Прокопий Бубякин: “Эмис нэһилиэгэ диэни иһиттэххпинэ, маҥнайгы өйдөбүлүм диэн, оҕо эрдэхпиттэн даҕаны, эмис эт, собо, сыалаах үүт ас, өлгөм үүнүүлээх алаастарбыт, оҕо сааһым аргыстара, бииргэ үөскээбит доҕотторум, ытык-мааны кырдьаҕастарбыт, хоһуун үлэһит дьоммут уобарастара хартыына курдук тиллэн кэлэллэр. Уонна олус уйан, сылаас, киһи тылынан кыайан эппэт истиҥ, сырдык иэйии үөскүүр”.
-Көрөрүн курдук, бу саҥа, 2022 сыллаахха модульнай бырайыагынан тутуллан киирбит элбэх функциялаах кииммит. Манна олохтоох дьаһалта, кулууп, бибилэтиэкэ уонна олоҥхо дьиэтэ биир дьиэҕэ мустаммыт үлэлиибит. Маннык биир дьиэҕэ баарбыт үлэлииргэ, тэрээһиннэри ыытарга, түмсэргэ, олохтоохтор күннэтэ сылдьалларыгар да табыгастаах. Бөһүөлэкпит ортотугар турар буолан, сырыыга, кэлиигэ-барыыга да үчүгэй. Эмис урукку сыллартан нэһилиэнньэтин ахсаанынан орто нэһилиэктэргэ киирсэр. Билигин, төһө да дьон киин сирдэргэ таластар, олохтоохпут ахсаана оннук биллэрдик халбаҥнаабат, сүрүн көрдөрүүлэрбит кэлиҥҥи сыллартан араастаһыыта кыра. Нэһилиэнньэбит ахсаана сайынын элбээн ылар, кыһыныгар оннун булар. Дьыл сылаас кэмигэр: саас мас мастааһынын, тутуу саҕана, сайынын оттооһун, сир астааһынын, сынньалаҥ, уоппуска кэмигэр, күһүнүн муҥхаҕа, идэһэҕэ дьон кэлиитэ-барыыта хотоҕостуу субуллан олорор. Онуохаҕа биир табыллыбыппыт диэн-айан суола буолар.
2024 сыл саҕаланыытын дааннайынан, Эмис нэһилиэгэр 555 киһи олорор, норуодунай суруйааччы Күннүк Уурастыырап аатынан орто оскуола 94 үөрэнээччилээх, оҕо уһуйааныгар 40-чэ кырачаан сылдьар.
Нэһилиэкпит Аллараа Бэстээх-Амма -Уус-Майа-Югоренок өрөспүүбүлүкэтээҕи суолу миинэ олорор буолан, дьон сырыытыгар, таһаҕаһы таһыы, уопсайынан бары өртүнэн бэрт табыгастаах. Дьокуускайга, Аллараа Бэстээххэ, улууспут киинигэр даҕаны балтараа чаас ордугунан эрэ сылдьаҕын. Сибээс өртүнэн эмиэ оннук – МТС, Мегафон, Билайн суотабай эпэрээтэрдэр , опто-волокно сибээс бары көрүҥүн хааччаҕа суох хааччыйаллар. Онон сорох кырыы нэһилиэктэртэн ордук балаһыанньалаахпыт.
Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын учаастага, олохтоох оскуола, учаастактааҕы балыыһа, оҕо уһуйаана, кулууба, успуорт саалата толору кыахтарынан үлэлии тураллар. Бу тэрилтэлэри кытта биир сүбэнэн үлэлиибит. Бары анал хайысхаларынан, бырагыраамаларынан толору, сөптөөхтүк үлэлииллэр. Билиҥҥитэ үлэлииллэригэр усулуобуйа тэриллэн турар, ол гынан баран, тутууларбыт, ордук, оскуолабыт дьиэтэ аныгы ирдэбилгэ эппиэттэспэттэр.
Олохтоох оскуола 1970 -с сыллардааҕы тутуу, үйэ аҥарын аһарда, өрөмүөн күүһүнэн турар. Тутуу боппуруоһа көтөҕүллүбүтэ, хаста да туруорсуллубута ырааттаҕа дии. Билиҥҥи балаһыанньанан, улууспутугар оскуолалары тутуу уочаратыгар 4-с турабыт- Соморсун, Сатаҕай, Покровка оскуолаларын кэннэ. Чопчу туох үлэ барарын билиһиннэрдэххэ: оскуола-саад 100+50 миэстэлээх буолара былааннанар, бырайыактыыр үлэҕэ диэн 2024 сылга нэһилиэк бүддьүөтүттэн 2 мөл. солк. көрүллэн турар, атын чааһа улуус бүдьүөтүттэн тыырыллыахтаах. Хамсааһыны тохтоппот туһуттан, хонтуруолга ылан турабыт. Кыалларынан, атын да бырагыраамаларынан, бырайыактарынан туттарыахха сөбүн үөрэтэбит. Санаабытын ыһыктыбаппыт, итинник иннибит диэки баран иһэбит, -диэн олохтоох дьаһалта баһылыга нэһилиэгин олоҕуттан, кыһалҕаларыттан саҕалаата.
Иккис тохтобулум диэн салгыы Прокопий Петровичтыын Эмис тэрилтэлэринэн, түөлбэлэринэн сырыыбын этиэхпин сөп. Нэһилиэк түөрт түөлбэнэн араарыллан, уопсастыбаннай үлэ, дьону кытта сибээс, үгүс түбүктээх тэрээһиннэри, кыһалҕалары да быһаарарга хаһан да аҕырымнаан ылбат, бүтэрэ биллибэт үлэни ыыталлар эбит.
-Олохтоохтор быһаарыыларынан уонна турар сирдэринэн чөкө диэн, дэриэбинэбит “ Аартык”, “Илгэ”, “Куду”, “Умсааннаах” түөлбэлэринэн араарыллан турар, бары туспа салайааччылаахтар, актыыптаахтар, былааннаахтар. Бары тэрээһиннэрбит кинилэрэ суох буолбат. Аҥардас култуура, успуорт, үөрэх эрэ өртүнэн буолбакка, хаһаайыстыбаннай да боппуруостары быһаарарбытыгар кинилэрэ суох сатаммаппыт. Холобура, түөлбэлэр туруосууларынан, бары бииргэ ылсаммыт, сайыҥҥы уу ситимин тартаран, оҕуруот үүннэриитигэр, уопсай туттарга да уу кыһалҕата быһаарылынна. Ааҕан-суоттаан көрүүнэн, сайын биир күҥҥэ 190 туонна уу хачайданар.
Билигин нэһилиэк тэрилтэлэрэ 100 %, олорор дьиэ 60 % киин ититэр ситимҥэ холбонон тураллар. Итинтэн хаалбыт 40 % дьиэни холбооһуҥҥа үлэлэһэбит. Итинтэн сүрүн ахсаана “Умсааннаах” түөлбэҕэ тиксэр. 2023 сыллаахха б у түөлбэ олохтоохторо мустаннар, нэһилиэк дьаһалтатын иннигэр олорор дьиэлэри хочуолунайга, киин ититэр ситимҥэ холбуурга туруорсубуттара. Сөптөөх туруорсуу диэммит өйөөммүт, билигин тэрээһин үлэ чэрчитинэн олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбаны, түөлбэ биирдилээн дьиэтин, олохтоохторун кытта кээмэйдээһин, төһө, хастаах турба, задвижка барарын быһаарабыт. ОДьКХ-та түөлбэҕэ уулусса кыйа магистральнай турбатын тардарга сөбүлэһэр, салгыы хас биир дьиэни холбооһун боппуруоһунан дьарыктанабыт. Бу түөлбэҕэ олорооччулар маһынан оттунан олороллор.
Оһоҕу оттунан олоруу билигин уустугун бары билэҕит. Аны үксүлэрэ сааһырбыт дьон буолан, биһиги нэһилиэкпититтэн 10 дьиэ олохтоохторо кыһын куоракка, улуус киинигэр көһөргө күһэллэллэр. Онно кыбартыыра арендалаан, оҕолоругар дуу кыстыыллар. Саас, халлаан сылыйдаҕына төттөрү кэлэллэр. Онон тыа сиригэр дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы диэн хайысханан үгүс үлэ турар. Ити эппитим, курдук Умсааннааҕы хочуолунайга холбоотохпутуна биһиги элбэх олохтоох кыһалҕатын быһаарабыт.
Эмис нэһилиэгэр билиҥҥи туругунан 650 ынах сүөһү, 800-чэ сылгы баар. Бу күннэргэ 60 ынах төрөөтө,ол иһигэр Эмискэ-40, Олом Күөлгэ -20. Нэһилиэккэ 7 тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар араас пуормалаах хаһаайыстыба баар: “Сата”, “Эмис”, “Байылыат”, Т.П.Устинова, “Наахара”, Н.Н. Константинов, Е.Е. Константинов.
2024 сыл саҕаланыытын дааннайынан, Эмис нэһилиэгэр 555 киһи олорор, норуодунай суруйааччы Күннүк Уурастыырап аатынан орто оскуола 94 үөрэнээччилээх, оҕо уһуйааныгар 40-чэ кырачаан сылдьар.
Прокопий Петрович, сороҕор кыаллыахтаах да боппуруостар болҕомто таһынан хааланнар, уопсай дьыала быһаарыыллыытыгар, кэскиллээҕи чуолкайдаһарга харгыстыыллар диэн сөпкө бэлиэтиир.
– Быһаарылла илик, ситэ кыайтарбакка турар элбэх буоллаҕа. Дьиҥэр, барыта үптэн-харчыттан тутулулуктаах диирбит тутах ээ, манна миэстэтигэр өйдөһөн, биир тылы булан, бэйэбит олохпутун бэйэбит тупсарарга дьулуһуохпутун, кыһалҕабытын бары түмсэн үлэлиирбит наада. Нэһилиэкптигэр бэйэбит ылсан, чопчу “бу бөҕү-сыыһы хомунуоҕуҥ, бу ыалга көмөлөһүөҕүҥ” уонна араас күннээҕи кыһалҕалары бэйэбит түмсэн быһаарар кыахтаахпыт.
Хас биирдии ыччаты, олохтооҕу кытта ыкса тутуһан, кинилэр кыһалҕаларын, инники санааларын үөрэтэн, учуоттаан үлэлиирбит наада. Нэһилиэк бары олохтоохторун ортотугар айыы-тутуу, үлэ-хамсаныы, түмсүү тыынын бигэтик олохтуурга дьулуһабыт. Онуоха уопсастыбаннай актыыппыт, нэһилиэк дьокутааттара сүрүн хамсатар, түмэр үлэни ыытыахтаахтар.
Дьокутааттар, Эмис олохтоохторун итэҕэллэрин ылбыт дьон быһыытынан, бары боппуруостарга чуолкайдаһар, быһаарсар куоластаах, боломуочуйаламмыт дьон буолаллар. Онон бу хайысханан үлэбитин күүһүрдэр сорук турар, - диэн баһылык кыаллары уһаппакка, быһаарар, хамсатар соруктаах.
Алексей МАТВЕЕВ
Прокопий Бубякин хаартыскалара
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0