Сантехник-сыбаарсык биир үтүө, кэскиллээх дьарыгынан – саҥаны айыы, бастыҥы олоххо киллэрии, тарҕатыы. Дьэ, ити кини саҥаны айыылара тарҕанан, улуус, өрөспүүбүлүкэ дьонугар-сэргэтигэр туһалаабыттара үгүс. Олортон аҕыйаҕын холобурдуохха:
-- уу баһар массыынаҕа баһаары умуруорар, ууну ыстарар аналлаах тэрили оҥорбута хас нэһилиэк аайы туһаныллар;
-- “Тулица” мотороллер двигателин туһанан, от охсор, мунньар кыра тыраахтары оҥорон, бэйэтэ биир сайын бэркэ сөбүлээн оттообута. Бу сэҥээриллибит тиэхиньикэтин өйдүү-саныы сырыттыннар, тиэхиньикэҕэ сыстаҕас оҕолору иитэн таһаардыннар диэн үөрэммит оскуолатыгар Маҕараска бэлэхтээбитэ;
-- ЗИЛ-ММЗ-555 авто-массыына кузовыгар анал тэрили оҥорон, сылытан, кыһыҥҥы кэмҥэ сүөһү ноһуомун таһаарыы;
-- МТЗ, ДТ тыраахтардар буомнарыгар холбоон, көһө сылдьар сыбааркалыыр агрегаты оҥорбута улууска уопсастыбаннай сүөһү сүмэһиннээх уонна дороххой аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ, биир көдьүүстээх көмөнөн сыаналаммыта;
-- КВ-300 хочуол куорпуһун туһанан, сэлээркэ кутар көһөрүллэ сылдьар анал емкоһын элбэх сиргэ туһаммыттара;
-- Т-16 тыраахтар көмөтүнэн хотонтон, сүөһү убаҕаһын анал емкоска кутан бырахтарыы;
-- МТЗ-82 тыраахтарга маһы тиэйэр анал тэрилин тутааччылар сөбүлээн туһаналлара;
-- МТЗ тыраахтар буомугар холботон, хотууру сытыылыыр тэрилин, үгүс звенолар бэркэ хайгыыр этилэр;
-- КТУ-10 диэн сүөһү аһылыгын тарҕатааччыны уларытан, уһатан булкадаһык аһылыгы тарҕатары оҥорбута;
-- инники муоһу уларытан, 2 ПТС тыраахтар прицебин уйугун күүһүрдүбүтэ;
-- 2 ПТС прицеп диискэтин уонна шинатын туһанан, МТЗ-82 тыраахтар инники сүрүннүүр көлөһөтүн уларыппыта;
-- сүөһүгэ эбии аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ, дулҕа кырбатар оҥорбута тута сэҥээриллэн, Саха Сирин үрдүнэн тарҕаммыта.
Захар Егорович рационализаторскай этиилэрэ регистрацияламмыттара, аналлаах дастабырыанньалаахтар.
Кини сэбиэскэй кэмҥэ оҥорбут, айбыт үлэлэриттэн сороҕо диэххэ сөп. Ол саҕанааҕы үчүгэйдик ааҕар-суоттуур экэнэмиистэр түмүктээһиннэринэн, кини саҥаны айыыларын экэнэмиичэскэй көдьүүһэ, 1991 сыллааҕы сыананан, аҥардас биир сылга 1952 тыһ. солк. тэҥнэһэр эбит! Ол да иһин рационализаторбытын Саха сирэ эмиэ билиммитэ. 1991 с. куонкуруска ситиһиилэнэн, “Саха Сирин бастыҥ рационализатора” диэн аат иҥэриллибитэ ону туоһулуур.
Кини ол саҕанааҕы дьарыга барыта үлэ оҥорон таһаарыытын үрдэтии, себестоимоһы намтатыы буолан, үрдүктүк сыаналанара. Дэлэҕэ сопхуос сорох үлэһиттэрэ: “Сахаара суох тыраахтар сүүрбэт, от оттоммот, хотоҥҥо сүөһү киирбэт, саҥа дьиэ буруота унаарбат”, -- диэн этиэхтэрэ дуо?! Ити кэмҥэ Маҕараска, Өрткө, Аһымаҕа 80 ыал дьиэтигэр ититэр ситими тардыбыта билигин да туһалыы турдахтара... “Техпомощь” массыынанан нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан, түүннэри-күнүстэри айаннаан, суһал көмө оҥороллоро, сороҕор оччотооҕу куһаҕан суолга массыынаҕа утуйан, хонон ыла-ыла отделениеларга айанныыллара, алдьаммыты-кээһэммити тута оҥоро охсоллоро...
Оччотооҕу салалта биллиилээх сантехник-сыбаарсыгы, рационализаторы “Үтүөлээх рационализатор” аатын иҥэрэргэ хадатаайыстыба түһэрбиттэрэ да, тоҕо эрэ ууга тааһы бырахпыт курдук сүппүтэ...
Кэлэр-барар үлэттэн сыыйа туораан баран, Захар Егорович араас моһолго түбэспит массыыналары оҥорон, омук массыыналарыгар кытта саҥа олоҕу төнүннэрэн, чахчы да көмүс илиилээх ууһунан ааттанар.
Оттон кэлин бэйэтэ баҕаран туран, араас улуустартан былыргы массыыналар дьардьамаларын булан, тиэйтэрэн аҕалтаран, хастыы эмэ массыынаттан таҥан оҥорон, дьонун-сэргэтин сөхтөрдө. Оннук оҥорбут ретро авто-массыыната 25 буолбут. Киһи сөҕөрө -- бары тута собуоттанан сүүрэллэр ээ!!! Урукку матасыыкыллары улууска эмиэ манна эрэ көрүөххүт. Билигин олор анал сарайданан, тиэхиньикэ музейын быһыытынан, дьон-сэргэ көрүүтүгэр тураллар. Атын сиртэн кэлбиттэр, маны быһа ааспаттар. Ордук сайыҥҥы кэмҥэ. Горнайга хайдахтаах курдук көмүс илиилээх, сэдэх дьарыктаах киһи баарын, сөҕө-махтайа биир дойдулаахтарыгар кэпсииллэр.
Улуус, Бэрдьигэстээх олохтоохторун биир киэн туттууларынан Захар Егорович уолунаан Георгийдыын Т-34 тааҥканы оҥорон, Кыайыы болуоссатыгар туруорбуттара буолар, ити барыбытыгар өрө көтөҕүллүү, улуу Кыайыыга сүгүрүйүү дьоллоох кыымын сахпыта. Ат сүүрдүүтүгэр анаан оҥорбут стартыыр станога, өрөспүүбүлүкэҕэ биир үчүгэйдэрэ. УАЗ массыынаны үрдүк, туохтан да иҥнибэт гына кэтит көлөһөлөөн оҥорон сүүрдүбүттэрэ, билигин оннуктар сир-дойду ахсын киэҥник тарҕаннылар. Дьэ, итинник Захар Егорович улууһугар үтүөтүн элбэҕи холобурдуу туруохха сөп. Инники өттүгэр элбэх да былааннааҕа...
Ону баара былырыын ыарахан ыарыыга эмискэ оҕустаран, суорҕан-тэллэх киһитэ буолаахтаабыта. Куоратынан-тыанан элбэхтик эмтэнэн, үрүҥ халааттаах аанньаллар көмөлөрүнэн билигин арыый аматыйан, кэргэнин көмөтүнэн, дьиэ иһигэр сыҕарыйар. Санаата бөҕөх, хайаан да хаамыахтаахпын диир...
Мин ааннарын тоҥсуйан, дьиэ иһигэр атыллыыбын. Киирэн истэхпинэ, кэргэнэ Любовь Петровна утары кэлэн: “Сэрэнэн үктэн, муостабыт сытыйан, тэллэй сиэн иэдэйэн турар”, -- диир. Кырдьык да, муоста түспүт, хамныы, тыаһыы турар, дьөлө да үктэниэх курдук буолаахтаабыт. Уруккуну-хойуккуну өр кэпсэттибит. Бэркэ болҕойдоххо, Сахаар саҥатын киһи истэр.
Бу улуус сайдарыгар ураты үтүөлээх дьон кырдьар саастарыгар дьиэлэригэр-уоттарыгар олус уустук балаһыанньаламмыттар. Дьиэлэрин бэйэлэрэ маһынан оттуналлар. Любовь Петровна сылтан ордук кэргэнин бүөбэйдэһэ сылдьар. Кини уһун кэмҥэ Бэрдьигэстээх кытыы оҕо саадтарын сэбиэдиссэйинэн үтүө суобастаахтык, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн, бары уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттан, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо буолбута. Россия үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕин ситимин, үлэ, уус-уран самодеятельность бэтэрээнэ.
Олус ыарахан. Хата, онно оҕолоро өрүү күүс-көмө буолаллар, көмөлөһөллөр, илдьэллэр-аҕалаллар, мастарын эҥин тиэйтэрэллэр, хайыталлар, киллэрэллэр.
Хаһан да кырдьыы, кыаммат буолуу кэлиэ суоҕун курдук, бэйэ иннин көрүммэккэ хаалбытыттан Сахаар дьэ, билигин кэлэн курутуйар. Кэргэнэ төһөлөөх эттэ, көрдөстө этэй?! “Саатар, тиэргэммитигэр кыра дьиэ туттубут киһи, эбэтэр дьиэни өрөмүөннэтиэххэ баара” диэн. Суох, Сахаар ону истэрэ кэлиэ дуо?! Үлэлээн харчы буллар эрэ, барытын эргэ тиэхиньикэлэри атыылаһыыга, оҥорууга, сэдэх саппаас чаастарын Арассыыйа араас куораттарыттан тиийэ сакаастаан, ыарахан сыанаҕа атыылаһыыга ыытара. Дэлэҕэ Любовь Петровна миэхэ биир кэпсэтиигэ этиэ дуо: “Харчыбыт барыта оол, тимирдэри атыылаһыыга барар...”.
Дьиҥэр, Сахаар олоҕо барыта дьонун-сэргэтин, кэлэр кэскил туһугар ананна. Кини соторутааҥҥа диэри «бэйэм кэннэ хайаан да туох эрэ үйэлээҕи, ааппытын-суолбутун үтүө тылынан ааттатары, ыччаттарбытын патриотическай тыыҥҥа иитиигэ көмөлөөҕү оҥоруохтаахпын” диэн сырдык ыра санааны тутуһан айбыта-туппута, барыбытыгар хаһан да сүппэт, сотуллубат үтүө өйдөбүнньүктэр буоллахтара.
Хайдахтаах курдук үөрүүлээх этэй: Кыайыы күннэригэр буолар параадка, Захар Егорович саллаат форматын кэтэн, Берлиҥҥэ өстөөхтөрү сөһүргэстэппит Улуу Кыайыы былааҕын үөһэ тэлимнэтэн, сэрии саҕанааҕы массыынатын ыытан киирэрэ. Оҕо-аймах, ыччат, саастаах да дьон ол тула тоҕуоруһара. Кини сыралаһан оҥорбут тааҥката турар сирэ Бэрдьигэстээх биир историческай миэстэтигэр тэҥнээх буолла дии. Оттон ити 25 ретро массыыналара Горнайы, кини үлэһит, талааннаах дьонун өр кэмҥэ ааттата, музей быһыытынан ситэн-хотон ыччаттарбытын, атын сиртэн кэлэр туристары ыҥыра-угуйа туруо.
...Кинилэртэн 100-чэкэ миэтэрэни кыайбат сиргэ саҥа хочуолунай тутуллубутугар үөрбүттэрэ аҕай, дьэ кэмниэ-кэнэҕэс дьиэбитин ититэр ситимҥэ холботуохпут диэн. Ону баара бырайыага сатаммакка, туга эрэ табыллыбакка дуу, аҕыйах ыал, ол иһигэр Сахаардаах арыыланан хаалбыттара олус хомолтолоох этэ.
«Баҕар, иккиэммит уһун сыллаах улууспут туһугар үлэбит сыаналанан, бу дьиэбит аттыгар саҥа тутуллан үлэҕэ киирээри турар үстүү этээстээх сэттэ таас дьиэлэртэн биир эмэ квартира биэриэххит дуо?” — диэн көрдөспүттэрэ. Сокуон ону көҥүллээбэтэ биллэр буоллаҕа, хаарбах туруктаах дьиэлээхтэргэ ахсаанынан суоттанан тутулуннаҕа. Оттон, дьиҥэр, кинилэр эмиэ хаарбах дьиэлээхтэр эбээт...
Онон сокуоҥҥа туох эмэ уларыйыы киирэн, маннык хаарбах туруктаах чааһынай дьиэлээх, норуот хаһаайыстыбата сайдыытыгар үтүөлээх, олорор усулуобуйалара уустугурбут кырдьаҕастары дьиэлиир-уоттуур туһугар, анал үлэ барара наада быһыылаах.
*
Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйэ тигинээн-таҕынаан аастаҕа. Сыл саҕаланыытыгар нэһилиэктэр, тэрилтэлэр аайы аҕа саастаах дьон “биһиги ахтыллар-сананыллар сылбыт кэллэ” диэн үөрээхтииллэрэ. Ама, ол хайаан омнуоланыай?! Санааларыгар эрэнэ күүттэхтэрэ аҕай дии...
Сопхуос да саҕана ураты аатырбыт, былырыыҥҥа диэри тус бэйэтин үлэтинэн, мындырынан мээнэ киһиэхэ тэҥэ суох, Саха Сиригэр эрэ буолбакка, Бүтүн Арассыыйаҕа тиийэ киэҥник сураҕырбыт Захар Егорович Павловка урут кытта туруорсулла сылдьыбыт “СӨ үтүөлээх үлэһитэ” ааты иҥэрэр кэм өссө да кэлэ илигэ буолуо дуо? Ол кэннэ төһөлөөх элбэх үтүөнү, кэлэр кэм ыччаттарыгар наадалааҕы оҥордо дии!!! Бу үбүлүөй киһи үйэтигэр биирдэ эрэ буолар.
Уһуннук үлэлээбит, Сахабыт Сирин, улууспутун туругурдуспут чулуу дьоммутун, ытык кырдьаҕастарбытын нэһилиэктэртэн ыҥыран, мунньан махтанар, бүгүҥҥү ыччаттарга анаан сүбэлэрин, баҕа санааларын истэр, үлэлэрин сыаналыыр, сылаас тыллары аныыр, түмэр, бүгүҥҥү кэм сиэринэн чиэстиир улахан тэрээһин, үөрүүлээх мунньах улууспутугар тоҕо эрэ ыытыллыбата. Кинилэртэн сорохторо күннэтэ мөлтөөн, ыарытыйан, бу Сахаардаах курдук балаһыанньаланан иһэллэр.
Били норуот поэта Бүөтүр Тобуруокап бэргэнник эппитин санаан ылабын: “Уонна хаһан...”.
Маннык чулуу дьон, билиҥҥи көлүөнэҕэ, кэлэ илик кэнчээри ыччаттарга үйэлэргэ үтүө холобур буолуохтаахтар. Тус бэйэлэрин үлэлэринэн, ким баҕарар киэн тутта кэпсиир, сырдатар олохторунан.
Саҥа үүммүт сылы Ил Дархан А.С. Николаев Үлэ сылынан биллэриитэ үйэлээх саастарыгар үлэни өрө туппут аҕа саастаахтарбытыгар болҕомтону күүһүрдэрбитин, тоҥуй сыһыаны тосту уларытарбытын эрэйэр. Киһини үлэ эрэ киһи оҥорор!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 1